Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Балаҕан ыйа » 13 » Ытыктабыллаах дьонум-сэргэм!
Ытыктабыллаах дьонум-сэргэм!
18:01

IMG 1934 littleБыыбар-2018

Дьокуускай куорат 6-с №-дээх Набережнайдааҕы быыбардыыр уокуругун олохтоохторо, Сахабыт сирин элбэх улуустарыттан уонна өрөспүүбүлүкэбит таһыттан миэхэ бигэ тирэх, тулхадыйбат тулааһын буолбут бары өйөөччүлэрим — ытык-мааны кырдьаҕастар, дьоһуннаах эдьиий-убай саастаахтарым, эрчимнээх эдэр ыччат, эрэллээх дьүөгэлэрим-доҕотторум, быыбар хампаанньатыгар сылайары-элэйэри, күнү-түүнү аахсыбакка үлэлээбит хамаандам хоһуун дьоно! Штабым салайааччылара, үлэни-хамнаһы сүрүннэһээччилэрим А. Кырдьаҕааһап,С. Яковлева, Е. Васильева, Ю Владимир, В. Степанов, Г. Бочкарева, В. Павлова!

Буолан ааспыт талыыга-быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыккыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаатыгар мин кандидатурабыт талбыккыт, өйөөбүккүт иһин итиитик-истиҥник махтанабын. Мин кыайыым — Эһиги барыгыт кыайыыгыт. Эһиги түмсүүлээх, дьулуурдаах буолаҥҥыт, Ил уонна Сүбэ диэн ытык өйдөбүллэри суолдьут сулус оҥостон бу кыайыыга кэллибит.

Манна даҕатан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан талыллыбыт Айсен Сергеевич Николаевы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Ил Түмэнигэр бар дьон дьокутаатынан талыллыбыт коллегаларбын, киин куорат дьаһалтатын баһылыгынан талыллыбыт Сардаана Владимировна Авксентьеваны уонна атын таһымҥа бар дьон итэҕэлин ылан баһылыгынан, дьокутаатынан талыллыбыттары ис сүрэхпиттэн иэйэн эҕэрдэлиибин! Хайа даҕаны салайааччы эбэтэр дьокутаат дьонун-сэргэтин өттүттэн күүстээх өйөбүллээх буоллаҕына эрэ, кэм-кэрдии хаамыыта, олох-дьаһах сайдыыта туруорар соруктарын быһаарар-быһаарсар кыахтаах буолар. Биһиэхэ дьоммут-сэргэбит эрэлин биллэрдэ, улахан итэҕэли сүктэрдэ. Ону толордохпутуна сатанар.

Тапталлаах Сахабыт сирин, килбэйэр кииммит — Дьоллоох Дьокуускай куораппыт, бэйэм бар дьон дьокутаатынан талыллыбыт түөлбэм олохторун-дьаһахтарын таһыма үрдүүрүгэр, тупсарыгар тус бэйэм дьокутаат быһыытынан ылыммыт соруктарбын толорорго бары кыахпын, билиибин ууран тураммын күүскэ үлэлиэҕим диэн эрэннэрэбин.

Бука бары биир санаанан, бииргэ ылсаммыт, өйдөһөн-өйөһөн кэскиллээх олоөу уһансыаххайыҥ! Сүгэ кыайбатаҕын — сүбэ кыайар.

Барыгытыгар баҕарабын толору дьоллоох олоҕу, мэлдьи ситиһиилээх, чөл туруктаах, кыайыылаах-хотуулаах буолуҥ! Биһигини саҥа соруктар күүтэллэр!

 

Халбаҥнаабат бигэ санааларым

Норуот депутата хайдах буолуохтааҕый?

Депутат, эбэтэр дьокутаат эмиэ диибит, бастатан туран, тэрийэр дьоҕурдаах уонна үлэтин түмүгэ биллэр-көстөр, дьоҥҥо биһирэнэр буолуохтаах.

Уонна, кыһалҕалаах кэлбит киһини хайаан да истиэх тустаах. Ким эрэ ыалдьан, ким эрэ олорор усулуобуйатын туруорсан, ким эрэ материальнай кыһалҕаҕа ыктаран, ким эрэ балыллан, ким эрэ тэрээһин ыытарыгар спонсорга наадыйан уо.д.а. кэлэр. Күннээҕи олоххо кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Депутат ону барытын болҕойон истиэхтээх, күүһэ тиийэринэн көмөлөһө сатыахтаах уонна, хайаан да, ол этиини бэлиэҕэ ылыахтаах. Дьэ, ол кэннэ, ол кыһалҕалары барытын хабар, кэлимник быһаарар сокуоннар баар буолалларын хааччыйыахтаах.

