Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Балаҕан ыйа » 8 » “Эһиги сокуоҥҥутун билиммэппит!” (көмүсчүттэр мэлдьэһэллэр)
“Эһиги сокуоҥҥутун билиммэппит!” (көмүсчүттэр мэлдьэһэллэр)
09:55

OaV0PJ4Z0SAУопсастыба

“Кыым” хаһыат ааспыт нүөмэригэр “Эбэҥкилэр уонна көмүсчүттэр” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онно Иенгра олохтоохторо уонна “Новая” артыал үлэһиттэрэ сирэй-сирэйгэ көрсүбэккэ сылдьалларын туһунан икки өттүттэн айдаарбыттара. Санаан көрүҥ: бэйэҥ сиргэр-уоккар үлэлии-хамсыы, бултуу-балыктыы сылдьаҕын, онтон эмискэ 100 миэтэрэлээх сиргэ тыастаах-уустаах бульдозердар үлэлээн киирэн бараллар, балыктыыр үрүйэҕин хоруталлар, ииппит табаларгын үргүтэллэр, маскын кэрдэллэр, “лиссиэнсийэлээхпит” диэн сирэй-харах анньаллар. Маннык түгэҥҥэ тугу гыныаҥ этэй эн, ааҕааччы? Кыһыы буолаарай... Бэйэлээх бэйэм сирбэр үлэлии кэлбит дьон миэхэ кэлэн ыйытыахтаахтар, көҥүл ылыахтаахтар буоллаҕа, эбэтэр “Новая” артыал тойоно этэринии, кинилэргэ көрдөһө-ааттаһа тиийиэхтээх үһүбүн дуу?

Арассыыйа эбэҥкилэрин Сойуустарын вице-бэрэсидьиэнэ Лена Степановна Иванова Иенгратааҕы аймалҕаны билээри, иирсээн төрдүн быһаарсаары аҕыйах хонуктааҕыта онно баран кэллэ. Кини “Кыым” хаһыакка анаан маннык кэпсээтэ.

Сири былдьаһыы: ким тыатай, ким үрүйэтэй?

2014 сыл муус устар 24 күнүгэр Иенгра нэһилиэнньэтин дьокутааттарын сүбэтин быһаарыытынан сирдэрин-уоттарын ТТП (территория традиционного природопользования) оҥорторбуттар. 2015 сыллаахха судаарыстыба кадастрыгар номнуо киирбит. Ити сыл “Труд” ХЭТо диэн кэмиэрчэскэй тэрилтэ 2064 сылга диэри хаһаайыстыба тэринэригэр 99 782 гектар сири арыандаҕа ылбыт. Ол докумуона барыта баар. Оттон “Новая” көмүсчүттэр артыаллара 2018 сыл тохсунньутугар 2 лиссиэнсийэ ылбыттар (ону хайдах быһыылаахтык ылбыттара өссө биллибэт): Аллараа Амунакта уонна Танграк диэн үрүйэлэргэ үлэлииргэ. Бу сирдэр аҕыйах ахсааннаах омуктар сирдэрэ диэн кадастрга бэлиэтэнэ сылдьаллар. Ону “Новая” артыал тойоно Анатолий Тарнавскай уонна кини юриһа Александра Соломахина билбэтэҕэ буолаллар эбит. Бу лиссиэнсийэ ылыахтарын иннинэ Ойуур сыһыаннаһыыларын департаменыгар тиийэн көҥүл ылаары гыммыттарын, “Труд” ХЭТ кытары сөбүлэҥ баар буолуохтаах” диэн аккаастаабыттар. Ол үрдүнэн “Новая” хантан эрэ лиссиэнсийэ ыла охсон үлэтин саҕалаабыт. Эбиитин этэллэр эбит “ити департамент уонна “Труд” ХЭТ бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр, ол иһин соруйан көҥүл биэрбэттэр” диэн. Аны “Иенгра” МУП дириэктэрэ, айылҕа харыстабылын уопсастыбаннай бэрэстэбиитэлэ Ньургун Владимировы “10 мөлүйүөн суумалаах үбү кыһарыйан ылаары гынар” диэн буруйдаабыттар. Ол буруйдуулларын кумааҕынан да, атын ньыманан да дакаастыыр кыахтара суох. Ол курдук тыл бырахсыбыттар, онтуларын куоһур оҥостон өлбүт-хаалбыт кинилэр буолбуттар. Олохтоох үлэһит, эбиитин айылҕа харыстабылын киһитэ, ханнык тэрилтэ дьоно манна үлэлииллэрин, туох хоромньуну таһааралларын билэр-көрөр, ыйыта кэлэр бырааптаахтар. “Ойуур сыһыаннаһыыларыгар департамент көҥүлэ суох үлэлээтэ” диэн 300 000 солк. ыстараап төлөппүт. Сокуону кэһиитэ итинэн эрэ түмүктэммэтэх. Иккиһинэн, уу эбийиэгин тутуу быраабын кэспиттэр. Бу ууну туттар, онно үлэ ыытар (Аллараа Амунакта уонна Танграк үрүйэлэр) бырааптара суох. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтиттэн туох да көҥүллэрэ суох.

