Собо туһунан элбэхтэ да сурулунна, ону үрдүнэн суруйарга төрүөт көстөн иһэр.
Бу билигин мин кэпсиирим урукку үйэ 80-с сылларыгар буолбута. Абый улууһугар Абый дэриэбинэтигэр үбүлүөйдээх ыһыах эрэ иннинэ. Оччолорго сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Климовский Николай Васильевич биһигини, уонча киһини, ыҥыран ылан: «Дьэ, Абый күтүөттэрэ, дайды уолаттара, собоҕутун ахтыбыккыт буолуо, ыһыахха уонна бэйэҕитигэр анаан соболооҥ, олохтоох дьаһайар киһини Бережнов Ньукулайы–Сыаҕай Коляны илдьэ барыҥ, кини сирдиэҕэ, салайыаҕа», – диэтэ. Биһиги үөрүүнэн сөбүлэстибит. Сирдьиппитин Сыаҕай Коляны эдэр күтүөттэр биһиги, иккиэ буолан, көрдөөн булан илдьиппитин эппиппитигэр киһибит холку баҕайытык: «Т-100 тыраахтардаах Никулин Баһылайы булуҥ, сыарҕата холбонуҥ, биэс-алта уу буочукатын тиэйиҥ, дьоҥҥутугар этиҥ, киэһэ барыахпыт», – диэтэ. «Хас илими, тыыны ылабыт», – диэбиппитигэр күлэн кэбиспитэ. «Тыы, илим наадата суох. Ол оннугар үс-түөрт куйуурда ылыҥ. Өйүөтэ бэлэмнэниҥ», – диэтэ. Биһиги тугу да өйдөөбөтүбүт да буоллар, сорудаҕы толордубут.
Киэһэ Т-100 сыарҕатыгар олорон уонча буолан айаҥҥа туруннубут, дэриэбинэттэн 6-7 биэрэстэлээх ойуур ортотугар саһан сытар, отунан-хомуһунан саба үүммүт төгүрүк көоүччэҕэ кэллибит. Салайааччыбыт тыраахтары тэйиччи тохтотон, икки уолу сыарҕаҕа хаалларда. «Уоннааҕылар уотта оттуҥ, чэйдэ өрүҥ, күөстэ буһарыҥ, түптэлээҥ», – диэтэ.
Тыраахтарынан сыннаран аргыый аҕай күөлгэ киирдилэр. Тугу гыналлар эбит диэммин кэннилэриттэн батыстым. Тыраахтардарын эригитэн сыарҕаларын күөл кытыытыгар диэри астаран, икки уол олбу-сулбу куйуурунан от саҕатын өрө баһаллар. Ол аайы куйуурга ап-араҕас бөдөҥ соболор баһыллар кэлбиттэрин буочукаҕа сүөкүүллэр. Сотору-сотору миэстэтин уларыталлар, дьоннорун солбуйаллар. Биһигини уҥуоххутунан кыраларгыт диэн чугаһаппатылар. Аһы-үөлү, уоту, түптэни көрүүгэ хааллардылар. Онно билбитим, собо ыыр кэмэ буолан кытыыга тахсар эбит. Уу тыаһа сүрдээх, сүүрүк аттар сүүрэн эрэллэрин курдук бип-битигирэс буолар эбит. Ол курдук күн уоттаныар диэри үлэлээтилэр, сөп буолуо диэн тохтоотулар. Буочукалары өҥөйөн көрөн баран «мах» бэрдэрдим. Буочука ортотунан, ап-араҕас өрүтэ көппөҥнүүллэр, туора-маары уста сатыыллар.
Дэриэбинэҕэ тиийэммит ылар дьоҥҥо (олохтоохтор уҥуоҕа бэрт диэн сиэбэттэр) түҥэттибит уонна ыһыах остуолугар анаан үтэһэҕэ үөлүллүбүт дьэ сөҕүмэр элбэх собо этэ. Кэнники илимнээри бара сылдьыбыппыт от наһаа үүнэн илими тимирдибэт этэ. Онон төннөн кэлбиппит. Кыһынын дөйө тоҥон хаалара, олохтоохтор икки хос түгэхтээх балыга онно кыстыыр дииллэрэ.
Айылҕа дьиктитэ элбэх, ону ааҕан сиппэккин.
БУТТУРУЙ,
тыа оҕонньоро.