Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 3 » Муус устар - Айыыһыт ыйа. Туску!
Муус устар - Айыыһыт ыйа. Туску!
09:13
 Муус устар - Айыыһыт ыйа.
 Туску!
Куйаар улуу эргиирэ,
Дьыл-хонук хаамыыта,
Айылҕа бэлэҕэ,
Айыылар алгыстара
Аан ийэ дойдуга
Саҥа күнү соргулаата,
Үтүө күнү түстээтэ,
Айар күнү арчылаата,
Үүнэр күнү үрүлүттэ.
Олох уота сандаарда,
Уруй-туску тутта,
Айхал-мичил туойда.
Махтал. Махтал. Махтал.
 Муус устар - Айыыһыт ыйа.
 Айыыһыт халлаана.
Айыыһыт – дьиэ-кэргэн айыыта, таптал айыыта, үөскэтэр айыы.
Айыыһыттар элбэхтэр. Тыынар-тыыннаах барыта айыыһыттаах. Сылгы айыыһыта – Үрүҥ сылгы, соҕуруулуу-илин олорор, Ынах айыыта – Мылахсын, хотулуу-илин.
Хас биир киһи – аҥаар. Үрүҥ Айыы Тойон оннук айбыт. Киһи этигэр - сиинигэр аҥаары көрдөөһүн имэҥин Айыылар биэрбиттэр. Киһи имэҥэ Айыыһыт киирдэҕинэ уһуктар, аҥаары көрдүүргэ күһэйэр. Киһи Үрүҥ Айыы Тойонунан анаммыт аналын көрдүүр. Аҥаары көрдүүргэ сөбүлээһин диэн иэйии киһини салайар. Сөбүлээһин киһи өйүгэр-санаатыгар, этигэр-сиинигэр толору киирдэҕинэ таптал үөскүүр.
Таптал диэн таптыыр киһиэхэ олоҕу анааһын.
Таптал толору буоларга дьулуһууттан үөскүүр. Бу тапталга төрүттэнэн атын тапталлар сайдаллар.
Аналлаах аҥаардар холбоһон толору буолаллар. Бу түбэлтэ – ытык кэм.
Уруу туома киһи айылҕа дириҥ кистэлэҥэр киирбитин туоһулуур.
Оҕо кутун киһиэхэ Айыыһыт биэрэр. Оҕо төрүүр кэмигэр Айыыһыт түһэр.
Айыыһыт уҥа илиитигэр уол оҕо кутун бэлиэтин оҕу туппут буолар. Хаҥас илиитигэр кыптыый тутар – кыыс оҕо бэлиэтин.
Өбүгэлэрбит оҕону анаан-минээн иитээри, эрдэттэн оҕо туох дьоҕурдааҕын билгэлээһини оҥортороллор эбит.
Айыыһыт чугаһыыр кэмэ муус устар ый. Муус устар – таптал ыйа.
ТЭРИС. АЙЫЫ ҮӨРЭҔЭ.
 
МУУС УСТАР ЫЙ - АЙЫЫҺЫТ ыйа.
Ый билгэтэ
* Хаар эрдэ уулуннаҕына - үчүгэй сайын .
* Былыттар сырдык халлаан күөҕэ буоллахтарына - сылаас уонна ардахтаах.
* Күнүһүн итии, түүнүн тымныы буоллаҕына - үчүгэй күн - дьыл үүнэр.
1 - Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына - "хаары сахсатар", бүтэһигэр - "хаары хараардар".
4- Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
5 - Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
7- . Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга : оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан " кырдьыылыыр"- о.а. быган сытар, сааскы сылаас "өнньүө" күннэр тураллар.
Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына - саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына- хаптаһын хатааһын буоларыгар.
6- Түүн сылаас буоллаҕына - саас түргэнник кэлэр.
8- Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
9- . Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
13 - Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
14- Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына , ыам ыйын 6- гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
18 - Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына , аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына - сылыйар.
20 - 25- Куруппааскы, улар охсуута саҕаланар.
21 - Күн көрдөҕүнэ - сайына ичигэс, былыттаах күн - сайына сөрүүн.
23 - Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына - сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
24 - Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол - иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
29 - Ый туолуута.
Муус устар ыйга киһиэхэ Айыыһыт ордук чугаһыыр кэмэ. Кини баар буолан сиргэ Таптал, Кэрэ үөскээбит, тэнийбит.
Айыыһыт - дьиэ кэргэн, таптал айыыта, үөскэтэр айыы. Айыыһыт олохсуйбут сиригэр үөрүү олохсуйар. Кини үктэммит сиригэр уйгу - быйаҥ түһэр.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1336 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024