Тэрис – Сүдү Киһи, кини Алгыстаах санаата Айыы буолан Күн сиригэр норуотун сүрэҕэр мэлдьи сылаастык сылдьыаҕа.
Кырыанан бүрүммүт тыабыт иһийэн, чуумпуран турар кэмигэр, ахсынньы 29 күнүгэр, саха омугу Айыы сиэригэр сирдээбит, Өбүгэ үгэһигэр үөрэппит, Кутун – Сүрүн уһугуннарбыт, Айыы Итэҕэлигэр ииппит ытык киһибит, духуобунай учууталбыт Л. А. Афанасьев – Тэрис бу орто дойдуттан барбыта биир сыла буолар.
Лазарь Андреевич тула элбэх үтүө сүгүрүйэр, киэҥ туттар, холобур оҥостор, ытыктыыр махтанар санаалар бааллар. Тэрис саха кэнчээри ыччата үүнэригэр, сайдарыгар, туохха да кээмэйдэммэт, духуобунай нэһилиэстибэни уунан хаалларда. Лазарь Андреевич күүстээх санаатынан, өркөн өйүнэн, айылҕатын айдарыытынан былыргы үгэстэри, итэҕэли үөрэтэн-чинчийэн баран, Үрдүкү Үрүҥ Айыылар сүрүн аналларын торумнаабыта.
Хас биирдии Айыыга норуот өйө – санаата, этэ – хаана, билии – көрүү өттүнэн сайдыытын кэрэһэлиир санаа кэрдиистэрин түмэн «Айыы Үөрэҕэ» тиһик гынан сурукка-бичиккэ киллэрбитэ. Бу үөрэх саха олоҕун бары эйгэтин хабар: киһи орто дойдуга олорон сиэри – туому, төрүт үгэһи, төрүт тылы, төрүт аһы, төрүт дьарыгы, төрүт хамсаныыны бэйэтиттэн араарбакка тутуһан, Айыы Суолугар кэлэр үйэҕэ таба үктэнэригэр, тус олоҕор таба туһанарыгар ыйбыта. Киһи – аймах төһөнөн үрдүк кэрдиис Күннээх халлааҥҥа ыттар, туһааннаах Айыыларга хайыһар Ыһыах үйэлээх үгэһин сааһылаабыта.
Тэрис сахабыт ыччатыгар, дьонугар – сэргэтигэр анаан сиэр – майгы сыһыанын тускулун, олох тэринии өйдөбүлүн, төрүт майгыны олохсутуу тосхолун, ыал кэскилин, арыгыны тэйитии, ыччаты тоҕус моһолтон сэрэтии туһаайыыларын, төрүт алаас хамсаныытын тиһигин, ытык сирдэргэ сыһыаны, саастарынан Айыы туомнарын ситимнээн өйдөнөр, ылынар гына сааһылаан «Айыы Үөрэҕин» хаалларбыта Сүдү Бэлэх.
Тэрис бэриниилээх санаатынан, бэйэтин холобурунан Айыы Дьиэтэ хайдах үлэлиэхтээҕин көрдөрбүтүн дьон – сэргэ истинник, иһирэхтик, үтүөтүк саныыр. 2015 с. Аан Алахчын дьылыгар анаан Тэрис Ытык сирдэргэ сүгүрүйүүнү Мэҥэттэн саҕалыыр баҕалааҕын эппитэ. Чаппааны алааска баар тоҕус ойбонноох эмэгэт сэргэни Тэрис улаханнык суолталаабыта, бэйэтэ сэргэни илэ хараҕынан көрөн, илиитинэн имэрийэн олуһун үөрбүтүн уонна «Алмаастааҕар сүдү бэлэҕи буллум. Сахалар киһи олоҕун тоҕус эйгэҕэ араарар үгэстээхтэр, ону кытта хатылыыбыт...», - диэн эппитин куруук саныыбын.
Тэрис олохтообут «Айыы Үөрэҕэ» үөрэхтээһин, култуура, уйулҕа, тыа хаһаайыстыба, доруобуйа о.д.а эйгэлэри кытта ыкса ситимнээх. Бу үөрэхтэн тирэҕирэн үгүс киһи сахалыы эйгэни үөскэтэргэ айа – тута сылдьар.
Лазарь Андреевич саха омук Кэнчээри Ыччатыгар өбүгэтин төрүт үгэһин тутуһан, аҕыс иилээх – саҕалаах Аан Дойду эргииригэр тахсар, сайдар, үүнэр суолун ыйан хааларда. Тэрис айбыт – туппут үлэлэрэ норуотугар куруутун даҕаны сирдьит буолуоҕа. Кини үлэлэлэрэ өй - санаа өрөкүйэр, техническай сайдыы бара турар аныгы кэмигэр саха норуота Кутун – Сүрүн сүтэрбэккэ, тутан хааларыгар тирэҕинэн, суолдьутунан буолаллар.
Тэрис – Сүдү Киһи, кини Алгыстаах санаата Айыы буолан Күн сиригэр норуотун сүрэҕэр мэлдьи сылаастык сылдьыаҕа. Кинини кэлэр кэнчээри ыччаппыт үрдүктүк сыаналыаҕа.
Анна Холмогорова, Мэҥэ – Хаҥалас, Дьокуускай.
Таҥ Бүө:
1. Айыы уонна киһи анала (бырагыраамата) биир төрүттээх
эбиттэр. Аналы Үрүҥ Айыы Тойон оҥорор, кини үөскүу, үүнэ турар айылҕаны сирэйдээн көрдөрөр. Киһи эмиэ ити айылҕаҕа киирэр.
