Саха сиригэр Штыров, Борисов салайан олорбут кэмнэрэ ааста. Бу кэми хойут историктар туох диэн сыаналыыллара буолла?
Штыров Саха сиригэр президенинэн талыллыыта Кремль бырайыага буолара чуолкай. Россияҕа Ельцин регионнара суверенитеты түҥэтэн дойду ыһылларыгар тиийдэ диэн сымыйанан омуннаах пропаганданы күүстээхтик ыытан, Путин баһылыктаах Россия салалтата регионнар, республикалар былаастарын мөлтөтөр, сарбыйар «вертикаль власти» диэн политиканы саҕалаабыта. Ол иһин Саха сиригэр Михаил Ефимович Николаевы былаастан туораппыттара, онуоха бэйэбит да былаастаах дьоммут олук ууран биэрбиттэрэ. Николаев республика суверенитетын барытын туран биэриэ суох этэ, ону Кремльгэ билэр бөҕө буоллахтара дии.
Маныаха былыр-былыргыттан Россия салалтата регионнарга «разделяй и властвуй» диэн уодаһыннаах политикатыгар киирэн биэрэр идэлээхпит. Бэрт былдьаһан, улуустаһан, ордук санаһан, үҥсэн-харсан, Россия салалтатыгар аһары ньылаҥнаһан төһөлөөх талааннаах, кыахтаах, өйдөөх, билиилээх дьоммутун сиэртибэ оҥордубут, урут даҕаны, билигин даҕаны.
Штыровтаах Борисов салайар кэмнэригэр республика бары быраабын сүтэрдэ кэриэтэ, барытын Кремль быһаарар буолла. Суверенитет «сыта да суох» буолла, демократическай сыаннастар сиргэ-буорга тэпсилиннилэр. Штыровтаах Борисов сыл аайы республика күнүгэр «государственноспыт бөҕөргөөтө, кимтэн да тутулуга суох республика салаллан олорор, демократия чэчирээтэ» диэн дакылааттаан кэлбиттэрэ. Республикаҕа биллэр-көстөр, этэр-тыынар кыахтаах, бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этэр, туруорсар дьону саба баттааһын,общественнай олохтон туоратыы политиката ыытыллар. Дьону «наш, не наш» диэҥҥэ араартааһын сабардаата.
Сүүрбэччэ сыл анараа өртүгэр Кремль республика быраабын быһарга, демократияларын тохтоторго, сарбыйарга, барытын Кремльтан тутулуктаах гына оҥорорго диэн сыал-сорук туруорбутун Штыровтаах Борисов ситиһиилээхтик толордулар, маныаха наар нуучча киһитэ күөттээбит дэтимээри олохтоох саха Борисов самалык буола сырытта. Биһиги бары ити политикаҕа тарбаабыт ынах курдук сыһыаннаһан, туохпутун барытын туран биэрдибит. Билигин сүтэрбит бырааппытын төттөрү өҕүтэр уустук буолуо.
Арай саҥа салалта норуот политическай, гражданскай активноһын сайыннаран, өйөөн уонна онно тирэҕирэн, норуоту кытта биир өйгө-санааҕа киирэн, суут-сокуон, конституция ирдэбиллэрин таба туһанан, олохтоохтук, дуоспуруннаахтык, дакаастабыллаахтык, итэҕэтиилээхтик туруорсан тугу эмэ ситиһиэн сөп буолуо.
Маныаха биири бэлиэтиир наада, Штыров, Борисов ыыппыт политикаларын туохн баарын бүтүннүү «Единая Россия» партия өйөөбүтэ. Ил Түмэҥҥэ «ЕР» партия баһылыыр оруолу ыллаҕына син биир уруккубут курдук тугу эппиттэринэн олоруохпут. Оттон республика норуотун интэриэһин көмүскүүргэ, туруорсарга, быһаарсарга Ил Түмэн ил дарханнааҕар быдан ордук бырааптаах, кыахтаах, ыйааһыннаах. Ил дархан буолбут киһи Россия киин салалтатыгар быһаччы бас бэринэр, тугу эмэ утарсаары гыннаҕына Путин кынчарыйда, куолаһын сонотто да кирис гына түһэригэр тиийэр. Инньэ гымматаҕына үүрүөхтэрэ, дьыала тэрийиэхтэрэ. Дьыаланы тэрийии уустук буолбатах. Оттон Ил Түмэни кытта аахсалларыгар тиийэллэр, маныаха депутаттар норуот итэҕэлинэн дьиҥнээхтик туһанар, өйөбүлү ылар буоллахтарына ыйааһыннара улаатар,кыахтаах буолаллар.
Уустук кэмҥэ олоробут, инникитин дөссө уустугуруох курдук, республика диэн аатыттан сүтэриэх да курдукпут быһыылаах.
Телевизорга, радиоҕа, бэчээт бары көрүҥэр ЛДПР тойонун Жириновскайы көҥүл ыытан кэбистилэр, талбытынан туойар, күн тура-тура биһигини эһэр баҕатын кистээбэккэ этэр-тыынар. Ити тоҕо буолуой? Биһигини туох дииллэр эбит диэн тургутан көрөллөрө буолбатаҕа буолуо дуо? Оттон биһиги тугу да саҥарбакка ньимиликээн олоробут, нэһилиэнньэ да, салайааччылар да өттүлэриттэн. Дьиҥинэн бырачыастаан, утаран «оргуйа» олоруохтаах этибит. Республикабытын бары турунан харыстыаҕыҥ.
Тимофей АДАРОВ,
Тыыл, үлэ ветерана.
Нам, I Хомустаах.