ҮӨТҮҮ
/ П.Ойуунускай «Улуу Кудаҥсата» эбэтэр бириэмэни куоһарыы /
«Миф же есть рассказ сакрального порядка.
В действительность рассказа не только верят,
он выражает священную веру народа…
Мифы могут принять форму художественного рассказа,
и виды таких рассказов могут быть изучены..»
Владимир Пропп.
Киһи үөйбэтэҕин-туойбатаҕын, санааҕа да суоҕу дьөлө хаһан таһаарыы…Бүгүн суоҕу, суолталамматы кэпсэл, сэһэн оҥостуу…
Ити хаһан, ханна биһирэммитэй ?! Арай , истэр былаһын тухары, сөбүлэппэт эрэ оҥоһуулаах. Күлүү-элэк эбэтэр ыыс-таныыр ыйааҕар кыбыта анньылартан ураты атын анала суох. Баҕар, хаһан эрэ кылахадьыйыа дуу диэн бэйэни алы гына сатыырга кыһанаҕын. Ону да бэйэҕин эрэ. Баһыйар ахсааннаах баһыгар батарбатын кэннэ хайыаҥый ?! Утарсан да диэн - угунньаҕын таһаарыахтара турдаҕа . Онтон атын буолбат...
Өйөбүлү эрэйбэккин. Хата ол оннугар тугу түөһэрий диэн кэдэрги түһүү, иэдэс биэрии, ааһа баран буруй-сэмэ гына барыга бары күтүрээһин барыа турдаҕа дии. Ээххин этитиэх айылаахтык . Ол оннугар «хата мин саҥарбатым ээ» диэн күлүгэр имнэнээччи өрөгөйө үрдүү түһэр - итинник түгэҥҥэ …
Оннук аҕыс айдааны, тоҕус моргуору үөскэппит айымньы «Кыһыл ойуун» поэма буолар.Бу туһунан Г.Сыромятников « 20-с уонна 30-с сыллардааҕы критикаҕа П.А.Ойуунускай айымньыта хайдах сыаналаммытай?» диэн ыстатыйаны суруйан турардаах. 1969 сыллаахха . Онно кини оччотооҕу сыанабылы балай да холобурдаабыт. Үгүстэн аҕыйаҕы санаттахха маннык:
«Күүстээх кылаас охсуһуутун кэмигэр Ойуунускай баай кылааһын идеятын тарҕатар сымыйа фантазиянан-олоҥхонон дьарыктанан, айар үлэ идеятын чааһынан инники барар оннугар кэннинэн хаампыта». ..
«Революционнай ис хоһоон революция иннинээҕи, айыы-абааһы итэҕэлигэр тартарыылаах символизм хаалбыт форматынан бэриллибит»…
«…былыргы үһүйээннэр тематикаларыгар тосту эргиллии» …
Итинник сирэй-харах анньыы төрүөтэ - бириэмэ ирдэбилигэр сөп түбэспэт диэн этэ. Политика, идеология хабаҕын иһигэр тыыннара сатааһын, ону модьуйуу сытыырхайбыта. Хомойуох быаҕа, саха бэйэтин иһиттэн, саха суруйааччыларын ортотуттан күөдьүйбүтэ, бу баламат ыгыы-түүрэйии.
Оччолорго социализм идеятынан кынаттаммыт «уот айах дьон» инники күөҥҥэ тахсара. Былаах буола өрө тутуллара. Кинилэр «кыһыл тылларыгар» тарбаҕыҥ төбөтүн да уган биэрии манан аҕай буолбат этэ. Киһитэ кини – Ойуунускай буолан уйбут, тулуйбут эбит, итинник кытаанах үтүргэни.
Платон Алексеевич үөһэ ахтыллар сылларга саҥа төрүттэнэ сатыыр советскай уус-уран литератураҕа саха улахан санаатын - Айыы санааны киллэрэр суолу-ииһи көрдөөбүтэ. Итиниэхэ улахан убайдарбыт А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев ууран испит олуктарын салгыы сайыннарар баҕалааҕа.
Хас биирдии норуот улахан санаалаах. Саха улахан санаата – Айыы санаа. Кини сырдыктан сырдык ырата – Айыы киһитэ буолуу. Айыы киһитэ – бу уруккутун өйдүүр, билиҥҥини билэр уонна кэлэр кэми анаарар айдарыылаах биир дьикти айылгы.
