6-с №-дээх Набережнайдааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокуруктан “Ситим” бөлөх генеральнай дириэктэрэ Мария Христофрова (“Гражданскай платформа”) Ил Түмэн дьокутаата буолла. Кини 633 куолаһынан кыайда.
Кыым Бэлиитикэ
АФ Национальнай СМИгэ Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Дьокуускай куорат Общественнай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Дедовая Россия” общественнай тэрилтэ масс-медиаҕа уонна сибээскэ кэмитиэтин салайааччыта, АФ уонна СӨ атыыга-эргиэҥҥэ палаататын чилиэнэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир общественнай сэбиэт чилиэнэ.
АФ Сибээскэ уонна маассабай коммуникацияҕа министиэристибэтин бочуотунай грамотатынан уонна АФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
“Медиа менеджер России – 2011” диэн АФ Национальнай бириэмийэтин, СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтин “Лидер перемен” бириэмийэтин, СӨ суруналыыстарын сойууһун “Медиа персона - 2015” анал аатын, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бизнес леди” уонна “Деловая Россия” анал ааттар лауреаттара.
СӨ култууратын, тыатын хаһаайыстыбатын, экэниэмикэтин, гражданскай инициативаҕа туйгуннара.