Эбээн Бытантай улууһун очуос таас хайаларын быыһыгар бүгэн, атын боруодалары кытта булкуспакка, ыраас хаанын сүтэрбэтэх сахабыт ынаҕа кыстыгы этэҥҥэ туоруур. «Бытантай» хаһаайыстыбаҕа бу күннэргэ “Алешалаах” “Марта” күн сирин көрдүлэр.
Бу сааскы ылааҥы күннэргэ «Бытантай» генофонднай питомник үлэһиттэригэр икки бүк эппиэтинэстээх күннэр-дьыллар үүннүлэр. Ол курдук, олунньу 14 күнүгэр, Тапталлаахтар күннэригэр бастакы ньирэй күн сирин көрбүтэ. Тарбыйаҕы ыанньыксыт Нина Степанова «Алеша» диэн ааттаабыт. Күн бэҕэһээ генофонднай питомникка өссө эбиллии буолла, бу сырыыга тыһы ньирэй «Марта» күн сирин көрдө диэн ыанньыксыт Татьяна Сотрудникова сонунуттан үллэһиннэ.
«Быйыл судаарыстыбаннай соругунан кыстыкка 230 төбө хороҕор муостааҕы киллэрэн кыстаттыбыт. Ол онтон Кустуурга 120 ынах кыстыкка киирбитэ. 350 туонна от былааҥҥа 400 туонна оттоммута. Ааспыт күһүн от туттарбыт дьон хамнастарын миэстэтигэр барытын аахсыбыттара, бу күһүн эмиэ оннук төлүөхпүт. Онон, оппут-маспыт баар, бириэмэтигэр тиэллэ турар. Былырыын 4 атыыр оҕуһу «Сахаагроплем» саха сүөһүтүн иитэр тэрилтэни кытта атастаспыппыт. Саккырыыр нэһилиэнньэтэ сайын өттүгэр хамаҕатык үүт-сүөгэй атыылаһар. Кустуур өттүгэр үгүс ыал кэтэх хаһаайыстыбалаах буолан, үүт ас соччо атыыга барбат. Күһүн эт атыылыыбыт. Быйылгыттан үлэһиттэр хамнастара лаппа үрдээтэ», – диэн “Бытантай” тэрилтэ салайааччыта Лена Дмитриевна Бочкарева кэпсээтэ.
ГБУ ГП «Бытантай» тэрилтэҕэ 23 үлэһит баар: Саккырыырга 2 ыанньыксыт, 1 торбос көрөөччү, 1 биригэдьиир, 1 тырахтарыыс, 1 суоппар, 2 оробуочай. Кустуурга 2 ыанньыксыт, 4 оробуочай, 1 тырахтарыыс, 1 фурожир (от киллэрээччи), 1 торбос көрөөччү, 1 салайааччы үлэлииллэр. Биир «Урал» массыыналаахтар, икки тыраахтырдаахтар. Былырыын Саккырыырга 120 миэстэлээх саҥа хотон тутуллан, үлэҕэ киирбитэ. Онон былыргылыы саах сыбахтаах хотонтон тэйэн, сырдык, киэҥ хотоҥҥо үлэлээн ыанньыксыттар, оробуочайдар ыарахан үлэлэрэ биллэрдик чэпчээтэ.
Саха ынаҕын иитиитинэн дьарыктанар тэрилтэ инники былааннара элбэх. «Быйыл сайын анал аппараатынан үүтү ыыры боруобалыахпыт, тиэхиньикэнэн оттууру баһылыырга үөрэниэхпит», – диэн Лена Дмитриевна санаатын үллэһиннэ. Өссө быйыл саха ынаҕын улууска тэнитэр сыалтан кытыы сытар Дьарҕаалаах нэһилиэгэр илдьэр былааннаахтарын туһунан эбэн эттэ.
Аҕыйах ахсааннаах сахабыт сүөһүтэ үчүгэй көрүүлээх-истиилээх туралларын көрөн киһи үөрэр. Кыра нэһилиэктэргэ хотоннор саҥардыллан, усулуобуйа улам-улам тупсуоҕа диэн эмиэ эрэл кыыма баар.
Оксана Апитова, ulusmedia