- Экэниэмикэ
2018 сыл тохсунньутугар биир “именной” аахсыйа сыаната 1 мөл 950 тыһ солк этэ. Ол иннигэр өссө чэпчии сылдьыбыта. Холобур, 2010 сылга биир аахсыйа баара суоҕа 30 тыһ солк буола сылдьыбыттаах. Ону инникини сылыктыыр өйдөөх дьон кууһунан атыылаһан турардаахтар.
2011 cылтан саҕалаан аахсыйа сыаната улаатан барбыта. Бастаан сыыйа-баайы онтон балысханнык. 2018 сыл бэс ыйа үүнүүтүгэр “АЛРОСА” хампаанньа биир “именной” аахсыйата 2 мөл 600 тыһ солк буолан соһуппута. Хастыы да аахсыйалаах дьон эмискэччи байа түспүттэрэ. Холобур, 2010 сыллаахха биэс аахсыйаны холбоон 150 тыһ атыыласпыт киһи барыыһырар.
2018 сыл бэс ыйыгар үрдээбит аахсыйа сыанатынан 13 мөл солк харчыланар. Дьэ итинник былырыын "именной" аахсыйа сыаната баара суоҕа сыл аҥаарыгар дьон сүрэҕин эймэнитэрдии үрдээбитэ. Бары пуондабай Кииннэр бииржэ тургутуутунан сыананы быһаллар. Аахсыйа хайдах үөһээ “дьэргэс” гыммытын курдук эмискэччи аллараа сурулуон сөп.
Мииринэй куоратыгар былырыын сэтинньи ыйын 27 күнүгэр “АЛРОСА” АХ "именной" аахсыйата ортотунан 2 мөл 500 тыh солк, “АЛРОСА-Ньурба” аахсыйата 70 тыh солк сыаналанар буолбуттара. Ол аата “АЛРОСА” анал аахсыйатын сыаната бэс ыйынааҕы туругуттан 100 тыһ солк аллараа түспүтэ.
Үүммүт 2019 сылга алмаастаах хампаанньа анал аахсыйатын сыаната маннык: муус устар ый 10 күнүнээҕи туругунан биир аахсыйа ортотунан 2 мөл 400 тыһ солк. “АЛРОСА-Ньурба” аахсыйата 60 тыһ солк. Ааспыт сыл сэтинньи ыйыгар тэҥнээтэххэ “АЛРОСА” анал аахсыйата 100 тыһ-нан, “АЛРОСА-Ньурба” аахсыйата 10 тыһ-нан кыччаатылар. Онон, аахсыйалаах дьон балаһыанньа туох-хайдах буоларын, уларыйарын пуондабай Кииннэргэ сылдьан билсэ туруоххутун сөп.
Станислав Алексеев, Мииринэй к., Слава “Гелио” Степанов хаартыскатыгар наардаммыт алмаастар.
|