Олунньу саҕаланыытыгар Мииринэй куорат хабайар хаба ортотугар, Сэбиэскэй уулуссаҕа турар Дьарыктаах буолуу Киинигэр сырыттым. Буруолуу сылдьар бакаансыйалар кэрискэлэрин көрдөхпүнэ, куруутун буоларын да курдук, үрдүк хамнастаах үлэни нефтяниктар эрэ таһаарбыттар. Мантан салгыы Мииринэйгэ туох-ханнык ботуччу хамнастаах идэ баарын суруйабын.
Тоҕо диэтэххэ, Мииринэй оройуонун үрдүнэн орто хамнас 97 тыһ. солк ааһан турар.
“ТаасҮрэхнефтегаздобычаҕа”(“ТЮНГД”–“Роснефть”) электроыстаансыйа начаалынныга (104 тыһ. солк), бэдэрээччиттэри кытары үлэҕэ эппиэттээх менеджер (84 тыһ. солк), инженер-аналитик (74 тыһ. солк) ирдэнэллэр. “Якутскэнерго” ЗЭС тэрилтэтигэр буҕаалтыры солбуйааччы ирдэнэр ( 80 тыһ солк).
Баахта хас күнүгэр бачча харчыны төлүүллэрин үчүгэйдик билсэр, токкоолоһор оруннаах.
Оттон 60 тыһ хамнастаах идэ дэлэй. Талыахха эрэ наада.
Барыта тэхиньичэскэй идэлэр: силиэсэр, уматык сүүрдэр утум маастара, оператор, суоппар, электрик уо.д.а. Уматык барар утумун, тиэхиньикэни, араас хабааннаах тэриэбэни билиэххин наада. Идэтийиитэ суохтарга хамнас кыра. Накыыҥҥа баран үлэлээччи баахта ньыматынан остуорастааччыларга, муоста сууйааччыларга хамнастара эмиэ соччото суох.
Кэнники кэмҥэ НГДУ “Восточная Сибирь” балачча бакаансыйалары таһаарда да, бырамыысалыннастаах тэрилтэ холугар ортоһуор (60-ча тыһ солк) хамнаһы сыҥалыыр.
Холобур, 4-с эрэсэрээттээх химия анаалыһын лаборана, наладчиктар, силиэсэрдэр.
“АЛРОСА-Охрана” тэрилтэ уот уонна сибээс монтердарын, төрдүс уонна алтыс эрэсэрээттээх, аналлаах лиссиэнсийэлээх харабыллары үлэҕэ ыҥырбыта эрээри, баҕалаах көстө илик.
50-60 тыһ. солк хамнаһы сирбиттэр быһыылаах.
“Якутскэнерго” хампаанньаҕа, ЗЭС-кэ электросилиэсэртэн саҕалаан лииньийэ монтерун идэлэрэ (70.000 – 80.000 солк.) бааллар.
Арыылаах сэлиэнньэтигэр ыстаарсай акушер көрдөөбүттэрэ сыл аҥаара буолла. Ирдэбиллэрэ – орто аналлаах идэтийиилээх буолуохтаах. Хамнаһа – 58 тыһ солк. Кытаатан билсиҥ.
Ону таһынан, Мииринэй тыйаатырыгар артыыс көрдөөбүттэрэ хас да сыл буолла. Бастаан утаа 35 000-45 000 солк. хамнас биэрэбит диэбиттэр. Быйылгыттан ыла 50-ча тыһ. солк. хамнас буолла эрээри, ким да кэлэ илик. 70-80-90 тыһ. солк буоллаҕына кэлэллэрэ буолуо.
Кэнники сылларга биһиги куораппытыгар артыыс эрэ буолбакка, эдэр суруналыыһы көрдөөн ахан биэрдилэр. Билигин үлэ бааныгар маннык бакаансыйалар дьэ сүттүлэр. Соторутааҕыта эрэ буллулар быһыылаах.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ – “Алмазик” психологтан саҕалаан физкультура учууталыгар тиийэ балачча бакаансыйаны туруорда.
- биһилэххэ”(“Вилюйское кольцо”) саҥа “Зазеркалье” эрэстэрээн аһыллан гардеробщиктан саҕалаан официаннарга тиийэ үлэ миэстэлэрэ таҕыстылар. Итинэн да холобурдаатахха, Мииринэйгэ атын улуустары уонна Дьокуускайы кытары холоотоххо, эдэр дьоҥҥо үлэ баар ахан. Олорор дьиэҕит боппуруоһун быһаардаххытына, килиэптээх үлэни булгуччу булуоххут.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат.