Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ахсынньы » 14 » АЙЫЫ СУОЛА
АЙЫЫ СУОЛА
11:24

АЙЫЫ СУОЛА

«Айыы суола» социальнай-психологическай анаарыыга олоҕу олоруу урукку, билиҥҥи парадигматын уонна саҥалыы толкуй туһунан кэпсэтэбит.

Бу кэпсэтиигэ урукку кэм сүрүн өйдөбүллэрэ хантан силистээхтэрин, историческай быһыыга-майгыга хайдах быһыылаахтык уларыйбыттарын, халбаҥнаабыттарын быһаарсабыт. Тоҕо диэтэххэ, олох сиэрэ-майгыта ити хоту иэҕиллэ-өҕүллэ сылдьар үгэстээх.

Дьэ ити иһин, саха өйүгэр-санаатыгар туох-ханнык токуруйуу барбытын билэргэ интеллектуальнай историяны, интеллектуальнай культураны үөрэтэр сорук турар. Ол аата история, культура утумнаах дириҥ өрүттэригэр болҕомто ууруллуохтаах. Оччотугар биһиги өй-санаа бүгүҥҥү харгыстарын билиэ этибит.

/Тыыннаах олох тосхоло эбэтэр социальнай - психологическай анаарыы/

Салгыыта. Саҕаланыытын 23.08.2018. 33-с., 13.09.2018. 36-с, 25.10.2018. 42, 22.11.2018. 46 №№-гэ, көр.

Иччи, ирчи диэн буддийскай рши. Брахма өйүн сэттэ муудараһа.

Индия космологиятыгар Брахма көмүс сымыыт, умайа сылдьар шар. Аан дойду сайдар төрдө.

Сахаҕа иччи диэн Үрүҥ Айыы оҕото. Кэлэр кэмтэн орто дойдуга кэлбит айыы күлүгэ. Бүгүҥҥү кэм ис хоһоонун оҥорооччу, баар буолууну араҥаччылыыр, хааччыйар күүс.

Иччи үс сүрүн тутуллаах: кэп, кут, сүр. Кэпкэ кэлэр кэмнээҕи тыын сэттэ олоҕо баар: бит, билгэ, таҥха, дьылҕа, ыйаах, оҥоһуу, төлкө. Кут – үүнэри төрүттүүр үрүҥ тыын. Буору, салгыны, ууну өллөйдүүр. Сүр – хамсатар, сүрүннүүр күүс. Уоту, сырдыгы, өй кыымын саҕар.

Үрүҥ Айыы бэйэтэ үүт – аас олохтоох үкэр куйаас тыын. Үүт – төгүрүк дьөлөҕөс. Аас олох – сырдыктан сырдык олох. Үкэр куйаас - бүтэй итии.

Сырдык, төгүрүк ии иһинээҕи бүтэй итии тыын. Маны былыргылар итии тыыннаах сырдыктан сырдык төгүрүк ии курдук өйдүүллэр. Күнү бу иһин, билигин да, Үрүҥ Күн диэн ааттыыбыт. Үрүҥ Айыы тойон хараҕа диибит.

Иэҕиллии. Маны атыннык синкретизм диэххэ. Синкретизм үс таһымнаах.

Бастакыта, тус-туһунан көрүүлэри бэйэ-бэйэтигэр ханыылыы сатааһын. Итинник холонуу Сперанскай реформатын саҕана 1825 сыллаахха оҥоһуллубута. Степной дума тойотторо буддийскай Аар (архат) –«достойный» диэни Христос өйдөбүлүгэр чугаһатан, Үрүҥ Аар диэбиттэрэ.

Дьэ ити курдук, олохтоох саха былааһа итэҕэлгэ бэйэтин тус уларытыытын киллэрбитэ. Итинтэн ыла Аар диэн былыргы буддийскай религиознай канон сахаҕа кэһиллибитэ. Саха өйүн-санаатын христианствоҕа иэҕии Үрүҥ Аар диэнинэн саҕаламмыта.

