Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Кулун тутар » 5 » Иван Бурцев: “ТҮҺҮЛГЭ” ТУГУ КӨРДӨРДӨ?
Иван Бурцев: “ТҮҺҮЛГЭ” ТУГУ КӨРДӨРДӨ?
08:00

Иван Бурцев: “ТҮҺҮЛГЭ” ТУГУ КӨРДӨРДӨ?

Олунньу ый 28 уонна кулун тутар ый 1 күннэригэр Бүлүү куоратыгар экологтар мустар түһүлгэлэригэр (форумҥа) кэлэн актыыбынай кыттыыны ыл диэн ыҥырыыны тутаммын айаҥҥа туруннум.

Түһүлгэҕэ “Консолидация гражданского общества в реализации национальной идеи экологического благополучия Республики Саха (Якутия) в Вилюйском регионе” диэн дьоһун суолталаах боппуруос көрүллүөхтээҕэ. “Бүлүү” общественнай-экологическай комитет бэрэссэдээтэлэ итини тэрийээри Бүлүү бөлөх оройуоннарынан, Мииринэйинэн, Дьокуускайынан кэлэн-баран түбүк бөҕөтүгэр түспүтэ.

Ону да убаастаан массыына эттэһэн икки учуонайы, биир суруналыыһы тиэйэн бара сырыттым. Түһүлгэбит аата да үчүгэй, киһи болҕомтотун тардар, бу уустук кэмҥэ гражданскай общество (норуот, былаас) сомоҕолоһуутугар (консолидация) ыҥырар ис хоһооннооҕо. Ол да быһыытынан буоллаҕа, Бүлүү сүнньүттэн, Дьокуускайтан үгүс киһи мустубут. Бүлүү Эбэни аан бастаан көмүскүү кэлбит дьон үгүс да, хомойуох иһин, сорохторо күн-дьыл ааһан умнуллуох, ааттара ааттаммат да курдук буолбута. Мииринэй куораттан Владимир Евсеев, Бүлүүттэн Н.Игнатьев уонна В.Сыромятников төрөөбүт түөлбэлэрин туһугар туруулаһа сылдьан бу орто дойдуга суох буолбуттара. Бу дьон тустарынан биһиги – аҕыйах хаалбыт экологическай хамсааһын ветераннара (Миитэрэй Баппаҕай, Н.Архипов, В.Тимофеев о.д.а.) ахтан-санаан ааспатахпытына, кэпсээбэтэхпитинэ билиҥҥи көлүөнэ экологтар туох өйдөбүллээх буолуохтарай? Ол иһин комитет мунньаҕы В.Сыромятников сырдык аатын үйэтитииттэн саҕалаабыта махталлаах. Василий Егорович олорбут дьиэтигэр мемориальнай дуоска туруоруута, куорат библиотекатыгар төгүрүк остуолу тэрийии үтүө тэрээһиннээхтик ыытылынна. Дьон махтанна, астынна. Атын тэрээһиннэр Бүлүү аатырбыт, республикаҕа үгүс учууталы эрэ ииппит буолбакка, общественнай деятеллэригэр, учуонайдарыгар, норуот хаһаайыстыбатын салайар үлэһиттэригэр далаһа быраҕан таһырдьа таһаарбыт, педагогическай коллежд (урукку педучилище) киэҥ уораҕайыгар ыытылынна. Манна отчуоттар ааҕылыннылар, ыйытыктарга хоруйдаатылар, наҕараадалар туттарылыннылар.

Бу киэһээ бүтэһик программатынан улуу поэппыт, суруйааччыбыт И.Гоголев – Кындыл аатынан Бүлүүтээҕи норуот теартра “Быраһаай, Туой Хайам!” экологическай драманы көрдөрдө. Бу уустук темаҕа суруллубут айымньыны сценаҕа таһаарбыт СР культууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү куорат бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына М.Соколоваҕа, артыыстарга көрөөччүлэр ис сүрэхтэриттэн махтаннылар. Атын бары театрдарбыт шоунан, көрүдьүөһүнэн, атын омук суруйуутунан үлүһүйбүт кэмнэригэр ыарахан теманы ылсыбыт режиссерга уонна артыыстарга мин, драма ааптарын быһыытынан, махталым улахан. Иккис күҥҥэ секцияларынан дьарык, ону түмүктээһин, ол кэнниттэн “Бүлүү” комитет саҥа салайар састаабын талыы буолла. Секцияларынан үлэни түмүктээһиҥҥэ элбэх этиилэр киирдилэр, баҕа санаалар этилиннилэр. Түһүлгэбит сүрүн сыала – гражданскай общество сомоҕолоһуута, айылҕа харыстабылыгар биир санааҕа кэлии, биир санаанан үлэлээһин. 1991 сыллаахха Адыаччы өрүскэ быһыт быһан, бохсон ГЭС тутан, муора үөскэтэн Бөтөҥкөс диэн түөлбэни тимирдэн, үйэлэр тухары манна олорбут дьону үүрэн, өбүгэлэрин уҥуохтарын тимирдэн Туой Хайа дьылҕатын хатылыахтаахтара.

