САХААДА ИККИ СИРЭЙЭ
/ Литература уонна былаас литературатын ту´унан быстах санаалар /
«...власть - это только имя, только название некой стратегической ситуации, связанной с расстановкой сил в определенном сообществе»
А.Ашкеров.
Литература тус бэйэтин ураты к³стµµтэ уонна сµµрээнэ субу-субу саҥалыы солбуллар. Өрүү оннук.
Солбук т³´³н³н араас хайысхалаах да биир туруору тосхол туту´уллуута уустугурар.Ол баар да эбит буолла±ына, сыыйа уларыйан, тµ´эн-µрдээн и´эр уратылаах. £ск³, бастаан, ортоку µйэ искуссствота араас символлартан, аллегориялартан, итэ±эл ³йд³бµллэриттэн тутуллан сылдьыбыт буолла±ына, итиннэ эмоциональнай сµµрээн эбиллэн ону µрэйбитэ. Ренессанс онуоха биир ча±ылхай к³стµµ.
Литература±а урут ³йд³³н-т³йд³³н суруйуу, к³рµµлэнии, ыры²алаа´ын ба´ыйбытын, аны баар чахчыны кµннээ±и бэйэ эмоциятыгар сы´ыаран, бы´атын эттэххэ иррациональнай суруйуу ордук хото кыайда. Онон литература сорох ³рµтэ баар чахчыны кытта силли´э бы´ыытыйда. Маны ар±аа²ы искусствоведтар регресс к³рµ²э –энтропия бы´ыытынан сыаналыыллар. Искусство сайдар энергията кыччаата дииллэр.
«Искусство, сливаясь с действительностью перестает быть искусством, становится только фиксацией этой действительности, ее дублированием» диэн этэр Дмитрий Лихачев.
Субу баары тµргэнник дьµ´µйµµ буолбакка, ³сс³ ити иэйиини бэйэ ³йдµµр ³йµгэр сатаан холбоотоххо эрэ искусство к³стµµтµгэр кубулутуохха с³п буолуо. А²аардас сµрэх иэйиитин, уйул±а уйу´уйуутун, санаа быстах ³рµкµйµµтµн µлµмнэ´ии кыра дии саныыбын. ¥чµгэйдик толкуйдамматах айымньы син биир кыайан хомуллубатах дьиэ курдук ы´ылла±ас, саргы-сата±ай. Оннук айымньыны аа±а сатыыр салгымтыалаах...
Аны литература уонна былаас сы´ыана. Былаас дьайыытыгар литература ыпса±ай киэби ылынара биир ураты бы´ыы. Дьэ ол ту´унан кэпсэтиэ±и².
Култуура уонна былаас икки ардынаа±ы проблеманы дьµµллэ´ии мэлдьи уустук тема. Ордук былаас диэн ³йд³бµл ылбычча бы´аарыллыбат. Ону француз Мишель Фуко «Властью я называю не «Власть» как совокупность институтов и аппаратов, которые гарантировали бы подчинение граждан в каком-то государстве.Под властью я также не подразумеваю такой способ подчинения, который в противоположность насилию имел бы форму правила. Наконец, я не имею в виду и всеобщей системы господства, осуществляемого одним элементом ( или группой) над другим, господства, результаты действия которого через ряды последовательных ответлений пронизывали бы все социальное тело»
диэ´инин кытта с³бµлэ´эбин. Бу ырытыыга былаас диэни А.Ашкеров этэр бала´ыанньатыгар дьµ³рэлиибин. Оттон литератураны интеллектуалистика эбэтэр идея эйгэтигэр холуубун.
Онуоха бµгµ²²µ бы´ыыны-майгыны тыыппакка, сэбиэскэй литература сорох ³ттµн к³рµ³±µ².
Дьи² историческай-методологическай ырытыыны о²орор, биллэн турар, уустук. £р кэмнээх µлэ эрэйиллэр. Ити и´ин, бу дьо±ус ыры²алаа´ы²²а биир эрэ айымньыны тумулук о²остобун - «Сахааданы».
