Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2018 » Ахсынньы » 17 » Бэдьэҥ Чээнэ элбээктэргэ сир сүөгэйинэн, «ньаанда» тааһынан эмтэниитэ
Бэдьэҥ Чээнэ элбээктэргэ сир сүөгэйинэн, «ньаанда» тааһынан эмтэниитэ
11:04
Бэдьэҥ Чээнэ элбээктэргэ сир сүөгэйинэн, «ньаанда» тааһынан эмтэниитэ

Бэрт былыр, Бүлүү өрүһүн аллараа сүүрүгүн диэки, өрүс эҥээрдэтэ Бэдьэҥ Чээнэ диэн улуу булчут, саха киһитэ олорбута үһү. Бу киһи биир сайын ас барбат буолан ыалдьыбыт. Өлөрө чугаһаабытыгар, бу киһи ханна да өлөрүм син биир, үйэм тухары бултаабыт сирбэр баран, бүтэһик уоппун оттунан кэлиэм, уонча хонугунан эргиллибэтэхпинэ, дьонно ыытан уҥуохпун харайтараарыҥ диэн баран тыаҕа барбыт.Урут элэстэнэн ааһар сирдэринэн эрэй бөҕөнөн иэҕэҥнээн, аара икки хонон тиийбит. Ол тиийэн киэһэлик икки саастаах тайах ыҥаата турарын көрбүт. «Көр эрэ, билигин даҕаны Баай Байанайым тоһуйа сылдьар эбит» диэн баран ытан ылбыт.

Сынньанан баран, тайаҕын астаары гынар да, сэниэтэ эстибитэ бэрт... Тайаҕын иһин бэрт эрэйинэн хайытан кыра эт ылан солуурчаҕар буһара уурар. Халлаан хараҥаран барбыт. Тууйаһыттан арыы ылан сиэри гыммыта күөмэйигэр арыы да барбат буолбут. Миинин сойутан иһээри гыммыта эмиэ кыра да барбат. Дьэ, ити аата «бүттэҕим» дии санаан, таба тэллэҕэр тиэрэ түһэн, өлөрүн оҥостон сытынан кэбиһэр. Ол сытан бу дойдуга төһө бултаабытын, хайдах сылдьыбытын аттара саныыр.

Арай ол сыттаҕына эмискэ ньуу-ньаа саҥа иһиллэр. «Хата, бу от-мас иччилэрэ өлөрбүн билэн, тиһэх суолбар атаара кэллэхтэрэ», — дии саныыр. Уот сырдыгар төбөтүн хамсатан көрбүтэ, кыта-кыйма курдук элбэх баҕайы туох эрэ харамайдара сүүрэн-көтөн хорохочуһан эрэллэр эбит, моҕотойу туруору туппут курдук, урут хаһан да харахтаабатах харамайдара төттөрү-таары кэлэллэр-бараллар, тугу эрэ мөккүһэргэ дылылар. Өлбүт тайах үрдүнэн-аннынан киирэллэр-тахсаллар, саҥаран чардырҕаһаллар. Онтон киниэхэ саба сырсан кэлбиттэр. Чээнэ куттанан куотуон баҕарбыт да, кыаҕа суох. Чугас кэлбиттэригэр көрбүтэ — кып-кыра дьон эбит. Бэдьэҥ Чээнэ «өллүм быһыылаах» дии саныыр. Ол эрээри оттубут уота умайа турар. Солуурчаҕар миин буспута тэйиччи тардыллан турара көстөр. Бу туох ааттаахха түбэстим диэн дьиктиргиир да, эмиэ да куттанар. Онтон арай кулгааҕар ким эрэ сахалыы саҥаран чардырҕыыр:

— Биһиги — элбээктэрбит. Сир анныгар олорор этибит эрээри, мантан көһөр буоллубут. Биһиги эйигин билэбит. Эн сыыһа өлөөрү оҥостор эбиккин. Эн манна бултууруҥ тухары оту-маһы, кыылы-сүөлү харыстыырыҥ. Ол иһин эйиэхэ сир сүөгэйин таһааран иһэрдиэхпит. Сир сүөгэйэ кылгас кэмҥэ туһалыа. Итиэннэ эйигин булбут ыарыыны «ньаанда» тааһынан эмтиэхпит. Сорохпут бу бүгүн көһөллөр. Үс хонугунан бары мантан барабыт. Сир анныттан сир тымырын хаанын сыта билиннэ. Уонна биһиги аһыыр сирбит сүөгэйэ бүтэн эрэр. Бу өрүс үөһэ сир сүөгэйэ таас хайа буолбут сирэ баар. Онно элбээктэр элбэхтэр. Ол сир диэки хас да сыл айаннаан тиийэрбит буолуо. Эн аны бу сиргэ сайын уот оттума, сир тымырын хаана тахсан сир-дойду умайан хаалыа. Онон бу сири тумна сырыт.

