News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Муус устар » 10 » Омук эрдээхпин
Омук эрдээхпин | 07:15 |
Омук эрдээхпин
Саха дьахтара атын омук дьонугар эргэ тахсара урут да элбэх буолара, мантан антах сырыы-айан, кэлии-барыы элбээн, маннык көстүү өссө дэлэйэн иһиэн сөп. Биллэн турар, иитэн улаатыннарбыт кыыстара атын омук киһитигэр “сөрүөстэрин” төрөппүттэрэ уонна чугас аймахтара хайдах ылыналлара, омук күтүөттээх дьон кырдьан кыаммат буоллахтарына кинилэри ким көрөрө-харайара (туора омук дьоно кинилэри көрүөхтэрэ дуо?), ити аҕыйах ахсааннаах норуокка төһө бэркэ дьайара, сиэр-майгы өттүнэн төһө сөбө – туспа боппуруос.
Олох көрдөрөрүнэн, маннык “булкаас ыаллар” олохторо үксүгэр табыллыбат: элбэхтик арахсаллар, олордохторуна да элбэх эрэйи кытта эҥээрдэһэллэр. Билигин хайдаҕын билбэппит эрээри, урукку 90-с сыллардааҕы статистика этэринэн, “интернациональнай” ыаллар 80-ча бырыһыаннара арахсаллар. Үгэс курдук, омук күтүөтэ кэлбит сиригэр төттөрү барбытын кэннэ, түмүгэр, саха дьоно кыыстара булан аҕалбыт “боруода сиэннэрин” иитэргэ күһэллэллэр.
Билигин хаан буккуһуута биһиэхэ, сахаларга, элбэх. Ону таһынан, кэргэнэ суох сылдьан омуктан оҕолонуу эмиэ элбэхтик көстөр. Аны сотору тимир суол тирилээн кэлиэ... Биллэн турар, барыларын биир халыыпка симэн “омуккэ эргэ тахсар куһаҕан” диир кыах суох. Этэҥҥэ дьоллоохтук олорор да ыаллар, бука, баар буолан эрдэхтэрэ.
Истэ, билэ-көрө сырыттахха, манна куоракка билигин саха кыргыттара таджик, узбек, азербайджан, кытай уолаттарын кытта ыал буоллаҕа аатыран “гражданскай” эр-ойох буолан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор. Сорох дьахталлар ол “эрдэрэ” төһө эмэ бэйэлэрин дойдуларыгар ойохтоохторун-оҕолоохторун билэ-билэ... Онно омук эр дьонун туох диэн баалыаҥый? Киниэхэ эргиччи барыс буоллаҕа, манна “бэһиэлэйдик”, бэлэм аска-таҥаска, сылаас дьиэҕэ олорон анараа дьонун иитэр, таарыйа Арассыыйа гражданствотын ылар...
Омук эрдээхпин
Мария кэргэнэ — “гастарбайтер”, 45-гэр чугаһаабыт киһи. Дойдутугар кэргэннээх, оҕолордоох. Саха сиригэр кэлбитэ аҕыйах сыл буолбут. Мария “кинини кытта көннөрү “гражданскайынан” эрэ олоробут. Мин киниттэн икки уол оҕолоохпун. Оҕолорум аҕаларын батан иккиэн “красавчиктар”, — диэн киэн тутта кэпсиир.
“Тугуй ол, дойдутугар кэргэннээҕин билэр этиҥ дуо?” — диэн ыйытыыбар, “ол миэхэ оруолу оонньообот, мин кини кырасыабай дьүһүнүгэр абылаппытым уонна киниттэн эрэ оҕоломмут киһи диэн баҕаттан оҕоломмутум. Анараа кэргэнигэр үс кыыстаах. Билигин мин киниэхэ икки уол оҕону бэлэхтээммин күнэ-ыйа биһигиттэн тахсар. Тутууга үлэлиир, ботуччу хамнаһы аахсыбатар да, ас-таҥас баар, үҥсэргиир кыаҕым суох. Дьиэ куортамнаһан олоробут. Үчүгэйэ диэн табахтаабат, арыгылаабат. Арай биир куһаҕан өрүттээх – күнүүһүтэ бэрт. Миигин ханна да сырытыннарбат, дьөрү үлэлэппэт даҕаны. Онон икки оҕобун көрөн дьиэҕэ олоробун. Ыйдааҕы бородууктатын эрдэ хаһаанан кэбиһэр. Онон тугу гына олоруомуй, хата, ас астыырга үөрэнним”.
