Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Алтынньы » 19 » Айыы суола / Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы / Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018 , 33-с №-гэ көр.
Айыы суола / Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы / Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018 , 33-с №-гэ көр.
09:53

“Айыы суола” социальнай-психологическай анаарыыга олоҕу олоруу урукку, билиҥҥи парадигматын уонна саҥалыы толкуй туһунан кэпсэтии саҕаланна. Бу проблеманы Тэрис «Айыы үөрэҕэ» үлэтигэр, Кут-сүр кыһа юридическай регистрациятын 25 сылыгар даҕатан көбүттүбүт. Тоҕо диэтэххэ, 25 сыл анараа өттүгэр саха өйүгэр-санаатыгар олоҕу тыыннааҕымсытан көрүү киирбитэ. Ол ону бүгүҥҥү кэпсэтиигэ төрүөт оҥордубут. Онон маны Тэрис “Айыы үөрэҕэ”, “Айыы суола” үлэлэрин ырытыы дии саныыр, оннук тойоннуур сөбө суох.

Айыы суола

/ Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы /

Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018 , 33-с №-гэ көр.

2. Таҥараны арааран өйдөөһүн

Этиттэриигэ арыллар ис итэҕэли уһун кэм устата саха киһитэ күннээҕи олоҕор сиэр-майгы кээмэйэ, суобас оҥостон, кистии тутан сылдьыбыт. Ону көрдөрөр-биллэрэр, итэҕэтэр соругу оччолорго ким да туруорумматах. Билиҥҥи курдук аччыыһыра барбат эбиттэр...

Киһи тыыннаах олоххо сүгүрүйэр, тыыннааҕы таптыыр, тыыннааҕы итэҕэйэр кистэлэҥ билиитин сороҕото ХХ үйэ бүтүүтүгэр “Айыы үөрэҕэ” аатынан күн сирин көрдө. Анаарыы (обзор) быһыытынан.

Лазарь Андреевич ити анаарыыга иччилэри, айыылары саха сиэрдээх улахан санаатын быһыытынан инники күөҥҥэ таһаарда. Иччилэр – орто дойдутааҕы тыыннаах олох хаһаайыннара. Билиҥҥи кэми баар гынар сырдык, үтүө күүстэр. Айыылар – кэлэр кэми төрүттээччилэр диэн чорбото бэлиэтээн.

Оттон таҥара итэҕэлигэр кини дириҥии барбатаҕа.Бэйэтин бириэмэтигэр оннуга табыгастаах курдуга. Тоҕо диэтэххэ, таҥара туһунан өйдөбүлү Кут-сүр кыһа иччилэртэн, айыылартан туспа арааран, ырыта сылдьар кэмэ этэ.

Ырытыы төрүөтэ таҥараны православиеҕа ханыылаан, идентичнэй социальнай категория курдук бигэргэтэ сатааччылартан саҕаламмыта. Кут-сүр үлэтин харгыстыыр сибики биллибитэ. Дьэ бу иһин таҥара иччиттэн, айыыттан атылыы өрүттэрин хайаатар да быһаарыахтаах этибит.

Ити маннык буолбута.

Оҕо төрөөтүн кытта маҥнай иччи уонна айыы (Айыыһыт, Иэйэхсит) кэлэр, Ол кэлэн оҕону тыыннаах олоххо сыһыарар диэни тирэх оҥостон, итиниэхэ майгынныыры таҥара итэҕэлигэр көрдөөбүппүт да булбатахпыт. Таҥара куту-сүрү аҕалбыта, төрөөн сытар дьахтары, күн сиригэр кэлбит саҥа киһини уруйдаабыта-айхаллаабыта диэһин сээркээн сэһэннэр уостарын номоҕор ончу суох.Төттөрүтүн тыыннаах олохтон таҥараҕа тиксии, таҥаралааһын, аньыыны-хараны этинэн, таҥара күлүгэр үҥүү-сүктүү баара бииртэн биир арыллан барбыта. Ити төрдүгэр монотеистскай тосхоллоох

авторитарнай Үрүҥ Аар турарын билбиппит. «Юрюн Ар, то есть сын божий...” диэн 1825 сыллааҕы “Обычное право якутов...” диэн официальнай докумуоҥҥа Христоһу этэллэрин.

Маны таһынан, официальнай докумуоҥҥа киирбит Үрүҥ Аартан ураты өссө атын былыргы таҥаралар суолталарын быһаарар сорук турбута : Аар тойон, Адьы Будьу, Туора хотун, Мылахсын, Ынахсыт, Бах, Хоро, бөрө, хотой, оҕус о.д.а.

