News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2018 » Сэтинньи » 21 » Мөндөөлө собото уонна сордоҥо
Мөндөөлө собото уонна сордоҥо | 09:04 |
Мөндөөлө собото уонна сордоҥо
Урут ону-маны сурунар, бэлиэтэнэр болокунуоппун булан ыллым. Билигин кэлэн аахтахха, син, интэриэһинэй түгэннэр бааллар эбит. Онтон биири кэпсиим. Оччолорго, күннүккэ (дневникка) курдук, хайдах суруйбуппунан биэрэбин.
2000 сыл ыам ыйын 15 күнэ. Ааллаах-Төҥүргэс-Мөндөөлө маршрутунан айаннаары Күндэйэттэн хоҥуннубут. Атаараччы элбэх.
Манна даҕатан эттэххэ, биһиги, Арыы бааһынай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, хас да сыл устата сааскы куска, балыкка дойдубутуттан уонтан тахса көстөөх ыраах тыаҕа танкетканан тахсан, айылҕаҕа сылдьан, сынньанан киирэбит.
Тараҕайга хонон баран, сирбит ортото Төҥүргэскэ кэллибит. Манна Анатолий Тортаков, Александр Львов, Виталий Константинов уонна саамай эдэрбит Проня Уаров кустуу хааллылар.
Биһиги эмиэ түөрт буолан, Мөндөөлөҕө тиийээри, салгыы айаннаатыбыт. Револий Елисеев, Пётр Матвеев, Владимир Михайлов уонна мин буолан, хата, бары табаҕы тардыбаппыт. Бүөтүрбүт ыытар танкетката, таһаҕаһа чэпчээн, айаннаан дьэргэҥэлэтии, тилигирэтии, бырдаҥалатыы бөҕө. Этэргэ дылы, барбах аҕай ырыанан-тойугунан астарабыт. Айааннарга тайахтар көстөллөр, суолу быһа охсон табалар ааһаллар. Чагдаларга улардар хаамсаллар. Уулаах Бэрдьигэс, Үс Көлүйэ күөллэрэ сааскы көтөр-сүүрэр эгэлгэтинэн суорҕан курдук саптынан сыталлар...
Бу суолунан төрүттэрбит Бордоҥхой Бордонор уонна Чакырдар, Дьаарханнар сүөһүлэрин-сылгыларын илдьэ Сиинэттэн Туобуйанан, Бүтэй Бүлүүгэ курдары түспүттэр. Онон киһини сэргэҕэлэтэр бэлиэ миэстэлэр манна элбэхтэр. Кэлин, 80-с, 90-с сылларга Элгээйи оскуолатын оҕолоро Киргиэлэй Баабылап-Төкүнүк сирдээһининэн, Туймаадаҕа туос сатыы үс төгүл киирэн тураллар.
Саха былыргы суруга-бичигэ бордоҥнору кытта сибээстээх, ситимнээх быһыылаах. Ол курдук, бордоҥнор олорбут, сылдьыбыт сирдэригэр саха суруга-бичигэ элбэх. Күндэйэ үрэҕин орто сүүрүгэр Таас Хороон диэн хайа баар. Бу хайаҕа былыр эмиэ саха суруга баара үһү. Ону XVIII-XIX үйэлэргэ суоруна тааһыгар уонна киһи уҥуоҕун тааһыгар кэрдэн, үлтүрүтэн ылалларыгар, ол суруктар сүппүттэрин кырдьаҕастар кэпсииллэр этэ.
Мөндөөлөҕө 18-с киэһэ кэллибит. Балааккабытын Төҥүргэстэн атаарсыы ухханыгар хаалларан кэбиспиппит. Онон танкеткабыт куусабыгар утуйдубут. Түүн самыыр түстэ.
Сарсыардаттан Бүөккэлээх Эриэбэ 8-таах уонна 10-наах илимнэри түһэртээн кэбистилэр. Балык ууну аймыыр тыаһа сылгы ууга харбыырын курдук иһиллэр. Уолаттар тыыга туран (дүрээл куорпустаахпыт) илими өрө көтөҕөн көрдөхтөрүнэ, кыһыл харах уонна сордоҥ хараҕын аайы истиэнэ курдук тутан, уҥуоргу тыа көстүбэттии бүөлэнэр.