Боппуруоһу киэҥник уонна системалаан көрөр туһугар депутат элбэх көмөлөһөөччүлээх, сүбэһиттээх буолуохтаах диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Араас эйгэҕэ — барытыгар. Ол көмөлөһөөччүлэр — эксперт, идэтийбит профессионал быһыытынан — депутат сокуону оҥороругар күүс-көмө буолуохтаахтар. Онно кинилэр бэйэлэрэ элбэх дьон сүбэтин-аматын, санаатын истиэхтээхтэр, холобур, доруобуйа харыстабылын боппуруоһугар — медиктэри, медицина учуонайдарын, ыалдьар дьону, общественниктары, тыа балыыһаларын үлэһиттэрин... Оттон култуура эйгэтигэр — артыыстары, продюсердары, искусствоведтары, көрөөччүлэри... Бары хайысхаҕа итинник буолуохтаах.

Ол эбэтэр, саҥа ылыллыахтаах сокуон кэлтэй ким-туох эрэ туһатыгар ананыа, кими-тугу эрэ умнуо уонна ханнык эрэ бытархай курдук түгэни даҕаны болҕомтото суох хаалларан кэбиһиэ суохтаах.

Тус бэйэм, олох ханнык баҕарар хайысхатыгар, норуот хаһаайыстыбатын бары салааларыгар оннук бэлэмнээх дьонноохпун, биир санаалаах көмөлөһөөччүлэрдээхпин, алтыспат-билбэт эйгэм суох диэн бүк эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, уон биэс сыл устата “Ситим” бөлөҕү, “Кыым” хаһыаты салайан кэлбит кэммэр — промышленностан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар, саха тылыттан саҕалаан аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьылҕаларыгар тиийэ — хас эмэ сүүһүнэн ааҕыллар “төгүрүк остуоллары”, кэпсэтиилэри тэрийэн, биирдиилээн дьон тыһыынчанан ааҕыллар кыһалҕаларын көрөн-истэн, билэн, туруорсан кэллим.

Тыа сирэ — норуоппут силиһэ, тирэҕэ

Биһиги, саха дьоно, төһө да Дьокуускай куоракка төрөөбүппүт, олорбуппут, үлэлээбиппит иһин, бука бары ханнык эрэ улуустан, нэһилиэктэн силистээх-мутуктаах дьоммут. Ким эрэ “ээ, мин куорат сахатабын, манна төрөөбүтүм-улааппытым, тыа сиригэр туох да наадам суох” диир буоллаҕына, олус улаханнык алҕаһыыр.

Биһиги норуот быһыытынан күүспүт-уохпут, кэлэр кэскилбит, сайдар-үүнэр сарсыҥҥы күммүт — барыта тыа сирэ этэҥҥэ олороруттан эрэ тутулуктаах. Тыа сирэ баарын эрэ тухары норуот аатыран олоробут. Тыаны кытта ситиммит быһынна да, туспа омук аатыран бүтэбит, эстэбит. Биһиги үгэспит, сиэрбит-туоммут, үҥэр-сүктэр Айыыларбыт, Дьөһөгөйбүт, Иэйиэхсиппит, норуоппут кута-сүрэ, дууһата — барыта тыа сиригэр эрэ бааллар, онтон силистэнэллэр-тыыннаналлар. Куорат таас дьиэтигэр буолбакка.

Ол иһин саха киһитэ барыта тыа сирэ сайдарыгар күүһүн-кыаҕын барытын аныахтаах. Билигин аан дойду барыта коммуникация, инновация, информация, дистанционнай үөрэх, телемедицина, электроннай дьыала-куолу, цифровой сайдыы уо.д.а. ортотугар олордоҕуна, биһиги тыабыт сирэ тоҕо хотону былыргылыы сааҕынан сыбаан, ону илиинэн соһон таһааран, сүөһүнү ойбоҥҥо уулатан, илии хотуурунан оттоон, оһоҕу маһынан оттон олоруох тустааҕый? Тыа сирэ — сайдыахтаах!

