- Уопсастыба
Мииринэй оройуонун нэһилиэгэ буолла да, “кыахтаах бырамыысалыннастаах улуус хонноҕор нус-бааччы, баайдык, талымнык олорооччу” диэн сыыһа өйдөбүл баар.
Мииринэйтэн уон көс ыраах сытар Сүлдьүкээр дэриэбинэтин мин биир бэйэм оннук үтүө-байылыат олохтоох сиринэн ааттыыр кыаҕым суох. Олохторо кытаанаҕа бэрт.2012 сылтан ыла тутулла сатыыр айан суол хаһан бүтэрэ – остуоруйа.Бэдэрээччит тэрилтэ “Светлэй-Сүлдьүкээр” айан суолун аҥаарыгар эрэ диэри тириэрдэн турар. Айанныыр кыһалҕалаахха – эрэй-муҥ!Бачча кыахтаах Мииринэй оройуона отут биэрэстэ усталаах айан суолун кыайан тиһэҕэр тириэрдибэтэ.Алта сыл устата бу дьыала оҥоһуллубата уонна 2019-2020 cылларга көстө.Оттон чунуобунньуктар уонна дьокутааттар мантан саатар кыратык да саапаттар.
Аны иһэр уу боппуруоһа.
Быйыл атырдьах ыйыгар буолбут айылҕа иэдээниттэн сылтаан, сүлдьүкээрдэр иһэр уута суох хаалбыттара.
Муҥ сатаатар, чугас сытар Куукуйдаах үрүйэтэ хапсыйа уолбута.Эбиитин сырҕан бааһы соролообуттуу, Куукуйдаахтан иһэр ууну ылар бобуллубута.
Манна аммоний уонна тимир ионнарын састааба нуорманы куоһарарыттан сылтаан, өрөспүүбүлүкэ экологтара “үрүйэ уута хаһаайыстыбаннай эрэ өттүгэр туһаныллар кыахтаах” диэн быһаарбыттара.
Сатаатар, чугас, дириҥ уонна ыраас уулаах күөл, элгээн диэн букатын суох сирэ.Ыраах сытар Сис күөлүгэр диэри суоллара суох буолан бодобуос массыыната сылдьыбат.Күн бүгүн дьон тулуйалларын ааһан, синнэригэр түһэн, Бүлүү өрүс мууһун ойут эрбээн ылыталаан, ууланан иһэ олороллор. Хайыаҥ баарай?Ыыс-араҕас өҥнөөх, болооруйбутунан тоҥмут уулаах Эбэ уута, туох аанньалаах буолаахтыай?! Сүлдьүкээртэн Бүлүү өрүскэ будулуйбут уутун кутар Оччугуй Ботуобуйа үрэх төрдүгэр диэри –отут биэрэстэ.“Иирэлээх” бириискэтин дыраагаларын полигоннарыгар диэри –уон биир көс.Киртийбит уу бастакынан кэлэр сирэ – Сүлдьүкээр. Ууну ыраастыыр ыстаансыйа дьиҥинэн баарын баар.2010 сыллаахха таҥыллыбыт түөрт фильтрдээх тэриэбэ, ууну туруорутук, ол эбэтэр “мэхэньиичэскэйдик” эрэ ыраастыыр.Хиимийэ булкаастаах ууну туох да эҥкилэ, дьиэгэ суох кылыгырас ыраас гыммат. Эргэ тэриэбэ соннук моһуоннаах.Эбии эрэй диэбиккэ дылы, ол түөрт фильтрдэрэ кыайан көстүбэккэ, ыстаансыйа үлэһитэ А.И.Павлов үгүс кыһалҕаны көрүстэ.
Салгыы, эбэҥкилэр олорор нэһилиэктэрэ туохтан маппытын, хаалбытын ааттаталыым.
Мииринэй оройуонугар, Арыылаахтан саҕалаан, Светлэйинэн, Чернышевскайынан Удачнайга тиийэ түргэн, оптоволоконнай Интэриниэт киирбитэ балачча кэм буолла.
Оттон Сүлдьүкээр түргэн Интэриниэтэ суох. Аныгылыы технология кэлбэт буолан, былыргылыы, сайдыыттан хаалан олороллор.
Уоппут-күүспүт боппуруоһа сол да ыарахан. Оройуон былаһын тухары 220 кВ үрдүк күүрүүлээх уот туһаныллар буоллаҕына, Сүлдьүкээр гиэнэ уруккулуу, барбах сыыгыныыр – 110 кВ.
Уоттарын ситимэ эргэ-урба.Баҕаналара – эмэҕирэн эрэр мас. Ити эрэ буолбатах.Сүлдьүкээр саҥа тутууларынан киэркэйбэт. Дьиэлэрэ самнархайдар, уулуссалара дэхситэ суохтар.Бөһүөлэк маннык сатархай туруктааҕыттан киһи олус хараастар. Инники сылларга туох эмит күттүөннээх уларыйыы барыа дуо?
Станислав Алексеев, Мииринэй куората.
|