Саха сирин «Сахаада» диэн ааттаа´ын поэзия±а отутус сыллар быыстарыгар киирбитэ. Онно анаммыт Н.Д.Неустроев уонна А.Аба±ыыныскай хо´оонноро бааллар. Хо´ооннор биир кэм²э суруллубуттар эрээри, пафостара атын-атын.
1. «Ээ, Сахаада ! Эрэйдээх Сахаада!»
Н.Д.Неустроев бу хо´ооно би´иги сэбиэскэй кэмнээ±и историябыт кырыктаах кэрчигин кэрэ´итэ буолар. Суруйааччы биир ти´эх айымньыта.
Ээ, Сахаада ! Эрэйдээх Сахаада!
У´уктан тура²²ын, ору²²ун булунуй !
А±а дойдуо ! А´ыныылаах дойдуо !
Айгыстан тура²²ын, аналгын к³рµнµй !
Хо´оон лейтмотива 1927 сыллаа±ы саха норуотун трагедията – «Ксенофонтовщина».
Саха автономнай республикатын Конституциятын 1925 сыллаахха уларытар, Саха сиригэр к³мµс промышленно´ыгар 40 ты´ыынча ки´ини тастан киллэрэр, эр дьону кы´ыл армия±а сулууспалата хомуйар ту´унан дьа´ал о²о´уллан эрэрэ саха µ³рэхтээх дьонун долгуппута. Ити и´ин, 1926 сыллаа±ы Саха сирин Сэбиэттэрин т³рдµс сье´игэр сорох делегаттар бу бы´ыыны-майгыны дьµµллэ´э сатаабыттара. Ону оччотоо±у былаас ылыммата±а.Эбиитин сьезд µлэтиттэн кинилэри туораппыта.Инньэ гынан, П.В.Ксенофонтов салайааччылаах б³л³х эдэр конфедералистар партияларын тэрийэр. Кинилэр а´а±ас политическай охсу´ууга туруналлар. Дойдуларын инники дьыл±атыгар ыалдьалларын кистээбэттэр. Николай Неустроев ону бу курдук ойуулуур.
То²тон толлубат,
Дьонумсах са²наах
Дьор±оот санаалаах
Ту²уй тулаайах уолаттаргын,
Кэмтэн кэхтибэт,
Эйэ±эс хааннаах,
Ийэмсэх и²нээх,
Элэккэй э²ин кыргыттаргын
Кимиэхэ эн сэлээнниигин ?!
Кимиэхэ эн сэлээнниигин ?!
Кµрµ³±эр - билэ±эр
К³йг³л³³н иитэр
Кµнµ² о±олоро
Ордук к³мµскэс буолаайаллар
Кµндµ к³чч³хт³ргµнээ±эр.
Амныа дьонноргор
Аччата саныыр
Айыы² сиэннэрэ
Хата, а´ыныык буолаайаллар
Мааны бараахтаргынаа±ар,
Мааны бараахтаргынаа±ар.
Инньэ диирин та´ынан, олохтоох бассабыыктар политическай тоталитарнай система олохтонуутун кэлтэйдии хайгыылларын, би´ирииллэрин бу курдук кэриэтиир:
Улахан биистэр
О²о´уу тылларын
У±алдьылыыры²
Ордук на´аа ночооттоох буолаарай ? –
Онтуккун олус умнума !
А±ас омуктар
Аан албастарын
Араас ³йд³рµн
Алгыыры² абалаах буолаарай ? –
Аа²²ын алыс на´аа арыйыма.
Аа²²ын алыс на´аа арыйыма.
Партия обкомун бюрота бу дьо±ус б³л³х туруорсуутун уонна утарсыытын 1927 сыл атырдьах ыйын 27 кµнµгэр «О контрреволюционной группе Ксенофонтова и Артемьева» диэн кµµркэтиилээхтик ааттаан су´аллык дьµµллэ´эр уонна маннык тµмµк та´аарар:
«Немедленный арест членов констрреволюционной группы Ксенофонтова и Артемьева признать преждевременным...немедленная изоляция их при недостаточности имеющегося обвинительного материала против них, может вызвать осложнение с населением».
