Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Сэтинньи » 16 » МОРГУОРДААХ МУННЬАХ: дьон-сэргэ ирдэһэр, хампаанньа мэлдьэһэр
МОРГУОРДААХ МУННЬАХ: дьон-сэргэ ирдэһэр, хампаанньа мэлдьэһэр
19:38

ALROSAСэтинньи 12 күнүгэр ОНФ, Уопсастыбаннай палата, Уопсастыбаннай Экология Сэбиэтэ уо.д.а. түмсүүлэр тэрийбит уопсастыбаннай истиилэригэр саала иһэ лыык курдук туолла. Олорор сир суох. Дьон-сэргэ АЛРОСА хампаанньа Бүлүүгэ тахсыбыт саахалы туох диэн быһаарарын истээри кэлбит.

АЛРОСА: ардах буруйдаах

Хампаанньа буруйун билиниэн баҕарбата хара ааныттан билиннэ. Социальнай боппуруостарга генеральнай дириэктэри солбуйааччынан бу соторутааҕыта, саахал тахсыбытын кэннэ анаммыт Алексей Дьячковскай уонна Мииринэйдээҕи ХБК кылаабынай инженерэ, “Я – инженер” оонньуу кыайыылааҕа эдэркээн Ньургун Захаров үлэлиир, хамнас ылар тэрилтэлэрин интэриэһин көмүскүү кэлбиттэрин кистээбэтилэр.

А.Дьячковскай АЛРОСА хампаанньа үтүөтүн-өҥөтүн аахта: өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн тутан олорорун, сир баайын хостооччулартан киирэр нолуок 70 %-нын кини хааччыйарын, сыл аайы алмаастаах кыраай улуустарыгар 800 мөл. солк. төлүүрүн... Дьиҥинэн, ону санатыыта да суох бары бэркэ билэр суолбут. Ким да мэлдьэспэт.

Дьэ ол эрээри, хампаанньа нэһилиэнньэ доруобуйатыгар, олоҕор охсуулаах, ыар содуллаах бииртэн биир саахаллары таһаарара элбээбитэ – дьиксиннэрэр. Саамай дьиксиниилээҕэ: хампаанньа баар уонна буолуохтаах кутталы аһаҕастык көрдөрбөт уонна кистии сатыыр. Ону көрө-көрө көрбөтөҕө буолар, “барыта үчүгэй!” диэн “тук” курдук сөбүлэһэ олорор сатамматын Бүлүүнү киртитии көрдөрдө.

Ол курдук, бу да сырыыга Алексей Дьячковскай уонна кылаабынай инженер Ньургун Захаров “100 сылга түспэтэх элбэх ардах түһэн, ол уута даача күөлүн толорон төлө барбытынан, быһыт уу халҕаһатын уйбатаҕынан” быһаардылар. Онон, “бу саахал хампаанньа үлэтиттэн-хамнаһыттан туох да тутулуга суох” диэн өйдөбүлү соҥноотулар. Быһата, “айылҕа-маатыска бэйэтэ буруйдаах” диэн...

Дырааганы сокуоннайа суох көһөрбүккүт!

Ленскэйдээҕи уу бассейнын управлениетын салайааччыта Иннокентий Андросов атын сабаҕалааһыны эттэ. Кини бу санаатын бастаан “Кыымҥа” буолбут төгүрүк остуолга иһитиннэрбитэ.

“Хампаанньа ыам ыйыгар дырааганы көһөрөргө көҥүл ыла сатаабытын биһиги аккаастаабыппыт. Ол эрээри, кинилэр ону көҥүлэ суох көһөрбүттэр”, – диэн космостан түһэриллибит хаартыскалары көрдөрөн бигэргэттэ. Дырааганы көһөрөөрү “руслоотвод” ханаалын сабан кэбиспит кэмнэригэр ардах түһэн, уу быһыты көҥү көппүт. “Ити курдук дырааганы көҥүлэ суох көһөрбөтөхтөрө, руслоотводу саппатахтара буоллар, быһыт ууну уйуо этэ”, – диэн быһаарда И.Андросов. Бу докумуоннары барытын тиһэн, борокуратуураҕа киллэрбиттэрин эттэ.