— Оттон олоххун киһилии оҥостор санаа киирбэт дуо, сокуонунан бигэргэтэн эҥин, төһөтүн да иһин киниттэн икки оҕолонноҕуҥ дии?
--Оннук санаа өйбөр букатын киирбэт. Күнүүһүтүн билиэхпиттэн сэрэхэдийэр буолбутум. Арахсан барар түгэммэр, икки оҕобун иитэр кыахтаахпын. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт, мин ыал кыра оҕотобун. Онон ыарахан кэм тирээн да кэллэҕинэ, кинилэр көмөлөрүгэр эрэнэбин, сир-халлаан икки ардыгар хаалларыахтара суоҕа. Мин көмөбүнэн кини манна, Саха сиригэр, пропискаламмыта уонна Арассыыйа гражданствотын ылбыта. Онон арахсар да буоллахпытына, кини миигиттэн иэс баайсыа суоҕа дии саныыбын. Кэнники кэмҥэ өй-санаа уонна эт-хаан өттүнэн араастаһыыбыт элбэх уустугу үөскэтэн эрэр дии саныыбын. Аны туран, нууччалыы олус мөлтөхтүк саҥарара бэйэбит икки ардыбытыгар сыһыаммытыгар, кэпсэтэр кэпсэтиибитигэр ыарахаттары үөскэтэр. Онон кэлэр олохпут-дьаһахпыт уустугуруох чинчилээх. Дьэ, билбэтим, көрөн иһиллиэ, хайдах-туох буоларын.
-- Оттон дьахтар быһыытынан толору дьоллоохпун дэнэр кыахтааххын дуо?
— Тугу кистиэмий, урут бу иннинэ эмиэ ыал буола сылдьыбыттааҕым. Эмиэ сокуоннайынан буолбатах. Бэйэм саастыыта саха уолугар тахсан, сыл курдук көннөрү ыал буолан олорбуппут, оҕоломмотохпут. Аны туран киһим арыгылыыр этэ. Наһаа эрэйдээхтик олорбуппут, ол эрээри, бэйэ омуга аата бэйэ омуга буоллаҕа, майгыбытынан тапсар этибит, өйбүт-санаабыт, олоххо көрүүбүт биир буолааччы. Киһи быһыытынан, майгытынан сытыары-сымнаҕас этэ. Арахсыбыт төрүөппүт биир – тугу да гыныан, үлэлээн дьонун иитиэн баҕарбат этэ, ол быыһыгар арыгылыра. Оттон бу омук кэргэним аһыы утаҕы букатын да амсайбатын кэриэтэ. Баҕар, арыгылыыр киһиттэн кэһэйэн кинини чугаһаппытым буолуо. Бу билиҥҥи киһибин ис сүрэхпиттэн иэйэн-куойан туран “таптыыбын” диир кыаҕым суох. Омугу кытта, арааһа, таптала да суох олоруохха сөп быһыылаах. Омуктар оҕолорун туһугар олорор курдуктар. Кинини кытта биһиги туох да туһунан кэпсэтэр кыахпыт суох, ис дууһабытын билсибэппит, күннээҕи кэпсэтии таһымынан эрэ быһаарсабыт. Төһө да бииргэ олорор ааттаахпыт иһин, “бу киһини кытта бииргэ олорон үйэбин моҥуом” диэн санаа кыратык да киирэн ааспат. Хайдах эрэ, “оонньоон” ыал буолан олорор курдукпун. Оҕолорум арыый улаата түстэхтэринэ киниттэн көһөн барыам диэн санаа киирэр, ардыгар. Дьикти баҕайы, тоҕо эбитэ буолла... Иккиэн хонор хоноһо курдук сыһыаннаах дьоммут. Тус-туһунан итэҕэллээх, атын өйдөөх-санаалаах буоламмыт бэйэ-бэйэбитин букатын өйдөспөппүт, өйдөһөр да кыахпыт суох быһыылаах.