Ону ол диэбэккэ, бала±ан ыйын 10 кµнµгэр ГПУ органнара саха интеллигенциятын маассабайдык хаайан бараллар.Маны истэн, атыттар куораттан куотан, тыа±а са´аллар.
«Улуу µрэхтэр
Ойо±осторугар
О±о дьоннору²
То±о умса-т³нн³ тµстµлэр ?
Туохтан дьону²-сэргэ² долгуйда ?
Оол кэтэх тыалар
Кирбиилэригэр
Кэрэ дьоннору²
Ким иннигэр кэлэйдилэр ?
Ки´и²-сµ³´µ² то±о дьигиргээтэ ?
Ки´и²-сµ³´µ² то±о дьигиргээтэ ?» –
диир Н.Д.Неустроев. Тыа±а тµспµт дьон тµмµллэн барар. Дьыала уустугурар.
¥³скээбит бала´ыанньаны ³йд³³н, ахсынньы 19 кµнµгэр 1927 сыллаахха обком сэкэритээрэ К.К.Байкалов, политическай охсу´ууну тохтотор сыалтан П.В.Ксенофонтовка суруйар:
«Павел Васильевич, Якутии грозит полная военная оккупация, новая гражданская война и связанные с этим неисчислимые бедствия для якутского народа. Это влечет за собой хозяйственный и культурный регресс на десятки лет... Я гарантирую Вам полную неприкосновенность и непривлечение к ответственности за содеянное. Думаю что моему слову Вы можете верить : я как ответственный политработник не могу изменить своему слову и если Вы припомните мою прошлую работу – я никогда этого не делал».
Бу суругу тутаат, Павел Васильевич куоракка кэпсэтэ киирэр.Кэлээтин кытта чекистэр кинини тутан хаайаллар. Ханнык да кэпсэтии о²о´уллубат гына Москва±а эрдэ бы´аарбыттар этэ.
Ахсынньы 22 кµнµгэр 1927 сыллаахха БСКП (б) КК политбюрота Саха сиригэр µ³скээбит бы´ыыны-майгыны дьµµллэ´эн, «контрреволюционнай б³л³±µ» хам баттыыр уураа±ы та´аарар. Уураахха КК сэкэритээрэ Вячеслав Молотов илии баттыыр. Соруда±ы толоруу ХГПУ дьа´алыгар киирэр.
Итиниэхэ са²а холуобунай кодексы тутталлар. Бу кодекс ³р кэм устата чочуллубута. 1919 сылтан са±алаан репрессияны юридическай ³ттµнэн хааччыйарга ту´уламмыт µлэ 1926 сыллаахха бµтэ´иктээх торумун булбута. Са²а холуобунай кодексы тохсунньу 1 кµнµгэр 1927 сыллаахха ВЦИК олоххо киллэрэр. Ити холуобунай кодекс политическай уонна экономическай террору олохтуурга 50-с сыллар бµтµ³хтэригэр диэри сµрµн тирэх буолбута.
