Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 20 » Ааныка ураһата. Ураһалаахтан оскуола оҕолоро кылаат булбуттар.
Ааныка ураһата. Ураһалаахтан оскуола оҕолоро кылаат булбуттар.
08:56

Ааныка ураһата. Ураһалаахтан оскуола оҕолоро кылаат булбуттар.

Александр Александров, краевед (Нюрбинский улус, г. Нюрба).16.04.2019 г.
Интэрнээттэн бээтиниссэ күн күрээн, Аканаттан икки көстөөх Чкаловка сатыы баран иһэн, трактор тоҕо тардыбыт чөҥөчөгөр сынньана олорон, дьэс харчы ыһылла сытарын хомуйбуттар. Ааныка эмээхсин хасааһа ити эрэ буолбатаҕа буолуо- диэн кэпсэтии хас ыал ахсын күөдьүйэн иһэн, музейга көрдөрбүттэрэ, сыаната суох алтан уонна дьэс харчы үһү, диэн симэлийбитэ.

Аҕыйах сыллаахха дылы ити сиргэ туос ураһа атаҕын баҕаналара турбуттара, ол иһин Ураһалаах диэн ааттаммыта. Дьиҥинэн урукку аата Балтараа олоҕо дэнэрэ. Былыргы аата Сайылык Уккаачаах. Ити Акана нэһилиэгин Хардаҕас аҕатын ууһун, Моло уола Григорий Иннокентьев Балтараа кинээс өтөҕө. Кинээс диэтэххэ кыараҕас сирдээх эбит.

Хатыҥ Сыһыыга, Муоһааны эбэ муҥхатыгар сылдьан, Уордаах Мөөчөкө кэргэнин балтын Ааныканы, Мэгэдьэктэн эдьиийигэр куулэйдии кэлэ сылдьарын, Моло уола Киргиэлэй, хараҕынан сөбүлүү көрдө. Муҥханы самахтыыр кэмнэригэр, эдэрдэр кытыыга тахсан балык кутар сир хаарын күттүлэр. Күрдьүллүбүт мууска хатыыскалаатылар. Киргиэлэй хатыыскалыы сылдьан, кыыс көрөрүгэр кимтэн да ордуктук сырылаан, кыргыттар туспа туралларыгар тиийэн кэллэ. Аана бэйэтэ да, таҥаһын киэргэлэ, курбуу курдук, үрдүк көнө уҥуоҕа, хара уһун суһуоҕа, арылхай хараҕа киһи эрэ сэргии көрүөх кыыһа. Эдэрдэр хатыыска кэнниттэн, төгүрүччү тураннар атах тэпсэ оонньоотулар.

Хайдах эрэ түгэн булан иккиэн сэргэстэһэ буолан истилэр. Күһүҥҥү күн хараҥаран эрдэҕинэ, чардаат тула мустан балык эстилэр. Хойукка дылы, анаан оноһуллубут сыарҕалаах хоптоннон, балыгы хаарын күрдьэн бэлэмнээбит сирдэригэр тастылар. Балык үллэстиитин кэннэ, сарсын илин атахха хас да муҥханы тэҥинэн тардабыт – дьиэн буолла. Онон Киргиэлэй дьонун кытта хоно хаалар буолла. Ыраахтан кэлбиттэр Муоһааны эбэ ыалларыгар үллэстэн хоннулар. Киэһээ аһылык кэннэ, эдэрдэр кыраһыын лаампа симик уотугар, хаабыскалаан, хабылыктаан күрэхтэстилэр. Сотору, -утуйун эрэ, сарсыарда эрдэ турабыт -диэн дьарылыннылар.

Мэгэдьэккэ Киргиэлэй уол суорумньулара кэлэн, Аана дьонун кытта илии тутуһан барбыттар. Икки нэһилиэк биллэр аҕа уустарын уруутун аны сайын күн саамай уһуур кэмигэр, ыһыах күн ыытарга болдьоспуттар. Түсүһүүлээх уруу тэриллэр буолбут.

Аат суол ыытаары, баайдар түсүһүүлээх урууну биирдэ эмит ыыталлар эбит. Эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан, уол кыыс икки өттүттэн тоҕус көрүҥҥэ күрэхтэһии тэриллэр. Уол дьоно хоттогуна халыым төлөөбөттөр. Кыыс дьоно хоттоҕуна уол халыымын төлүүр, кыыс энньэтэ суох кэлэр.