Мин бэйэм куоракка үөскээбитим. Сороҕор саныыбын ээ, тыаҕа олорбутум, айылҕаҕа чугас сылдьыбытым буоллар, баҕар, атын өйдөөх-санаалаах буолуох этим диэн. Ханна эмэ ыалга сырыттахпына, үчүгэйдик олорор дьиэлээх-уоттаах, хаһаайыстыбалаах саха ыалын көрдөхпүнэ, испэр наһаа ымсыыра саныыбын. “Эчи, хаарыаны, кинилэр курдук олохтонон олорбут киһи баар ини!” — диэн. Оттон дьиэбэр кэлэн ааммын арыйан киирэн омук эрим сирэйин көрөөт: “Бу мин ким туһугар олоробунуй?” — диэн санаа киирэр, өйүм-санаам харааччы буккуллар, ол биэрбит боппуруоспар эппиэт көрдөөн эрэйдэнэбин. Оҕолорум икки кэргэним икки мөссүөннэрэ букатын атын омук эйгэтин санаталлар. Икки омук менталитета атынын, дьэ, онно өйдөөн көрөбүн. Сыа быыһыгар былчархай кыбыллыбытын курдук бэйэбин туора сананабын. Саатар, уолаттарбар саха хаана ханан да бэриллибэтэх, уунан кыайан суураллыбат туора боруода, атын омук дьоно. Манныгы этэн эрдэхтэрэ “көссүү оҕото көрбүтүнэн төрүүр” диэн. Бэйэм туох да булкааһыга суох мас сахабын. Төрдүбүтүгэр да хаан булкуһуута суох. Киһи да күлэр ээ, омук киһитигэр эргэ тахсан баран биирдэ сахалыы сирэйдээхпинэн киэн туттар буоллум. Ол иннинэ онно улаханнык болҕомто уурааччым суох. Билигин кэлэн омук киһитин кытта олорорбуттан арыт-ардыгар кэмсиниэх санаам кэлэр, ону дьэ өйдөөн эрэбин. Уулуссаҕа бары дьиэнэн күүлэйдии тахсарбыт – биир накаас. Ааһан иһэр дьон биһиги сирэйбитин-харахпытын олбу-солбу, эргиллэ-эргиллэ көрөллөр. Сөп даҕаны, мин ийэлэрэ ааттаах киһи эрбэр да, оҕолорбор да букатын маарыннаабаппын. Онон, хайдах эрэ, омуктарга атыыламмыт сэлээрчэх дьахтар дии саныыр буолуохтаахтар. Ол – кыбыстыылаах. Бэйэм омугум ис-тас эйгэтэ миэхэ хайдах курдук дууһабар, куппар-сүрбэр чугаһын дьэ билэн-өйдөөн эрэбин. Санаам дууһабын аалар, сүрэҕим моруу буолар.
Бастакы кэргэммин арыт-ардыгар олус күүскэ санаталаан ылабын. Кини киһилии сылдьыбыта буоллар, төһө да оҕото суох буолбуппут иһин, олоро сатаан көрүө этибит дии саныыбын. Мин кинини таптыыр этим.
— Оттон 60-ҥун ааһан, 70-ҥар тоҥхойон, 80 сааскын тайахтанан көрсөр кэмиҥ кэллэҕинэ, олорбут олоҕуҥ кэрчик кэмнэрин туох диэн сыаналыаҥ этэй?
