Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Сэтинньи » 22 » Иэдээн төрдө иэнигийэн эрэр.
Иэдээн төрдө иэнигийэн эрэр.
08:37
Иэдээн төрдө иэнигийэн эрэр.

Дьокуускай куорат саҥа мээригэр Сардаана Авксентьеваҕа туһаайан суруйабын.

Ханнык да кэлии омугу киһи уруулуу көрбөт кэмэ кэллэ. Таджик, киргиз, эрмээн, дагестан, хохуол, кытай о д а.
 Сардаана Владимировна  эн бу боппуруоска кэлии омуктары өрө тутан норуоккун эһэр суолга дьэ чахчы туруннуҥ.
Билигин аһаҕас , уоттаах сэрии суох. Ол оннугар экономическай сэрии бара турарын бары билэбит. Манна кэлэр омуктар биһиэхэ үчүгэй буолаары, олохпутун оҥоро кэлбэттэр. Тоҕо кэлэллэр? Дьэ, эрэ Сардаана Владимировна туох иэдээни иҥнэри тардан эрэргин ырытыах:

Бастакыннан. Үөһээ эппиттэрин курдук тойотторбут иҥсэлэрин туһанан бэрик биэрэн олохтоох дьон үлэбитин, харчыбытын, үппүтүн былдьыыллар.

Иккиһинэн. Манна үксэ кинилэр дойдуларыттан тиийиммэт синнэригэр түспүт мөлтөх бэрээдэктээх дьон кэлэр. Олор бакаа сүнньүнэн хара үлэни эрэ толороллор. Араас сидьиҥ преступлениялары, ыарыыны таһаллар. Ол эрээри киргизтэр хайы үйэ учууталлары, врачтары, полициялары киллэртээн эрэллэр. Ити аата правовой структураларга хайы үйэ Сардаана Владимировна киллэртээн эрэҕин. Бу олус улахан кутталлаах уонна сэрэхтээх көстүү.

Үсүһүнэн.
Бэйэлэрин религияларын хайы үйэ соҥнууллар. Ол биһиги аҕыйах ахсааннаах, бэйэбитин сатаан көмүскэммэт норуокка ханнык да үтүөнү аҕалбат.

Төрдүһүнэн.
Биһиги билэбит эбээт. Сотору улахан Сэриилэр турдахтарына: "Великое переселение народов",-- буолара саарбаҕа суох. Биһиги Саха сирэ сир баайдаах сиргэ, хаһан баҕарар үлэ баар буолуо. Бу сир баайыттан олохтоох омуктар тугу да туһаммаппыт. Хата ол оннугар сир баайдаах буоламмыт урукку өттүгэр саха киһитэ хаһан да билбэтэх рак ыарыы билигин да хайа да улууска олус күүскэ дэлэйдэ. Салгыммыт хаһааҥҥытааҕар даҕаны наука да этэринэн муҥутуурдук буорту буолан турар. Уубут киһи суунара да сатаммат курдук улаханнык киртийдэ.
Онон кэлии омуктар түһэр сирдэрин оҥостоллор. Халыҥ аймаҕынан, тыһыынчаннан кэллэхтэринэ үлэҕин демпингнаан барытын былдьыыллар. Биһиги чахчы ынахпыт эрэ кутуругун, ону да сирбитин былдьатан сүтэрбэтэхпитинэ, кыайдахпытына нэһиилэ көрүөхпүт.

Бэсиһинэн. Биһиги салатабыт, силовой структураларбыт кинилэртэн быһаччы манньа ылан туһана олорор. Ол иһин кэлии дьоҥҥо ааннара аһаҕас. Барытын откат системата баһылаабыта ыраатта. Арай эргиччи хоруупсуйа буолан бэйэ-бэйэлэрин туппаттар, өйөһө олороллор. Кэлиилэр курдук манньа биэрэр дьон бэйэбитигэр суох. Ол иһин төттөрүтүн төрүт олохтоох омуктар көҥүл атаҕастаналлар.