Күһүн от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, кыстыкка киириэх иннинэ, Хардаҕас аҕатын бастыҥ дьоно төкүттүү Мэгэдьэккэ бараллар. Былыргы үгэһи ту-туһан, Киргиэлэй уол аҕата Моло-Иннокентий Александров, Моло убайа Акана кинээһэ Мэхээлэ Александров, арыалдьыттарынаан, кэһиилэрин илдьэ отучча буолан бараллар. Толору киэргэллээх, сэтии аттарыгар бэрэмэдэй муҥунан кэһиилээх тиийэллэр.

Кийиит дьиэтигэр тиийэллэрэ көс аҥара хаалтын кэннэ, сиэтиллэн кэлбит баайтаһын биэни охторон түһэрэн, үөһүн тартылар. Туттуулаах дьон астыы оҕустулар. Арыаллаһан кэлбит, Эт тутааччы эрдэ тиийэн, холумтан иннигэр, ыҥырдан илдьэ кэлбит буспут эттэрин уурда, ол үрдүгэр кыйахаламмыт биэ төбөтүн ууран баран, анал тымтыгынан, хараҕын аста, айаҕын атытта, кулҕаагын көннөрдө. Онтон таһырдьа тахсан биэтин этин лаабыска уурда.
Күтүөт киирэн холумтаны уҥа өттүнэн эргийэн баран, оһоххо сыа, арыы, сиэл бэристэ уонна тахсан барда. Түҥүрдэр киирэннэр оһох иннигэр олордулар. Кыыс, дьүөгэтинээн хаппахчыттан тахсыбатылар.

Алгыс
Күтүөт кэлэн, кыыс аймахтара мустан, кыыстаах уол илии тутуһар малааһыннара тэрилиннэ. Аһыы олорон, күтүөт саха үгэһинэн кыыска, бэйэтин аһылыгыттан хаппахчыга кэһии ыытта.
Аһылык кэнниттэн ырыа, тойук, күрэх ыытылынна. Энньэ, халыым ахсаанын чуолкайдаһан баран, хонон өрөөн баран, иккис куннэригэр дьиэлэригэр хоҥуннулар. Ол тухары кийиит хаппахчыттан тахсыбата. Дьүөгэ кыыһа эрэ киирэр тахсар.

Алаастан тахсалларыгар сыыдам аттаах киһи эккирэтэн кэлэн иннилэринэн күнү батыһа күөйэ эргийэн төттөрү ыстаннара турда. Киргиэлэй, туохпутун эрэ умнубуппутун биэрээри эккирэтэн кэллилэр дии санаабыта, атын эбит. Ити аата дьолбутун илдьэ барбатыннар диэн эргийэллэр эбит.
Кыстык этэҥҥэ ааһан, сандал саас тиийэн кэллэ. Уруу тэрийэр икки ыал кыһыны быһа түбүгүрэн таҕыстылар. Тыл баран, түсүһүүлээх уруу тэриллэр буолан, бэлэмнэнии атын уруулардааҕар түбүгэ элбээтэ. Кыыс киэргэллэрэ, илин – кэлин кэбиһэрэ, кыабака симэҕэ, суһуох киэргэлэ, бөҕөхтөрө, кулҕаах хастара, күлүүс ыйыыра, ытарҕалара, биһилэхтэрэ буут кэриҥэ ыйааһыннаах буолла. Ол таһынан иһитэ, хомуоһа, таҥаһа саба, саҥа аймахтарыгар кэһиитэ туспа бэлэмнэннэ.

Уол дьоно тоҕус биэни ыан кымыс бэлэмнээтилэр, булт этин, балык астаабыттара. Көлүллэн этэ алдьаммытын кэннэ, анаан уотуллубут сэттэлээх аттаммыт оҕуһу, сыата ууллубатын диэн ампаарга хаайан туран ыаҕаһынан таһан уулаппыттара, иһин сыата үчүгэй буоллун диэн кур отунан аһаппыттара. Сата уустарыгар, быһыччы, кыптыый, оҕо сытар биһигин, иэдьэҥээни онотторбуттар, тоҕус тууйаска толору талах сигириитин кыспалаан симнэрбиттэр. Ол сигири оҕо эмэһэтин соторго аналлаах. Иистээх эмээхсини ыҥыран, тоҕус кыһыл саһыл тириилэринэн тус-туспа оҕо сытар тэллэхтэрин тиктэрбиттэрэ. Саҥа сылгы тириитин имиттэрэн тэллэх бэлэмнээбиттэр, саһыл, куобах кэтэхтэрин, тумсуларын түүтүн сирийэн суорҕан тиктэрбиттэр. Үүс тириититтэн үллүк, кус түүтүттэн бэриинэ, сыттык тигиллибит.

