Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 3 » Сахалары Муус Кудулу байҕал көмүскүүр
Сахалары Муус Кудулу байҕал көмүскүүр
09:34

 

Улуу Өксөкүлээх кыччыгый саха омугу “Муус Кудулу байҕал хоонньугар хорҕойон сайдар кэскиллээх” диэн сылыктаабыта. Бу өтө көрүү улам туолан иһэр. Биһиги сайдыыбыт сүрүн туһаайыыта – Арктика. Тыйыс айылҕа оҕолоробут. «Хотугу эргимтэҕэ киһи аймах арктическай цивилизацияны айар-тутар”, – диэн арыйыыбыт 2013 с. бигэргэтиллибитэ.









 

Ulyana

Хас биирдии цивилизация бэйэтэ тарҕаммыт сирдээх-уоттаах, ураты култууралаах, ытык өйдөбүллэрдээх. Биһигини, тыйыс хотугу дойду дьонун, тымныыга, хаар-муус сиргэ үөскээбит култуурабыт, хардарыта көмөлөсүһэр ытык өйдөбүллэрбит холбууллар. Сылаас дойдуга үөскээбит цивилизациялар бэрэстэбиитэллэрэ манна кэлэн, биһиги көрдөхпүтүнэ, талбыттарынан айбардаан, ыһан-тоҕон бараллар. Ол барыта цивилизациялар сири, баайы-дуолу былдьаһыыларыгар, дьон күөнтэһиитигэр тиэрдэр. Аан дойдуга онтон сылтаан төһөлөөх сэрии-иирсээн буолбутай, буола да турарый? Атын цивилизация дьоно манна кэлэн судаарыстыба сокуонун эрэ кэһэр буолбатахтар, бэйэлэрэ да билбэттэринэн, манна олоҕурбут олох оҥкулун, култуураны үрэйэллэр уонна, биллэн турар, утарсыыны көрсөллөр.

Онон дьалхааннаах аныгы үйэ олохторун огдолуппут соҕурууҥҥу дьоно манна кэлэн, Хотугу муустаах байҕал хоонньугар хорҕойо сыппыт саха омугу дьалкыттылар, бүччүм уйабытыгар халаан уутун курдук халыҥ элбэх дьон тоҕо ааҥнаан киирэр куттала куппутун-сүрбүтүн күүртэ, аймаата.

Ол да иһин ити өрөгөйдөөх миитин буолла. Хотугу цивилизация бэйэтин биллэрдэ уонна дьоһунун туруоруста. Үгүстэр “сокуону кэһэн кэлбит дьону уодьуганныахха, төттөрү утаарыахха” диэтилэр да, дьыала сокуоҥҥа эрэ буолбатах. Былыргылар батталлаах сууту-сокуону “кутургуйа таптаабытынан тахсар, тойон талбытынан дьаһайар” диэн хоһуйаллара. Судаарыстыба тутула сокуоҥҥа тирэҕирэр буоллаҕына, киһи, омук, уопсастыба сүрүн тирэҕэ – кини төрүт култууратын ытык өйдөбүллэрэ. Онон олохтоох дьон аҥаардас сокуону тутуһууну эрэ буолбакка, бэйэлэрин олохторун оҥкулун, киһилии сыһыаны, хотугу тутул укулаатын кэлии дьон кэһэрин тохтотору туруорустулар...

Дьэ, салгыы туох буолар?

Дьокуускайбыт, омос көрдөххө, кэҥээбит, холкутуйбут курдук буолла. Айдааннаах, баппат дьукаахтар көһөн барбыттарын курдук. Аһара элбэх оптуобус, такси, оҕуруот аһын лааппыта баар буола сылдьыбыт бадахтаах. Кэлии дьон билиҥҥитэ ньимийбит курдуктар да, В.Путин Кыргыстааҥҥа тиийэринэн туһанан, дьоннорун көмүскэтэргэ холоноллор. Кинилэр сокуон өттүнэн харысхаллаах буолары туруорсаллар эрээри, манна кэлэн олохтоох дьон олоҕун оҥкулун ытыктыырга соругу туруоруммуттара биллэ илик.

Тастан араас аналитиктар, провокатордар күөнэхтэрэ күөрэйэн, сахалары ыас гынан ыстаан ырытан аҕай эрэллэр. Ол “ырытыылара” сакаас буолан, туруору тылбаас курдук мөдөөт, баһыйар былаас санаатын эрэ табар соруктаах. Онно киирэн биэрбэккэ, судаарыстыбаннастаах норуот быһыытынан, бэйэбит баспытын, олохпутун бэйэбит тэринэр-дьаһанар кэммит тирээн кэллэ.

Дьон үксэ дьиксинэр, “туох эрэ буруйга-сэмэҕэ тиксиэхпит” диэн.

