News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Алтынньы » 16 » Аньыырҕааһын - былыргы сахаларга.
Аньыырҕааһын - былыргы сахаларга. | 09:27 |
Аньыырҕааһын - былыргы сахаларга.
= Өлбүт киһиэхэ уонна төрөөбүт ( төрөөн сытар ) дьахтардаах ыалга сылдьан баран , муҥхалана турар эбэтэр куйуурдана сылдьар күөлгэ киирдэххэ, балыга тимирэн хаалар. Эһэни бултаан баран киирдэххэ, эмиэ кэлэ турар балык тимирэр, о.а.кириргиир. Онон итинник түбэлтэҕэ күөлгэ мээнэ сылдьары улаханнык аньыыргыыллара.
= Аарыма улахан тиити, харыйаны уонна хатыҥы, дойду сэргэтин, ытык маһы охтордоххо - сэттээх - сэлээннээх буолар диэн улаханнык аньыыргыыллар.
= Киһи уҥуоҕун алдьатыыны, олорор уораҕайын алдьатыыны иэстэбиллээх буолар дииллэрэ, оннооҕор сөмүйэнэн ыйары аньыыргыыллара :" Алҕаһаатым, кыһыл көмүс биһилэхпин төннөр" диэн тыл этэн көрдөһөллөр, оччоҕо аньыыта төннөр дииллэрэ. Киһи уҥуоҕун ыйбыт сөмүйэҕинэн киһини - сүөһүнү ыйдаххына, кутун - сүрүн саба ыйаҕын дииллэрэ.
=Хонууга, ойуурга, маска ыйанан турар эиэгэттэри алдьатыллыбат, суулларыллыбат. Туһааннаах иччилэр, айыылар тус бэйэҥ олоххуттан ирдииллэр, туох баҕарар куһаҕаҥҥа тэбиллиэҥ диэн тыыттарбаттар.
= Суору уонна тыҥырахтаах улахан көтөрдөрү өлөрүмэҥ, ыраахтан төрүттээх көтөрдөр, кырыыстара ыарахан дииллэрэ.
= Кыталыгы, кубаны, туруйаны, куоҕаһы өлөрүүнү олус улаханнык аньыыргыыллар. Киһи төрдүн кытта сибээстээхтэр, былыргы өбүгэлэр таҥара гынан үҥэллэрэ, куоҕас - дьиҥнээх абааһы көтөрө, бу көтөрдөр кырыыстара ыарахан уонна тиийимтиэ дииллэрэ.
= Уокка быртаххытын биэримэҥ, оннооҕор оҕо эмэһэтин соппут маһы биэрдэххэ,оҕо баас өлүү буолар.
=Үөнү - күрдьэҕэни уокка биэриллибэт, уот иччитэ хайдах баҕарар бурууһуур кутталлаах диэн сэрэтэллэрэ.
=Киһи тыла - ох, батыйа холооннооҕо. Дьоҥҥо - сэргэҕэ куһаҕаны оҥорумаҥ, кырыыска кыраныаххыт, сэттээх - сэҥкиллээх тылга этиллэн, суорума суолланыаххыт, итэҕэс айыыланыаххыт диэн аньыытын - харатын ырытан туран сүбэлииллэрэ.
=Сиргэ, суолга сытар быһах ( биилээх) уһук өттө эн диэки хайыһа сытар буоллаҕына ылыма, кыһаҕан сыттаах ( абааһы) имнэнэн дэҥи - оһолу оҥоруоҥ диэн аньыыргыыллара.
= Сиргэ мээнэ сытар быаны ылыма, ол оннугар маска ыйаан аас. Ити быа баҕар "сит" быраҕылла сытара буолуо, ону ыллаххына халаманы хаппыт балык курдук харан өлүөххүн сөп дииллэрэ. "Сит" - диэн ойуунунан эбэтэр ичээнинэн дуу, сит тылын билэр киһинэн быанан кубулутан тыл этэн быраҕыллыбыт мэҥиэ. Сиргэ сытар быаны ылбыт киһи туохха баҕарар харан дуу, моһуогуран дуу ыалдьыан, өлүөн сөп. Сити саамай өстөөх киһилэрэ сылдьар сиригэр быраҕаллар. Сит быраҕарга этиллэр тыл олус ыарахан буолар, кэйээриннээҕэр ордук ыарахан тыллаах.
=Сата - диэнинэн былыр олус дэлэччи дьарыктаналлар эбит. Сатаһыт киһи туспа буолар, туох да ыччата, оҕото суох киһи сатаны ыытар,т.д.бэйэни кыраныы диэн эбит. Сата хас даҕаны көрүҥнээх: сылгы уонна ынах сатата, бөрө сатата, балык сатата. Итини таһынан тайах, таба саталара баар буолаллар. Сата сүөһү иһигэр, ханныгар, итиригэр үөскүүр, бүтэй саппыйаҕа илдьэ сылдьаллар.
Саха омук ахсаанын хаҥатынаары, араас өрүттэрдээх, атааннаах - мөҥүөннээх, айгыр олоҕу дьиҥ - чахчы үтүө суобаһынан, дьолго - соргуга дьулуһан, араас иччилэргэ, айыыларга сүгүрүйэн, итэҕэл бөҕөтүн сүгэн аньыыны - хараны оҥорбокко ,эйэ дэмнээхтик олорон тыыннаах буоларга дьулуһаллара.
Өбүгэлэрбит үгэстэрэ элбэх, ону сиһилии сирийэн үөрэтиэҕиҥ, билэрбитин үллэстиэҕиҥ !
1992 с.
Этнограф, фольклорист Г.Е.Федоров - Сэһэн Дьөгүөр кинигэтиттэн бэлэмнээтэ Таҥара хараҕа ( аатым сахалыы тылбааһа ).
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1180 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 100 Ыалдьыттар (гостей): 100 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|