Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Алтынньы » 5 » Эпилог. Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа үрэхтэр, Бүлүү өрүс туһунан өссө биирдэ
Эпилог. Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа үрэхтэр, Бүлүү өрүс туһунан өссө биирдэ
09:12

Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа үрэхтэргэ, Бүлүү өрүскэ үөскээбит быһыы-майгы туһунан урут суруйан турабыт. Оттон бүгүн Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата Сунтаарга, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Бүлүүгэ балаҕан ыйын 14-с, 16-с, 17-с күннэригэр Бүлүү өрүстэн ылбыт анаалыһын түмүгэ көрдөрөрүнэн, концентрациялаах бэссэстибэлэр айылҕа бэйэтин көрдөрүүтүгэр тэҥнэспиттэр, Бүлүү өрүс уутун хаһаайыстыбаҕа, киһи наадатыгар куттаммакка туһаныахха сөп буолбут. Ол гынан баран бу сырыыга дьыаланы миэстэтигэр тиийэн быһаарсыаҕыҥ.

 

Быһылаан төрүөтэ – хаһаайына суох даамба

 

Алмаастаах улуус кииниттэн наһаа ырааҕа суох сиргэ мииринэйдэр даачалара баар. Даача даача курдук, туох даҕаны харахха быраҕыллар уратыта суох. Ол гынан баран, даачаларга киирэр суолга анал ыйынньык суох, онон дьон-сэргэ суол төрдүгэр өрөһөлөнө, ыһылла-тоҕулла сытар бөҕүнэн сирдэтинэр. Туох-туох суоҕуй диэххэ сөп. Күн талбыта барыта баар: тутуу бөҕө, эргэ-урба миэбэл элээмэтэ, алдьаммыт бытовой тиэхиньикэ, уопсайынан – сыбаалка. Саатар, ол айылҕаны “киэргэтэр” үтүө “баай-дуол” бүүс-бүтүннүү суол айаҕар сытар. Чэ, ол онуоха-маныаха диэри хааллын. Биһиги бүгүн атыны кэпсиибит – даача бөһүөлэгин кэтэҕэр сытар Таборнай үрэх даамбатын туһунан.

Остатки озера Дачное на ручье Таборный

Даача күөлэ

Размытая дамба на ручье Таборный

Мииринэйдээҕи даачалыыр суолу уу суурайбыт

Дьэ, бу даамба тоҕу баран, “взвешеннэй” бэссэстибэлэрдээх (кумах, буор, туой, суспензиялаах органическай уонна органическайа суох бэссэстибэлэр суурадаһыннара) кирдээх уу Иирэлээх, Аччыгый Ботуобуйа үрэхтэргэ уонна Бүлүү өрүскэ көҥү түспүтэ. Оттон даамба ким бас билиитигэр, көрүүтүгэр-истиитигэр баара биллибэт. Хаһаайына суох. Хаһан эрэ 90-с сс. даача олохтоохторун кыһалҕатын толуйарга диэн, уу хаайаары туппуттар. Мииринэйдэр бэйэлэрэ кэпсииллэринэн, сайынын даамба күөлүгэр даача олохтоохторун таһынан куораттар, ыалдьыттар кэлэн сөтүөлээн бараллар, сынньанар сирдэрэ. Аны туран, күөлгэ уу хачайдыыр ыстаансыйа турар. Онон кини туохха анаан тутуллубута биир-биэс тыла суох өйдөнөргө дылы. Ол эрээри даамба хас эмэ уонунан сылы быһа өрөмүөннэммэтэх. Онтун ааһан, ууну аһарар турбалар быһыт икки өттүгэр бааллар. Оттон ол инженер хараҕынан көрдөххө, сыыһа толкуйдаммыт бырайыак буолар. Ол түмүгэр атырдьах ыйын 18 күнүгэр, даамба тутуллубута инньэ отучча сыл буолан баран, саахал таҕыста.

Кини тутан турбут уута “Анаабыр” федеральнай айан суолун суурайан, бүтүннүү Иирэлээх үрэххэ түстэ. Ол күн суолу АЛРОСА хампаанньа чөлүгэр түһэрбитэ. Хата, дьолго ким да эмсэҕэлээбэтэ эрээри, көҥү түспүт уу мотуога аны АЛРОСА 7-с №-дээх даамбатыгар тиийэн аста уонна сыыйа эбиллэн-эбиллэн, үрдүнэн кутта. 7 №-дээх даамба кэнниттэн утуу-субуу 6-с, 2-с уонна 1-кы нүөмэрдээх быһыттар алдьаннылар. “Взвешеннэй” бэссэстибэ Иирэлээххэ, Аччыгый Ботуобуйаҕа уонна Бүлүүгэ ити курдук түстэ.