Соторутааҕыта буолан ааспыт III Кэнгириэс мунньаҕар бу маннык быһыыга-майгыга тиэрдэр төрүөттэри сиһилии ырыппыппыт уонна онтон төлөрүйэр суолу саха омук дьоһунун өрө тутуутугар көрбүппүт. Ол Кэнгириэскэ былааспыт бар дьонун сиһилии истибитэ, быһаарсыбыта буоллар, дьыала баҕар маннык миитиҥҥэ да тиийиэ суох этэ. Онон бу миитин биэрбит бастакы уруога – кэлэр өттүгэр былааспыт дьону истэргэ үөрэниэхтээх.

Ханнык баҕарар туруорсууга туруорсааччы ол туруорсар суолугар сыһыанын уларыттаҕына эрэ кыайар. Аҥаардастыы «аҕалыҥ, киэр буолуҥ, бу миэнэ!» диэнинэн тугу да ситиспэккин. Туох барыта ылсыы-бэрсии, торгуйдаһыы тиһигинэн ситиһиллэр. Бу миитининэн саха дьоно бэйэлэрин төрүт хотугу тутулларын көмүскээбит, олохтоох былаастан ону туруорсубут эбит буоллахтарына, бэйэ туһун эмиэ ол туруорсуу хоту уларытан бэриллиэхтээх. Сытан-олорон биэрдэххэ үрдүбүтүнэн тэпсэн ааһар күүс көстүө. Онон бэйэ уларыйарыгар ылыныллар эппиэтинэс үөскээн, ол ирдэбиллэри толорор сорук турар.

Бэйэни уларытыы диэн тугуй?

Саха омук бэйэтин сайдар суолугар хас да араас стратегияны уларытан кэллэ. Айылҕаттан иитиллэн олорбут кэмнэрдээҕэ, онтон хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи ииппитэ, “хотонум – мин бааным” диэн баара. Онтон үөрэх, үрүҥ үлэ диэни билэн онно ылсыбыппыт. Куорат сирин сөбүлээн, баһылыыр былаастан уос-тиис саласпыппыт. Оттон билигин саха киһитэ аны аан дойду араас быттыгар-хоонньугар кыбылла сатаан, баран-кэлэн эрэр.

Бу миитиҥҥэ бэйэлээх бэйэбит дойдубутугар олохсуйан олоруу стратегиятын өрө туппут эр хоһуун дьон улуустартан тэриллэн кэллилэр. Кинилэр дойдуларыгар дьиҥнээх хаһаайын олоҕор дьулуһаллар, ону былаастан ирдииллэр.

Дьэ бу манна тахсан кэлэр, биһиги биир сүрүн итэҕэспит. Ыраахтааҕылаах былаастан саҕалаан күн баччатыгар диэри биһиги тус бэйэбитин салайыммакка, олохпутун хайдах гынан тупсарар туһунан толкуйдаабакка, үөһэттэн тугу соҥнообуттарыгар дьүөрэлэһэргэ эрэ дьулуһан кэлбит эбиппит. Ардыгар үҥсэн-харсан, этинэн-туруорсан. Бэл, күн бүгүн “Сэһэн Ардьакыап Күн ыраахтааҕыга барбыт суолун батан Путиҥҥа тиийиэххэ” диэччилэр бааллар. Оннук түҥкэтэх, бэйэ дьоһунун намтатар-түһэрэр өйүнэн салайтарар табыллыбат.

Туох барыта утары дьайыыны тулуйары, тус эппиэтинэһи бэйэҕэ ылынары эрэйэр. Киһи аймах олоҕун сокуона оннук. Холобур, Сэбиэскэй Сойуус ыһылларын ССРС аҕыйах өрөспүүбүлүкэтэ эрэ баҕарбыта уонна ону ситиспитэ. Референдум кэмигэр үгүстэр ССРС ыһылларын утарса сатаабыппыт, туспа олорор бэлэммит суох этэ. Сойуус ыһыллыбыт биир сүрүн төрүөтүнэн күүс өттүнэн түмүллүбүт араас цивилизациялар бэйэлэрин дьиҥнээх, төрүт киэптэригэр түһэргэ дьулуһуулара этэ. Билигин Прибалтикаҕа сылдьан көрдөххө, төрүт Дьобуруопалыы цивилизацияларыгар төннүбүттэр, ислам итэҕэллээхтэр ислам эргимтэтигэр дьулуһаллар. Быйыл Азербайджаҥҥа сылдьан көрдөхпүнэ, кинилэр күөн туттар тускуллара Дубай, Тегеран буолбут. Орто Азия даҕаны туспа суолу тыырыа.

Билигин Дьобуруопа миграннартан иэдэйэн олорорун курдук кэпсииллэр да, ол – кэрэгэй. Ити, баара-суоҕа, ааспыт үйэҕэ диэри Дьобуруопа иһэх гынан тэпсэн, баттаан-атаҕастаан, халаан олорбут омуктара Азияттан-Африкаттан урукку иэстэрин аахсан ииттэрэ киирэллэр.

