Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Кулун тутар » 28 » Тас сахалар, хайдах олордугут?
Тас сахалар, хайдах олордугут?
07:53

 сахалара Дьокуускайтан Белол кытары керсуьуу“Тас сахалар” диэтэхтэринэ, кимнээҕи саныы түһэҕитий? Ким эрэ Саха сиригэр улааппыт, ол эрээри билигин атын сиргэ үлэлии-үөрэнэ сылдьар дьону саныаҕа. Ол эрээри бу балаһаҕа Саха сирин билиҥҥи территориятын тула былыр-былыргыттан түөлбэлээн олорор тас сахалар тустарынан кэпсэтиэхпит.

Тас сахалар дьылҕалара уустук. Билигин кинилэри булар, сахалыы сэһэргэһэн киирэр табыллыбат буолан иһэр. Бириэмэ ааһан истэҕин ахсын, биир-биир сүтэн иһэллэр.

Сибээс баарын туһанан, Магадаан уонна Красноярскай кыраай сахаларын нүөмэрдэрин булан эрийтэлээн, билигин хайдах олороллорун, туох сонуннаахтарын ыйыталастым.

 

Сэйимчээнтэн: “Быйыл ыһыах тэрийиэхтээхпит!”

“Дьэһиэй сахалара – бу Красноярскай кыраай Эбэҥки национальнай оройуонугар олорор сахалар. Үксүлэрэ Дьэһиэй күөл кытылыгар, сорохторо Туру (нууччалыы Тура) диэн оройуон киинигэр олороллор. Былыр Бүлүү уокуругар киирэллэрэ. Сүрүн дьарыктара кыыл табаны бултааһын, балыктааһын. Саха литэрэтиирэлии тылыттан арыый атыннык саҥараллар. Сэбиэскэй саҕана саха учууталлара, быраастара баран үлэлииллэр этэ. Атын тас сахаларга тэҥнээтэххэ, төрүт тылларын ордук чөл тутан олорор бөлөх. Уларыта тутуу кэмигэр Магадаан сахалара эмиэ “дьэһиэй сахаларабыт” (ессейские якуты) дэммиттэрэ. Бу бэйэлэрин Саха сирин сахаларыттан туспа ойдон олороллорун көрдөрөр ньыма этэ” [Саха Бикипиэдьийэ, “Тас сахалар” ыстатыйаттан].

Магадаан билиҥҥи хаартатын көрдөххө, “Суруктаах” диэн сахалыы ааттаах хайа баар. 2017 с. “Сурук-бичик” түмэлин үлэһиттэрэ ол хайаҕа былыргы саха суругун көрдүү эспэдииссийэ тэрийэн айанныы сылдьыбыттара. Онно барбыт дьонтон нүөмэрдэрин ылан, Сэйимчээн дьаһалтатыгар эрийэн, Ирина Мельниковалыын кэпсэттим. “Саха сириттэн эрийэбин” диэбиппэр, үөрэ-көтө кэпсэтэн киирэн барбыта. Кини Аҕыйах ахсааннаах омуктар дьыалаларын салаатыгар сүрүн испэсэлииһинэн үлэлии-хамсыы сылдьар.

 сахалара

 

-- Магадаан сахалара, туох сонуннааххытый?

-- Сонун улахан суох, олоруу кэминэн.

-- Сахалар, хаһыаҕытый? Хас киһи тылын билэрий?

-- Сэйимчээҥҥэ уопсайа 2300 киһи олорор. Манна биһигиттэн ураты омук арааһа баар, холобур, эбээннэр, камчадааллар, ламууттар, о.д.а. Тылларын эбээн омуктар ордук билэллэр. Сахалар ахсааммыт – 114 (2019 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи биэрэпиһинэн). Бу дьон үксэ төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар омуга “саха” диэн ыйылла сылдьар эрээри, тылын билбэт. Манна үс эрэ ыал төрөөбүт тылынан саҥарар, дьиэлэрин иһигэр сахалыы алтыһаллар.

-- Ээ...

