Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ахсынньы » 2 » Куукула куоратын кэрэһитэ Хаарчаана Баппаҕай
Куукула куоратын кэрэһитэ Хаарчаана Баппаҕай
10:22

  • Баппаҕай диэн ураты уонна эриэккэс дьарыктаах кыыһы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини олус да кэрэ, киһи эрэ таптыах курдук быллайбыт сирэйдээх, наһаа мэник харахтардаах куукулалары айан таһаарар. Баара-суоҕа үс эрэ сыл дьарыктаммыт диэтэххэ, номнуо Эстония, Голландия уонна Москуба куораттарга норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыт. Бу соторутааҕыта “Арассыыйа – мин устуоруйам” мультимедийнай устуоруйа түмэлигэр персональнай быыстапката арылынна. Манна 20-чэ үлэтин дьон дьүүлүгэр таһаарда. Хайдах маннык дьиҥнээх оҕо курдук куукулалар айыллан, ситэн-хотон, “төрөөн” тахсалларын туһунан кэпсэттибит.
  • Хаарчаана , үгэс курдук кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Эн хантан төрүттээххиний, туох идэлээххиний ? Ол туһунан кылгастык кэпсии түс эрэ.

- Мин Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээхпин. Дьокуускайдааҕы Арктика култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитим, таҥас айааччы идэлээхпин.

- Аатыҥ бэйэҕэр олус барсар дии. Кырдьык Хаарчаана курдук сып-сырдыгынан көрөҥҥүн олус кэрэ дьүһүннээххин. Тоҕо чуолаан бу ааты биэрбиттэрин билэҕин дуо ?

- Ыам ыйын 4 күнүгэр күн сирин көрбүтүм. Ол саҕана бу күн киһи сототугар диэри хаар түспүт, тыбыс-тымныы тыаллаах баҕайы күн буолбут. Ол иһин, дьонум хаар аргыстаах кэлбит саҥа киһиэхэ Хаарчаана диэн ааты биэрбиттэр. Киһи соһуйара диэн – ыам ыйын 1 күнүгэр дьон олох сайыҥҥылыы таҥнан-симэнэн парадтаабыттар үһү.

- Оттон араспаанньаҥ эмиэ саха кулгааҕар эриэккэстик иһиллэр. Хантан, хайдах үөскээбит араспаанньаный ?

- 1943 сыллаахха аҕабынан эһэм Баппаҕаайыттан Тамалакааҥҥа кэлбит. Ол иһин, кинини Баппаҕай диэн хос ааттаабыттар. Аҕам 300 сыл анараа өттүгэр саха норуота, биһиги өбүгэлэрбит туһунан омук быһыытынан геннэрин сүтэрээри Иванов, Петров, Сидоров буолбуттарын сөбүлээбэккэ, 90-с сылларга аҕатын хос аатын араспаанньа оҥостубута. Мин ону устудьуоннуу сылдьан өйдөөммүн эмиэ Баппаҕай буолбутум.

- Айар-тутар кэрэ эйгэҕэ оҕо эрдэххиттэн сыстаҕас этиҥ дуо ?

- Кырабыттан ону-маны толкуйдуур, айар дьоҕурдаах этим. Тэтэрээккэ остуоруйа айан суруйарым уонна хайаан да уруһуйдаан киэргэтэрим. Уонна бииргэ оонньуур оҕолорбун төгүрүччү муһан олорон, астына-астына остуоруйабын кэпсиирим.

letokyys

 

- Оттон куукула оҥорорго ханна үөрэммиккиний ?

- 2015 сыллаахха бастакы кыыһым кыра эрдэҕинэ эҥин араас оонньуулары толкуйдаан аралдьытарым. Ол курдук, Интэриниэт ситимигэр идея көрдүү олорон, сүһүөхтэрэ хамсыыр куукулалар тустарынан ыстатыйа булан ылбытым. “Хайдах киһи маннык кэрэ куукулалары оҥоруон сөбүй ?” диэммин олус сэҥээрбитим уонна үөрэтэн киирэн барбытым.

- Аан бастакы оҥорбут куукулаҕын өйдүүгүн дуо ?

- Өйдөөн бөҕө буоллаҕа дии. Сэлээппэлээх кыыһы оҥорбутум. Онтум улахан баҕайы төбөлөөх буолан тахсыбыта.

kyys

- Оҕо сылдьан куукуланан оонньообут буолуохтааххын. Төһө элбэх куукулалаах этигиний?

- Наһаа элбэх оонньуурум суох этэ. Куукулаларбар ордук дьиэлэрин-уоттарын оҥорорбун сөбүлүүрүм. Уонна сирэйдэрин-харахтарын кырааскалаан, тупсаран биэрэрим. Таҥаһынан сымнаҕас оонньуурдары тигэрим.

- Билигин маҕаһыыҥҥа атыыланар куукулалары туох дии саныыгын? Мин көрдөхпүнэ киһи эрэ куттаныах дьүһүннээх-бодолоох курдуктар.