Политическай террору ыытар сокуоннаах Я.В.Полуян салайар ХГПУ хамыы´ыйата олунньу 10 кµнµгэр 1928 сыллаахха Дьокуускайга кэлэр. Бу хамыы´ыйа дьа´алынан 1927 сыллаахха кулун тутар 27 кµнµгэр «Ксенофонтов-Артемьев дьыалатыгар» буруйдаан 20 ки´ини ыталлар. Ити политическай репрессия±а 289 ки´и дьыала±а эриллэр. Олортон 130 ки´ини ытарга бириигэбэрдээбиттэрэ уоннаа±ыларын араас болдьоххо хаайбыттара, дьиэ к³ск³ ыыппыттара. Лаппа ча±ытар, самнарар гына дьулааннык, хабырдык бы´ыыламмыттара. Ол ту´унан ахсынньы 9 кµнµгэр 1928 сыллаахха Саха АССР прокурорун к³м³л³´³³ччµтэ С.Потапов РСФСР ХГПУ прокуроругар ыыппыт кистэлэ² суругар этиллэр:
«Досадным пробелом в работе ГПУ по ликвидации бандитизма была расконспирация расстрелов (обьявлено в прессе не более чем о 30 расстрелянных). По неосторожности некоторые сотрудники отдела ГПУ говорили просителям, что те или иные бандиты отправлены в
Новосибирск, а местное население зимой и летом прекрасно осведомлено о всех передвижениях по трактам и по водному пути. Летом недалеко от г.Якутска стали всплывать на реке Лене трупы мужчин, т.е.расстрелянных бандитов с огнестрельными ранами на затылках, причем многих легко было опознать, население, конечно, догадывается или знает об истинном происхождении этих трупов, ибо они обнаружились почти «пачками». В начале с.г. сотрудники КРО ЯОГПУ устно сообщали прокурорскому надзору, что трупы в замороженном виде распиливаются на несколько частей, укладываются в мешок, отвозятся на реку верст за 10 и по частям спускаются в прорубь. Очевидно, впоследствии такая сложная процедура была отменена, вследствие чего трупы всплывали в целом виде»...
Гражданскай утарыта турсууга политическай оппоненнары суох гынар ньыма а´ары элбэх.Оппоненнары му²ур у´укка туруоран, сэбилэниилээх хамсаа´ы²²а тиэрдии биллэн турар, былаас сыы´а ыытар политикатыттан тахсара. Онно киирэн, µктээн биэрбиттэри харыстаабатахтара. Кыа хаанынан сууннарбыттара. Эбиитин кинилэр ааттарын ³рµттµбэт гына хараардыбыттара.
Кэлэр кэмнэргэ
Киртитэн испит
Кэрэ дьонноргун
Кэрэхсиир кµнµ² кэлиэ±э да,-
Кинилэр кэмчитийэн биэриэхтэрэ...
Атын дьылларга
Амныалыы саныыр
Айыы² айма±ыттан
Хастара хааларын аа±ан к³р³³р,-
Оччо±о, ба±ар, хойут буолуо±а ?!.
Николай Денисович инникини ³т³ к³р³н суруйбута а´ары хараастыылаах. Былаас этэринэн сылдьыы тµмµгэр ки´илии майгыны сµтэрэн, бэйэ-бэйэни харыстаабат, суолталаабат буолбуппут туо´ута Д.Дыдаев «Хара быраат убайыгар суругар» этиллэр эбээт: «ньыла²наа´ын, хапта²наа´ын, элбэх тµ³´µ охсунуу...»
«Ээ, Сахаада ! Эрэйдээх Сахаада!
У´уктан тура²²ын, ору²²ун булунуй !
А±а дойдуо ! А´ыныылаах дойдуо !
Айгыстан тура²²ын, аналгын к³рµнµй !»
- диэн суруйааччы Николай Денисович Неустроев ти´эх ы²ырыыта билигин да±аны саха сµрэ±ин аалар тыллар. Ити ы²ырыы А.И.Софронов «Харыйа», «Сылбах тиит», «А±абар сурук» о.д.а. атын хо´ооннорун кытта биир ситимнээхтэр.
2. «Саарба са²ыйах Сахаада...»
Оттон µ³´э ахтыллар трагедия кэмигэр эдэркээн поэт Архип Аба±ыыныскай «Ырыа» хо´ооно кµ³рэйэр.
Саарба са²ыйах Сахаадам,
Сайа±ас-сайдам дьылларгар,
Кэрэмэс килбиэн киэлигэр,
К³±³р³р солко к³бµ³ргэр
Тимирдэй ыалдьыт сатыылыа,
Тигинии тэйэ сырдыргыа.