Мин бу ГЭС тутуутун телевидение, араадьыйа, айылҕа харыстабылын государственнай комитета (министиэристибэ үөдүйэ илигэ), Үрдүкү Сэбиэт дьокутааттара уонна общественность холбоһоммут акция тэрийэн, бырачыастаан тохтоппуппутун санаттым. Бу этэ – дьиҥнээх биир өйгө-санааҕа кэлии, гражданскай общество сомоҕолоһуута (консолидация). Манна М.Николаев орооспотоҕо, онон-манан сылтаҕырбатаҕа, билиҥҥи салалта курдук тугу баҕарар оҥоруохтаах эрээри. Ити этэр сомоҕолоһуубутун ситиһэргэ туох нааданый? Общественность биир тылы булууга, сүбэлэһэн үлэлииргэ куруутун дьулуһара, онуоха бэлэм. Утары хардыыны былаас, үрдүкү салалта оҥоруохтаах. Сунтаар улууһун салалтата быйылгы 2019 сылы “Экология сылынан” биллэрбитин сомоҕолоһууга биир хардыы оҥоһуллубутунан ааҕыахха сөп. А.Николаев экологияҕа биир бастакынан ыйаах таһаарбытын сомоҕолоһууга эмиэ биир утары хардыы курдук сыаналыахха сөбө. Ол гынан баран кыра кыамталаах АЭС-тары общественноһы кытта сүбэлэспэккэ эрэ аҕала сатыыра итинтин туора сотор. Бүлүү ааспыт сайыҥҥы иэдээнигэр биир сүнньэ суоҕун көрдөрбүтэ, Бүлүү устун кэрийэ сылдьыбыт курдук, балык өлүгүн булбатаҕын итэҕэтэ сатаабыта, АЛРОСАны көмүскээбитэ, общественник-экологтар Бүлүүгэ бара сылдьыыларын өйүөхтээҕэр сөбүлээбэтэҕэ кинини киэргэппэт уонна ити быһыыта сомоҕолоһууну түстээбэтэ буолуо. Былаас өттүттэн куруутун сымыйалыы сатааһын, албыннааһын баара мэлдьэһиллибэт баар чахчы уонна ити омсо туоратылларыгар: хонтуруоллуур уорганнарбыт (анаалыстыыр лабораториялар, медиктэр да буоллунар, кинилэр салалталара, о.д.а.) боломуочуйаларын толору туһаныахтаахтар, былаас кинилэри бакаайылыа суохтаах; ньиэби-гааһы, көмүһү, сэдэх минераллары көрдөөччүлэр, хостооччулар үүнэ-тэһиинэ суох бардылар, тугу оҥороллоро көҥүл, кимтэн да ыйыппаттар.

Манна салалта былааһын көрдөрүөхтээх, общественноһы көмөҕө ыҥырыахтаах; нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыыга, дьон туругун тупсарыыга былаас сэниэлээх дьаһаллара наадалар; Бүлүү өрүскэ уонна кини салаатыгар Мархаҕа уу ырааһын мээрэйдиир постары олохтууру урут “Бүлүү” комитет биирдэ эрэ туруорсубатаҕа. 10-20 сыллааҕыта оҥоһуллуохтааҕы быйыл эрэ кэлэн биир сиргэ кэтээн көрөр пост олохтуулларын биллэрдилэр; АЛРОСА хвостохранилищелара саас үйэ тухары “төбө ыарыыта” буолуохтаах. Алмаас хостонон бүтүө, хостооччулар туох да буолбатаҕын курдук туттан барар сирдэригэр барыахтара. Фабрикалар уһун кэмҥэ муспут дьааттара үйэ-саас тухары, ким да кэмигэр ирдэспэтэҕинэ, кэнэҕэски көлүөнэҕэ кутталы үөскэтэ сытыаҕа. Былаас АЛРОСА даамбаларын бөҕөргөтөллөрүн сибилигин ирдиэхтээх, общественноһы көмөҕө ыҥыран туран; Кэмпэндээйи курордун былаас болҕомтоҕо ылара уолдьаспыта ыраатта.

