Бээ, мин эһиэхэ маннык суруйабын: ыһыллыы буолта ыраатта. 1992 сылтан тыаҕа олорор, сүөһү-сылгы ииттэн айахтарын ииттэр чыыстай сахалар баччааҥҥа диэри биир солкуобай хамнаһа суох наар нолуок, түһээн төлөөн кэллибит.
М.Николаев саҕаттан "Президент тирэх бааһынай хаһаайыстыбата" диэн оһуобай дьону талан, дэриэбинэ аайы тэрийбиттэрэ. Сир үчүгэйин биэртэрэ. Ити бааһынайдары сыл аайы Николаев харчы биэрэн уонунан сылларга байыппыта. Оттон дэриэбинэ сүүһүнэн ахсааннаах чааһынай кэтэх сүөһү ииттээччилэрэ 25 сыл тухары таһырдьа быраҕыллан, биир солкуобай көмөнү көрбөккө күн бүгүҥҥэ диэри кэллибит.
Дьэ бу буолар тыа дьонун үйэ чиэппэрэ атаҕастааһын, баттааһын, кулут оҥоруу диэн. Мин маны туруорсан хас эмэ сыл мунньахтарга этэ сатаабыппын тойоттор күлүү-элэк оҥостоллоро. Бэйэлэрэ бюджет харчытыгар дьоннорун проблемата суох иитэн, аймахтарын үлэнэн (ол аата харчынан) хааччыйан күн бүгүн кэллилэр.
Дьэ сүөһү кутуругун үйэтин тухары эрийээччи, саах соһооччу эмиэ оҕолордоох, сиэннэрдээх. Саах соһооччу ол оҕолорун үөрэттэриэн баҕарар. Кинилэри иитэр-аһатар. Бу кини оҕолоро эмиэ Россия гражданнара ээ. Ханнык да туора омук оҕолоро буолбатахтар. 25 сыл дьиҥнээх сахалар, тыа сирин дьоно Илин Эҥэрдэр, Бүлүү сүнньүн боростуой сахалара таһырдьа быраҕыллан күн бүгүн сыккыраан кэллибит. Туох да усулуобуйа суох. Газ суох. Центральнай отопление киирбэтэ. Суол-иис оҥоһуллубата. Сибээс, интернет быстар мөлтөх.
Европа дойдута хардаҕас мас диэни оттубатаҕа 300 сыл буолла. Биһиги тыабытын оттон бүтэрдибит. 25 сыл депутааттыыллар, тэпсэ сылдьар газпытын киллэрбэттэр. Экология диэн сымыйанан айдаараллар. Аахтыннар ээ, хас кууб мас биир сылга Саха сиригэр оттуллан күдэҥҥэ көтөрүн?
Онон тыа сиригэр отой атын көрүү наада. Бюджеттан айахтаммат дьон туһунан дьаһал ылылла оҕустаҕына эрэ тыыннаах хаалар буоллубут. Биир да президент тыа сирин өйөөбөтө. Биирдиилээн эрэ дьону байыттылар. Сыл аайы ааттарын уларыта-уларыта уонунан мөлүйүөнү сыҥалыыллар. Онтон туһата кыра. Чааһынай ыалы көрбөтөххүнэ отой мөлтүүр, арҕам-тарҕам бараҕын. Кумалаан да буолбуттар үгүстэр. Куоракка куотан тиийэн үлэ була сатыыллар да, хантан кыайтарыай? Көрүҥ ээ, Дьокуускай автовокзалын таһын.
Тыа КИҺИТЭ.