Тимирдьэй ыалдьыт сатыылыа,
Тигинии тэйэ сырдыргыа,
Эргийэ тэбэ эккириэ –
Эрэй µлэни чэпчэтиэ,
К³рµлµµ, ыллыы µ²кµµлµ³ -
К³хсµ кэ²этэ к³ччµтµ³.
Тыраахтар, техника кэлиитин уруйдуур ырыа. Поэзия±а са²ардыы куорсун анньына сатыыр комсомолец уол тимир к³л³нµ ³р³ к³т³±µллэн туойар. Дьи²эр, П.А.Ойуунускай 1926 сыллаа±ы «Тимир к³л³» хо´оонун µтµгµннэрии курдук сыаналыахха с³п. Кини салгыы «Комсомолу» хо´уйуутугар оччотоо±у ыччат идэйнэй пафо´а к³ст³р.
Би´и-
Сайдар са²а олох
Кимиилээх сэриитэ,
Тимир ти´ик кэккэ
Хоодуот б³т³с комсомол,
Большевик партия
Ыйар ыллыгын
Хаамар хардыытын
Олук уурсабыт.
Киин былаас хамыы´ыйата Дьокуускайга хааннаах сууту ыытар кэмигэр П.А.Ойуунускай «¥рµ² бандьыыт ырыата» хо´оону айар. Онно Саха сиригэр буолбут бы´ыыны-майгыны маннык сыаналыыр.
Бассабыык дьоннору, баалкынан чакыйан,
Бастарын хатаран,
Ытарбыт, ыйыырбыт µчµгэй буолара,
Ытыллар, ыйанар
Бэйэ±э кэлэрэ дьулааннаах буолсу дуу ?
Мэлипиэс оннугар,
Аньыыны-хараны аа±ынан хоруйдуур
Абытай буолсу дуу ?
Этинэн хаанынан, сэриинэн-уотунан
Эргинэ оонньооммут,
Т³рдµ´µн тураммыт, т³б³бµт о±отун
Т³л³бµр биэрдибит...
Ойуунускай ити бириэмэтээ±и хо´оонноругар пролетарскай тыына, кылаассабай ³рµкµйµµтэ эбии кµµ´µрэрин та´ынан, былаа´ы бигэргэтиитэ улаатар. Холобур, «Санаа» диэнигэр:
Би´иги аалбыт
Биирдэ да мунуо суо±а,
Кини хаппытаана –
Киин Кэмитиэт сирдьитэ,
Учууталбыт улуу Лиэньин
Уоттаах кэриэ´ин толорорго
Ким Киин Кэмитиэти
Кириэппэ´инэн аа±ымматах,-
Ыстаалын ыйбыт суолун
Ыйаах о²остумматах –
Бартыыйас буолбатах,
Баартыйаттан тахсыахтаах !
Бары ааспыт ³ттµ²
Барыта уоттаммыта,
Кэтэ´эн-хайаан
Кэннигэр кэхтэр сири² суох !.
Олунньутаа±ы буржуазнай-демократическай революция хотторон, сэтинньитээ±и социалистическай революция кыайыыта демократическай хамсаа´ыны суох о²орбута. Пролетарскай диктатура олохтонор. Ити тула сомо±оло´уу, партия±а, сирдьиккэ бэриниилээх буоларга дьулу´уу либерализмтан да демократизмтан да та´ыччы ыраа±а.
«Басты² бар±а ба´ыыба», «£рµ³л кэриэ´э» хо´ооннор эмиэ итинник хабааннаахтар. Оттон «Эргэ µ²кµµлэр - са²а хо´ооннор» суруйуутугар «кылаассабай ³ст³³хт³рµ саралыыр» оччотоо±у партийнай-государственнай глоссарийга киирбит ха´ыат, пропаганда тылларын Ойуунускай хото туттар: ыраас олох, кулаак, балакыыта (волокита), бµрµкµрээт (бюрократ).