Иккис күммүтүгэр илимньиттэрбит биир аарыма улахан собону таһаардылар. Илимҥэ кэлэн, хараҕар баппакка, анньыллан баран турар үһү. Уолаттар сүбэлэһэн баран, илиминэн баһан ылан, тыыга бырахпыттар. Төп-төкүнүк, бөп-бөкүнүк, устата-туората тэҥ кэриэтэ аарыма собо. Кэбээйи собото диэн туох баарай!
Мин, болуотунньук буолан, бэрэбинэни-хаптаһыны кээмэйдиир метровкабын өрүү укта сылдьааччыбын. Онтубун ойутан таһааран кээмэйдээбитим, доҕоттоор, 56 см уһуннаах, 42 см туоралаах эбит! Сыыҥка лахааҥҥа уурбуппут, төбөтө, кутуруга, иһэ таһынан халыйан сытар. Аны балыгы ыйыыр күрүчүөктээх ыйааһыммыт, лоп курдук, 4 кг 600 граммы көрдөрдө.
Кээмэйи барытын болокунуоппар бэлиэтэммитим, бу ырылыччы сурулла сылдьар. Тула көтө сылдьан, хаартыскаҕа түһэрии даҕаны элбэх этэ эрээри, дойдуга киирэн иһэн, танкеткабыт тиһилигэ алдьаммыта. Ону өрөмүөннүү сылдьан, уолукка укта сылдьыбыт фотоаппараппыт үрэххэ устан бара турбутун көрөн эрэ хаалбыппыт. Ол да буоллар, аарыма собо туох баар кээмэйин - устатын, туоратын, ыйааһынын - Арбаҥда үүтээнин тойон өһүөтүгэр суруйбуппут. Онтубутун күн бүгүнүгэр диэри сылдьыбыт булчуттар уонна айан дьоно сөҕө көрөллөр үһү.
Собобутун үс гынан баран, улахан олгуйга ыргыччы буһаран кэбистибит. Икки илии кэриҥэ хоргуннаах мииннэммит соҕотох собобутун түөрт аһастаах киһи күнүстэри киэһэни быһа сиэн ин баран, сарсыарда тобоҕолоотубут. Моҥкурдааһын бөҕө.
Икки хонук устата балык арааһын тууһаан, тоҕус буочукалаахпытын толортоон кэбистибит. Балтараа миэтэрэ иһэ-таһа сордоҥнор элбэх этилэр. Алыһардара даҕаҥы сүрдээх улахаттара. Үрүҥ балыкка киирсэр быраҥаатта кэлин эмиэ биллэн барбыта. Уонча улахан сордоҥҥо биир буочука аа-дьуо туолар.
Сордоҥ тириитиҥэ сүлэн киллэрээриҥ диэн дьахталлар үлэспиттэрин санаан, сордоҥ сүлүүтүгэр кииристибит. Онтубут олох боростуой эбит. Төбөтүттэн үөһэ ыйаан баран, куобаҕы курдук, аллараа ньылбы тардан кэбиһэҕин.
Сыыр сирэйигэр экспедиция нууччалара хаһан оҥорбут оһохторо баар. Буочукалары салҕаан, үөһэ тахсар турбалаах. Сыыр үрдүгэр туран, сүлүллүбүт сордоҥнорбутун боробулуохаҕа баайан, аллараа диэки түһэрэбит.
Чаас курдугунан ыыһаммыт балык биир партията бэлэм буолар. Убайдар маннык ньыманан бүтүн тайаҕы да ыыһыыр буолуохтаахтар дэһэбит.
Улахан сордоҥ биэдэрэ саҕа төбөтүн ыраастаан баран, айаҕын атытан хатардахха, ыт да төбөтө холкутук киириэх курдук. Биһиги сордоҥ куртаҕыттан андаатар толору кэмпилиэк дьардьаматын булбуппут. Сибээскэлэрэ өссө арахса илик, куртах кислотатыгар ып-ыраастык ыраастаммыт этэ.
Сорох сордоҥ куртаҕар араас-араас таастар баар буолаллар. Былыр саха атыыһыттара балык куртаҕыттан көстүбүт күндү таастары Иркутскайга илдьэн атыылыыллар үһү. Алмааспыт аан дойдуга бастаан биллэригэр ол көмөлөспүт буолуон сөп.