Ол эрээри, АЛРОСА кылаабынай экологын солбуйааччытын э.т. А.Габдрашитова ону кытта сөбүлэспэтэ: “Биһиэхэ быһаарыы барыта баар этэ!” – диэн силбиэтэннэ. И.Андросов улаханнык кыһыйан-абаран: “Хайдах бачча элбэх киһи истэн турдаҕына сымыйалыы тураҕыт! Ыччаты эмиэ сымыйалыырга үөрэтэҕит!” – диэн буруйдаата. Саалаҕа тыҥааһыннаах быһыы-майгы үөскээтэ. Ытыктанар хампаанньа сүрүннүүр үлэһитэ федеральнай уорган салайааччытын этиитин таһы-быһа мэлдьэһэн кэбиспитэ араас санааны үөскэттэ. Ол аата, бу тугуй, судаарыстыбаннай хонтуруол-надзор уорганнарын истибэт, сууту-сокуону билиммэт, бэйэтэ билэринэн айбардыыр тэрилтэ буолан тахсар дуо?

“Сокуон биисинэһи көмүскүүр”

Саамай сүрүн иһитиннэриини Айылҕаны харыстыыр борокуруор солбуйааччыта Савва Степанов оҥордо. Кини хампаанньаны эппиэккэ тардар чахчылары барытын ыстатыйатыгар-аатыгар олоҕуран ууран биэрдэ. Борокуратуура ирдэбилинэн, кэтиир-маныыр уорганнар бары былааннамматах бэрэбиэркэлэри ыыппыттар. Холобур, Ростехнадзор бэрэбиэркэтин түмүгүнэн ГТС (гидротехническое сооружение) докумуона суоҕа, судаарыстыба регистригэр турбата биллэн тахсыбыт. ХБК дырааганы эмиэ туох да көҥүлэ суох көһөрбүтэ биллибит. Ол түмүгүнэн, административнай дьыала көбүтүллүбүтүн эттэ. Оттон Росприроднадзор салайааччытын солбуйааччыта Сергей Сивцев өрүстэр ууларын киртитии, ГТСтары эксплуатациялааһын нуорматын кэһии баарын бигэргэттэ.

Дьиҥинэн, бу хонтуруол-надзор уорганнара урут дьон олоҕор кутталы үөскэтэр быһыы-майгы таҕыстаҕына, сокуон кэһиллибит буоллаҕына, производствоны барытын тохтотон кэбиһэр боломуочуйалаахтара. Билигин “сокуон барыта уларыйда” диэтилэр. Ол быһыытынан, сокуон, бастатан туран, улахан биисинэһи көмүскүүр соруктаах. Нэһилиэнньэ олоҕун буолбакка. Оннук буолбутун чахчы көрө-итэҕэйэ сылдьабыт. “Онон билигин үксүн “профилактика” үлэтин ыытабыт”, – диэн буолла. Ол аата, эрдэттэн кыраҕы хонтуруол, сэрэтии үлэтэ барыахтаах, ыытыллыахтаах этэ буоллаҕа!

Ону хайдаҕый? Алмааһы хостуур тэрилтэ эргиччи сокуону кэһэн үлэлии олорбут буолан тахсар – бары бэрибиэркэлэр ону бигэргэтэллэр. Бу саахал буолбатаҕа буоллар, биллибэтинэн-көстүбэтинэн салгыы оннук үлэлии олоруо эбиттэр. Хонтуруоллуур, кэтиир-маныыр уорганнарбыт көрө-көрө көрбөтөҕө буолан, харахтарын сабан олоруо эбиттэр – ону “ардах түһэн”, быһыт тоҕо баран, билиҥҥи сибээс технологията сайдыбыт, түргэтээбит кэмигэр барыта биллэн, атыыр араллаан тахсан, дьон айдааран, сорох-сорохтор муннукка ыгыллан, хамсаммыта буоларга күһэллибиттэр эбит диэн санаа үөскүүр.