“Сокуону кэһэбин, ол эрээри үлэбин тохтоппоппун!”

Мунньахха Иенгра нэһилиэгин баһылыга Ольга Игнатенко, “Алдакай”, “Нюрмаган”, “Бугат” общиналар бэрэстэбиитэллэрэ, олохтоохтор, “Труд” ХЭТ үлэһиттэрэ, “Иенгра” МУП дириэктэрэ Ньургун Владимиров, “НВК” Нерюнгритааҕы филиалын суруналыыстара баалларыгар, камера, дьон иннитигэр “Новая” артыал тойонуттан уонна кини юриһыттан туруору ыйыттыбыт: “Туох да көҥүлэ, сөбүлэҥ, дуогабар түһэрсиитэ суох үлэлии сылдьаргытын билинэҕит дуо?”. Ону “билинэбит” диэтилэр. Ол аата бу курдук сокуону кэһэ-кэһэ үлэлээн, субу курдук алдьархайы таһаарбыттар: муус устар ыйтан мас кэрдибиттэр, өрүс, үрүйэ сүнньүн уларыппыттар, көмүс сууйаары араас тиэхиньикэлэрин, прибордарын бэлэмнээбиттэр, араас тутуу үлэтин (кылгас кэмҥэ диэн көмүсчүттэргэ дэриэбинэ туппуттар) ыыппыттар, бэс ыйын 3 күнүттэн 60-65 киһини үлэлэтэн саҕалаабыттар (биллэринэн, үксэ кэлии дьон). Маны таһынан 2010 сыллаахха “Закон об этнологической экспертизе” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона ылыллыбыта. Онно сурулларынан, бырамыысыланнас үлэһиттэрин өттүттэн эспэртиисэ хайаан да ыытыллыахтаах. Эмиэ толорботохтор. Мустубут дьон ыксаан юристарыттан “бу курдук сокуону кэспиккитин билиннигит, юрист быһыытынан туох сыанабылы оҥороҕун?” диэн туоһуластыбыт. Хоруй бэлэм: “Өрөспүүбүлүкэ эрэ сокуона буолбат дуо?”. Арассыыйаҕа “единое правовое поле” диэн өйдөбүл баар. Ол аата федеральнай эрэ сокуон буолбакка, тустаах субъектарга көрүллүбүт уонна сөп түбэһэр сокуон хантан да кэл, син биир тутуһуллуохтаах. Оччоҕо туохха, кимнээххэ анаан суруллубут сокуоннарый? “Роскосмос”, “Газпром”, “Алроса”, “Роснефть” курдук сүдү федеральнай хампаанньалар олохтоох сокуону тутуһаллар. Бэйэм министиэристибэҕэ үлэлиир кэммэр 11 этнология эспэртиисэтэ оҥоһулунна, аҥаардас бу сылга 7 эспэртиисэ бара турар. Ити курдук быһаардыбыт даҕаны “Новая” артыал дьоно – ньимиликээн. Тиһэҕэр биһиэхэ анаан тоһоҕолоон эттэ: “Сокуону кэһэрбин билэбин, ол эрээри үлэбин син биир тохтоппоппун!”

Килиэби баҕас бэрсэллэр

Ахтан аһарбытым курдук, 3 община дьоно баар, “Алдакай”, “Бугат” уонна “Нюрмаган”. Кинилэр “Новая” артыал биһиэхэ аһынан-үөлүнэн көмөлөһөр ээ, ардыгар тырааныспарынан да хааччыйар” диэн этэллэр. Ол наһаа үчүгэй эрээри, “содействие в социально-экономическом развитии” диэн өйдөбүлүнэн, көмүсчүттэр кинилэргэ хайаан да көмөлөһүөхтээхтэр. Аҕыйах ахсааннаах омуктар сирдэригэр сылдьан эрэ, аһынан, көлөнөн көмөлөһөллөрүн үрдүнэн эспэртиисэ ыытыахтаахтар. Бу – дуогабарга даҕаны, лиссиэнсийэҕэ даҕаны көмөлөһүөхтээхтэр диэн ыйыллыбат эрээри, быраабыла быһыытынан, судаарыстыба кадаастырыгар киирбит дьоҥҥо көмөлөһүөхтээхтэр. Көс омук күннээҕинэн олорор, онон “сайра”, килиэп биэрэн айахтарын сабан кэбиһэллэр.