Балартан Адьы Будьу – Адибудда, Туора –Тара, Мылахсын – Милэ фо (кытайдыы), Майтрея буолалларын билбиппит.

Салгыы ырытыыга немец лингвиһэ, ХХ үйэҕэ тюркология, алтаистика сайдыытыгар биллэр кылаатын киллэрбит Г. Дёрфер, сэбиэскэй учуонай И.М. Манжигеев научнай үлэлэрэ итиниэхэ эбиилик буолбута.

Герхард Дёрфер, «Слово тэнри, наконец, имеет очень своеобразную структуру.Сочетание согласных =нр и вообще весь облик слова нетюркские.А поскольку к тому же во многих тюркских языках это слово выступает в форме танри... легко предположить, что первоначальной была форма танри ( которая позднее была фонетически по-разному адаптирована в соответствии с возможностями тюркской гармонии гласных ). А это форма уже в силу отсутствия гармонии гласных не могла быть исконно тюркской» диэһинэ.

Иван Алексеевич Манжигеев ойууннааһыны чинчийиитигэр таҥара итэҕэлэ буддизмныын дьүөрэтин ыйыыта.

Онон таҥара өйдөбүлэ түүр тыллаахтарга киирии тыл буолара уонна бу итэҕэл буддизмы кытта ситимнээҕэ көстөн кэлбитэ.Ити курдук махаяна (Большая колесница) биир хайысхата ваджраяна (“алмазная колесница”) диэҥҥэ тохтообуппут. Тоҕо диэтэххэ, ваджраяна атын аата – тантризм. Таҥара итилиин ситимин сиһилии билээри.

Оттон махаяна тибет-монгол норуоттарыгар ламаизм быһыытынан сылдьарын, сахаҕа ити тиһик бахсы, төлкө диэннэринэн тиксибитин быһаарбыппыт.

Тантризм. Биһиги эрабыт араас кэмнэригэр индийскэй буддизмҥа бас-көс этэ. Шри-Ланкаҕа Кытайга, Тибеккэ, Японияҕа, Индонезияҕа о.д.а. сиргэ күүскэ тэнийбитэ. Итинник тэнийбит биир сүрүн төрүөтэ - киһи бэйэтин биир олоҕор Будда курдук буолар кыахтаах. Йога көмөтүнэн, тантра (таҥара) кэбин кэттэххэ, ити түргэтиир диэн этэллэр. Оттон махаянаҕа оннук буолбатах. Манна киһи бэйэтин тыынын өй-санаа көмөтүнэн иитиитэ, тулатыгар баары быыһыыра-өрүһүйэрэ булгуруйбат сыал-сорук.

Дьэ аны тантризмҥа төннөр буоллахха, Георг Ферштайн этэринэн, «Тантризм делится на правое консервативное и левое (аморальное) направления”.

Консервативнай тантризмҥа былыргы культовай магическай практиканы туһаныы күүстээх. Онуоха сүрдээх элбэх тантра - таҥара

туһаныллар. Бу иһин нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар политеизм , атыннык эттэххэ сакральнай демократия олохсуйбут.

Тантризмҥа майгынныыр консервативнай хабааннаах религия индуизм буолар. Наһаа уустук культурнай комплекс.Кини пантеона 3 333 333 таҥаралаах. Оттон билиҥҥи Непал таҥарата 30 мөлүйүөнү куоһарда. Маны нэһилиэнньэ ахсааныгар үллэрдэххэ, биирдии киһиэхэ 2,5 аҥаар таҥаралаах.

Таҥараны итинник туспа үөрэтии түмүгэр түүр тыллаахтарга тантризм сабыдыала күүстээҕин билбиппит.

3.Симбиоз

Буддизм наһаа имигэс симбиоз. Үс хайысхалаах : Махаяна (большая колесница) , ваджраяна (алмазная колесница), хинаяна (малый путь, малая колесница) . Балар хардарыта ситэрсэр-толорсор айылгылаахтар. Итиниэхэ хас биирдиилэрэ тус таһымнарын билинэр уонна ити таһым уратытын учуоттуур үгэстээхтэр. Этэргэ дылы «улахан ойуун баарыгар кыра ойуун мээнэ кыырбат”.

Сахаҕа итиниэхэ майгынныыр үөһээ дойду, орто дойду, аллараа (анараа) дойду диэннээхпит. Хас биирдиитэ тус - туспа эрээри, син чугасаһар суоллаах-иистээх.

