Cаха сиригэр 2024 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыга бастыҥ соруктар быһаарылыннылар. Ол туһунан Айсен Николаев «О стратегических направлениях развития сельского хозяйства» диэн ыйааҕар ыйыллар.
Докумуоҥҥа сурулларынан, өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы сүрүн сыалынан нэһилиэнньэни олохтоох, хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн хааччыйыы буолар. Ол курдук, үүтү ыаһыны уонна үүт аһын астааһыны 61 бырыһыаҥҥа диэри улаатыннарар былааннаахтар. Маны таһынан, эккэ – 30%, хортуоппуйга – 66 %, оҕуруот аһыгар – 51, сымыыкка – 65% дылы көрөдрүүлэри улаатыннарар сорук турар.
Үүнээйи бородууксуйата улаатарын туһугар бырабыыталыстыба маннык соруктары киллэриэхтээх:
а) 28 тыһ. га мэччирэҥи, ходуһаны, бааһынаны сири эргитиигэ киллэрии;
б) мелиорациялаах сирдэр иэннэрин улаатыннарыы, ол иһигэр нүөлсүтүүнү 11 тыһ. 15 тыһ. га диэри улаатыннарыы, сири куурдууну 26-45 га диэри улаатыннарыы;
в) Бурдуктаах култуураны сиэмэннэн хааччыйыыны 18-100 бырыһыаҥҥа диэри үрдэтии, хортуоппуйга – 3-16 бырыһыаҥҥа дылы, сүөһү аһылыгын – 2-42.
г) сиилэс дьааматын тутууну 9000 туонаҕа диэри тиэрдии, күрүөлээһини – 1800 км диэри улаатыннарыы;
д) 50 комбайны атыылаһыы уонна 350 бырысыаптаах тиэхиньикэни ылыы;
е) 6800 туонна оҕуруот аһын харайар сири тутуу
Кыылы иитии көрөдрүүтүн улаатыннарарга:
а) 100 механизированнай сайылыгы тутуу, онно 10 тыһ. төбө сүөһү тутуллуохтаах;
б) 6000 төбө батар 50-тан итэҕэһэ суох механизированнай ферманы тутуу;
в) 20 тыһ. төбө иитиллэр 200 сылгы базатын тутуу;
г) ускуустубаннай сиэмэлээһин көмөтүнэн хороҕор муостааҕы 48 бырыһыантан 60 бырыһыаҥҥа дылы улаатыннарыы;
д) сүтэн эрэр саха ынаҕын ахсаанын 660 төбөтүн 1000-ҕа диэри улаатыннарыы;
е) ыраас боруоданы ылыыга сылгы собуоттарын 4-тэн 8-ка диэри улаатыннарыы
ж) 4 бөдөҥ көтөр баабырыкатын уонна сибиинньэ иитэр хаһаайыстыбалар кииннэрин тыраанспар өттүнэн тоҕоостоох, ырыынакка тахсарга сөптөөх усулуобуйалаах сирдэргэ бөдөҥсүтүү;
з) таба иититигэр материальнай-тэхэньиичэскэй базаны саҥардыы, ол түмүгэр таба этин ылыы 840 туоннаттан 1500 туоннаҕа (тыыннаах ыйааһын) диэри улаатыннарыы.
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга:
а) үүтү-эти астааһыны элбэтиигэ прозводственнай күүһү улаатыннарыы. Ол түмүгэр үүтү астааһын 46-тан 50 бырыһыаҥҥа диэри улаатыахтаах, оттон эт – 4-15.
б) сылга 6000 туонна балыгы ыларга уонна балыгы астааһын сылга 2000 туоннаҕа диэри улаатарыгар балыктааһын салаатыгар тиэхиникэнэн сэбилээһин барыахтаах;
в) сылга 3,4 туонаттан 20 туоннаҕа диэри мүөтү ылыыга күүһү улаатыннарыы, сиргэ үүнэр сырьеттан бородууксуйаны экспортка таһаарар курдук дьаһаныы (180 туоннаттан 8000 туоннаҕа диэри)
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батарарга:
а) олохтоох, хаачыстыбалаах бородууксуйа арааһын (ассортимент) судаарыстыбаннай, муниципальнай уонна корпоративнай сакаасчыттар наадаларыгар сөп түбэһиннэрии;
б) тыа хаһаайыстыбатын төрүт дьарыктарын экологическай ыраас, бородууксуйаларын экспортка таһаарыы;
в) Бэйэ бородууксуйатын Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы ырыынактарга таһаарар сыаллаах электроннай атыы былаһааккаларын уонна сертификация систиэмэтин киллэрии уо.д.а. суолталаах этиилэр киирбиттэр.