Олоҥхо сүрүн төрдө - Айыы санаа. Саха литературатын бастакы олуга эмиэ бу өйгө-санааҕа тирэнэн үөскээбитэ. Ити эрээри, олох тосту уларыйыытыгар ыччат маргинальнай өттө былаас өйөбүлүгэр тирэнэн, маны утаран турардаах. Урукку кэм хаалынньаҥа диэн сиргэ-буорга тэпсэрдии туруммута. Ону бигэргэтэр, кэрэһилиир чахчы аҕыйаҕа суох.
20-с сылларга Анемподист Софронов саха литературатыгар Айыы санаа көҥүллүк сайдарын турууласпытын хайдах самнардылар этэй?! Бу барыта былаас идеологията бүк баттаабытын Ойуунускай билбэтэ кэлиэ дуо, биллэҕэ аҕай ! Ол да үрдүнэн, саха литературата төрүттэниитигэр аҕа көлүөнэ хаалларбыт оҥкулун кини сүтэрбэккэ эбии чиҥэтэр соругу туруоруммута. Ити «Улуу Кудаҥса” буолар.
“Улуу Кудаҥса” - былыргы уос номоҕо. Платон Алексеевич маны үөтүүдээх эҕэ кэпсээҥҥэ кубулутар. Онуоха сүрүн герой курдук көрүллэр Улуу Кудаҥса - гротесковай уобарас...
Оччолорго дойду үрдүнэн команднай – административнай система бөҕөргөөн эрэ кэмэ. Үөһэттэн дьаһалымсыйыы туох да иэмэ-дьаама биллибэттик күүһүрэр. Хотун үөһэ хотун, тойон үөһэ тойон. Промышленноһы өрө тардар сыалтан тыа хаһаайыстыбатын бөдөҥсүтүү,
дьону сиртэн-уоттан араарыы барар. Бу уларытыы туохтааҕар да ордук бытархай хаһаайыстыбаҕа , ийэ-аҕа ууһунан олорооччуларга охсуулаах буолбута. Сыыр намыһахтыы аҕыйах ахсааннаах дьон олоҕун тутулугар, туохтааҕар да ордук иитийэхтээн кэлбит өйүгэр-санаатыгар бу ордук дьайбыта.
Дойдуга бүрүүкээбит чымаан быһыыны-майгыны норуот утаран да хайыай?! Репрессивнай аппараат харса суох хаайан, кыдыйан нэһилиэнньэни биллэ чаҕыппыта.. Холобурун ыллахха, Саха сиригэр 1925-1927 сыллаахха тыа дьонун хамсааһына тугунан түмүктэммитин киһи үксэ билэн сылдьара.
Ити иһин , Ойуунускай дойдуга сабардаан эрэр тоталитарнай режим дьулаан мөссүөнүн былыргы номоххо сыһыаран бэрт саталлаахтык саралыы тардар.
Итиниэхэ чуолаан, буола турар бириэмэҕэ сыһыана суох курдук көрдөрөөрү, номоҕу үс кэмҥэ кэрчиктиир. Бастакыта, ааптар былыргыны кэпсиибин диэн, номоххо оччотооҕу сыанабылы быһар. Онуоха дьоҕус киирии тыллаах. Бу кэнниттэн номоҕу “ көстүбэт киһинэн” кэпсэттэрэр. Ол аата айымньы геройдарыгар сыһыана суох уонна уус-уран дьайыыга кыттыбат киһи кэпсэлэ туспа киирэр. Ретранслятор курдук. Суруйааччы бэйэтин тус көрүүтүн ааҕааччыга тиэрдээри итинник иккис кэпсээнньити киллэрэр.Бэйэтигэр ханыылата диэххэ дуу...
Бэйэ ханыыта
Ойуунускай бу айымньыга тус бэйэтэ ханнаный, баар дуу биитэр суох дуу ?
Карл Юнг этэринэн, уус-уран айымньы икки көрүҥнээх. Бастакыта - айымньы ааптарга соҥнонуута. Ааптар баҕарбатын да үрдүнэн айымньы идеята бэйэтэ бэйэтиттэн хостонон тахса турара баар.Этитии, үөтүү быһыытынан. Оннукка ааптар ити дьайыы күүһүнэн салайтарар. Айымньы ис айылгытыгар бас бэринэр диэххэ сөп.