Ойуунускай «Атах тэпсиитэ» диэн эргэ µ²кµµгэ Алампа 1917 сыллаахха олунньутаа±ы революция кэнниттэн суруйбут «Туллук-туллук до±оттоор!» диэн ырыатын тылын кыбытар, «баайга-токко охтуулаахтары» самнарарын туо´улаан..
£сс³ бу кэмнээ±и айымньыларга П.А.Ойуунускай «Улуу Куда²са» сэ´энэ киирэр. Кини со´уччу кэриэтэ норуот былыргы ³йµгэр-санаатыгар фольклорга т³нн³р. Т³ннµбµт т³рµ³тэ, мин санаабар, биир: буолбут трагедия кутталын а´арынарга суол-иис к³рд³нµµ...
«Аны Улуу Куда²са курдук ураа²хай саха ки´и µ³скээбэтин! Кини курдук модун санаалаах т³р³³б³тµн! Аны кини курдук µс аан дойду
айыллыбыт, µс кµлэр кулугулара буолбут улуу сокуоннарын уларытар ³рг³ст³³х тыллаах, уоттаах санаалаах µ³скээбэтин! » диир самнарыылаах санааны Ойуунускай бу курдук тµмµктµµр:
»Ханна да хайыс - орто туруу дойду оло±о икки улуу м³ккµ³р кµµ´µнэн, икки улуу былдьа´ык уотунан µктэллэнэн сайдан испит эбит. Кµµстээх ³йд³³х, модун санаалаах, биир-биир туран, оло±у уларытаары улуу м³ккµ³рµ м³ккµ´эн - сорох ³лбµт, сорох кыайбыт... Ол курдук улуу м³ккµ³р олохсуйбут, иитиллибит эбит». Кини итинник гынан, култуура±а суос-со±отох а´а±ас хаалбыт хонууну - фольклору ту´анан, норуот ³йµн-санаатын б³±³рг³т³р суолу к³рдµµр. Ыарахаттары тулуйар, уйар тосхолу туту´ар. Маны кини оло±ун ти´эх сылларыгар диэри сыал-сорук о²остор. Ол туо´утунан Платон Алексеевич оло²хо±о киэ² далаа´ыннаах µлэтэ буолар. Фольклорнай айымньылар ки´и ³йµгэр-санаатыгар сублимация суолталаахтарын кини ити кэм²э, к³хсµнэн бµтэйдии сэрэйэн, олус таба ³йд³³бµт. Ол ³йд³³бµт туо´утунан, кини «Литература µспµкµлээннэригэр» ту´улаабыт этиитэ буолар :
«¥µрµµттэн µµрµµгэ ³л³р-³лб³т икки ардыгар сылдьыбыт кыра саха норуотун улуу талааннаахтара, кµµстээх тыллаахтара, айар илбистээхтэрэ - норуот оло²хо´уттара хара²а ыар олоххо сырдык ыйда²аны уматан норуоттарын ³рµкµппµт, санньыйбыт санааларын саталаабыт улуу оло²холорун килбиэннээх ньуурун туох санааттан кирээстээх атаххытынан тэбистигит?! Э´иги кимнэээхтэргитий?!!»
Сублимация диэн психологическай к³мµскэнии механизма. Маннык механизм ту´аныллыытыгар литературовед Владимир Яковлевич Пропп «Морфология сказки» (1928) диэн научнай теоретическай µлэтэ биллэр оруоллаах. Бу ту´унан Михаил Вайскопф «Морфология страха» диэн чинчийиитигэр этэр: «Его работа - ярчайший пример научно-методологической сублимации страха...». Бы´атын эттэххэ, са²а µ³скээбит тоталитарнай система социальнай-юридическай чахчытыгар дьон ³йµн санаатын бэлэм о²орор тосхол саха литературатыгар ити сахха торумнанан барбыт. Ол торуму П.А.Ойуунускай 1927-1928 сыллардаа±ы трагедия кэнниттэн «Улуу Куда²санан» са±алаабыта.