- Оҕолорбор маҕаһыынтан субу-субу оонньуур атыыласпаппын. Улахан кыыһым хаһан даҕаны “ону ыл, маны ыл” диэбэт. Кини бэйэтэ кырыйан, уруһуйдаан эбэтэр сыбаан оҥорбут оонньуурдарын ордорор. Ылар да буоллахпына мастан оҥоһуллубут оҕону сайыннарар оонньуурдары ылааччыбын. Уонна ордук кинигэ атыылаһабын.

kyysmaska

- Оттон эн куукулаларгынан оҕо оонньуон сөп дуо ?

- Сэрэнэн оонньуон сөп бөҕө буоллаҕа дии.

- Туттар матырыйаалларгын хантан ылаҕын ?

- Араас Интэриниэт маҕаһыыннарыттан үлэһэбин.

prosess

- Биир куукула төһө өр оҥоһулларый ?

  • Быһа холоон үс нэдиэлэ курдук оҥоһуллар. Төһө элбэх уустук дэтээллэрдээх даҕаны, соччонон уһуннук айыллар.

- Саамай табыллыбыт уонна астымматах үлэлэрдээххин дуо?

- Саамай таптыыр куукулам – бастакы кыыһым хаартыскатынан оҥоһуллубут куукула. Куобах диэн ааттаабыппыт. Оттон астымматах үлэм суох. Тоҕо диэтэххэ, сатанымаары гыннаҕына, олох хара табыллыар диэри оҥоробун.

yollaaxkyys

yollaax kyys2

- Эйиэхэ иэйии хантан кэлэрий ? Эн санааҥ туохтан көтөҕүллэрий ?

- Иэйии хантан баҕарар киирэр. Холобур, интэриэһинэй кинигэттэн, дьонтон, оҕолорбуттан...

- Үлэх ылаҕын дуо ?

- Суох , үлэҕинэн үлэлээбэппин. Тоҕо диэтэххэ, наһаа сылайабын.

- Кистэлэҥ буолбатах буоллаҕына, биир куукула сыаната төһө буоларый ?

- Араас буолааччы. Кээмэйиттэн эҥин тутулуктаах.

kyysnapriride

 

kyrgyttar

- Эйиэхэ куукулаларыҥ оҕолоруҥ кэриэтэ буоллахтара дии. Кинилэри кытта арахсар ыарахан буолуо.

- Дьону-сэргэни үөрдээри оҥорор буоламмын, арахсыыны чэпчэкитик аһарынабын. Кимиэхэ да биэрбэккэ барытын мунньа сырыттахпына, сайдыы барбат буоллаҕа дии.

- Куукулаларгын ааттааччыгын дуо ?

- Үксүн ылбыт дьон бэйэлэрэ ааттыыллар.

- Эйигиттэн куукула ылбыт дьон хайдах көрөллөр, харайаллар ? Сүбэлээ эрэ.

- Саамай сүрүнэ сиргэ түһэрбэккэ, таптаан көрө-истэ сылдьыахтарын наада.

20181130 144310

 

- Куукула иччилээх буолуон сөп. Ол туһунан араас кэпсээннэр, онно олоҕуран оҥоһуллубут киинэлэр бааллар. Эн онно итэҕэйэҕин дуо?

- Туох баҕарар иччилэниэн сөп дии саныыбын. Киһи тугу саныыра куукулаҕа бэриллэрэ буолуо. “Бу куукула миэхэ үчүгэйи эрэ аҕаллын” диэн санаатаххына оннук буолара чахчы.

  • Хас биирдии куукулаҥ туспа характердаах. Сирэйдэрин-харахтарын оҥороргор характердара хайдах көстөн кэлэрий? Баҕар кимиэхэ эрэ майгыннатан оҥороруҥ буолуо...

- Дьэ, ол мин хайдах санаалаах олорон оҥорорбуттан тутулуктаах. Ол иһин, хаһан даҕаны куһаҕан санаалаах олорон үлэлээбэппин.

xarakter

 

20181130 144321

- Тус бэйэм куукула оҕо кутун тардара буолуо дии саныыбын. Өр оҕоломмокко буолан баран, эбэтэр оҕото суох дьон эйигиттэн куукула ылан эбиллибит түгэннэрэ баар дуо?

- Дьэ бааллар... Оннооҕор бэйэбэр икки кыыс кыһыл оҕолору оҥорбутум уонна икки кыталык кыргыттарданным. Бу кэлин уол оҕолору оҥордум, онон, көстөн иһиэ...

yol

yol2

- Уопсайа хас куукуланы айан таһаарбытыҥ буолуой, аахпытыҥ дуо?

- Элбэх, аахпаппын ээ.

- Баҕалаах дьоҥҥо маастар-кылаас ыытаҕын дуо?

- Москубаҕа барыам иннинэ маастар-кылаас оҥороору сылдьабын.

- Инникитин бу эйгэҕэ туох былааннааххыный?

- Былааным олус элбэх. Социальнай тиэмэҕэ куукулалары оҥорон көрүөхпүн баҕарабын.

- Махтанабын, өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Венера Охлопкова.

Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1035 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024