Уолбаҕа Куома Чааскын туһунан кинигэ биһирэбилэ буолла
Бу дьыл алтынньы 26 күнүгэр Уолба нэһилиэгэр экономическай наука доктора, профессор, РФ наукатын уонна техникатын бочуоттаах үлэһитэ, Томпо улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Василий Романович Дарбасов – Дабаччыма биир дойдулаахпыт, саха норуота ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитэ айыылартан айдарыылаах норуот эмчитэ Ф.П.Чашкин – Куома Чааскын төрөөбүтэ 140 сылыгар анаан таһаарбыт “Айыылартан айдарыылаах Куома Чааскын” кинигэтин биһирэмэ үгүс киһини түмэ тарта. Кинигэ биһирэмин “Дьэҥкир алып” айар түмсүү улуус, нэһилиэк салалтатын, И.Слепцов аатынан норуот айымньытын киинин, библиотека үлэһиттэрин, “Айылгы” ветераннар түмсүүлэрин кытта тэрийэн ыытта. Дьоро киэһэҕэ кытта, санааларын атастаһа кэлбитыалдьыт да баһаам буолла.
Автор Василий Романович Дарбасов – Дабаччыма саха норуотугар киэҥник биллибит, суон сураҕырбыт , дьон туһугар үлэлээбит сүдү киьи аата-суола умнуллубакка кэлэр көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн, сээркээн сэһэн буоллун диэн санааттан салайтаран бу кинигэни биир сыл иһигэр суруйан таһаартарбытын, төрөөбүт 15-16 дьиэлээх Дабаччыма диэн кыракый дэриэбинэтэ Уолбаттан 5 эрэ көстөөх сиргэ баар буолан кэлэ-бара, киирэ-тахса сибээс өруу баарын, кэлин үөрэнэ, үлэлии да сылдьан Уолбанан кэлэн ааһарын, оччолортон Куомаҕа олус сүгүрүйэрин, ийэтэ уонна үгүс билэр киһитэ киниэхэ эмтэнэн үтүөрэн сэллик, быар ыарыытыттан быыһаммыттарын кэпсээтэ. Василий Романович бу үлэтэ манан бүппэтин, аны кинигэни Эдуард Тимофеевич Пономарев нууччалыы тылбаастыы сылдьарын, инникитин киинэ уһуллуон, спектакль туруон сөптөөҕүн бэлиэтээтэ.
Куома Чааскыны үйэтитиигэ улахан кылаатын киллэрэр биир дойдулаахпыт бу кинигэ эппиэттиир эрэдээктэрэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, “Бичик” кинигэ кыһатын эппиэттиир эрэдээктэрэ Валерий Николаевич Луковцев бу кинигэ кылгас кэм иһигэр Уолбаттан төрүттээхтэри, кырдьаҕастары, М.Ф.Чашкины кытта кэпсэтиигэ олоҕуран олусталааннаахтык, дьоҕурдаахтык сурууллан тахсыбытыниһитиннэрдэ, Василий Романовичка бары махтанарбыт наадатын эттэ. Маны таһынан Куома Чааскын бэйэтин кэмигэр олорон аспыт сүдү, ол эрээри олус сэмэй киьи олоҕо, үлэтэ билигин хайаан да өссө дириҥник үөрэтиллиэхтээҕин, кэнэҕэс спектакль буолан сценаҕа туран киэҥ эйгэҕэ тахсыахтааҕын бэлиэтээтэ. Маны таһынан улахан болҕомто кини уолугар, билигин аҕатын туйаҕын хатаран дьон туһугар улэлии сылдьар Михаил Фомичка ууруллуохтаах, ханна эрэ профилакторийга баран сынньанар условиетын тэрийиэхпитин наада диэн этии киллэрдэ.
Улууспут баһылыгын социальнай эйгэтигэр солбуйааччы Сивцева Изабелла Александровна кинигэ авторыгар баһылык Михаил Михайлович Соров уонна бары ааҕааччылар ааттарыттан махтанан туран Василий Романовичка уонна кинигэ тахсыытыгар бары улэлэспиттэргэ бэлэхтэри туттарда. Ааҕааччы быһыытынанумсугуйан туран кинигэни аахпытын этэн, кинигэ аата урут тахсыбыт икки кинигэ аатын холбоон толкуйдаммыта мындырыгар тохтоонтурандириҥ ис хоһоонноох ырытыы оҥордо. Кинигэҕэ оччотооҕу кэм киһитэ булдунан иитиллэн олороруттан саҕаланан булт муччургэннээх сырыылара, булчут сиэрэ-туома, Куома эмчит быьыытынан айыллыыта, тыл күүһэ, ыраастаныы- күрүөлэнии, дьахтар аймах араҥаччылыыр- харыстыыр анала, норуот күүһүнэн таҥара дьиэлэрин тутуу, олоххо көстөр ылсыы - бэрсии быраабылалара уо.д.а. сүрдээх умсугутуулаахтык суруллубутугар тохтоото.
Куома туһунан 2009 сыллаахха кинигэ тахсыытыгар улэлэспит, Михаил Фомич Чашкин туһунан сырдатар үлэни ыытар “Арчы” дьиэтин директора, СР культуратын туйгуна Валентина Ивановна Бочонина феноменальнай эмчит олорбут олоҕо сыдьааннарыгар салҕанарыттан үөрэрин эттэ. Киирбит этиилэр олус оруннаахтарыгар тохтоото: 1. Улуус дьаһалтата тылбаастана сылдьар кинигэ тахсарыгар убулээһиннэ көмөлөһөрө наадалааҕар; 2. Уолба оскуолатын коллектива “Куома Чааскын ааҕыылара” диэни тэрийиэн сөптөөҕөр; 3. Кинигэ кэнэҕэс омук тылынан тахсыахтааҕар.