-- Хата, санаабычча, биир үчүгэй сонуннаахпын. Бу кыһын Дьокуускайтан Чысхаан кэлэ сылдьыбыта. Бу кэлбитигэр сайынын Сэйимчээҥҥэ ыһыах ыһыахха диэн сүбэлэспиппит. Онон бу сайын, барыта этэҥҥэ буоллаҕына, бэс ыйыгар аан маҥнайгы ыһыах ыытыллыахтаах. Манна баар сахалар төрүт-устуоруйа, сиэр-туом эҥин туһунан улахан билиилэрэ суох буоллаҕа. Ол иһин ыһыахпытыгар бэлэмнэнэ таарыйа, муус устартан саҕалаан сахалар тустарынан билиһиннэрэр уруоктары ыытыахтаахпыт. Оччоҕо ыһыах саҕана кэм туох эрэ билиилээх буолуо этилэр. Син биир ситим-силис диэн баар буоллаҕа. Манна биһиэхэ биир нуучча дьахтара үҥкүүгэ үөрэтэр. Сахалыы үҥкүүлэри туруорар баҕа санаалаах. Кинини тэрээһиҥҥэ кыттыһыннарыахтаахпыт. Манна “Олох” диэн кыраайы үөрэтэр түмэл баар. Саха дьахтара салайар этэ. Хомойуох иһин, олохтон туораабыта. Манна араас быыстапка эҥин буолуталааччы. Чэ, кылгастык кэпсээтэххэ ити курдук. Саха сирин сахалара, Сэйимчээҥҥэ ыыалдьыттыы кэлэргитин күүтэбит, ситимҥэ баарбыт!

-- Сибээскит үчүгэй дуо?

-- МТС, “Билайн” үлэлиир.

-- Саха сиригэр кэлэ сылдьыаххын баҕарбаккын дуо?

-- Быйыл ыам ыйыгар дьүөгэбэр дьаарбайа тахсыбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. Магадаантан Дьокуускайга диэри кэлэ-бара 15 тыһ. солк. дииллэр. Тиийиэҕим

Красноярскайдар: “Дьэһиэйбит дьонун ыыппат, тарда турар”

“Магадаан сахалара – икки төрүт субстраттан турар сахалар. Бастакыта -- Охуоскайтан кэлбит дьон (XIX үйэҕэ Охуоскай уонна билиҥҥи Магадаан кытыл сирдэрэ биир уобалас этэ). Иккис – Өймөкөөн өттүттэн кэлбиттэр. Магадаан уобалаһын хотугулуу-арҕаа өттө урут Байаҕантай улууһугар киирэр этэ. Бу дьон хойукка диэри сүөһүлэрин-сылгыларын тутан олорбуттара, 50-с сылларга саха оскуолалара баалларын архыып докумуоннара туоһулууллар. 70-90-с сылларга сир-дойду баайын хаһаары, былаас бу дьону толору хааччыллыылаах бөһүөлэктэргэ көһөрбүтэ, онтон сылтаан олохторун отуора тосту уларыйбыта, сүөһүлэрин эһэргэ күһэллибиттэрэ” [Cаха Бикипиэдьийэ, «Тас сахалар» ыстатыйа].

Нина Боотулу:

 боотулу

-- Билигин Красноярскай куоракка олоробун. Дьэһиэйгэ табаһыт дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтүм, онно улааппытым. Туратааҕы мэдиссиинэ училищетын бүтэрбитим. Мэдиссииинэ эйгэтигэр 39 сыл үлэлээбитим. 2008 с. биэнсийэҕэ тахсыбытым. Онтон манна көһөн кэлбитим.

-- Дьэһиэйгэ тахса сылдьааччыгын дуу?

-- Урут балыктыы айанныыр буоларбыт, билигин оннук гынарбытын тохтоттулар. Билигин онно 700-чэкэ киһи олорор буолуохтаах. Үлэ суох буолан, дьон-сэргэ көһө турар диэн истэбин. Урут кыыл пиэрмэтэ баара, онно үлэ да баар этэ. Биирдэ сахалар кэлэ сылдьыбыттаахтар. 1993 сыллаахха Байкит диэн бөһүөлэккэ олорбуппут. Онно Климент Иванов быыбар иннинээҕи үлэтин ыыта сылдьара. Артыыстары илдьэ кэлбит этэ, биһиэхэ олорбуттара.

-- Саха сиригэр биирдэ эмэ үктэммитиҥ дуо?

-- 1993 с. эрэ сылдьыбытым. Уонна бүттэ... Аны билигин кэлэн хантан барыамый, аҥаардас биэнсийэбэр эрэ олоробун.

Лариса Өспөх:

-- Дорообо, Лариса! Дьэһиэйдэр, хайдах олордугут?

-- Оо, мин Дьэһиэйтэн көспүтүм быданнаата. Билигин Туруга Эбэҥки автономнай оройуонугар олоробун. Оскуолаҕа нуучча тылын уонна литэрэтиирэтин уччуталабын.