Алтыһынан. Бу омуктар улуу сэрииһит, ньоҕой, олус киитэрэй, өйдөөх дьоннор. Ахсаан өттүнэн элбээн истэхтэрин аайы биһиэхэ кутталлаах дьайыылара өссө күүскэ дэлэйиэ. Оҕолорбут, сиэннэрбит туора көрүллэр, кинилэргэ кулут буолуохтара. Оннук бириэмэ кэллэ. Элбэх араас омук пропискалаах, олохсуйа хаалар ол түмүгэр омук ахсаана күн түүн Дьокуускайбытыгар элбээн эрэрэ дьону хайы үйэ диксиннэрэр.

Сэттиһинэн. Бэйэбит тыа сиригэр үлэ суох буолан дьол көрдүү Дьокуускайга киирэн ордук эдэр ыччаппыт автовокзал, ырыынактар тастарыгар ытыстарын тоһуйан умнаһыкка кубулуйдулар. Эгэ кинилэргэ дьиэ уот кэлиэ дуо? Бу сылдьар ыччаппыт кыһынын ыалдьан, тоҥон үгүстэрэ өлөр.
Куорат салалтата олохтоох омук маннык муҥурданан эстэр суолга киирбитигэр кумаардаан да көрбөт. Салалта бүгүн эрэ харчы хомуйар туһуттан норуоттарын сидьиҥник таҥнардылар. Ити политика олох тохтообото эстэн, иэдэйэн олорор дьону сүрдээҕин кэлэтэр. Сардаана Владимировна үлэҥ маннык саҕаламмытын өйдөөн көрбөккүн быһыылаах.

Ахсыһынан. Билбэт омуктарбыт соһуччу күүстээх охсууну оҥорон "КУОРАППЫТЫН ОККУПАЦИЯЛААТЫЛАР" Аһылыкпытын кинилэр атыылыыллар, астыыллар, такси, тутуу барыта кэлии омуктарынан туолбута тойотторбут төрүт олохтоох дьону сидьиҥник таҥнарыыга тэҥнээх.

Тохсуһунан. Саҥа тутуллар дьиэлэри , квартиралары ити омуктар хабалаҕа киирэн туран ылбаттар.Тоҕо ол аайы олохторун хабалаҕа киллэрэн алдьатыахтарай? Кинилэр бэйэлэрэ тутууну баһылаан талбыт дьиэлэрин көҥүл уһаайба ылан тутталлар, Ону аны биһиэхэ бас хайдар сыанатыгар төттөрү атыылыыллар. Олохтоохтор ситэ өйдөөбөт өттө ону көрө көрө куораппыт сайынна,-- диэн үөрэн сарахаччыһаллар. Элбээтэхтэринэ переселенец аатын сүгэн босхо бүтсүөт суотугар ити дьонуҥ дьиэлэниэхтэрэ, иитиллиэхтэрэ. Оннук сокуон барылын таможеннай союз ылынаары олорор.

Онуһунан. Сотору оскуолаларын, детсадтарын тутан барыахтара. Бэйэлэрин дьонун Мээргэ, Ил Дархаҥҥа, Ил Түмэҥҥэ да туруоруохтара. Туруоран да эрэллэр. Ону тоҕо эрэ баа ,--диэбэппит. Онон Саха дьоно кэлии дьону салалта араас инстанцияларыгар утара үөрэниҥ. Миграционнай боппуруоһу күүскэ дьарыктаныаҕыҥ, туруорсуҥ, хонтуруоллаһыҥ. Салалта оччуоттарыгар боппуруостары сытыытык туруорсуҥ. Салалтабыт политиката билиҥҥи үйэҕэ үлэлээбэт. Соседыҥ Саха саҥалаах эрэ буоллаҕына нус хас утуйуоҥ. Эстибит быстыбыт ыалларбыт, кинилэр оҕолорун дьылҕаларыгар кыһаллыаҕыҥ. Инникигэ күүстээх эрэллээх буолуоҕуҥ.

Тарҕат.

Саха уола Сата
Дьокуускай.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1599 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024