Күн бүгүн бары даамбалар чөлүгэр түһэриллэн тураллар, уу сүүрэрэ тохтоото. Ону хаартыскаттан да, лабаратыарыйа чинчийиилэрин түмүгүттэн да көрүөххэ сөп. Даамбалары бэрт суһаллык оҥордулар. 2019 с. муус устарыттан эбии чахчыларга, чинчийиилэргэ олоҕуран, өссө саҥа бырайыагынан үлэлиэхтэрэ. Билигин даҕаны быһыы-майгы хатыламматын курдук, кичэллээхтик бөҕөргөтөр үлэ салҕар.

Восстановленная федеральная трасса Анабар

"Анаабыр" федеральнай суол оҥоһулунна

Сөҕүмэр ардах

 

Мииринэйдэр гидроузеллаахтар. Ол гидроузел бүтүн куораты иһэр уунан хааччыйар. Сааскы халаан кэмигэр, метеорологтар этэллэринэн, онон сууккаҕа 5 мөл. кууп кэриҥэ уу ааһара. Ити социальнай суолталаах эбийиэги алмаастаах хампаанньа көрөр-харайар. Ол гынан баран, сөҕүмэр ардахтар саҕана сууккаҕа инньэ 6 мөл. кууп уу ааспыт. Хампаанньа маркшейдерга сулууспата да, метеорологтар да итиччэ уу ааһыа диэн сылыктаабатахтар. Бу – улуус устуоруйатыгар хаһан даҕаны түспэтэх сөҕүмэр ардахтар этилэр. Саатар, ол ардахха Даача күөлүн уута эбии-сабыы буолбута. Дьиҥэр, Мииринэйгэ метеорология кэтээн көрүүтэ 50-с сс. ыытыллар уонна итинник көрдөрүү хаһан даҕаны бэлиэтэнэ илигэ – быйыл 80,2 см сөҥүү түспүт. Холобур, 2003 с. муҥутаан 52 см буола сылдьыбыт.

Онон сибээстээн, АЛРОСА даамбалары саҥаттан бырайыактаата. Быйылгы уу таһымын учуоттаан туран.

Дыраага котлованнара: үлэ хайдах барарый?

 

Билиҥҥитэ хампаанньа икки араас сиргэ үлэлиир: “Иирэлээхтээҕи ыһыыга (россыпь)” уонна “Горнайга”. 202-с №-дээх драга Иирэлээх үрэххэ баар “Ирээлээх” сир баайдаах сиргэ турар. 201-с, 203-с №-дээхтэр “Горнай” сир баайдаах сиригэр тус-туһунан тураллар, атын ууну кытта силбэспэттэр. Оттон үлэ-хамнас хайдах тэриллэрий?

Драга алмаастаах кумаҕы “сиидэлээн” баран, атын котловаҥҥа эмиэ уу куттаран, сыҕарыйан биэрэр. Инньэ гынан, икки котлован тэҥинэн оҥоһуллар, олорго хардары-таары биир ууну хачайдыыллар.

Котлованнар төһө да “быстах кэмнээх” дэннэллэр, хайа надзора ону куруук кэтээн көрөр. Наада буоллаҕына, кэмиттэн кэмигэр буор-кумах куталлар, даамбалары бөҕөргөтөллөр. Кэлин ол котлованнарга айылҕаны-сири чөлүгэр түһэрии – рекультивация үлэтэ ыытыллар.

Мииринэй куората номнуо оннук уопуттаах. Онно сир баайдаах сирдэри 60-с сс. туһаҕа таһаараллар уонна туһаныллыбыт сирдэри чөлүгэр түһэрэллэр. Хампаанньа этэринэн, үлэ-хамнас тохтообут сирдэригэр икки сыл буолан баран, кырыс тардан киирэн барар. Оттон ол оҥорон таһаарыы айылҕаҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ дьайыыта кыратын туоһулуур.

