Республика бюджеттан хантан туолара
Аныгы үйэҕэ туох барыта үп-харчы эргиириттэн тутулуктаах. Ханна эрэ элбэх, ханна эрэ аҕыйах үп-харчы эргийэр. Бүгүн биһиги республикабыт быйылгы бюджетын ылан, ырытан көрүөҕүҥ.
Республика 2019 сыллааҕы бюджета – 201 млрд 53 мөл. солкуобай.
Ол иһигэр:
- Россия бюджетнай систематыттан кэлэр харчы (субсидия уонна субвенция) – 74 млрд 772 мөл. солк.
- НДФЛ, ол эбэтэр Саха сирин хас биирдии үлэлиир киһитин нолуога – 25 млрд 637 мөл. солк.
- Айылҕа баайыттан туһаныы иһин нолуоктар уонна төлөбүрдэр – 18 млрд 656 мөл. солк. (ол иһигэр алмаастан киирэр нолуок – 16 млрд. 207 мөл. солк.).
- Россияттан кэлэр табаардар акцизтара – 4 млрд 337 мөл. солк.
- Бензин акциһыттан киирэр харчы – 2 млрд 449 мөл. солк.
- Дизельнэй уматык (сэлээркэ) акциһыттан киирэр харчы – 1 млрд 265 мөл. солк.
- онтон да атын төлөбүрдэр уонна нолуоктар.
Судургутук быһаардахха
Дьэ аны маны барытын сахалыы-махалыы илдьиритэн көрүөҕүҥ.
Республика бюджета диэн өйдөбүлгэ киирэллэр маннык ороскуоттар: үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, культура, хотугу завоз, бюджетниктар хамнастара, государственнай уонна муниципальнай тэрилтэлэри, дьиэлэри көрүү-истии, тутуу о.д.а..
Республика бюджетын үс гыммыт биирэ Россия “босхо” биэрэр харчыта. Ол эбэтэр биһиги дотационнай республика буолабыт.
НДФЛ, ол эбэтэр үлэһит дьон киллэрэр нолуоктара бюджекка иккис миэстэҕэ сылдьар – 25 млрд 637 мөл. солк.
Сир баайыттан, чуолаан алмаастан киирэр харчы эмиэ син тос курдук көстөр – 18 млрд 656 мөл. солкуобай.
Араас акцизтар бааллар, олор эмиэ бюджеппытыгар тустааҕынан 1-4 млрд солкуобайы киллэрэллэр.
Мантан көрдөххө Сахабыт сирин олохтоохторо тугу да оҥорон таһаарбакка, көннөрү бэлэми эрэ мэтийэр дьон буолан тахсар эбиппит. Ол эрээри биһиги эрэ оннукпут диэмэҥ, санааҕытын көтөҕө таарыйа эттэхпинэ Россия бары регионнара оннук олороллор. Ол эбэтэр Россия барыта.
Тоҕо дотационнай буолабытый?
Саха сирэ үтүмэн сиртэн хостонор баайдаахпыт диэн түөспүтүн охсунабыт. Дьэ оннук буоллаҕына тоҕо үгүөрү үбэ суохпутуй, дотационнай региоҥҥа киирэбитий?
Маны ааҕыҥ:
"АЛРОСА" за 11 месяцев увеличила продажи алмазов и бриллиантов. "АЛРОСА", крупнейшая в мире алмазодобывающая компания, объявила итоги продаж алмазного сырья и бриллиантов в ноябре и за 11 месяцев 2018 г. Всего в январе-ноябре 2018 г. продажи алмазно-бриллиантовой продукции "АЛРОСА" в стоимостном выражении выросли на 3,7% по сравнению с январем-ноябрем 2017 г. до $4,179 млрд. ("Вести.Экономика").
“Туймаада” суоттааһына: ахсынньы ыйга быһа холуйан төһөнү атыылаабыттарын эбэн туран, “АЛРОСА” ааспыт 2018 сылга дохуотун көрөбүт – ортотунан 4,527 млрд. доллар, эбэтэр 298 млрд 798 мөл. солк.
Үөһэ республика алмаастан уонна бриллиантан төһөнү тиксэрин суруйдубут – 18 млрд 656. Ол эбэтэр 16 төгүл кыраны ылар эбиппит. Биллэн турар, барыстан киирбит харчы үлэ тэрээһинигэр туттуллар, ол мэлдьэһиллибэт. Ол да үрдүнэн элбэх үптэн биһиги тиксибэт эбиппит. Маныаха өссө нефтэн-газтан, атын сир баайыттан киирэр үбү-харчыны этэ да барбаппыт. Сыччах акциз бэрт дуона суох төлөбүрдэрин эрэ ыла олоробут. Төһөлөөх нефть-газ, көмүс республика тас өртүгэр суккулларын таайаҕын эрэ. Триллионунан суума!
Дьэ ол кэнниттэн дотационнай, кыаммат республика аатыгар киирэбит.
Тэҥнээн көрдөххө
Туох барыта тэҥнэбилтэн биллэр диэн куруук этэбин. Сайдыылаах дойдулар бюджеттара, холобур, Япония бюджета хантан уонна туохтан таҥылларын ылан көрүөҕүҥ.
Японияҕа аччыгый уонна орто бизнес туох-баар Япония тэрилтэлэрин 99 %-нын ылаллар. Ол эбэтэр онно чиэһинэй конкуренция киирэн турар, государственнай уонна муниципальнай тэрилтэлэр суохтарын кэриэтэ – олор 1 эрэ бырыһыаны ылаллар. Дьэ бу аччыгый уонна орто бизнес Япония бюджетын толороллор: массыыналары, суднолары, компьютернай техниканы оҥорон, балыктаан, рис олордон уо.д.а. Японияҕа сиртэн хостонор баай суох, ол иһин Россия курдук ону атыылаан тыыннаах олорор буолбатахтар. Төттөрүтүн, нефтэрин-газтарын тас дойдулартан атыылаһаллар – Австралияттан (57 %), Индонезияттан (16 %) уонна Кытайтан (13 %). Көрөргүт курдук Россияттан нефть да, газ да атыыласпат.
Онтон японецтар ыйдааҕы орто хамнастара 321 181 иен, ол эбэтэр 2 898 доллар. Биһиги харчыбытынан – 191 тыһыынча солкуобай.
Дьон миигиттэн ыйыталлара үксээтэ: “Баар проблемалары үчүгэйдик сырдатаҕын. Оттон ол онтон хайдах тахсар туһунан суруйбаккын”. Төбөлөөхпүт дии, доҕоттоор! Бары толкуйдуоҕуҥ ээ.
Александр ЯКОВЛЕВ
-Айсан.