Оттон иккиһэ, айымньыны ааптар бэйэтэ оҥорон-толкуйдаан таһаарар. Санаатын ситээри араастык чочуйар, кылаанныыр. Оччотугар айымньы ааптар толкуйун, сыалын-соругун көрдөрөр тосхоллонор.
“Улуу Кудаҥсаҕа” бу икки көрүҥ тэҥинэн туттуллар. Маныаха
номох геройдарын санаалара-оноолоро, тус сыһыаннара мистическэй хабааннаахтык ойууланар.
Инньэ гынан айымньы ис хоһооно ханнык да бириэмэҕэ чопчу хабыллыбат, литература теоретиктара этэллэринии, “вневременной” туруктанар.
“Улуу Кудаҥсаҕа” бириэмэни кэриҥнээһин хайа эрэ өттүнэн ити суолунан барар. Чуолаан этэр буоллахха, куту-сүрү кытта ситимнээх. Ол курдук, куту-сүрү эрэйэр тускубут кэлэр кэм, куту-сүрү ахтар-саныыр тускубут урукку кэм, куту-сүрү болҕойор тускубут бүгүҥҥү кэм. Онон биһиги Айыы санаатыгар куту-сүрү бириэмэ ураты кэрискэтин курдук көрүөххэ эмиэ сөп быһыылаах.
Ойуунускай бу айымньыга бэйэтин кэминээҕи ирдэбилгэ хаайтарбат буола сатыыр. Ол сүрүн төрүөтэ кини туруоруммут сыала-соруга атыныгар сытар.
Кини бу айымньыга Улуу Кудаҥса кэбин (уобараһын) тас уонна ис хаттыктаан ойуулуур. Улуу Кудаҥса тас хаттыга - баһылык. Норуот сирдьитэ. Олох социальнай, политическай өрүттэрин, күннээҕи быһыы-майгыны быһаарар УЛУУ киһи...
Манна даҕатан эттэххэ, УЛУУ диэни былыр итэҕэлгэ эрэ тутталлара. Уот уонна сүр төрдө буолбут Улуу Тойон, Улуу Суорун диэннэри сирэйдииргэ.
Гавриил Ксенофонтов бу тыл Луо – дракон суолталаах диэбитин ааҕааччыбар санатыах тустаахпын. Оччотугар эрэ Кудаҥса «улуутуйуута” ордук өйдөнүмтүө буолуоҕа...
Аны айымньы сүрүн геройун ис хаттыгар тохтуох. Кудаҥса кэбин ис хаттыга – кини бэйэтин Мин дэниитэ, аан дойду килэйэр киинин курдук туттуута-хаптыыта буолар. Киһи бэйэтин аан дойду килэйэр киинин курдук сананыыта - үрдүк Айыыны бэйэҕэ арыйыы биир чаҕылхай туоһута. «Мин” дэнии үрдүк суолтата итиннэ сытар. Киһи-аймах үрдүк анала ити буолар. Оннук сананыы ылбычча төрөөн кэлбэт. Итэҕэйии түмүгэр үөскүүр туспа турук.
Улуу Кудаҥса бэйэтин «МИН” дэниитэ оннук дуо? Суох, оннук буолбатах. Кини этэ-хаана иитэн, сирдээн аҕалбыт туруга диир сыыһа. Кинини “Мин” дэниигэ аҕалааччы - Чачыгыр Таас ойуун. Кини “сыарҕатыгар” олорсон, Кудаҥса үрдүк аат-суол, чыын-хаан улуу кэбин кэтэр. Бу да иһин Чачыгыр Таас ойуууҥҥа аҥаардастыы киэбирэр . Кинини улахаҥҥа уурбат. Улаатымсыйара оччо улахан.
Итини күлэн, норуот кинини «Улуу” диэн эбии сүрэхтээҕэ...
Бу өттүнэн ыллахха, Ойуунускай бэйэтэ Чачыгыр Таас ойууҥҥа ордук чугас курдук. Кини ханыыта буолар.
Былыргы кэп
Илиҥҥи цивилизация култууратыгар киһи уонна аан дойду, айбыт Айыы биир ситимнээх курдук өйдөнөр. Ити ситими быспат буола сатааһын, ити ситим иһигэр халбаҥнаабакка олоруу сүрүн сыал-сорук быһыытынан турар.