Киргиэлэй Ааныкатын сүгүннэрэр күүтүүлээх кэмэ тиийэн кэлбит. Мэгэдьэктэн хоҥнор күннэригэр, уруу туох баар сиэрин туомун толорон, баай-тойот, кулут-чаҕар, уруу-аймах дьон чэлгиэннээх тэлгэһэттэн тэйэр, тойон сэргэттэн аттанар бүтэһик түһүмэхтэригэр тоҕуоруһа мустубуттар. Аар кырдьаҕас, аал уоту аһатан, эдэрдэргэ соргу көтөгөн алгыс эппит.

Сиэри толорон, сүүс киэргэл аттаах түҥүрдэр, ходоҕойдор, мааны танастарын кэтэн, кийиити арыаллаан кэлсибиттэр. Ол таһынан кэһии ыҥырдыллыбыт 15 толору бэрэмэйдээх аттара, күрэххэ кэлбит 20 бууттаах атыыр оҕус, сулумах, сэтиигэ иһэр, сүүрүк аттар Үрэн аартыгыттан, Бэти бүтэйинэн Киэҥ Үрэххэ тахсан кэллилэр.

Кыыс сүктэн кэлэр күнүгэр, ыраахтан чугастан, кыанар кыаммат бары мустубут. Киэҥ үрэҕи усталыы, көс кэриҥнээх сиргэ, күөх оту тэлгэппиттэр. Ойуур быыһыттан сыһыыга киирээттэрин кытта, күүтэн турар соноҕоһу төлө тардан, күтүөт уол эдэр сылгыһыта Кыһыл Буулуур үрдүгэр ойон тахсан илин диэки көтүтэ турда. Ону кэтэһэ испит, кийиит арыалдьыта аарааҥҥа дылы сэтиигэ кэлэн, саҥа ыныырданан, сүүрэрин билэн бугуһуйбут Улаан атыыр үрдүгэр ойон тахсан кэнниттэн эккирэтэ турда. Киһи хараҕа ыларын тухары ким кими сиппитэ биллибэккэ быыл эрэ оргуйан хаалла. Күөн көрсүһүү, бэрт былдьаһыы саҕаланна. Эрдэ тиийбит, хататынан саҕан, саҥа уот оттуохтаах.

Түҥүрдэр Киэҥ Үрэх ортотугар, били таһаҕын харыстаан, хаһан да ат миинньибэтэх, оҕус сыарҕатыгар олоро сылдьыбыт, тоҕус ойохтоох, Саалаах тойон Арҕаа эбэ уутун аҕыйатаары хастарбыт хоруутун тибилэҕэр үүнэн турар арыы хатыҥнарга кэлэн, салама ыйаатылар, уот оттон кымыс куттулар, арыы, сиэл уокка биэрэн сыт таһаардылар. Хардаҕас аҕатын ууһа түөлбэлээн олорор сирэ мантан саҕаланар.

Кийиит тиийиэхтээх Сайылык Уркаачаагар, күүтэн олорор уруу ыалдьыттарыгар, икки-үс биэрэстэ тиийиэн иннинэ симэхтээх аттар алтан чуорааннара, үрүҥ көмүс киэргэллээх үүннэр аарыктара ала чуотук кыыгынаан, бу турардыы иһиллибит. Алааска киириигэ мааны таҥастарын таҥныбыт олохтоохтор көрүстүлэр. Кийиит ата куотан кэлбит сураҕа иһиллэ оҕуста. Кийиит аттан түһэригэр арыаллаан кэлбиттэртэн, биир эдэр уол, аар тэллэҕи сиргэ быраҕан, төҥкөс гынан үктэл буолбутугар, олохтоохтор сипсиһэн ыллылар. Эрдэ чочуллубут, сылгы хоргуна иҥэриллибит, муостаах-курахтаах сэргэни, кийиит кэлбит бэлиэтин туруордулар.