— Эс, тоҕо эрэ оччо сааспар тиийиэхтээхпин диэн санаабаппын. Билигин 30-чалаахпын эрэ. Өссө да 40-50 сыл баар. Онно киһи санаата кыайан тиийбэт. Арай оҕолорум туһуттан санааргыам эбитэ буолуо. Хаан булкуһуутун таһаарбыт буруйбар оҕолорум, сиэннэрим өссө хайдах-туох дьылҕаланыахтара биллибэт. Манна хаалан сахатыйар да түгэннэригэр, саха дьоно кинилэри бэйэ дьонун курдук ылыналлара саарбах. Омук оҕото син биир туора оҕо курдук көрүллэр. Дьикти баҕайы ээ, сороҕор бэйэлээх бэйэм төрөппүт оҕолорбун көрөн олорон “бу хантан кэлэн хаалбыт, ким оҕолорой?” диэх курдук санаа эмискэ киирэн тахсар.
— Кини дойдутугар кэргэннээх киһи кэмэ кэллэҕинэ, хаһан эрэ син биир төннүө турдаҕа. Оҕолоруҥ туһуттан барсыа этиҥ дуо? Омуктар уол оҕону өрө туталлар ээ.
— Эс, суох. Билиҥҥиттэн кини миэхэ “мин дойдубар баран олоруохпут” диэн тылын минньитэр, кучуйа сатыыр. Мин куорат дьахтарабын, ону өйдөөбөт үһүбүн дуо? Ол кини олорор түҥкэтэх, дьадаҥы кишлагар хой маныы, ынах ыы барыам дуо? Суох, дойдубуттан атын сиргэ, буолаары буолан атын менталитеттаах, итэҕэллээх омук сиригэр баран олохсуйар былааным суох. Оҕолорум туһуттан да барыам суох этэ. Бэйэм дойдум салгына бэйэбэр чугас. Оҕолорбун аһынабын, аҕаларыгар олус бэртэр, билигин кыра буоланнар хайдах-туох балаһыанньалаахтарын өйдөөбөттөр. Киһим син биир уолаттарбын бэйэбин кытта илдьэ барыаҕым диэтэҕинэ — уйабар уу киирэр. Сокуоннай кэргэннии буолбатахпыт эрэ миигин уоскутар.
— Төһө да саахсата суох олордоргут, эн киниэхэ иккис, одьулуун ойох диэн буоллаҕыҥ. Уопсай оҕолордооххут, көҥүл кэргэннии олоҕунан олороҕут?
— Чугас дьонум, аймахтарым “омук киһитигэр иккис ойох буолан олороҕун” диэн сирэй-харах анньаллар, ону кистээбэппин. Баары, кырдьыгы этэллэрин билэбин, туох диэн мөккүһүөмүй? Бастаан билсэрбэр дойдубар кэргэннээхпин, оҕолордоохпун диэн көнөтүнэн аһаҕастык билиммитэ. “Акаары эрдэхпинэ албыннаан, үктэтэн ойох ылбыта” дии кыаҕым суох. Ону билэ-билэ куодарыспытым, оҕолорум төрүүр быалара тартаҕа буолуо. Эбиитин көстөр дьүһүнэ ис киирбэҕэ умсугуппута. Хайыамый, мин оччолорго 25 эрэ саастаах этим. Оттон кини өйүн туппут, олоҕу олорбут 40-чалаах киһи буоллаҕа. Билигин син олоҕу биллим дии саныыбын. Хайдах эрэ мин кинини кытта быстах олоробун дии саныыбын. “Омук киһитигэр иккис ойох буолан олоробун” диэн толкуй өйбөр киирбэт. Бэйэбин киһи быһыытынан сэнэниэхпин баҕарбаппын. Арай, бу билигин олорор балаһыанньам халбархайыттан, инникибин былааннаан көрөр кыаҕым суоҕуттан бэйэм бэйэбэр абарабын. Киһим майгытынан сымнаҕас эрэ буолан, онтон иҥнэн олоробун. Хаһан да мөхпөт, киһиэхэ наһаа болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Онон туох да диэн баайсар, иирсээни күөртүүр, “оннуккун-манныккын” диэн баран ааны тыастаахтык саба быраҕан тахсар төрүөтүҥ суох буолан тахсар.
Иккистээн олох олорорум буоллар, бука, бэйэм сахам киһитигэр кэргэн тахсан олоруом эбитэ буолуо.
Саха дьахтара.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1177 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 12 Ыалдьыттар (гостей): 12 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|