Бу анал киһи ийэ кутугар төруку баар.
2. Үрүҥ Айыы биэрэр анала тоҕус тускуллаах. Бу тускуллар
айыы киһитэ сөпкө олорор суолун үөскэтэллэр. Саха итэҕэлигэр
даҕаны, олоҥхолорго даҕаны бу суол Айыы Суола (аартыга) диэн
ааттанар.
3. Орто Дойдуга төрөөбүт киһи бу төрүкү аналын билэр уонна
толорор туһугар уһуйуллар. Ол гынан баран араас тас сабыдыал
түмүгэр аналын сороҕун ситэ өйдөөбет буолар. Ити түмүгэр Орто
Дойду дьоно иирсэллэр. Сороҕор бу иирсээн сэриигэ тиэрдэр.
Олоҥхолорго этиллэринэн, айыы дьоно быстах кэмҥэ
өйдөспөттөр, сэриилэһэллэр. Кинилэр тиһэҕэр тиийэн эйэлэһэллэр.
Онон төрүкү аналы билии улахан суолталанан тахсар.
Айыы дьоно аналларын быһыытынан сэриилэһиэ суохтаахтар.
Өйдөһөр тустаахтар.
4. Абааһылары кытта охсуһуу киһи өйүгэр-санаатыгар буолар
охсуһууну көрдөрөр. Киһи бэйэтин иһигэр араас сыыһа санаалар,
адьынаттар, кыыбаҕалар бааллар. Балар, саха итэҕэлин быһыытынан,
абааһы уобараһынан ойууланаллар. Киһи бу быстах санаалары,
имэҥнэри кыайыахтаах. Онон үтүө уонна мөкү охсуһуута айыы уонна
абааһы охсуһуута буолан көстөр. Бу охсуһууга үтүө кыайар, ити
курдук киһи бэйэтигэр баар мөкү өрүттэрин кыайан уһун санааҕа,
атыннык эттэххэ, айыы бырагарааматыгар киирэр.
5. Бу этиллибиттэргэ олоҕурдахха, олоҥхо ойуулуур ньымата
саха бьлыргы олоҕун кытта сибээстээх эбит, оттон ис хоһооно киһини
иитэргэ аналлаах. Ол иһин бу айымньыны үөтүүлээх (духуобунай)
айымньы диэн сыаналыыбыт.
6. Олоҥхо үөтүүлээх айымньы быһыытынан төһө күүстээҕий?
Биһиги ырытыыбыт көрдөрөрүнэн манна, биэс сүдү сорук этиллэр:
айылҕаны харыстааһын, удьуор ырааһын харыстааһын, айыы киһитэ
диэн урдүк ааты бигэргэтии, айылҕа күүһүн муҥугуу туһаныы уонна
кэскили оҥоруу. Бу биэс суду сорук бүгүн эрэ наадалаах
буолбатахтар, кэлэр уйэ дьонугар ананаллар. Онон олоҥхо элбэх
үйэни өтө көрөр айымньы.
Афанасьев Л.А. – Тэрис
“Олоҥхолорго киһи анала”
Дьокуускай – 2000
[14:46, 29.12.2018] Таҥ Бүө: Айыы суола
Айыылары итэҕэй. Айыы уэрэҕин бил. Айыылары ытыктаа.
Дьээ.
Айар көхтөөх буол. Көххүн мөлтөтүмэ. Тэтимҥин ыһыктыма. Бириэмэҕин сүтэримэ.
Алгыс
Алгыска тирэн. Алгыһы тутус. Алгыһынан олор.
Туом.
Бэйэҕэр эрэн. Сырдык аналгын эрэн.Айыыларгын эрэн. Айыы дьонун эрэн.
Сиэр.
Сиэргэ тирэн. Сиэри тутус. Сиэринэн олор.
Майгы.
Айыы майгылан. Мөкүнү батыһыма. Албыҥҥа кииримэ. Сыыһаны көннөр.
Дом.
Айыы киһитэ буол. Айан-тутан олор. Аналгын толор.
Айыы киһитэ Диэн ааккын үрдүктүк тут.
Тэрис
Тэрис улаханы оҥорбут киһи.
1.Айыы киһитэ хайдах буолуохтааҕай? Көрдөөбүт түҥ былыргы источниктарга.
Олоҥхо түҥ былыргыттан олохтон таҥыллыбыт буолан, Барыта киһи туһугар, (олох туһугар)диэн кодекс туттуллубут
2. Олоҥхо дириҥин, ис сабардамын хас да хаттыгаска (радиуска) көрүөххэ сөп. Ити учуонай степенньээхтэр ,бары наука көрүүтүнэн, араас тылы, өйдөбүлү , термини туттар эбиттэр
3. Киһи- киһи, Киһи- дьиэ кэргэн, киһи- социум, киһи- государство, киһи- аан дойду, киһи-куйаар диэбит курдук
4. Саамай төрдө:Киһи- киһи! Киһи хайдах киһи буолуохтааҕа? Киһи хайдах бэйэтигэр көмөлөһүөхтээҕэ. Киһи Итэҕэлэ...
5. Маны туппатах оҕо наһаа эрэйдэнэр. Силиһэ суох улаатар. Бэйэтин аргыый алдьатарга аттанар
6.Көрө-көрө киһи долгуйар.
Аны олоҥхону музыкальнаҋ инструмент курдук көрөн, ким аакка-суолга суолга, тас доҋдуларга өттөнөргө, кылабычыҋарга эрэ туттар араҥалар баар буоллулар.
Аҋыы Итэҕэлэ сиэргэ -маҋгыга сирдиир.
Раиса Маркова, Таатта.
|