Бөрө тириитэ анахтаах, муостаах бэргэһэлээх, буутуктаах сонноох, толору симэхтээх кийиити, бииргэ кэлбит арыаллыыр дьүөгэлэрэ дьиэҕэ сиэтэн киллэрдилэр. Аан боруогар охсуллан кыабага симэҕэ кылыр гынна. Кийиит холумтаны күнү батыһа эргийэн кэлэн, илдьэ кэлбит тымтыгын, сыатын, сиэлин саҥа оттуллан умайа турар уокка биэрдэ, хаҥас диэки анаан бэлэмнэммит хаппахчыга дьүөгэлэринээн киирдилэр. Арыалдьыттар мустубут дьоҥҥо көрдөрөрдүү аргыый аҕай, бытааннык, илдьэ кэлбит кэһиилэрин дьиэҕэ тастылар.

Түҥүр киһи
Алгыс кэнниттэн уруу малааһыныгар олорорго ыҥырдылар. Улахан дьиэҕэ тардыллан турар остуолга маанылар олордулар, орто дьон аан аттыгар миэстэ буллулар. Көннөрү дьоҥҥо анаан күөх кырыска тардыллыбыт туос сандалыларга ыһыах, уруу көрө кэлбиттэр олордулар. Кийиит кэһиитин, бүтэйдии буспут, сылгы ойоҕосторун, кур оҕус этин тэлэкэлии охсон, үтэһэгэ үөлэн ыалдьыттарга түҥэттилэр, чорооннорго кымыс кутан эдэр кыргыттар уолаттар тарҕаталыы оҕустулар. Саламаат, алаадьы амсайдылар, саха аһын арааһын аһаатылар.

Уон буут ынах арыытыттан саламаат бэлэмнээбиттэр, онтон ким төһө кыайарынан истэ, сиэтэ. Таркаайы бастыҥа, Тоторбот удьуора, Топпот диэн киһи, муунталаах хамыйаҕынан, отут хамыйах саламааты сиэбит, оссо сии олоруогун, быраата ойоҕоско анньан тохтоппут.

Аһылык кэннэ, тото аһаабыт тойоттор оҕус харсыһыытын саҕалыырга эппиттэр. Икки өттүттэн бэлэмнээн турбут оҕустарын, анаан тутуллубут аҕыс муннуктаах далларыгар хаайталаан, киксиһиннэрэн биэрдилэр. Мэгэдьэк оҕуһа уҥуогунан улахан эбит, Аканалар оҕустара Уодьаах диэн оччо улахана суох уот кугас өҥнөөх эбит. Икки өттүттэн күрдьүөттэһэн, сири, буору хаһан бардылар, айаатаан лыҥкынаттылар. Аан маҥнай хайалара да урут түспэккэ, төгүрүччү хаама, тохтоон буор хаһа сырыттылар. Биир түгэҥҥэ, эмискэ, олохтоох оҕус ойоҕоско супту түспүтүн, ыалдьыт оҕус эргиллэ охсон, муоска түһэрэн ылла. Куотар кыахтара суохтарын өйдөөбүт айыы кыыллара, утарыта түсүһэн харсыбытынан бардылар. Орулааһыннара, сарылааһыннара, муостарын тыаһа, кыараҕас алааһы толордо.

Оҕо дьахтар күрүөттэн тэйэн биэрдэ, эр дьон эбии чугаһаан кэллилэр. Ханнык эрэ түгэҥҥэ тэйсэн, эмиэ күрдьүөтэһэн бардылар. Онтон тыын ылаат, эмиэ утарыта ойдулар. Хайалара эмит күрүөҕэ анньан кэллэҕинэ, бөҕө гына, бөдөҥ мастан оҥоһуллубут дал хаакынаан ылар. Аны күрүөттэн тэбинэн, кытаанахтан тирэнэн хотторон иһээччи төттөрү анньан барар. Эмиэ тэйсэн баран аны, утарыта буолбакка, ойоҕоско, моонньуга түсүһэ сатаан бардылар. Биир түгэҥҥэ кэлии оҕус, бэйэлэрэ хаспыт оҥкучахтарыгар үктээн бүдүрүйдэ, ону кэтэһэ сылдьыбыт дьиэлээх оҕус ойоҕоско түстэ, анараа оҕус ойоҕоско таптаран сууллан хаалла. Эмиһэ бэрт буолан, кыайан кэмигэр хамнаммата, саҥа туран эрдэҕинэ, Уодьаах кыратык тэйэ түһэн баран өрөһөтүн курдары анньан, сонно орулатта.