Манна, “Иирэлээххэ” уонна “Горнайга”, Алмазнай бөһүөлэк улахан аҥаара үлэлиир. Олохтоохтор үрэхтэригэр-күөллэригэр бэйэлэрэ балыктыыллар-бултууллар. Онон үтүө суобастаахтык үлэлииллэр.

Дыраага диэн алмаас хостооһунун кытта быһаччы ситимнээх тэрил диэххэ сөп. Кини, судургутук быһаардахха, хамыйахтаах экскаватор курдук үлэлиир. АЛРОСА дыраагалара уотунан үлэлииллэр уонна котлован түгэҕинэн “хаама сылдьан” алмаастаах кумаҕы сууйан, баһан таһаараллар.

“Дыраагалаах котлованнарга ханнык даҕаны хиимийэ туһаныллыбат. Драгалар алмаастаах боруоданы баһан ылан баран, хвостовой дэнэр тобоҕу эрэ таһаараллар. Холобур, бу котловаҥҥа драга алмаастаах боруоданы “таҥастаан” баран, онтон хаалбыт ордук-хос тааһы, туһата суох боруоданы төттөрү таһаарарын көрүөххэ сөп”, -- диэн Мииринэйдээҕи ХБК дириэктэрин солбуйааччы Владислав Еремин кэпсиир.

Владислав Еремин

 

Даамба алдьаныыта – хампаанньаттан тутулуга суох айылҕа саахала

 

Дыраага үлэтигэр ханнык даҕаны хиимийэ бэссэстибэлэрэ, реагеннар туһаныллыбаттар. Сир баайдаах сири туһаҕа таһаарыыны уонна хайа бырамыысыланнаһын ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын кытта бутуйар – сыыһа. Сир үрдүгэр сытар алмаастаах сири туһаҕа таһаарыыга мэхэниичэскэй эрэ дьайыы оҥоһуллар.

“Биһиги 2011 с. ретроспективнай анаалыһы оҥоробут, онно тас источниктары, аккредитациялаах лабаратыарыйалары, араас институттары кытыарабыт. Уопсай информацияттан көрдөххө, балык хаһаайыстыбатыгар туһаныллар өрүстэргэ олохтоммут көрдөрүүттэн биирдиилээн туспа элэмиэн көрдөрүүтэ (ПДКтан) элбэх буолара тута өйдөнөр. Гидромет чахчыларынан, Иирэлээх үрэххэ “взвешеннэй” бэссэстибэ концентрацията 8,68 мг/дм3 тэҥнэһэр. Дьиҥэр, балык хаһаайыстыбатыгар туһаныллар ууга ПДК 0,75 буолуохтааҕа”, -- диэн СӨ Метеорологияҕа киинин чахчыларын АЛРОСА экология боппуруостарыгар сүрүн инженерэ Полина Анисимова кэпсээтэ. – АЛРОСА быстах даҕаны, өр кэмнээх даҕаны, ол иһигэр тулалыыр эйгэҕэ (ОС) анаммыт, араас бырагырааманы үлэлэтэр. Экология бырагыраамаларыгар диэн барыта 16 млрд тахса солк. көрүллүбүтэ. билиҥҥи туругунан 17 млрд кэриҥэ солкуобайы туһанныбыт. 2018 с. ити бырагыраама түмүктэнэр. Саҥа бырагыраама эмиэ өр кэмнээх буолуо уонна 2019-23 сс. олоххо киириэ. Быйыл сэтинньи саҥатыгар саҥа бырагыраама оҥоһуллан СӨ Экологияҕа министиэристибэтигэр бигэргэниигэ барыаҕа. Урукку итэҕэс-быһаҕас барыта учуоттанна. Онно эбии пуун быһыытынан күөллэргэ балыгы үөскэтии киирэн биэрдэ. АЛРОСА сыл аайы Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта сөбүлэһии түһэрсэн, ол сүнньүнэн балык ыаматын атыылаһан, Бүлүү водохранилищетыгар ыытар. Хомойуох иһин, балыгы ханна ыытарбытын биһиги бэйэбит талбаппыт. Ону Росрыболовство быһаарар. Биһиги балык ыаматын аҥаардас Бүлүү муоратыгар ыытары тутах диэн өйдүүбүт. Ол иһин АЛРОСА Росрыболовствоҕа “атын күөллэри эмиэ көҥүллээҥ” диэн сурук суруйда. Итини таһынан, биология ресурсаларын көрүҥүн элбэтэр туһунан боппуруос эмиэ көрүллэ. Отой аҕыйах хонуктааҕыта Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта хатыыстыҥы балыгы үөскэтэр саҥа сыаҕы арыйбыппыт. Билигин хампаанньа хатыыс ыаматын уонна искэҕин атыылаһан, 2019 с. күөллэргэ, өрүстэргэ ыытар курдук кэпсэтэ сылдьар”.