Ойуунускай бу кэрчик кэмнэрдээ±и хо´оонноругар кини кылаассабай уонна бассабыыктыы к³рµµтэ халба²наабата±ын, коммунистическай идея биир эрэллээх саллаата буоларын туо´улуур...
Ххх
Сэбиэскэй култуура ааптара суос-со±отох субьект партия – государство этэ. Советскай Союз дэммит би´иги баара±ай дойдубутугар партияны уонна сирдьиттэри ³р³ тутар, итилэри олох килэйэр киинин курдук к³рд³р³р политическай-эстетическай бырайыакка бэриниилээхтик µлэлиир ту´аайыы сµµрбэ´ис сыллартан са±аламмыта. Итиниэхэ са²а к³лµ³нэ дьон бэйэтин тылынан буолбакка, былаас бэлэ´инэн этэр-тыынар буолар. Ол аата былаас туруорар риторикатыгар уонна классификациялыыр лозуннарыгар с³п тµбэ´эргэ дьулу´ар. Оло±у ол эрэ кээмэйгэ хаайан ыллыыр-туойар
майгыланар. То±о диэтэххэ, сэбиэскэй общество±а литературнай о.д.а. карьераны о²остуу идеология тылын т³´³ кµµскэ ба´ылыыртан тутулуктаа±а. Идеологическай тыл уонна литературнай тыл нуормалара булгу с³п тµбэ´иэх тустаахтара. Дьэ ити и´ин, сорохтор норуоту «сайыннардахпыт» ааттаан, сµрµн партийнай, государственнай терминнэри сахатытарга тµбµгµрэр, ийэ тылы ³лµктµтэн, ту´аттан та´аарар, бэйэ уруккутун аныгы олох хаалынньа²ын курдук ³йд³бµллµµр буолбуттара. Ону ол кэмнэрдээ±и литературнай кириитикэ±э, политическай м³ккµ³ргэ µгµ´µ к³р³бµт. Платон Алексеевич Ойуунускай итини эдэрдэргэ ту´улаан бу курдук ³йд³ппµтэ:
«Били²²и би´иги ырыа´ыттарбыт, суруйааччыларбыт - кинилэр кµµрµµлэрэ, кµдэхтэрэ общественнай олох о²остуутугар, кµннээ±и µлэ±э бара турар, наада аайы ылылла турар. Онон, бэркэ кы´арылыннахпытына эрэ суруйабыт, айар тыл µлэтигэр ³йбµтµн-санаабытын наар анаан ииппэппит. Ол би´иги буруйбут буолбатах».
Оттон маныаха бы´аччы сы´ыаннаах аныгылыы бы´аарыыны Н.Козлова «Согласие, или Общая игра» ыстатыйа±а биэрэр:
«Писательство в этом случае - не работа словом, а ставка в игре социальной мобильности, средство и элемент жизненного стиля: деревенского на городской, провинциального на столичный. Меняется и язык, и одежда, и еда, и тип жилья. Для этих людей идеологические программы и жизненные соблазны взаимозаменяемы. Страх и соблазн – в одном флаконе... Ставкой в игре был идеологический капитал. Соответственно, поле литературы конституировалось по отношению к идеологии».
Оччотоо±у сэбиэскэй тутулга коммунистическай идеология норуоттары, дьону-сэргэни ситимниир ³й-санаа силимэ буолбута. Былаас литературата итини сы´ыарар кµµс бы´ыытынан ³р бириэмэ устата бэриниилээхтик µлэлээн кэллэ. Кэмэ оннук этэ. Ону билигин кэриэтиир д³б³² эрээри, тустаах бириэмэтигэр норуокка, дойдуга т³´³нµ эрэ ту´алаата±а. Ол онтон «ас-та²ас та´аарына сатаабыт» лаппа ту´анна±а буолуо. Онно м³ккµ´µллµбэт.