Аны туран, олоҥхоҕо бу норуодунай вариана Үрүҥ Аар Тойон диэнинэн бигэргэммитэ. Онтон ыла аан дойдуну Үрүҥ Айыы буолбакка, Үрүҥ Аар Тойон айбыт аатырбыта. Быһатын эттэххэ, Иисус Христос баар буолан, аан дойду үөскээбитин курдук тойоннооччу дэлэйэр. Бу тиэрэ өйдөбүлү дьон хараҥа, нүкэн араҥатыгар тарҕатыыга олоҥхону туһаналлар...

Син бары эпическэй айымньы курдук, олоҥхо былыр-былыргыттан хараҥа норуокка өйү-санааны киэҥник тарҕатар, сырдатар политическай, идеологическай тэрил этэ. Билиҥҥи маассабай бэчээт, телевидение, араадьыйа курдук. Тоҕо диэтэххэ, инньэ түҥ үйэлэртэн араас идеологияны тарҕатарга, тылы таба туһаныы ньыматын быһыытынан, эпос олус табыгастаах инструмент. Онон эпоһы политическай, идеологическай механизм сорҕото курдук көрүллүөхтээх. Олоҥхо эмиэ биир итинник тэриэбэ.

Оччолорго сорох олоҥхо апокрифы, атыннык эттэххэ буддийскай религиознай үөрэҕи сырдатар эбит буоллаҕына, Үрүҥ Айыы тойону Үрүҥ Аар тойонунан солбуйан, дьону булкуйуу саҕаламмыта. Ол курдук «Ньургун Боотур» – Ниргуна Брахман (непроявленный, безличный, лишенный каких-либо качеств Абсолют), «Тойон Дьаҕарыма» – Дхарма (божественный принцип, закон существования каждого существа в мире) диэн икки улахан апокриф эмсэҕэлээбитэ. Бу икки буддийскай айымньы бүгүҥҥү туругунан устар ууну сомоҕолуур тыл-өс оонньуута буолан сылдьар.

Олоҥхоҕо буддийскай апокрифтары уларытар таһынан, аны христианскай синодиктар матыыптарын киллэрии барбыта. Өлөн баран тиллии, өлүү кэнниттэн аатырыы-суолуруу, абааһы–еретик уобарастара өрө үллэс гыммыта.

Иккиһэ, араас религиялар балаһыанньаларын биир религиознай тиһиккэ холбооһун. Бу туһаайыыга нуучча православнай церкоба быһаччы үлэлээбитэ. Буддийскай каноннары христианство ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрии тосхолунан.

Бу туһунан «На краю света» бэртээхэй сэһэни нуучча суруйааччыта Николай Семенович Лесков 1875-1876 сылларга суруйан хаалларбыт. Онно архиепископ Нил (Николай Фёдорович Исаакович) «Буддизм, рассматриваемый в отношении к последователям его, обитающим в Сибири» (1858) чинчийиитин, «Путевые записки» (1876) үлэтин туһаммыта.

1843 сыллаахха епископ Нил анаан-минээн Дьокуускайга сырыытыгар маннааҕы аҕабыыттары өрө-таҥнары тутаттыыр. 1838 сыллаахха Иркутскайдааҕы семинарияны бүтэрбит Михаил Семенович Ощепковы эрэ тыыппатаҕа. Уоннааҕылар духовнай үөрэҕэ суохтарын быһааран, санааҕа-онооҕо ылларбыта.

1843 сыллаахха атырдьах ыйын 12 күнүгэр Михаил Ощепков «Кылгас Катехизис» сахалыы тылбааһын Нилга көрдөрөр. Маны епископ Нил бэчээккэ ыытар. Саха тойотторо киллэрбит Үрүҥ Аардарын төттөрү буддийскай Аар – «достойный» диэнинэн солбуйар. Христос суолтаҕа.

Маны таһынан Айыы тойону намтатар. Аары инники таһаарар. Саха сиринээҕи православнай церковка Аар – Айыы тойон диэн саҥа канону бигэргэтэр. Бу религиознай реформаны Миддендорф уонна Маак салайааччылаах научнай экспедициялар тута бэлиэҕэ ылбыттара. Отчуоттарыгар киллэрбиттэрэ.

Нил итинник гыммыт төрүөтэ - христианскай религиознай реформаны кытыы сиргэ бигэргэтии этэ.

Дьэ бу ис хоһоонугар тохтуох...

