Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Олунньу » 27 » Туой-Хайалар дойдуларын аҕыннылар
Туой-Хайалар дойдуларын аҕыннылар
09:40

кыым. Уопсастыба

Миирнэйдээҕи хартыына галереятыгар, Альбина Трифонова уонна Софья Гоголева аҕалара Данил Васильев төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээтилэр. Ахтар, саныыр дойдуларын – Бүлүү муоратыгар тимирбит Туой-Хайа туһунан иһирэх, истиҥ киэһэни тэрийдилэр.

 

Сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох быыстапка мустубут дьон болҕомтотун тарта. Альбиналаах Софья аҕалара Данил Васильев Туой-Хайа нэһилиэгин Сэбиэтигэр үтүмэн сыллар тухары сыратын ууран бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Туой-Хайа алмаас промышленноһа туругурарын туһугар, 1967 сыллаахха Бүлүү муоратыгар тимирдиллибит кэрэмэн сир. Былыр Туой-Хайаҕа нус-бааччы, олус да үтүөтүк олорбуттар эбит.

Ленин аатынан колхуоска Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллар кэмигэр, 1870 ынах сүөһү, 800 сылгы, 2000 таба, 200 кырымахтаах хара саһыл бааллара. Булдунан, балыгынан олорбуттара. Сэрии кэмигэр Туой-Хайа түүлээҕи Кыайыы пуондатыгар туттарыыга, Саха АССР бастакы миэстэтин ылбыта. Тайах, кыыл таба, киис, солоҥдо, кырынаас, тииҥ, куобах, улар, куртуйах, куһун-хааһын этэ да барыллыбат. Чуона үрэх ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир уутугар туут балык, хатыыс, бил, быйыт сэмсииллэрэ. Эмис, дэлэй балыктаах дойду атын сиртэн кэлбит дьону сөхтөрүөн сөхтөрөрө.

 үрэх О Рысаков уруһуйугар

Дьон Туой-Хайаҕа күндү түүлээҕэ элбэҕин, Чуона үрэххэ балыга өлгөмүн иһин талаһаллара. Алмаас таас көрдөөһүнэ бу дойдуну чымааннык аймаабыта. Былаас эппитин хоту сылдьар, сокуонтан куттанар, уйусхах тыа сахалара уордаах-кылыннаах былаастарга, тугу утары саҥарыах этилэрий? Олохтоохтор Амакинскай геологическай эспэдииссийэҕэ буор-босхо көмөлөһөллөрүгэр сахалыы ыалдьытымсах, сайаҕас санааларынан салайтарбыттара. Судаарыстыба дьаһалын толорор соруктаах туой-хайалар, биир 5 солк хамнаһа суох илии-атах буолбуттара. Ат уонна таба көлөлөр геологтар тустарыгар туhаныллыбыта. Туой-Хайаттан сирдьитэ суох Бүлүү өрүскэ “Улахан” уонна “Кыра Хаана” харгыларын тыыннаах туорууллара саарбах этэ.

 Хайа олохтооҕо Сэлиэнньэ турбут сиригэр Бүлүү муората

Г.Файнштейн салайааччылаах эспэдииссийэ Туой-Хайа сахалара эрэ өйөөн Кириэстээҕи булбута. Алмаас промышленноhа Бүлүү умнаhын түөрт оройуонун олоҕун аймаан, айгыратан арыллыбыта. Бүлүү ГЭС сыысхаллаах тутуутун содулугар, Садын оройуонун киинэ буола сылдьыбыт Туой-Хайа сэлиэнньэтэ, Бүлүү муоратын уутугар 1967 сыллаахха тимирдиллибитэ. Хаарыаннаахай дойдуларын сүтэрбит дьон Миирнэй куоратын аттыгар Арыылаахха көһөрүллүбүттэрэ. Бараак тииптээх мас дьиэлэргэ, уопсайдарга, болуоктарга симиллэргэ күhэллибиттэрэ. Бу маннык күүс өттүнэн көһөрүүнү дууһатынан ылымматах, былыргы үөрэхтээх киһи Бүөтүр Михалев бүтэһик мунньахха, ытамньыйа былаастаан сүрэҕин тутта-тутта эппитин дьон билигин да умнубат. “Кэскилгитин быһынныгыт, төрүт кириэтэспэтигит, иэдээн кэллэ” - диэбитэ. Ыар содуллаах буолбута Туой-Хайаны тимирдии, дьону атын сиргэ көһөрүү. Туой-Хайаттан көһөрүү кэнниттэн, элбэх киһи дьылҕата алдьаммыта, үгүс киһи суорума суолламмыта.