Полина Анисимова

АЛРОСА Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэгийиэн бырабыыталыстыбатын уонна муниципальнай тэриллиилэри кытта саамай элбэх социальнай-экэнэмиичэскэй сөбүлэһиини түһэрсибит хампаанньа. Сыл аайы хампаанньа Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатыгар үп-харчы ыытарын, ону сэргэ араас социальнай уонна экологическай бырагыраамалары олоххо киллэр. Экология туһунан эттэххэ, холобур, 2015 с. хампаанньа Марха өрүһү бата сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга барыта 55 мөл. солкуобай кэриҥэ сыаналаах ууну ыраастыыр тутуулары үбүлээн туруортарбыта. Ону таһынан, хампаанньа сыллата тулалыыр эйгэ харыстабылыгар туһуламмыт тэрээһиннэри үбүлүүр, сыллата онно көрүллэр харчы кээмэйэ 5 млрд солк. курдук буолар (2018 с. – 5,3 млрд солк.). Ол харчы аҥаардас ууну ыраастыыр тэриллэргэ эрэ буолбакка, билим-чинчийэр үлэлэргэ эмиэ ананар. Ол иһигэр, геоинформационнай тиһик көмөтүнэн кэтээн көрүүгэ. Ол барыта АЛРОСА АХ үлэлиир сиригэр-уотугар айылҕа харыстабылыгар туһаайыллыбыт кэлим тэрээһин бырагыраамата” бырагыраама чэрчитинэн тэриллэр. Ону СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ бигэргэтэр.

АЛРОСА ХБКларын үлэтигэр туһаныллар хвостохранилищелар тустарынан эттэххэ, бу – драгалаах котлованнар буолбатахтар. Кинилэри бутуйар букатын сыыһа.

“Хвостохранилищеҕа таҥастаммыт урууда сырьета оҥорон таһаарыы бөҕүн-саҕын курдук мунньуллар. Уруудаттан алмааһа ылҕанар, ол кэннэ бытарытыллар. Салгыы ону – пульпаны ууну кытта хвостохранилищеҕа куталлар. Уу иккистээн туһаныллар. Онон саҥаттан-саҥа уу баһыллан испэт, барыта эргийэ турар. Хвостохранилище даамбата 1989 с. үлэлиир. Даамба түгэҕэр маневрдыыр иһит – дьоҕус күөл баар. Ол көмөтүнэн хвостохранилище уутун таһыма хонтуруолланар. АЛРОСА ол уу сааскы халаан кэмигэр өрүскэ-күөлгэ түсэтин хонтуруоллуур, араас үлэни тэрийэн ыытар. Ол инниттэн анал ханаабалар хаһыллыбыттара”, -- диэн Мииринэйдээҕи ХБК 3 №-дээх байытар баабырыкатын начаалынньыга Дмитрий Кобелев кэпсиир.

Дмитрий Кобелев

Даҕатан эттэххэ, хвостохранилище уутун минерализацията 36-37 мг/л буолар. Оттон ол аан дойду далайдарын уутун тууһун көрдөрүүтүгэр тэҥнэһэр. Манна хаһан эрэ горбуша балыгы иитэ сылдьыбыттара. Ол гынан баран, кини тууһа суох ууга ыыр буолан, бырайыагы кэлин саппыттара.

Хвостохранилище даамбатын киһи көрөн сөҕөр – алларааттан үөһэ ыттан тахсар бэйэтэ туспа остуоруйа. Даамба үөһээ өттүнээҕи кэтитэ – 12 миэтэрэ. Ол үрдүнэн бөҕөргөтөр үлэ сотору-сотору ыытыллар. Онон өтөр кэтитэ өссө үс миэтэрэнэн эбиллиэхтээх. Маневрдыыр ёмкоһа бэйэтэ туспа эмиэ быһыттаах. Онто 10 миэтэрэ кэтиттээх. Аны туран, эркинин кыйа тоҥорор ыстаансыйалардаах. Хампаанньа манна уу киирбэтин да, тахсыбатын да кыраҕатык хонтуруоллуур. Даамба уута арай ардах-хаар эрэ уутуттан эбиллиэн сөп.