Сүрдээх истиҥ ахтыыны оҥордулар Куома Чааскыны кытта аҕалара доҕордуу буолан алтыспыт, чугастык билэр дьоно Архип Ермолаев оҕолоро: Петр Архипович Белолюбскай, Клара Архиповна Табунанова, Федот Архипович Ермолаев. Кинигэ суруйарыгар Василий Романович миигиттэн төлөпүөнүнэн ыйыталаһан элбэҕи ис хоһоонугар киллэрбит. Биһиэхэ элбэхтик сылдьара. Сүрдээх боростуой майгылаах киһи этэ. Элбэхтик алтыспыппыт. Биһиги дьиэбитигэр дьону эмтиир буолара. Адьас улахан ыарыьах кэллэҕинэ дьиэтигэр Уолбаҕа барара, онно атаараарыҥ диирэ. Куома дьону отунан, илбийэн, оборон, түөннээн эмтиирин көрөрбүт диэн кэпсээтэ Клара Архиповна. Петр Архипович оҕо эрдэҕиттэн хаартыскаҕа түһэрэр идэлээҕин, кинигэ таһыгар уонна эрдэ тахсыбыт кинигэ иьигэр киирбит үгүс хаартыска кини туһэриилэрэ буоларын бу киэһэ сонургуу иьиттибит уонна кинигэҕэ ол туһунан суруллуо хаалбыта бэлиэтэннэ.
Бу курдук кэлбит ыалдьыттар үгүс ахтыы оҥордулар. Сэдэх хаартыскалары ирдэһэн остуоруйатын үөрэтэр биир дойдулаахпыт, “Күлүгүрбэт күлүктэр” кинигэ автора Иван Гаврильевич Нелунов олорон ааспыт дьон олоҕун туһунан сэһэн суруйуу олус уустугун, ону олус сатабыллаахтык суруйбутун сыаналаата. Эдэр сылдьан куртаҕынан олус моһуогуран баран 1964 сыллаахха Куомаҕа эмтэнэн үтүөрбүтүн, билигин кини уолугар Михаил Фомичка эмтэнэн үгүстүк туһанарынтуһунан махтана кэпсээтэ уонна таһыттан сырдаан көстөр олус үчүгэй майгылаах оҕонньор этэ диэн аҕынна СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, республика бастыҥ мелиоратора Владимир Семенович Малгин. Биир дойдулаахтара, Куоманы кытта алтыспыт дьоно хайаан да ааҕан, дьон, сир-дойду аатын-суолун көрөн көмөлөһүҥ диэн Василий Романович көрдөспүтүгэр көмөлөспүтүм диэн кэпсээтэ уонна бу улэ саҕаланыыта эрэ буоларын, кинигэ өссө тылбаастанан тахсара, спектакль, киинэ буолара хайаан да наадатын бэлиэтээтэ эмиэ биир дойдулаахпыт, Мүрү нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, улэ ветерана Иван Иванович Слепцов.
Улууспут “Таатта” хаьыатын редактора Анна Константиновна Посельская бу кинигэ тахсыыта – киьи олоҕун үрдүк сыанабыла, норуот таптала буолар диэтэ. Авторга Василий Романович Дарбасовка махтанан туран уонна үйэтитиигэ үгүс үлэни ыытар Уолба оскуолатын библиотекатыгар редакция бэчээттээбит “Я был сыном народа..” П.А.Ойуунускай туһунан бэйэтин кинигэтин бэлэх уунна. Бу Республикаҕа биллэр сүдү киһи уола Михаил Фомич туһунан кинигэ “Таатта саарыннара” серияҕа тахсаары сылдьарын, күүстээх үлэ барарын, өссө да матырыйаал наадатын иһитиннэрдэ уонна кинигэ бэлэмигэр көмөлөһөрүн иһин Альбина Саввична Чашкинаҕа барытын сыаналаан туран махтанна.
Улуустааҕы Иван Аргунов аатынан кииннэммит библиотека сэбиэдиссэйэ Анна Константиновна Билюкина бу кинигэ биһирэбилэ ааҕааччыга олус наадалааҕын, автор олус сыаналаах улэни оҥорбутун,кинигэ биһирэбилэ Уолбаҕа ис сүрэхтэн бэлэмнэнэн олус истиҥник ыытыллыбытынбэлиэтээтэ.
Биһирэмҥэ ыаллыы сытар Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгиттэн оскуола, библиотека улэһиттэрэ, автор аймахтара Зинаида Давыдовна Тарасова, Илья Ильич Колодезников ыалдьыттыыкэлбиттэрэ олус биһирэбиллээх буолла. Биир дойдулаахтарын, аймахтарын Василий Романовиьы саҥа кинигэтинэн киэн тутта эҕэрдэлээтилэр.
Бу курдук, угус тыл үтүөтэ, баҕа санаа бастыҥа этиллэн саҥа кинигэбит биһирэбилэ Уолба биир кунүн киэһэ хойукка дылы сэргэхситтэ, биир санаалаахтары түмэ тарта, саҥаттан саҥа саҕахтар саҕыллалларыгар олук уурда. Уолбалар, чахчы да, үгүс үтүө дьоммутунан дьоллоохпут.
Анна Боппосова, Уолба олохтооҕо.
31.10.2018.
|