Хамначчыттарга астаан кэбиһиҥ диэтилэр. Куһаҕантан ас тахсан олохтоох суор халаатаан ааста.

Дьон тоҕо анньан атах оонньуута буолар сиригэр бардылар. Бастаан көннөрү ыһыахха кэлбит дьон, түһүлгэ ортотугар киирэн куобахтаан, кылыйан, буурдаан бардылар. Көрүҥнэринэн сааһыттан тутулуга суох күрэх буолла. Үс көрүҥҥэ мүһэ туттардылар.

Атах оонньуутун саамай ыарахан көрүҥэ үс төгүл тоҕус. Тоҕуста аҥар атахха кылыйыы, онтон тоҕуста буурдааһын, онтон тоҕуста куобах. Чахчы бэйэтин эрэнэр эрэ киһи кыттар курэхтэһиитэ. Кэпсэтии быһыытынан үстэ төхтүрүйэр буоллулар. Куруук күрэхтэри дьаһайар Дьуона, көнө кырдалга туоһун икки ардын иккилии саһаан гынан 28 туоһу уурда. Көрөөччүлэр саба сырсан кэлэн олорооччу олордо турааччы турда. Тиксэр биэтэккэ бастаахтар кэлэн арыый тэйиччи төбүрүөннээн олордулар. Икки өттүттэн дьаһайарга, Дьуонаҕа көмө дьоннору анаатылар.

Аан бастаан олохтоох уол Быһый Уйбаан ыстанна. Туостан туоска түһэн, бүтэһик туоһун уллуҥах курдук аһара түстэ. Мэгэдьэк бастыҥа кылыыга туостан туоһу аһарда, буурга син аҕайдык барда, куобахха кыччатан, кыччатан түмүк туоһу таарыйа эрэ түстэ. Иккис барыыга Акана уола баарыҥҥытыттан эмиэ уллуҥах холубурдаах эптэ. Кийиит күрэхтэһээччитэ дубук үктээн, бүдүрүйэн, ойуутун түмүктээбэтэ.

Аканалар уолларын үһүстээн ойдоробут дуу, суох дуу диэн сүбэлэһэн баран, күрэх аата күрэх, өссө ойдун диэтилэр. Ону күүтэн турбуттуу бу сырыытыгар иккис туостан сырыы аайы эбии түһэн, бүтэһик туоһун өссө хардыы курдугунан эбэр. Ойорун тэҥҥэ ааҕа олорбут Акана олохтоохторо уруйдуу түһэллэр.
Мэгэдьэк уола ойоругар, уу чуумпу буола түстэ. Бастакы ойуутун туоска түһэр, онтон эбэн иһэр, бүтэһиккэ уллуҥах аҥарынан аһара түһэр. Дьон саҥата ордук ыстанна диэн айдаара түһэллэр. Сорохтор кыайда диэн, туох да иһиллибэт айдаана буолар. Икки өттүттэн талыллыбыт дьон туспа тахсан кэпсэтэн баран, Кийиит кыайда диэн буолар.

Ыһыах мүһэтин иһин дьахталлар мас, быа тардыһаллара саҕаланан түһүлгэ айдаана чуумпура охсор. Кыра оҕолор бэйэлэрэ туспа мустан мас тардыһан, эмиэ да ыстанан көрөллөр. Күрэхтэһии бастакы туоһуттан, иккис туоска ким хаста ойон тиийэригэр мөккүһэллэр. Аны ким хайа иннинэ хапсагайдаһа охсоллор. Эмиэ муста охсон оһуокайдыы ойоллор.

Мас тардыһыытын күрэҕэр, икки өттүттэн тоҕустуу мадьы кыттыбыт. Утарыта олорон тардыһыы түмүгэр биэс түөркэ Мэгэдьэктэр кыайбыттар.
Киэһээ аһылык саҕаланар. Били оҕуһу астыы охсубуттар. Улахан олгуйга буспут бөдөҥ кырбастары, мас үтэһэгэ үөлэн тарҕаталлар. Хата этэ субуу охсубатах дии, дии сиэһин аһааһын салгыы барар.
Киэһэ сөрүүн түһүүтэ, Киэҥ Үрэххэ, бастаан биэрэстэни кыайбат уһуҥҥа оҕустары сырыһыннараллар, онно Саалаах оҕустарын удьуордарыттан төрүттээх оҕустар бастакы кэлэннэр, олохтоохторго кыайыыны аҕалаллар. Ат сүүрдүүтүгэр биэтэккэ, Мэгэдьэк Улаан атыыра моонньоох баһынан куотан тахсар. Иккис кийиит ата кэлэр.