Ыччат — Сахабыт сирин кэскилэ

Ыччаты тыаҕа олохсутар туһугар Арассыыйа сайдыылаах регионнарыгар туох дьаһаллары ылалларын элбэҕи көрдүм, биллим, үөрэттим. Холобур, татаардар тыа сиригэр үлэлии барар ыччакка сыл аҥаарын устата “подъёмнай” диэн харчы төлүүллэр, олорор дьиэнэн тута хааччыйаллар, бакалавриакка-магистратураҕа быһа ылаллар. Ыччаты кураанах ыҥырыынан, лозунунан тыа сиригэр таһаарбаккын. Ыччат тыа сиригэр олохсуйарын туһугар улуустарга, нэһилиэктэргэ сөптөөх инфраструктура, суол-иис, сибээс-информация, култуура-спорт тэрилтэтэ, сынньанар сир, медицина, үөрэх тэрилтэтэ баар буолуохтаахтар. Ыччат бэйэтэ тыаҕа олорорун сайдыыттан хаалыы, олох киэҥ аартыгыттан туораан хаалыы курдук көрүө суохтаах. Оннук кыах тэриллэ илигинэ — ыччаты “тыаҕа олохсуйа бар” диэн ыҥыран туһа суох. Оттон ыччат суох буолла да — тыа сирэ эмиэ эстэр. Тыа сирин сайдыытын ыччат эрэ хааччыйар кыахтаах.

Бэйэм куоракка төрөөбүт, улааппыт, үөрэммит киһибин. Ол гынан баран, улаатан, өйбүн-төйбүн тутан баран, ийэм уонна аҕам төрөөбүт нэһилиэктэрин, онно хаалбыт аймахтарбын барыларын кытта быстан эрэр ситими иккистээн чөлүгэр түһэрбитим. Билигин ийэм да, аҕам да үөскээбит түөлбэлэригэр миигин ким да туора киһи курдук көрбөт диэн итэҕэйэбин. Кыра уолбун Ньургуну (үс оҕолоохпун, кырабын Ньургуну — нууччалыы иитиилээх уолу — үс аҥаар сааһыгар иитэ ылбытым), анаан-минээн, сахалыы куттаах уонна төрүт дойдулаах киһи гына иитэн таһаараары, тыа сирин уонна аймахтарбын кытта ситимниир далаһа оҥороору, Ньурба улууһун Хаҥалаһыгар, Маалыкайыгар аймахтарбар эр-биир ыытан олордо, үөрэттэрэ сылдьыбытым. Билигин Ньургунум — уу саха, от оттуур, мас хайытар, сир астыыр, тыа сирин үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын барытын додо курдук билэр-өйдүүр киһи. Дьоллоох киһи. Холобур, миэхэ оннук кыах бэриллибэтэҕэ.

Хас биирдии саха киһитэ төрөөбүт өтөҕүн, түөлбэтин, алааһын-тыатын иннигэр ытык иэстээх. Сиригэр-уотугар эрэ буолбакка, биһиги куоракка “күрээбит” кэммитигэр өбүгэлэрбит өтөхтөрүн иччилээн, күн бүгүнүгэр диэри онно түптэ буруотун унаарытан, сылгыны кистэтэн, ынаҕы маҥыратан, оҕо саҥатын чаҕаардан олорор хаан аймахтарбытыгар тугунан да сууйуллубат улахан иэстээхпит. Ол аймахтарбытын кытта ситими хаһан да сүтэриэ суохтаахпыт. Баҕар, кинилэр билигин кыаммат буоллуннар, элбэхтик кэлэн-баран сылаттыннар, араас кыһалҕаларынан салгыттыннар — ону тулуйуохтаахпыт уонна күүспүт тиийэринэн көмөлөһө сатыахтаахпыт. Тус бэйэм оннук дьаһанарга дьулуһабын.

Биһиги — кинилэр иннилэригэр улахан иэстээхпит. Өбүгэлэрбит өтөхтөрүн иччилээн, омукпут утумун салҕаан, саханы “саха” диэн ааттатан олороллорун иһин.

Билигин уустук кэмҥэ олоробут. Сарсыҥҥыны тымтыктанан көрбүт суох. Куһаҕанын талан эттэххэ, хаһан эрэ бары сууласпытынан үрүҥ тыын өллөйүгэр ол өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр көһөн тиийэр күммүт тиийэн кэлиэ. Туох билиэй!

Ол эрэн, оннук буолбатын туһугар, Саха сирэ биир кэлимник, биир тэҥник сайдан иһэрин туһугар хас биирдиибит бэйэтиттэн кыаллары оҥоруох тустаах диэн халбаҥнаабат бигэ санаалаахпын.

Ытыктабылы кытта Мария ХРИСТОФОРОВА.

Category: Выборы | Views: 1239 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024