Онон МХБК хвостохранилищета уонна драгалаах котлованнар диэн тус-туспа эбийиэк буолалларын өйдүөххэ, кинилэр бэйэ-бэйэлэриттэн 3 көс ыраах туралларын билиэххэ наада.

Дамба хвостохранилища

Хворостохранилище даамбата

 

Аны куттал суоһаабат

 

АДРОСА экологтарын чинчийиититтэн көрдөххө, балаҕан ыйын 21 күнүгэр Бүлүү өрүскэ (Аччыгый Ботуобуйа төрдүттэн 500 миэтэрэ үөһээ) “взвешеннэй” бэссэстибэ концентрацията 6 мг/дм3 тэҥнэспит. Оттон Аччыгый Ботуобуйа төрдүттэн 500 миэтэрэ аллараа өттүгэр – 5 мг/дм3. Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү өрүскэ “взвешеннэй” бэссэстибэ концентрацията 6 мг/дм3 буолбут. Ити барыта ууга ханнык даҕаны киртитэр бэссэстибэ суоҕун, кини ырааһырбытын, оннугар түспүтүн туоһулуур. СӨ Экологияҕа министиэристибэтин РИАЦЭМын бэрэстэбиитэллэрэ ити чахчыны эмиэ бигэргэтэллэр.

2018 с. үрэхтэр сүнньүлэринээҕи ханааллар бырайыактарын быйылгы быһыыны-майгыны учуоттаан, саҥалыы оҥоһуллуохтаахтар. Ити быһаарыы 2019 с. драга сезона саҕаланарын саҕана үлэҕэ киириэхтээх.

Итини сэргэ хампаанньа исписэлиистэрэ Мииринэй, Удачнай куораттарга уонна Айхал бөһүөлэгэр баар гидротехническай тутуулар уонна быһыттар туруктарын хос чинчийдэ. Ол түмүгэр байытар баабырыкалар хвостохранилищеларин туруга үчүгэй, салгыы үлэлиир кыахтаахтар диэн буолла.

Хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ тахсыбыт быһылаанынан сибээстээн, өрүс сүнньүгэр олорор олохтоох нэһилиэнньэни кытта хас эмэ уонунан көрсүһүүнү тэрийдилэр, кинилэр этиилэрин, санааларын иһиттилэр, сорох сытыы боппуруостары суһаллык быһаардылар. Ол курдук, хампаанньа бөһүөлэктэргэ ууну ыраастыыр тэриллэри туруорарга анаан, Бүлүү сүнньүн улуустарыттан туһааннаах тэхиниичэскэй дааннайдары хомуйда. Тэриллэри АЛРОСА бэйэтин суотугар атыылаһан, туруоран бириэхтээх. Ону таһынан Сунтаар улууһун 16 нэһилиэгэ иһэр уунан хааччылынна, ууну ыраастыыр, микробун-бактыарыйатын өлөрөр реагеннары тутта. “Садын эбэҥки национальнай нэһилиэгэ” МТ баһылыга Иван Игнатьев АЛРОСА салалтатыттан көрдөспүтүн иһин, хампаанньа Сүлдьүкээр бөһүөлэгэр ууну ыраастыыр биилтирдэри, харайар иһити-хомуоһу атыылаһан биэрдэ.

Санаттахха, тохтообокко түспүт уһун ардахтартан сылтаан, атырдьах ыйын 17 күнүгэр мииринэйдэр даачаларын таһыгар баар Таборнай үрэх быһыта тоҕу баран, күөл буолан турбут уу “Иирэлээх” бириискэтигэр кутуллубута, хас даҕаны даамбаны алдьаппыта. АЛРОСА хампаанньа кэмигэр наадалаах миэрэлэри ылан, биир нэдиэлэ иһигэр даамбалар бары чөлүгэр түһэриллибиттэрэ.

Размытая дамба номер 7

Маневрдыыр ёмкость быһыта

Размытая дамба номер 7

7 №-дээх даамбата

Андрей ШИЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1257 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 79
Ыалдьыттар (гостей): 79
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024