Ол сырыттахпытына үрдүбүтүнэн бөртөлүөт көтөн ааста. Күндэйэ үрэҕин сүнньүн батыһан, Муоһааны диэки барда. Сотору соҕус төннөн иһэрэ көһүннэ, биһиэхэ түһэрдии, намтаабыт аҕай. Кырдьык, түһүнэн кэбистэ. Биһиги соччо кыһамматыбыт, булчут билиэттээхпит, сааларбыт докумуоннара баар. Хата, оччолорго куска лицензия эҥин диэн ирдэммэт этэ. Хас да киһиттэн сорохторун билэттиир эбиппит. Мин 40-ча сыллааҕыта Элгээйи оскуолатыгар араа-бараа үөрэммит уолум Мисаил Никифорович Семёнов салайа сылдьар. Кини айылҕа харыстабылын оройуоннааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ. Хата, тута кэлэн, миигинниин дорооболосто. Күндэйэттэн төрүттээх Пантелеймон Никитич Михайлов сирдьитинэн сылдьар. Кини Никита Алексеевич Парфенов-Ойуун Микиитэ уола. Быйыл саас өрүскэ, ууга улахан халаан буолан, уу таһымын көрө, үөрэтэ сылдьаллар үһү.
Халлаантан түспүт соһуччу ыалдьыттарбытын чэйдэттибит, туустаммыт, ыһаарыламмыт, буспут балык арааһын остуол хотойорунан тартыбыт. Кэпсээн-ипсээн элбэх дьоно буолан биэрдэ. Били нэһиилэ сиэн бүтэрбит собобут уҥуоҕун көрө-көрө сөҕөллөр, аттыгар испиискэ хаатын, сототун уура-уура, хаартыскаҕа түһэрэллэр. Михаил Никифорович, Элгээйи мусуойугар биэриэм диэн, сордоҥ куртаҕыттан хостообут андаатарбыт дьардьаматын сэрэнэн суулаан, илдьэ барар буолла. Биһиги, табахтаабат дьон, испиискэбит бүтэн эрэр буолан, испиискэ бэриһиннэрдибит. Пана, Ньукуолуҥҥа туттаарыҥ диэн, биир бытыылка буокканы биэрдэ. Итиччэ күндүлэппит дьон биһиги да хаалсыбатыбыт, тууһаммыт икки буочука балыгы биэрэн, дьоммут үөрүү бөҕө буоллулар.
Күндэйэ үрэҕин тардыытыгар сытар муҥура биллибэт баайдаах Мөндөөлө күөл Сунтаар сирин биир кэрэ-бэлиэ миэстэтэ буолар. Мөндөөлөнү кытта силлиһэ кэриэтэ Хонуу Сурт сытар. Бу Муоһааныга эрэ баһыйтарар улахан күөл. Күндэйэ үрэх 10 сүллэр улахан күөллэрин ситимигэр Сиикэй Сиэҥ, Табаһыҥда уонна Арбаҥда киирсэллэр. Бу күөллэр аллараанан бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстэһэр буоланнар, араас балыктар уутуйан үөскүүллэр. Саха сириттэн бастакы ихтиолог-учуонай, Күндэйэ Көрдүгэнин уола Василий Алексеевич Игнатьев Муоһааны күөлгэ бөртөлүөтүнэн аҕалан, чыыр уонна уомул балыктар ыамаларын ыыппыта биллэн эрэр диэн буолар.
"Кэнэҕэһин бу сир кэрэ айылҕатын, көтөрүн-сүүрэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир, көрдөрөр, үөрэтэр, билиһиннэрэр туристическай база хаһан эмэ тутуллуо дуо?" - диэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, дойдубут диэки хоҥуннубут.
Мөндөөлө барахсан
Мөндүрэ тумула,
Мөһүүрэ долгуна,
Мөлбөйбүт собото,
Мөлүйүөн сордоҥо,
Мөҥүрүөн тииттэрэ
Эһиил эмиэ кэлээриҥ, - диэбиттии далбаатыы хааллылар.
Николай Егоров-Аҕырытта Ньукулай, СӨ бочуоттаах тутааччыта, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ.
Күндэйэ, Сунтаар.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1153 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 116 Ыалдьыттар (гостей): 116 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|