Платон Алексеевич итини Чачыгыр Таас ойуун уобараһыгар бэрт киэҥник арыйар. Киһи үрдүк күүстэри, аан айылҕаны кытта сиэрдээхтик сыһыаннаһыахтааҕын санатааччы бу айымньыга суос соҕотох – Чачыгыр Таас ойуун. Атын ким да суох. Оннукка умньаммыт сибикилээх баара биллибэт.Төттөрүтүн, күүс өттүнэн күһэйэн толорторууга көх-нэм, тылбай-өспөй буолааччы элбэҕин тэҥэ. Ити да иһин тойоно тугу саныырын, тугу этэрин, Чачыгыр ойуун толорорго эрэ тиийэр.Инньэ гымматаҕына, уһун буруону унаарыппат чинчилээҕин бэркэ диэн сэрэйэр.Бу иһин тойоно туох диирин улгумнук оҥорон иһэр.
Улуу Кудаҥса реформатор. Кини урукку-хойукку, аньыы-кэйии диэни араара барбат. Үрдүттэн саба быраҕан, быһа кулаан сылдьар аныгы майгылаах киһи. Субу тирээн кэлби бүгүҥҥүт соругу суһаллык быһаара охсор мөккүөннээх. Онуоха бэйэтэ тугу да оҥорбот. Дьаһалымсыйар. Идэлээх киһини Чачыгыр Таас ойууну оҕус оҥостон, куруук туора мииннэр.
Кудаҥса иэдээнин төрдө
Улуу Кудаҥса уонна Чачыгыр Таас ойуун кэптэрин тэҥниир эбит буоллахха, Чачыгыр Таас ойуун тыла-өһө, толорор сиэрэ-туома ытык драма курдук бэриллэр.Урут буолан ааспыты хаттаан толоруу курдук. Итиниэхэ тэҥнээтэххэ, Кудаҥса туохтааҕый, дьаһалымсыйыыттан ураты ? Үөһээ дойду олохтооҕун сүрдээх-кэптээх Улуу Суоруну абааһыга холуйар.Абааһы дойдута аллара баарын арааран өйдөөбөт. Онон букатын тиэрэни үөтэн таһаарар. Тоҕо итиннигий?
Киһи дириҥи үөппэт төрдө өйтөн-санааттан итэҕэл симэлийиитэ буолар. Бэйэттэн атыны тугу да билиммэт туруктаныы. Этэргэ дылы, «муора уута тобугунан, халлаан хабарҕанан” кээмэйдэнэр . Аата-аана суох олус улахан иэдээн . Тугу да итэҕэйбэт, тугу да баардылаабат эрээри бэйэни улаханнык, туохха да тэҥэ суох сананыы – бу метафизическай трагедия.
Суруйааччы , культуролог Андре Мальро мээнэҕэ да эппэтэх «... абсолютной реальностью был Бог, потом-человек; но вслед за Богом умер человек.Умертвив Бога, человеческий разум находит повсюду только смерть». Кырдьыга да оннук. Үрдүк айыыларын абааһыга кубулуппут Улуу Кудаҥса үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо бүүс-бүтүннүү өлүү эҥэрдэнэр.Уһук бүтэһигэр моойдоох баһын быстан өлүү суолугар үктэнэр...
ххх
Сэбиэскэй кэм идеологията мургуутаан эрдэҕинэ, Ойуунускай мифологическай өйгө-санааҕа төннүүтэ түбэһиэх буолбатах. Томас Манн этэринэн, «…в жизни отдельного индивида это ступень поздняя и зрелая». Тоҕо диэтэххэ, мифология «…это изначальный образец, изначальная форма жизни, вневременная схема, издревле заданная формула,в которую укладывается осознающая себя жизнь, смутно стремящаяся вновь обрести некогда предначертанные ей приметы».
Платон Алексеевич саха сэбиэскэй литературатыгар киллэрбит “Улуу Кулаҥсатын” биир сүрүн суолтата ити буолар.Дьон итэҕэли сүтэрэн сиэрэ-майгыта айгыраан эрдэҕинэ , Айыы санааны санаппыт,ону ааһан бигэргэпит үтүөтэ, өҥөтө диибин. Сүрдээх уустук кэмҥэ норуот туһугар суруйааччы тус үрдүк аналын, моральнай-этическай иэһин итинник толоруута туохха да бэриллибэт биһиги кылаан сыаннаспыт. Өрүү оннук буолуох тустаах.
А.Павлов-Дабыл.
|