Айбыт айыыны «Былыргы Кэс Тылга» ааттаабат этилэр. Адам уонна Ева оҥорбут аньыыларыгар айбыт айыы наһаа уордайбыт уонна дьону ырайтан үүрбүт. Онтон ыла киһи барыта киниттэн куттанар буолбут. Бириэмэ ааспытын кэннэ «Саҥа Кэс Тылга» маны уларыппыттар. Айбыт айыыны Аҕа диэн ааттаабыттара.

Христоһу туран, Айыы Уола диэн ааттыыллар. Бог Отец, Бог Сын өйдөбүллэр үөскүүллэр. Иисус Христос бастакы аньыыны-хараны боруостаата. Бог Отец уонна Христос тэҥнэр. Аньыыны-хараны Иисус Христоска этиниҥ, киниэхэ үҥүҥ-сүктүҥ диэбитэ («Саҥа Кэс Тыл»).

Итинтэн ыла айбыт айыы үс сирэйэ (Аҕа –Уол – Сибэтиэй тыын) «Саҥа Кэс Тылга» биир кэлим буолар. Өлбүт киһи - Христос уобараһа аан бастакы айбыт айыыны солбуйар. Христос инники күөҥҥэ тахсар. Христианскай религия авторитарнай туһаайыыланар.

Иудаистар христианствоны бэйэлэригэр сыһыарбат биир сүрүн төрүөттэрэ ити буолбута. Өлбүт киһини үҥэр айыы оҥостууну.

Сахалыы тахсыбыт «Кылгас Катехизискэ» буддийскай каноннары христианскай суолтаҕа иэҕэллэр: тантра (таҥара) – бог, архат, аарт – Бог Сын (Иисуc Христос) буолар.

Сол күнтэн ыла тантра – «наука, указывающая путь расширения сознания и освобождения его от присущих ему ограничений», аарт, аар – «человек, достигший полного освобождения от клеш и вышедший из «колеса перерождений» атын өйдөбүлгэ кубулуйаллар.

Религиознай өй-санаа уларыйыыта дьон сиэригэр-майгытыгар охсуутун Николай Лесков ити үөһэ ахтыллар айымньыга дьэҥкэтик арыйбыта. Ону түргэнник бэлиэтии көрбүт Елена Блаватская буолар. Елена Петровна «На краю света» сэһэни ааҕаат, Нью-Йорка олорор дьүөгэтигэр Наталья Фадееваҕа алтынньы 28 күнүгэр 1877 сыллаахха бу курдук суруйар: «Якут был крещен, чтобы обвинить несчастного отца Кириака. Он совершает ужасное преступление. Почему? Потому что его катехизис внушил ему, что все преступления уже искуплены кровью Христа; что священники Христа могут делать все; что они обладают властью отпустить любой грех, поскольку их власть дана им самим Христом. Зная это, почему бы не совершить нечто даже более худшее?»

Инньэ диэн туран, архиепископ Нил буддизм туһунан үлэтин буларга көрдөһөр. Оттон бу иннинэ аҕай Блаватская «Разоблаченная Изида» үлэтигэр саха итэҕэлин туһунан манныгы киллэрбитэ:

«Они имеют главного или верховного бога Айы-Тойона, который не сотворил, они говорят, а только властвует над творениями всех миров. Он пребывает в девятых небесах, и только начиная с седьмого неба другие меньшие боги – его слуги способны проявляться перед своими творениями».

Онон сахаларга сыһыаннаах Нил бэлиэтээһиннэрин дириҥник үөрэтээри кинигэни ирдэспитэ.

Шаманизм уонна христианство.

Илиҥҥи норуоттарга, чуолаан монголларга, шаманизмы хара итэҕэл диэбит киһинэн буолар, Доржим Банзаров. Отут үс сааһыгар өлбүт учуонай. Кини үлэтэ 1846 сыллаахха «Чёрная вера, или Шаманство у монголов» аатынан тахсыбыта.

Банзаров олус эдэр чинчийээччи. Онон кини сорох көрүүтэ итэҕэстээх да табыылаах даҕаны.

