СӨ Урбааны өйүүр киинигэр урбаанньыттарга субсидия биэрэргэ аһаҕас күрэһи биллэрдилэр.
Ол курдук, быйыл урбаанньыттарга субсидия ыларга икки күрэх биллэриллибит:
- Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыынан дьарыктанар аччыгый уонна орто урбаан субъектарыгар сорох ороскуотун субсидиялыырга:
Субсидияны табаары оҥорон таһаарар эйгэҕэ быһаччы үлэлиир урбаанньыт ылыан сөп. Бу субсидия аччыгый уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэрэ күрэстэһэр кыахтаах буолууларын хааччыйарга, итиэннэ кинилэр чиҥник атахарыгар туралларыгар төһүү буоларга, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыны сайыннарарга туһуламмыт. Бэриллэр субсидия урбаанньытар ороскуотарын сорох чааһын сабар кыахтаныаҕа.
- Социальнай урбаанынан дьарыктанар субъектар сорох ороскуоттарын сабыыга бэриллэр субсидия.
Бу субсидияны ылар бырааптаах аччыгый уонна орто урбаан бэрэстэбиитэлэ, өскөтүн:
Социальнай урбаанньыт инбэлиит буоллаҕына (1,2 курууппалаах), итиэннэ табаары оҥоруунан дьарыктанар (өҥөнү оҥорор) буоллаҕына.
Ыарыһаҕы, кырдьаҕастары, ускул-тэскил сылдьар дьону, ыарахан балаһыанньаҕа киирбит дьону көрөр-истэр социальнай урбаан субъега (инбэлииттэр, кырдьаҕастар, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьон интэринээт-дьиэлэрэ)
Бу субсидия социальнай хайысхалаах үлэни ыытар аччыгый уонна орто урбаанынан дьарыктанааччыларга ороскуотарын сорох чаастарын сабыналларыгар өйөбүл быһыытынан бэриллиэҕэ.
Докумуоннары кулун тутар 15-муу устар 5 кһннэригэр дылы туталлар. Аадырыстара: Ленин бэр., 22, 611 кэб. Сиһилии 8-800-100-58-80 уонна 42-21-84 нүөмэрдэргэ билсиҥ эбэтэр бу сигэнэн киирэн көрүҥ http://portal.b14.ru/news/nachalsya-priem-dokumentov-po-meropriyatiyam-subsidirovanie-chasti-rashodov-subektov-malogo-i-srednego-predprinimatelstva-zanyatyh-proizvodstvom-mestnoj-produktsii-i-subsidirovanie-chasti-zatrat-subek/.