Аһаҕастык этэр буоллахха, Иенгра баһылыга Ольга Игнатенко ТТП сиригэр хас артыал үлэлии сылдьарын билигин сатаан этэр кыаҕа суох. Ол курдук, олохтоох дьаһалтаҕа биллибэккэ-көстүбэккэ, саҥата-иҥэтэ суох хас да артыал үлэлиир эбит. Кинилэр Иенгра дьаһалтатыгар тиийбэккэ тута оройуоҥҥа тахсаллар. Уонна бэнсиин, килиэп биэрэллэрин туһунан миэстэтигэр эбэҥкилэри кытары ыспыраапка түһэрсэллэр. Маны ким даҕаны хонтуруоллаабат. Омос көрдөххө, көмөлөһө аҕай сылдар курдуктар. Дьиҥэр, сокуон быһыытынан көмө көрүллүөхтээх, “эйиэхэ 1 килиэп, эйиэхэ 4 килиэп” диэн олоҕо суох дуогабар түһэрсиллиэ суохтаах. Күннээҕинэн олорор, көһө сылдьар, кыһалҕалаах эбэҥки хайыаҕай, сөбүлэһэригэр эрэ тиийэр. Ол курдук туох да биллибэккэ-көстүбэккэ хаалар. Артыаллар хоромньу таһааран баран, олохтоохтор ночоотторугар толугу биэрбэттэр.

Иенгра дьокутааттарын Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Юхновец бырамыысыланнас министиэристибэтигэр хас лиссиэнсийэ бэриллибитин туһунан билээри сурук ыытыахтаах.

Алтынньыга көмүсчүттэр уонна олохтоохтор көрсүөхтэрэ

Бу бара сылдьан быраап өттүнэн сыанабылы таһаардым. Аны туох буоларын суут быһаарыаҕа. Борокуратуураҕа хас даҕаны үҥсүү сытар. Сокуон кэһиитэ син биир баар, манна миэрэ ылыллыаҕа. Суут кыайдаҕына, бу артыал үлэтин тохтотуон сөп. Бу ыһыллан-тоҕуллан үлэлии сылдьар артыалларга быраап уонна олохтоох омуктар быраабылаларын туһунан алтынньыга сэминээр ыытар туһунан кэпсэттибит. Былаһааккаҕа ТТП иһигэр үлэлии сылдьар артыаллар, олохтоохтор уонна олохтоох дьаһалта көрсөн быраап өттүнэн үөрэҕи ыытыахтаахтар.

Бу кэмҥэ “О внесении изменений в Кодекс Республики Саха (Якутия) об административных правонарушениях” диэн сокуон ылыллыахтаах. Биһиги министиэристибэбит сыл курдук туруорсан ылбыт сокуона буолар. Бу сокуон киирдэр, элбэх кыһалҕа оннун булуохтаах. Бу сэминээр кэннэ, ТТП сиригэр көҥүлэ суох артыаллар тохтуохтаахтар, бары олохтоох дьаһалта нөҥүө эрэ үлэлиэхтээхтэр. Иенгра баһылыга Ольга Игнатенко бу кыһалҕа туһунан аһаҕастык хаста да этэн турар.JwrirjsJ5cg

Атын субъектарга этнология эспэртиисэтэ ыытыллар дуо?

Ити эспэртиисэни биһигиттэн ураты ханна да ыыппаттар. Оннооҕор ТТП да диэн өйдөбүл суох. Арай Ханты-Мансийскайга эрэ 400-тэн тахса родовой общиналар сирдэрин ылан региональнай суолталаах сир оҥортороллор. Уһук Илиҥҥэ Саха сиригэр эрэ саҥа олоххо киирэн эрэр. Федеральнай сокуон таһымыгар этнология эспэртиисэтин туһунан РФ сокуон барылын оҥорбутун биһиги ылымматахпыт. Сокуон бырайыагын ис хоһоонугар аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар экэниэмикэлэригэр, олохторугар-дьаһахтарыгар дьиҥнээх суолталаах туох да суох этэ. Барыта “материальнайа суох баай” диэн өйдөбүллээх сокуон. Холобур, тылыгар, култууратыгар, үгэһигэр хоромньуну төлөтүү туһунан. Оттон “Труд” ХЭТ 99 782 гектар сири ылбытыттан 3/1 “Новая” лиссиэнсийэ ылан хоромньу таһаарбытыгар ким эппиэттиирий, ночоотун ким сабарый? Манна олохтоох омук олус улахан охсууну ылар. Балыктыыллара, бултууллара суох буолар, табалара үргэн бөһүөлэктэн ырааталлар, о.д.а. Туох баар туһаныллыбыт уруудалаах сир ый ньуурун курдук буолан, уу, сир сытыйан-ымыйан турар. Көмүсчүт лиссиэнсийэни сокуон чэрчитинэн ыллын даҕаны – ол эрээри олохтоох омуктар сокуоннарын булгуччу билиэхтээх! Этнология эспэртиисэтин бырамыысыланньык бэйэтин үбүнэн ыытар, ол кэннэ учуонайдар туох хоромньу тахсыбытын ааҕаллар-суоттууллар.

***

Алтынньыга көмүс артыалларыгар анаммыт сэминээри күүтэбит. Баҕар, ол кэннэ туох эмэ сааһыланан тахсаарай, биир тыл булан айылҕа уонна дьон туһатыгар үлэ таһаараллар ини. Оттон сокуону кэспит, өрөспүүбүлүкэбит быраабын билиммэт көмүсчүттэри миэрэҕэ тардалларын туруорсабыт.

Сардаҥа Борисова

кэпсэттэ.

Category: Земля. Недра | Views: 1106 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024