Бастатан туран, шаманнары буддизмҥа сыһыана суохтар диэһинэ төрдүттэн сыыһа. Дьиҥэр, шамана, шрамана диэн аскет, буддийскай манаах. Пали тылыгар «прилагающий усилия» диэн өйдөбүлү биэрэр тыл.

Бастакы буддийскай манаахтары итинник ааттыыр этилэр. Бэйэтин кэмигэр Будда Шакьямунины шамана Готама дииллэрэ. Уонтан тахса сыл шамана буолбут киһини, таһыма үрдээтэҕинэ, бахсы оҥороллоро.

«Шраманы отказывались от семейных связей, путешествовали, жили подаянием. Многие шраманы практиковали умерщвление плоти. Согласно типичной шраманской точке зрения, человек сам ответственен за свои поступки. Сансара рассматривалась как причина и основание для страдания. Главная цель любого живого существа — вырваться из круга рождений и смертей…».

Шаманнары буддийскай манаахтар диэһини Елена Блаватская эмиэ маннык бигэргэтэр: «Шаманы – Буддийский орден среди татар, особенно в Сибири. Возможно, что они сродни древним брахманес, иногда ошибочно путаемых с брахманами. Все они маги, или, скорее, сенситивы или искусственно развитые медиумы. В настоящее время те, кто фигурирует среди татар, как жрецы, - очень невежественны, куда ниже факиров по знаниям. И мужчины и женщины могут быть шаманами».

Маны российскай индолог В.К.Шохин «Брахманистская философия» үлэтигэр эмиэ бигэргэтэр. Итиниэхэ немец буддолога Отто Франке ырытыытын холобурдуур. Маны ааһан, Шохин этэринэн, шаманнар алын религиознай араҥа быһыытынан, биһиги эрабыт иннинэ VI-V үйэлэргэ брахманнары үтүрүйэн барбыттар.

Иккиһинэн, Банзаров тэнгри - бог диири сыыһанан ааҕар.

«Ошибка их произошла оттого, что европейцы и мусульмане вообразили, что тэнгри у монголов означает совершенно то самое, что у них значит Deus или Allah... ; от этого они уверяют, что Чингис-хан выдал себя за сына бога, хотя тот назвал себя сыном неба».

Доржим Банзаров этиитэ биир өттүнэн сөптүҥү эрээри, тэнгри сүрдээх элбэх өрүттээҕин ситэ ыйбат уонна толору быһаарбат.

Көрөрбүт курдук, буддизм икки өрүттээх. Олортон биирэ шаманизм - хара итэҕэл дэнэр. Буддизм манаахтара оннук тосхоллоохтор.

Христианство да биир оннук. Үрүҥ уонна хара духовенствалаах. Маны таһынан иудаистар саныылларынан христианство тыыннаах олоххо буолбакка, өлбүт киһини Айбыт Айыы оҥостор тус уратылаах. Бу иһин еврейдэр итини атыҥырыыллар.

Христианство ити уратытын сахаҕа сэгэтэн барбыт Гавриил Ксенофонтов буолар. «Шаманизм и христианство» диэн барыл тезискэ кини бэрт элбэҕи эппитэ. Чуолаан, греческэй тылга Христос – «помазанник» эрэ буолбакка, Христус - «давать ответ, обьявлять волю богов» дэнэрин эмиэ. Оттон сорох атын религиознай тылдьыкка манныгы этэллэр: «Тойон Христос (Chrestos) означал ученика на испытании, кандидата на иерофан-cтво».

Балар иерофант («Тот, кто разъясняет священные понятия») буолаары, өлүү культугар Сераписка-Осириска үҥэр-сүктэр этилэр.

Бастакы христианнар ити иһин сир анныгар уйаланаллара, кылабыыһаҕа мусталлара. Рим сокуонунан хрестианнар ыйга биирдэ өлбүт киһи уҥуоҕар мустан аһыыллара-сииллэрэ, араас мистерияны оҥороллоро көҥүл буолбута. Кэлин христианскай церковтар кылабыыһа килэйэр киинэ буолан килбэйбиттэрэ.

 

 

Салгыыта бэчээттэниэ.

 

Кут-сүр кыһа бэлэмнээтэ.

Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 930 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 99
Ыалдьыттар (гостей): 99
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024