Бµгµн бы´ыы-майгы уларыйда эрээри, литература эйгэтигэр уруккуну суохтаа´ын сµтэ илик. Сирэй-харах, илии-атах кэтиирдии, µ³´эттэн тµ´эр бэлэм сакааска - куонкурустарга хама±атык суруйуу, ол бириэмийэтигэр, аатыгар-суолугар тии´инэ сатаа´ын билигин да а±ырымнаабат. Кµ³ттµµр баарын тухары тэбиэ´ириэх чинчилээх. Аа±ааччы би´ирэбилигэр буолбакка, былаас хара±ар хатана, кини сыанабылын ыла охсорго ба±атыйыы а´ара улахан. ¥³´ээ²²илэр хай±аатахтарына, хайдахтаах да ки´и былаас литературатын кулута буола тµ´эр. Тµбµктээх µлэнэн, норуокка с³бµлэппит айымньынан буолбакка, суруйааччы киниискэтинэн литература±а - интеллектуальнай µлэ кы´атыгар кыбыллыы уопсай майгы буолан и´эр. Бууккубаны билэбин, сатаан суруйабын диир баламат санаа ки´ини туохха тиэрпэтэ баарай!? Онон да буолуо, кириитикэ, сыанабыл та´ыма эмиэ ити курдук.
Аны кириитикэ чаа´ыгар киирдэххэ, ити итэ±эс, бу бы´а±ас диэн тарба±ынан сирэй-харах анньары ким ба±арар кыайар дии саныыбын. Оттон дьиннээх кириитик (аналитик) кири-хо±у к³рд³³б³кк³, ордук кµµскэ кэрэни таба к³р³н аа±ааччыга кэрэхсэтиэх тустаах. Кэрэни холобурдаан, тэ²нии тутан сыаналыыр - ол буолар айар µлэ сайдарыгар к³м³л³´µµ. Кириитикэ айымньы ааптарыгар буолбакка, аан ма²най аа±ааччыга ту´уланыахтаах. Оннук эрэ тµбэлтэ±э аа±ааччы айымньыттан итэ±э´и уонна бэйэтэ с³бµлµµрµн булар кыахтанар.
Мындыр ³йд³³х, та´ымнаах аа±ааччыны иитэн та´аардахха би´иги кириитикэбит култуурата быдан µрдµ³ этэ. Онуоха литература историятын, теориятын эмиэ ³йд³нµмтµ³, тиийимтиэ гына маассабай аа±ааччыга тиэрдэ сатыахтаахпыт. Ити суолун -ии´ин тобулар кэм кэллэ. Урукку буолбатах. Билигин ки´и бары µ³рэхтээх. Онон итиннэ сы´ыаннаах матырыйааллары с³пт³³хтµк били´иннэрэн и´эр то±о кыаллыбат буолуой, кы´аннахха кыаллыа.
Бу дьо±ус ыры²алаа´ы²²а кими да сэмэлиир эбэтэр хомуруйар санаам ончу суох. Буолбут суолу, баары хайдах баарынан эттим. К³н³тµнэн, кырдьыгынан.
Ба±арабын манныгы: Кµлµмнµµр, £кс³кµлээх, Алампа, Николай Неустроев са±алаабыт дьи² литературнай суоллара салгыы сайдарыгар, кэ²ииригэр. Суруйар традиционнай форма сонун идейнэй, эстетическэй к³рµ²нэринэн байан-тупсан и´эригэр. Иван Арбита курдук атылыы айар буочардаахтары, хатыламмат айдарыылаахтары. Саха литературатын аа±ыы, ырытыы, сыаналаа´ын бэйэбит ортобутугар кµµ´µрµ³н, тупсуон. Тылга-³ск³ кэтэмэ±эйдээбэккэ эгэлгэ дьикти санаалары, дьµ´µннэри му²ура суох эбии ти´э-симии турарга. Ол буолуо этэ, Сахаада литературатын са²алыы дьи² сирэйэ.
А.Павлов-Дабыл.
|