Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Сэтинньи » 15 » “Таас-Үрэхнефтегаздобычаҕа” 330 үлэ миэстэтэ таҕыста. Ыйыталаһыҥ
“Таас-Үрэхнефтегаздобычаҕа” 330 үлэ миэстэтэ таҕыста. Ыйыталаһыҥ
08:40

Мииринэй оройуонун олохтоохторугар бу бэрт сэргэх сонун.

Билигин “Роснефть” самалык тэрилтэлэригэр - “Таас-Үрэхнефтегаздобычаҕа» уонна “Роснефтегааска”(«РНГ») олохтоох дьон үлэлииллэригэр мэһэй-таһай суох.Ону Мииринэйдээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун Киинин (салайааччы Туйаара Брызгалова) кэлэктиибэ ситистэ.Урут мииринэйдэр кыайбакка олорбут сытыы боппуруостарын Туйаара Васильевна туох да дьаныардаах үлэнэн быһаарда!


 

rng

Үлэ чааһыгар балаһыанньа Удачнайга бэрт эбит буоллаҕына, Мииринэй куоратыгар алмаастаах хампаанньаҕа улахан сарбыйыылар тахсаннар, балаһыанньа бэрдэ суох.Күүстэрин-күдэхтэрин үгэнигэр сылдьар үгүс дьон түптээх үлэни булбакка сылдьаллар.

rng2

Мииринэй куоратын иһигэр хантан хамнастаах үлэ көстөөхтүөй?

Барыта кэлии дьон истэригэр үллэриллэн турар.Маннык түгэҥҥэ дьиэ-кэргэҥҥин кыайан иитиэҥ дуо?Дьарыктаах буолуу киинэ ньиэп-гаас тэрилтэлэрин кытары утумнаахтык үлэлээбитин түмүгэр Сөбүлэҥ баар буолла.Орто-Ботуобуйатааҕы ньиэп-гаас хостуур сиргэ “Роснефтегаз” хоту диэки тутулла турар сир баайын хостуур ( “Северный блок”) учаастагар үлэ баар.

rng1

Ньиэп-гаас тэрилтэлэригэр автокыраан машинистара, монтажниктар, элиэктриктэр, суоппардар, гааска сыhыаннаах силиэсэрдэр, сыбаарсыктар, буровиктар ирдэнэллэрин туһунан Мииринэйдээҕи үлэ киинэ нэдиэлэ ахсын иһитиннэриини таһаара турар.

rng3

Дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Туйаара Брызгалова “Алмаастаах кыраай” медиа-хампаанньа кэрэспэдьиэнигэр соторутааҕыта биллэрбитинэн, аҥаардас “ТаасҮрэхнефтегаздобыча” тэрилтэ 330 үлэ миэстэтин тосхоторго бэлэм.

Манна мииринэйдэр эрэ буолбакка Бүлүү улуустарын олохтоохторо суол турдаҕына, арҕаа сирдэргэ кэлэн бэйэлэрин тургутунан көрүөхтэрин сөп этэ. “ТаасҮрэхнефтегаздобыча” хонтуората Ленскэй куоратыгар Первомайскай уулуссатыгар баар. Мииринэйтэн Ленскэйгэ диэри эриэйсэбэй оптуобус суох. Дьокуускайтан Ленскэйдиир таксыынан эрэ тиийиэххитин сөп. Бу иһитиннэриини болҕойоргут оруннаах.

rng4

2018 сыл сэтинньи ый ортотун туругунан, Мииринэй куоратыгар үлэ “баанын” испииһэгэр «ТаасҮрэхнефтегаздобыча» бакаансыйата – саамай элбэх. Бу тэрилтэ ньиэп уонна гаас хостооһунугар быһаччы сыһыаннаах үлэһиттэри ыҥыран ахан биэрдэ.

Бу маннык үлэҕэ идэтийиилээх эрэ киһиэхэ ботуччу хамнас төлөнөрө чуолкай.Ирдэбиллэрэ кытаанах – эн ньиэп-гаас салаатыгар, үрдүк эбэтэр орто аналлаах үөрэхтээх, биэс сылтан итэҕэһэ суох ыстаастаах буолуохтааххын. Кыһыл-Сыырга – ЯТЭКка, Дьокуускайга гааһы убатар собуокка, уопсайынан углеводородтаах сырьены, уматыгы кытары үлэлээбит дьон Таас Үрэххэ тиийбиттэрэ быданнаата.Оттон нефтебазаларга, АЗСтарга үлэлээбит дьон, эмиэ үлэ миэстэлэрин ыйытыалаһыахтарын сөп этэ.«Таасүрэхнефтегаздобыча» супервайзер-инженер идэтигэр (45 хонукка сүүс тыһыынчаҕа тиийэ хамнас) үлэҕэ үһүс ыйын ыҥырар.Супервайзер диэн скважинаны үүттүүр-чүүччэйэр үлэни(“Буровые работы”) быһаччы сүрүннээччи.Скважиналары өрөмүөннүүр сулууспаҕа, инженери сайыҥҥыттан ылата көрдүүллэр. Булбатылар.Уопсайынан, саха дьоно бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр, сайдан-сириэдийэн ырааппыт баай ньиэп-гаас салаатын сэргээбэттэрэ хомолтолоох.Ол содулун кэлин билиэххит турдаҕа!Соҕотох холобур. Саха сиригэр эколог дьупулуомнаах элбэх.Ол эрээри «НГДУ Восточная Сибирь» («Иирээлээхньиэп» хампаанньаҕа аналлаах үөрэхтээх эколог көстүбэтэ.Маннык үлэһит үс сылтан итэҕэһэ суох уопуттаах буолара ирдэнэр.Экологка биир ыйдааҕы хамнаһа – 80-ча тыһыынча солк.“НГДУ «Восточная Сибирь» тэрилтэ, уматыгы хачайдыыр ситимнэргэ өрөмүөннүүр силиэсэрдэри, олохтоох дьонтон көрдүү сатаан баран, кэлии дьону ылбыта.Араас эрэгэйиэннэртэн гааска сыһыаннаах да, сыһыана да суох дьон Мииринэйгэ үлэлии кэлэллэрэ үксээн иһэр.Урут Новосибирскай, Кемерово дьоно элбэх буоллахтарына, билигин Иркутскай уобалас, Бурятия, Киргизия дьоно туолан хааллылар.Ол эрээри олохтоохторго өссө да тоҕоостоох услуобуйа баар.

Онон Бүлүү улуустарыгар үлэтэ суох хаалбыттар, Дьокуускай куорат олохтоохторо бу хамнастаах үлэлэргэ болҕойуҥ.“Роснефть” Мииринэй оройуонугар үлэлиир тэрилтэлэрин сыныйан үөрэтиҥ, төлөппүөнүнэн, электроннай почтанан, бассаабынан сибээстэһиҥ.Хамнастарын, бириэмийэлэрин, баахта болдьоҕун, айан төлөбүрүн ыйыталаһыҥ.Хаһыс да төгүлүн төхтүрүйэн этэбин - биир ыйга сүүс тыһыынчаны төлүүр, нөҥүө ыйыгар туох да төлөбүрэ суох сынньанар буоллаххытына, хамнаскыт кыччаан, сүүйтэрэн тахсаҕыт.

Бу дьыл ахсынньы ый 13 күнүгэр суол-иис арыллыытын баттаһа, Мииринэй куоратыгар улахан үлэ дьаарбаҥката тэриллэрэ былаананар.

Ону, Мииринэйдээҕи нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Туйаара Брызгалова бигэргэттэ. Доҕоттор, бу олус эппиэттээх, олоххо наадалаах тэрээһини болҕойуҥ.Харчы халлаантан түспэт!

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Category: Промышленность | Views: 1165 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024