Alrosa1

Саамай улахан хоромньу

С.Сивцев хампаанньаҕа 640 тыһ. уонна дуоһунастаах сирэйгэ 40 тыһ. солк. административнай ыстарааптар түһэриллибиттэрин эппитин дьон-сэргэ күлэ, сонньуйа иһиттэ. Биллэрин курдук, хампаанньа ол да көрүнньүк ыстараабыгар сөбүлэспэккэ, СӨ Экологияҕа министиэристибэтин бэйэтин үҥсэн бу сотору Арбитраж суутугар дьыала көрүллэн эрэрин билэбит.

Оттон айылҕаҕа оҥоһуллубут хоромньу сууматын 24 миллиард солк. диэн суоттаммытын эттэ. Ол эрээри, ити суума билиҥҥитэ барыллаан оҥоһуллубут, ону “Федеральнай Росприроднадзор управлениетын кытта сөбүлэһиннэрдэхтэринэ – бигэргэниэ” диэн буолла. Бу кээмэйэ уларыйбатаҕына, экологияҕа оҥоһуллубут саамай улахан хоромньу буолуоҕа.

Ол эрээри...

Дьэ ол эрээри, генеральнай дириэктэри солбуйааччы А. Дьячковскай: “Хампаанньа ханнык баҕарар ороскуота – хампаанньа ылар барыһын намтатар. Оттон өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр дивиденнэр барыстан киирэллэрин өйдүөххэ наада”, – диэтэ. Ол эбэтэр, “АЛРОСА хоромньу сууматын төлүүр түгэнигэр, улуустарга биэрэр үбэ аччаан биэриэ” диэн өйдөттө. Дьон-сэргэ ону сантаастааһын диэн көнөтүнэн өйдөөтө.

Владислав Коротов, суруналыыс, уопсастыбанньык: “Ууну киртитии бу күһүн эрэ буолбакка, үйэ аҥаарын устата бара турар. Хвостохранилищеҕа баар туттуллубут уу, дыраага полигонун тэхиньиичэскэй уута – бу барыта өрүскэ кутулла турбута ыраатта, ону сунтаардар көрө-билэ сылдьабыт. Хампаанньа хоромньу төлөбүрүн улуустар суоттарыгар оҥоруоҕа диэтигит. Тоҕо оннук буолуохтааҕый? Тоҕо Бүлүү бөлөх улуустарын нэһилиэнньэтигэр төлөнөр үп суотугар оҥоһуллуохтааҕый? Ол төлөнөр үп – биһиги сирбититтэн хостонорун иһин диэн буоллаҕа!” диэн көрдө. Соторутааҕыта АЛРОСА салайааччыта С.Иванов уонна СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көрсүһүүлэрэ буолбута. Онно А.Николаев: “Туох баар хоромньу төлөбүрүн суут быһаарыа”, – диэбитэ. Онон биһиги кырдьыктаах суут көрүүтүн күүтэбит диэн бэйэбитин алы гынар буоллахпыт.

Иһэр уу баар буолуо дуо?

Бу – олохтоохтору долгутар саамай сүрүн боппуруос. “Уу ыраастанна” диэн буолбута эрээри, Сунтаарга билиҥҥэ диэри кирдээх уу кэлэ турарын туһунан истэбит. Элгээйи оскуолатыгар Дьүүктэкээн уута диэн ап-араҕас уу турарын ыыталлар. Сунтаар Бүлүүчээнин бэрэстэбиитэлэ Данилова: “Олохтоохтор иһэр уунан билиҥҥээҥҥэ диэри хааччыллыбакка олороллор. Биир эрэ ыйытыылаахпын — хаһан иһэр уунан хааччыллабыт?!” – диэтэ.

Ону АЛРОСА социальнай хааччыйыыга управлениетын салайааччытын э.т. Юлия Васюкова Сунтаар улууһугар, чуолаан уунан хааччыйыыга, АЛРОСА хайдах уонна тугу көмөлөспүтүн аахта: 4 ууну баһар массыына, 20 туонна уматык, 300 киилэ ууну ыраастыыр реагент, ууну кутар 66 улахан иһит биэрбиттэр.