Урут республика олохтооҕо босхо баран, больничнай ылан эмтэнэр курорда, АЛРОСА олохтообут путевкатын сыаната үрдүгүттэн (40-ча тыһыынча), туругун тупсарыммат буолла. Ити эрэ буолбатах: АЛРОСА кэккэ сылларга эмтээх былыыгы кэрээнэ суох Мииринэйгэ таста, кэлэр көлүөнэ кэскилин быста. Былаас курорду республика бас билиитигэр ылыахтаах, быыһыахтаах. Олохтоох дьон туһугар; Марха өрүһү, онно олорор дьону көмүскүүр — былаас эбээһинэһэ. Марха үрдүгэр “Кратон-3“ саахаллаах эһии ситэ хараллыбата. Ойуур баһаарын түбэлтэтигэр катастрофа тахсар кутталлаах да, былаас кыһаллыбат. Бу омсону туоратыахха; Роскосмос ракета тобоҕун быраҕаары республика баһылыгын Е.Борисовы кытта 2012 сыл ыам ыйын 17 күнүгэр Сөбүлэһии оҥостубута. Кистээн. Роскосмос 2013 сыл кулун тутар 27 күнүгэр правительство бэрэссэдээтэлэ Г.Данчикованы кытта ракета тобоҕун быраҕыыга Былааҥҥа илии баттаабыттара. Кистээн. Роскосмос правительство бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта П.Алексеевы кытта ракета тобоҕун быраҕыыга 2016 сыл кулун тутар 29 күнүгэр Дуогабар оҥостубута. Ити барыта норуоттан кистээн, бэчээтинэн биллэрбэккэ оҥоһуллубута. Былаас маннык быһыыларыттан туттунуохтаах, нэһилиэнньэни кытта кэпсэтиэхтээх, кини санаатын истиэхтээх.

Оччотугар эрэ гражданскай обществоҕа дьулуһар, баҕарар сомоҕолоһуубут кэлиэҕэ. Үөһээ аҕалыллыбыт тыллар Түһүлгэҕэ толору этиллибиттэрэ уонна этэр сомоҕолоһуубутугар былааска утары хардыы, ыҥырыы курдук иһиллиэхтээҕэ. Хомойуох иһин, Экология министиэристибэтиттэн сомоҕолоһууну олохтос диэн ыыппыт киһилэрэ В.Ушницкай балаһыанньаны билбэтиттэн дуу, соруйан дуу, аҥаар кырыы “лапсалаан”, атыны туойан бэйэтин салалтатын түһэн биэрдэ. Холобур, ракета тобоҕун быраҕыыга ханнык да Сөбүлэһии, Былаан, Дуогабар суох диэн турда. Докумуоннары ороон таһааран ыспыраапкалаһарга күһэлинним. Истэн олорооччулар кэлэйдилэр, докумуоннары телефоннарыгар түһэрэн ыллылар.

Инникитин Министиэристибэ В.Ушницкай курдуктары маннык үтүө сыаллаах түмсүүгэ ыытан айгыраабыт аатын эбии түһэрбэтэ ордук буолуо этэ. Онто да суох “сымыйаччы министиэристибэ” аатырбыта ыраатта. Түмүккэ, бу Түһүлгэҕэ общественность өттүттэн сомоҕолоһууга наадалаах хардыы оҥоһулунна. Билигин былаас өттүттэн утары хардыыны күүтүөхпүт. Ол барыта кинилэртэн тутулуктаныа, урут эппитим курдук, общественность бииргэ үлэлииргэ, сүбэлэһэргэ куруутун бэлэм. Былаас ону учуоттуон, улахаҥҥа ууруон наада, оччотугар эрэ биир санааҕа кэлэн дойдубутун, кэлэр көлүөнэ туһун туруулаһыахпыт. “Бүлүү” общественнай-экологическай комитет саҥа бэрэссэдээтэлинэн Бүлүү куорат олохтооҕо Е.Чиряев талылынна. Еремей Константиновичка бу уустук үлэтигэр, дойдутун, дьонун көмүскэлигэр ситиһиини баҕарабыт.

Иван БУРЦЕВ 03.03.2019 с.

Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1156 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024