 Хайаттан көһөөччүлэр тиһэх ыһыахтарыгар 1967 c

Урут алмаас хостооһунун саҕаланыытыгар дойдуларын туран биэрбит, туспан буолбут Туой-Хайа дьоно көмөҕө наадыйбыттара. Онуоха “Якуталмаастан” СӨ бырабыыталыстыбатыттан көрдөһүүлэрэ өйөммөтөҕө. Хомойуох иһин, биэнсийэлэригэр быыкаа эбииликтэнээри соруммуттара сатамматаҕа. Туой-Хайаттан көһөрүллүбүттэр алмааска быһаччы сыһыаннаахтар дуоннааҕы туhамматылар. Ол курдук, Туой-Хайа 76 каюрдарыгар “муунта да өҥөнү” оҥорботохтор.

 Чуона үрэх хайатыгар 1967 сыл

1992 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр, СӨ 236 №-дээх Туой-Хайаттан көһөрүллүбүт дьоҥҥо социальнай көмө, аналлаах льгота биэрэр уурааҕа тахсыбыта. Туой-хайалар дьэ саҥардыы, сөмөлүөккэ чэпчэтии, олох-дьаһах төлөбүрүн кыччатыы курдук социальнай өйөбүллэри саҥа билиэхчэ буолан иһэн, сотору буолаат эмиэ көрдөрбүтүнэн маппыттара. СӨ бырабыыталыстыбата туой-хайаларга көмөлөһөр уурааҕы, сүүрбэччэ сыл аннараа өттүгэр куруубайдык, аһыныгаһа суохтук көтүрэн кэбиспитэ. Туой-Хайаттан көһөрүллүбүттэр, бэйэлэрин бырааптарын туруорса сатаан баран, тымныы-хаҕыс сыһыаны көрсөн, аннараа дойдуга ыар хомолтолоох аттаннылар.

 Чуона үрэх кытылыгар 1967 c

Билигин Туой-Хайаттан кыйдаммыт дьонтон тарбахха баттанар ахсааннаах киһи хаалла. Аны билигин атын куттал, Туой-Хайаттан төрүттээхтэр олохсуйбут сэлиэнньэлэрин Арыылаах үрдүгэр сээбэҥниир. Бу “Новай” сопхуос сарбыллар куттала. Манна бастакы соччото суох хардыы хайыы үйэ оҥоһулунна. Ол курдук, Таас-Үрэх отучча дьоно үлэлэриттэн маттылар. Урут 500-чэ үлэһиттэнэ сылдьыбыт “Новай” сопхуоска билигин 200 тахса эрэ үлэһит хаалла. Олор инники дьылҕалара хайдах буолуо биллибэт. Бу боппуруоһунан билигин СӨ бырабыыталыстыбата дьарыктанар. Туой-Хайа алдьархайа хатыланара төрүт сатаммат. Маны Саха сирин уопсастыбаннаһа, Ил Түмэн дьокутааттара, СӨ бырабыыталыстыбата сиэрдээхтик сыаналыахтара, дурда-хахха, көмө-тирэх буолуохтара диэн эрэнэбин.

 Хайа оҕолоро тиһэх ыһыахха 1967 c

Станислав Алексеев, Миирнэй к.

Саһарбыт хаартыскаларга 1967 сыллаахха буолбут Туой-Хайа олохтоохторун бүтэһик ыһыаҕа. Альбина Трифонова уонна Софья Гоголева хаартыскалара.

Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1166 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024