Россияҕа либеральнай сыһыан үөскүү сыспыт кэмигэр, 1825 сыллаахха толоруллубут “Обычное право якутов” докумуоҥҥа ити үс кээмэй маннык араарыллыбыта:

Үрүҥ Айыы (айыы) , Үрүҥ Аар (таҥара) уонна Сүр (Улуу Тойон - иччи). Балартан улаханнара Үрүҥ Айыы.

“Юрюн Айыы, т.е. Господь Саваоф” диэн суруллар «Памятники права Саха ( Якутия)».

Иккиһинэн Үрүҥ Аары - «Сын божий». Үһүскэ сүр – «Дух Святой».

Көрөрбүт курдук, бу докумуоҥҥа саха итэҕэлин символларын христианскай религия бэлиэлэригэр дьүөрэлээн, эбии быһаарбыттар. Дьэ ити иһин, сахалыы символлар дьиҥ суолталарыгар тохтуох.

Айыы.

Адьас былыргы өйдөбүл. Биһиги эрабыт саҕаланыытыгар олоҕу каноническай сакральнай өйдөбүлгэ Айыы диэһин баар буола сылдьыбыт.Түҥ үйэлэргэ индоевропейскай тыллаах норуоттарга аи «жизненная сила» , «жизненная длительность» дэнэн итэҕэлгэ, философияҕа олус күүскэ киирбитэ. Ити аата букатын былыр Айыы диэн культивированнай религиознай өйдөбүл эбит. Көннөрү кэпсэтиигэ туттуллубат, мээнэ саҥарыллыбат каноническай сакральнай тыл.

Бэл улуу Гомер өлүү диэни Айыы суох буолуута, Айыы симэлийиитэ дии сылдьыбыттаах. Оннук этиини кини бэйэтин эпическай поэматыгар “Илиадаҕа” туттан турар. Гекторы аһыйан Андромаха ытамньыйар ырыатыгар.

Гектор ! Меня же одну в безутешной печали оставил

Жалкой вдовою в чертоге, а наш бессловесный малютка,

К жизни рожденный от нас, злополучных. Но ты не сумеешь,

Мертвый, его защитить, ни тебе он опорой не будет.

Айыыны культивированнай өйдөбүл оҥостуу холобурун араас омук бүгүҥҥү учуонайдара античнай лексиграфическай тылдьыттартан үгүһү булаллар.

Эрдэтээҥи греческэй философияҕа бу сакральнай каноническай өйдөбүл айон-вечность дэнэр буолбут. Холобурун эттэххэ, Анаксимандр, Гераклит, Эмпедокл үлэлэригэр муҥура биллибэт космос бириэмэтэ итинник ааттаммыт. Космос хаһан да уостубат, мэлдьи тыыннаах диэни сакральнай суолтаҕа Айон, Айыы диир эбиттэр оччотооҕу античнай философтар. Холобур, итини Платон космологиятыттан булуохха эмиэ сөп.

“Кистэлэҥ доктринаҕа” аин, айн соф, эйн соф диэн сабыылаах термин быһыытынан киирэн сылдьар. Исламҥа, йогаҕа, конфуцианствоҕа тыыннаах олоххо угуйар биир сүрүн күлүүс тыл.

1664 сыллаахха Амстердам куорат губернатора Николас Витзен сахалыы тылбаастаммыт “Отче наш” малыыппаны сурукка бэлиэтэммитэ. 1705 сыллаахха итини "О странах Северной и Восточной Азии и Европы" кинигэҕэ киллэрбитэ. Онно оччотооҕу саха киһитэ бу малыыппа биир сүрүн постулатын “Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр” диир эбит. Дьиҥэр ыллахха, “Отче наш” , христианствоҕа уларыйан киирбит өйдөбүл. Еврейдэр “О, Дышащая жизнь” диэн арамейскай малыыппаны үтүктүүлэрэ буолар . Оттон арамейскайдыы ааҕыллыыта маннык:

О, Дышащая Жизнь, Имя Твоё сияет повсюду! Высвободи пространство, Чтобы посадить Твоё присутствие!

1664 сыллааҕы саха бу былыргы малыыппа төрүт сүнньүн тутуспут. “Жизнь” каноническай сакральнай суолтатын Айыы диэбит. “Отче наш – аҕабыт биһиэнэ» диэбэтэх. “Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ Таҥара үрдүгэр” диэһинэ кини религиознай культураны күүскэ баһылаабытын туоһулуур.

Христианскай «Отче наш» тылбааһа славяннарга Х1 үйэҕэ киирбитэ. Синод тылбааһынан нууччалыыта 1860 сыллаахха бүтэһиктээхтик бигэргэммитэ. Канон тиһэх редакцията 2001 сыллаахха оҥоһуллубута...