-- Ээ, дьоҥҥо эрийдэхпинэ, “көспүтүм”, “көспүтэ” дииллэр...

-- Онно үлэ отой суох, олорор уустук буолла.

-- Туруга үлэ баар дуо? Сахалар, хаһыаҕытый?

-- Син баар. Ол иһин сорох манна, сорох Красноярскайга көһөр. Сахалар хастарын билбит суох, син баарбыт, бэйэ-бэйэбитин кытары сахалыы алтыһабыт. Былырыын аан бастаан Саха сиригэр бара сылдьыбытм. Сөбүлээбитим аҕай, түмэл бөҕөтүгэр сылдьыбытым. Өссө даҕаны эргиллэн кэлиэм этэ. Манна сыл аайы ыһыах ыытыллааччы, бу сайын эрэ буолбатаҕа. Саха сириттэн таҥас, ол-бу симэх сакаастаан бырааһынньыктааччыбыт.

Галина Оһоҕостоох:

-- Мин Дьокуускайга олоробун. Бэйэм Дьэһиэйгэ күн сирин көрбүтүм, онно улааппытым. Дьэһиэй орто оскуолатын бүтэрбитим. Аҕам Ануфрий Оһоҕостоох булчут, табаһыт этэ. Ийэм Дьэбдьиэй Кривошапкина кыылы иитээччинэн пиэрмэҕэ үлэлээбитэ. 1986 с. Омскай институтун бэтэринээр идэтин бүтэрбитим. Дьэһиэйгэ бүтэһигин 2014 с. сылдьыбытым, дьоммун-сэргэбин кытары билсэ турабын, ситиммин быспаппын.

Татьяна Оһоҕостоох, Дьэһиэй нэһилиэгин баһылыга:

 осогосток

-- Олоруу кэминэн.

-- Дьэһиэйгэ туох сонун баарый?

-- Оо, дьэ, мин оннук “рассказчик” киһи буолбатахпын. Тугу даҕаны сатаан кэпсиэм суоҕа (күлэр). Туох сонун баар буолуой... Олорбуппут курдук олоробут. Халлааммыт сылыйда, -20 буолла.

-- Нэһилиэнньэ үлэлээх-дьарыктаах дуо?

-- Үлэ төрүт суох, нэһилиэнньэ үлэлиэн баҕарбат диэн буолбатах. Арай оскуолаҕа, балыыһаҕа эрэ син көстүөн сөп.

-- Оччоҕо тугу дьарыктанаҕытый? Булду-балыгы боппуттар диэн дуорааннанан иһиллэр...

-- Сахалар аҕыйах ахсааннаах омуктар испииһэктэригэр суохпут, онон 2017 сылтан балыктыырбытын, бултуурбутун боппуттара. Тоҥустарга ол көҥүллэнэр. Тоҥустар диэн эбээннэри ааттыыбыт. Бу маны утаран, олохтоохтор буолан сурук эҥин суруйбуппут даҕаны, дьэ, туох буолар? Дьон биир-биир көһөн иһэр... Ол да буоллар төннөөччүлэр эмиэ бааллар. Биир ыалбыт Саха сиригэр Өлүөхүмэҕэ үлэлии айаннаабыта, Дьэһиэйгэ төннөн кэллилэр. Биһиги дойдубут тыына-салгына дьонун мээнэ ыыппат ээ, тарда турар (күлэр).

-- Саха сиригэр диэри алларанан сылдьаҕыт дуо?

-- Өлөөҥҥө диэри бураанынан сылдьааччы дьон баар, олортон бэйэлэриттэн ыйыталаһыаххытын наада...

***

Төлөпүөнүнэн кэпсэтэр, атах тэпсэн олорордооҕор соччото суох эбит. Сибээспит ыраахтан, быста-быста иһилиннэр даҕаны, дьоммут элэккэйдэрэ бэрт буолан, сонуннарын иһитиннэрдэхтэрэ. Төһө да ыраах олордоллор, тылларын умнубаттар, билиҥҥэ диэри тутан кэллилэр. Онон бэйэбит да өттүбүтүттэн ситиммитин быһымыаххайыҥ. Бэйэбиттэн эбэн этэххэ, ыраах тас сиргэ эрийэн, сахалыы сэһэргэһэн киирбиппиттэн испэр үөрэ санаатым.

Сардаҥа БОРИСОВА.

Category: Саха | Views: 1080 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024