Ол эрээри, итинник эрэ дьаһаныы ситэтэ суоҕа көһүннэ. Холобур, “хампаанньа 2015 сылга Ньурба улууһугар 7 ууну ыраастыыр тэрили биэрбитэ баччааҥҥа диэри үлэлээбэт” диэн буолла. Тоҕо? Хоруйа биир: ону муниципалитет салгыы бэйэтэ үбүлээн тутуохтаах, үлэлэтиэхтээх. Оттон онно үп-харчы суох... Оччотугар, “Иһэр уунан хааччыйыы” анал бырагыраамата наада буолан тахсар диэн баҕа санаа этилиннэ. АЛРОСА онно өрөспүүбүлүкэни (ДьУоХХ министиэристибэтин) уонна муниципальнай уорганнары кытта үлэлэһэбит диэтэ.

Ол эрээри СӨ ДьУоХХ министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ бу хайысхаҕа туох үлэ ыытылларын туһунан киһи астынар хоруйун биэрбэтэ. Тугу үлэлээн тиритэ-хорута сылдьаллара ситэ өйдөммөтө. Оттон дьон сүһүрбүт ууну испитин курдук иһэ олорор: саха омугун чиэппэрэ олорор Бүлүү сүнньэ барыта бытыылкалаах ууну атыылаһар баай буолбатах. Оттон АЛРОСА бэрэстэбиитэллэрэ: “Хампаанньа улуустарга сылын аайын 800 мөл. солк. биэрэр, ону ханна гынаҕытый?” – диэх курдук эттилэр.

АЛРОСАттан улуустарга киирэр дивиденд харчыта туох сыалга-сорукка туһанылларый? Улуустар дьокутааттара, уопсастыбаннас ону салалтатыттан эмиэ ирдиэхтээх, үп-харчы ханна-туохха туттуллара кытаанах хонтуруолга сылдьыахтаах: бэйэбитин сирэй-харах анньыбаттарын курдук. Бу мунньахха улуустар официальнай бэрэстэбиитэллэрэ, дьокутааттара суохтара дьиктиргэттэ. Бу иннинэ хаста даҕаны “улуустар салалталара тутулуктаах буоланнар, тугу да саҥарбаттар” диэн тыл-өс баара. Баҕар, парламент истиилэригэр тылларын-өстөрүн истиэхпит...

***

Мунньахха элбэх киһи ыйыталаста, тыл эттэ. Билим үлэһиттэрэ, учуонайдар, улуустар бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас, дьокутааттар, сүнньүнэн, биир санааны эттилэр: биһиги хампаанньаны ытыктыыбыт, кини баара олус наада. Ол эрээри, хампаанньа буруйун иһин эппиэттиэхтээх. Туох баар үлэтин барытын Арассыыйа сокуонун чэрчитинэн, экология ирдэбилинэн ыытыахтаах. Үлэтигэр-хамнаһыгар маннааҕы билим чинчийиилэрин туһаныахтаах. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ дьонугар-сэргэтигэр аһаҕас буолуохтаах.

Мунньах түмүгүнэн, уопсастыбаннас аатыттан РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа бу боппуруоһу болҕомтоҕо ыларыгар Туһаайыы сурук ылылынна. Билигин онно илии баттааһына хомулла сылдьар. Оттон сэтинньи 27 күнүгэр бу боппуруоска Ил Түмэҥҥэ парламент истиилэрэ буолуохтара.

Чахчы, уопсастыба уларыйбыт. Куттаммакка санааларын этэр дьон баар буолбуттар. Сөп ээ, оннооҕор кутуйаҕы үктээтэххэ “чыып” диир, төһөөҥҥө диэри саҥата суох олоруохпутуй?

Нина ГЕРАСИМОВА.

 
 
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1109 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 102
Ыалдьыттар (гостей): 102
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024