Биһиги, сахалар, уларыйыыга төһө бэлэммитий, сайдар сайдыыбыт суолун хайдах тыырабыт?

Өрөгөй миитинэ, бастатан туран, биһиги иитэр үлэҕэ сыһыаммытын уларытарбыт уолдьаспытын көрдөрдө. Биһиги үрдүк үөрэҕи, үрүҥ үлэни сырсаммыт, төрүт дьарыкпытыттан тэйэммит, салгыы айахпытын ииттэн олорор кыахтан тахсан эрэр эбиппит. «Этническая трудовая ниша» диэн өйдөбүл баар. Биһиги онтон тэйэн, араас тиэйэр-таһар, хааччыйар, тутуу эйгэлэрин кэлии дьоҥҥо былдьатан, туругас-олоругас эр дьоммут ыктарбыттар. Ол аата, кэнники 20-чэ сыл устата иитии-үөрэтии кэлтэйдии үрүҥ үлэҕэ эрэ туһаайыллыбыта сыыһата ырылыччы көһүннэ.

Оҕо-уруу төрөппөт хатан эрэр омуктар тастан үлэһит күүһү кулут оҥостоллор. Оттон биһиги, төрүүр-ууһуур кыахтаах, ыччаттаах дьон, олохпут эйгэтин бэйэбит көрүнэргэ-дьаһанарга турунуохтаахпыт. Онон билигин ити идэлэри-үлэлэри баһылыы охсор сорук турар. Бу былдьаһыктаах күннэргэ ким да биһиэхэ сүбэ-соргу буолаары тоһуйан турбат, эбиитин, кэлии дьон улам тэрээһиннээхтик тутуһар буолан иһиэхтэрэ. Дьыалабыайдык дьаһанарга хас биирдии эр киһи, кини ийэтэ, кэргэнэ бары туруналлара эрэйиллэр. Дьэ манна, дьахтар аймах уолаттарын, эрдэрин үлэһит, булугас-талыгас, ырааҕы чугаһатар дьиэ кэргэн хаһаайына буолалларын туһугар өйүн-иэйиитин туһаайыахтаах.

Аны “өс-саас аахсыахтара, тас эйгэҕэ сылдьар оҕолорбутугар, хаан булкаастаах ыччаттарбытыгар охсуулаах буолуо” диэн дьаарханыы эмиэ баар. Арассыыйаҕа, уопсайынан, омугунан сыһыаҥҥа мөкү түбэлтэлэр тахса тураллар.

90-с сылларга диэри сахалар бука бары кэриэтэ Саха сиригэр олохсуйан олорбуттара. Кэлин дьэ онно-манна быгыалаан, баран-кэлэн эрэллэр, хаан булкуһуута эмиэ элбээтэ. Биһиги сэбиэскэй да кэмҥэ киин куораттарга үөрэнэ сылдьан араас сыһыаны көрсөр этибит, ол сахабыт бодотун өрө тардынарбытыгар туһалаабыта. Онон сахалыы дьоһуннаах ыччаты иитии – саха ыалыгар тус сорук буолла. Ордук сытыытык – Дьокуускай куоракка.

Арассыыйа – бэйэтин тутулун түөрэҕин булуна илик дойду. Кини уруккулуу хаалынньаҥ өйүгэр-санаатыгар тирэҕирбит араас кыдьык элбэх. Ону барытын кытта быһаарсан кырдьыккын булбаккын. “Кырдыгы көрдүүбүт” диэн урут саха дьоно омуктарын хаста да уган биэрбиттэрэ. Биһиги алгыһынан, үтүө санаанан, дьаныардаах үлэнэн, хардарыта көмөнөн олорор үтүө санаалаах норуоппут. Биһигини Муус Кудулу байҕал хотуна араҥаччылыыр. Ол эбэтэр, манна олохсуйуу ирдэбиллэрин кэлии киһи эрэ барыта тулуйбат. Олохтоох ирдэбили тутуспат дьону ийэ айылҕа бэйэтэ муус ураҕаһынан кыйдыа, хотугу цивилизацияны көмүскүө. Оттон биһиги дьоһуммутун өрө тутан, кэлии дьон албыннаах-көлдьүннээх күөнтэһэр угаайыларыгар киирэн биэримиэх, сахалыы өркөн өйбүтүгэр тирэниэх.

Бачча өрөйөн-чөрөйөн баран уостан хаалбакка, бэйэбит олохпут тутулун бөҕөргөтөр устуоруйа саҥа кэрдиис кэмигэр үктэннибит.

Ульяна Винокурова, социология билимин доктора, Саха III Кэнгириэһин дакылаатчыта.

Category: Саха | Views: 1241 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024