Айыы диэн былыргы каноническай сакральнай өйдөбүлү саха дэнээччи аҕыйах ахсааннаах социальнай араҥа Россияҕа саһыаран илдьэ сылдьарын улуу теософ Елена Петровна Блаватская “Кистэлэҥ доктринаны” суруйарыгар соһуччу булан ылбыта . Онон Айыыны итэҕэйэр, Айыыга сүгүрүйэр былыргы кистэлэҥ үөрэх тобоҕо этническэй Логос быһыытынан аҕыйах ахсааннаах норуокка баарын дакаастаан турардаах. Айыы өйдөбүлэ тэнийиитин туоһулуур чахчы манан эрэ муҥурдаммат.

1984 сыллаахха лингвистэр Т.В. Гамкрелидзе Вяч. Вс. Иванов. «Индоевропейский язык и индоевропейцы» научнай үлэҕэ «…аиу – «жизненная сила, вечность, продолжение жизни», связанной с

древнеиндийским Айу – «жизненная сила» при прилагательном айу – «подвижный, сильный», с авестийским айу – «продолжение жизни» диэн хос быһаарбыттаахтар.

Иккиһинэн, 1991 сыллаахха история наукатын доктора, этнограф Баир Сомонович Дугаров үрүҥ ойууннааһыны ырыппыт монографиятыгар саха итэҕэлин эмиэ таарыйбыттаах. Онуоха «...древняя религия курыкан – культ племенного бога Айа, который мы условно называем белым шаманством, унаследованный их потомками – бурятами и якутами, имеет в конечном счете западное, индоиранское и - шире – общеиндоевропейское происхождение » диэбитэ эмиэ биир мэлдьэһиллибэт чахчы.

Айыы каноническай сакральнай суолтата саха дьонугар таҥаратааҕар үрдүгүн уонна улаханын 1664 сыллааҕы историческай сурук уонна 1825-ҕи юридическай докумуон бигэргэтэллэр .

Үрүҥ Аар уонна Аар тойон.

Үрүҥ Аар диэһин 1825 сыллааҕы докумуоҥҥа киирбит. Аар тойон буоллаҕына, кинитээҕэр быдан эрдэтээҥи. 1742 сыллаахха Якоб Линденау бэйэтин экспедиционнай матырыйаалыгар суруйан турардаах.

« Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах, таба атааннаах Аар Тойон ! » диэни.

Тыгын уолаттарын өлүүтэ 100 сылын туолуутугар этиллибит аманыйыы .

Мантан көстөрүнэн Үрүҥ Аар кэлиҥҥи таҥара эбит. Фольклорист, профессор И.В.Пухов итини эмиэ бигэрэргэтэр: «... Үрүҥ Аар Тойон «эдэр таҥара» буолуон сөптөөх».

Онон аны Аар тойоҥҥо тохтуох.

«Любопытно связать с аар дренеиранское ару – «благородный» и с древнеиндийским словом арйа - «хозяин, господин» диир этнограф А.И.Гоголев.Маныаха арйа (арья) иккис суолтата - «киһини толук туттааччы» диэни санатар тоҕоостоох. Ведийскэй поэзияҕа баар өйдөбүлү.

Айыы уонна арйа индийскэй төрүттээхтэр. Айыы – жизнь диэн буоллаҕына, арйа икки өйдөбүллээх : «хозяин, господин» уонна «киһини толук туттааччы». Религияҕа итинник икки суолталаах символы демон диэн ааттыыллар. Үрүҥ уонна хара сирэйдээх аччыгый таҥараны.

Аар тойон онон икки сирэйдээх : «благородный», «хозяин, господин» и «жертвоприносящий». Балартан 1742 сыллааҕы религиознай мистерияҕа ханныга чугаһын быһаарыах.

1742 сыллааҕы сиэргэ-туомҥа Тыгын уолаттарын кэриэһигэр хаҥаластар икки сирэйдээх демоҥҥа - Аар тойоҥҥо хайыспыттар. « Булгу харахтаах, хаптаҕай тыллаах, таба атааннаах Аар Тойоҥҥо ! » Бу аманыйыы ытык дьон өлбүтэ 100 сылыгар анаммыт. Өлүүнү үтэйиигэ , ыар сүтүк кутурҕанын уҕарытыыга.

Салгыыта бэчээттэниэ.

Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ.

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 947 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 33
Ыалдьыттар (гостей): 33
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024