Ити курдук кэпсээн баран бары мэлис гынан хаалаллар. Чээнэ түлэкэдийэ сытабын быһыылаах дии саныыр. Ол сыттаҕына элбээктэр өссө элбээн тиийэн кэлэллэр. Икки элбээк үрдүгэр тахсан «айаххын ат, биһиги сир сүөгэйин аҕаллыбыт» диэбиттэр. «Синим биир» диэн баран айаҕын аппытыгар иһиккэ баар үрүҥ өҥнөөх убаҕас сүөгэй курдугу куппуттарын, ыйыстан кэбиһэр. Анарааҥҥылара айаҥҥа хоҥноллоругар кини илдьэ кэлбит ыһык арыытын илдьэ баралларын туһунан эппиттэр, төбөтүн көтөҕөн сыттанан сытарыгар туох эрэ сымнаҕаһы уурбуттар.

Бу сытан көрдөҕүнэ, элбээктэр тууйастаах арыытын тугунан эрэ баһа-баһа сүгэн кыыл ыллыгын устун субуруйан баран эрэллэр эбит. Онтон ыла Чээнэ утуйан хаалар.

Сарсыарда уһуктубута турар кыаҕа суох эбит эрээри, төбөтүн өндөтөр буолбут уонна букатын тоҥмотох. Арай ол сыттаҕына сардаҥа көстөр уонна туох эрэ кинини имэрийэр курдук. Өйдөөн көрбүтэ – урут уокка оттубут маһын чөҥөчөгөр кыһыл өҥнөөх, киһи икки сутуругун холбуу туппут курдук холобурдаах таас сытар эбит. Ол таастан өтөр буола-буола сардаҥа тахсан кинини баһыттан атаҕар диэри имэрийэр курдук. Ол аайы этэ-сиинэ кыралаан дьырылыыр. Ити курдук, бу дьикти таас күнү быһа Чээнэни имэрийэн тахсыбыт.
Киэһэ буолбутугар эмиэ били элбээктэрэ тиийэн кэлбиттэр.

Түүн үөһүн саҕана эмиэ били сирдэрин сүөгэйин иһэрдибиттэр. Били сахалыы саҥарар элбээк кэлэн эмиэ кэпсээн чардырҕаабыт:

— Сарсын түүн бары букатыннаахтык барабыт. Дьэ, эн биири өйдөө. Биһиги туспутунан кэлин сүүс сааскын туоларгар биирдэ кэпсээр. Ол кэмҥэ биһигини уонна «ньаанда» тааһы ким да булбат сиригэр тиийэн олохсуйуохпут. Саха омуга сөптөөх сиэри-туому тутуһар, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһар. Ол иһин биһиги сахалары уруургуубут. Хаһан эмэ саха омук эстэр куттала үөскээтэҕинэ, элбээктэр биир эмэ саха үтүө киһитигэр «ньаанда» тааһын таһааран биэриэхтэрэ. Оччоҕо саха омук эстибэккэ өссө чэчирээн барыа. Элбээктэр дьоҥҥо-сэргэҕэ билиннэхтэринэ, ол аата айылҕабыт эстэн эрэр диэн өйдүөхтээххит. Айылҕа өллөҕүнэ, дьон да ордубат.

Чээнэ утуйан баран уһуктубута хайдах эрэ уу чуумпу буолбут. Этэ-сиинэ чэбдигирбит курдук. Олорбут, онтон турбут. Били тааһа суох буолбут. Арыылаах тууйаһа сууйуллубут курдук кураанах уонна ыга хаппахтаммыт. Охтуон иннинэ өлөрбүт тайаҕар тиийэн көрбүтэ, үөн ыспатах, сибилигин өлөрүллүбүт курдук. Туга да ыалдьыбат. Арай, аһыан баҕарбыта сүрдээх. Этин тириитэ барыта хара ньаҕаһын курдугунан бүрүллүбүт. Чээнэ ону күөлгэ киирэн суунар, таҥаһын ыраастанар. Дьэ ол кэнниттэн тайаҕын төбөтүн быһан ылан сүлэр, эттээн буһарар, миинин тото иһэр.

Сарсыныгар дьиэтигэр бараары оҥосто сырыттаҕына, кинини “өлбүтэ буолуо” диэн харайа дьоно тиийэн кэлбиттэр. Төннөллөрүгэр, аҕыйах хонуктааҕыта мас тайахха тэптэрэн кэлбит киһилэрин кыл тыынынан ситэр буолбуттар.

Ол курдук, Бэдьэҥ Чээнэ үтүөрэн, булт бөҕөнү бултаан, дьонун-сэргэтин аһатан, сүүс сааһын мынаарда ааһан баран өлбүт. Өлөрүн чугаһыгар билэр дьонун барытын ыҥыртаран баран элбээктэр тустарынан кэпсээбитэ үһү.


Сэһэн Дьэрэмэй суруйуута.
Махтал, Бары сахаларга! Дьэ бэрт кэрэ кэпсээн.
Сир хаанын сыта диэн - гаас!
Сир хара хаана диэн - ньиэп.
Сырдык хаана - сир уута.

Анна Андреева
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1066 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2018  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 15
Ыалдьыттар (гостей): 15
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024