«Күтүөт төрдө-ууһа суох киһи буолан, киһилии сылгыта суох эбит, сылгыта барыта тааҕалаах түүлээхтэр. Сылгынан өнүйүө суохтар, хата ынах сүөһү дэлэйдик үөскүүһү», дэспиттэр.
Аһылык кэннэ оһуохай, олоҥхо, тойук, сарсыардааҥы дылы буолар. Алта көрүҥ түмүгүнэн, түөрт иккигэ Мэгэдьэк хотон тахсар.
Кийиит кэлэригэр анаан бэлэмнэммит, киэргэтиллибит хаппахчыга, киэһэ уоллаах кыыска саҥа тэллэх тэлгээтилэр, сыттыктарын анныгар, буспут сүрэхтэн, быартан саппыйага уган уктулар. Дьүөгэ кыыс утуйар таҥас бэлэмнэһэн баран тахсыбытын кэннэ, күтүөтү киллэрдилэр.

Иккис күнүгэр күтүөт уол күндүлээһинэ саҕаланар. Аһылык кэннэ быһыйдар сырсыылара. Киэҥ Үрэҕи усталыы биир көскө сүүрүү. Икки өттүттэн иккилии киһи. Үрэн аартыгыттан түһэн баран, биэтэк бэтэрээ, илин айахха. Куйаас түһэ иннинэ, сүүрүү саҕаланар. Сүүрүк аттаахтар кэннилэриттэн арыаллыы бараллар. Сир ортотугар дылы ким да урут барбакка тэҥҥэ кэлэллэр, Саалаах хоруутугар кэлэн Быһый Уйбааны хаҥас диэки күөннэринэн анньан мэһэйдээн, сүүрүк аттарынан суолунан ситэн кэлэн хоруу диэки ыыталлар. Уйбаан арыы хатыҥнары хаҥас өттүнэн, үрдүк сыырга ойон тахсан, икки саһаантан ордуктаах чүөмпэни үрдүнэн ыстанан инники ойон тахсар, уонна биэтэккэ урут кэлэр. Икки өттүттэн айдаан буола сыһар.

Ону аһылыкка ыҥыртаан уоскуталлар. Күнүскү аһылык кэннэ күрэ-хтэһии бүтэһик түһүмэгэ хапсаҕайдаһан тустуу буолар. Эмиэ тоҕустуу бөҕөһү киллэрбиттэр. Аҕыстыы бөҕөс көрсүһүүтүн түмүгэ, түөрт түөккэ тэҥ тахсыбыт. Быһаарыылаах тохсус хапсыһыыга, Мэгэдьэк хапсаҕайдыта, сылгы хорҕунунан дэлби соттон киирэн, күн уотугар килэбичийэ турбут. Аканалар түһүлгэ ортотугар дылы тирииннэн бүрүйэн тохсус бөҕөстөрүн киллэрбиттэр, чэй, диэт, сабыыларын арыйа таппыттарыгар, хараҕын онно эрэ көстөр сырайа сабыылаах, түнэ сыалдьалаах киһи ойон тахсан Мэҥэдьэк бөҕөһүн үрдүгэр түспүт. Туора ойон иһэр киһини, уҥа атаҕын тойон тарбаҕыттан өрө тардан таһааран баран, кылыйа сылдьар хаҥас атаҕар тэбэн, тас уорҕатынан ыыппыт. Уруй хаһыы ортотугар, бөрө тириитэ бүрүөлэрин саба быраҕан илдьэ барбыттар.

Ким киирэн тустубутун таайа сатааһын барбыт. Уопсай түмүгүнэн хапсаҕайга кыайыы Аканаларга буолбут. Киэһээҥҥи дылы оһуокай, үҥкүү, аһылык буолбут. Үс күннээх үҥкүү, олоҥхо, тойук күрэҕэр Аканалар кыайаннар, түмүккэ күтүөт дьоно кыайбытынан ааҕыллаллар.
Төрдүс күннэригэр, кэлбит ыалдьыттар баран эрдэхтэринэ, саламаат сиэбит иһитин өҥөйөн олорон удаҕаннара эппит: «Аканалар астаабыт астара амтана суох, күүгэн курдук уостан-сүтэн иһэр. Астаах иһиттэрэ түҕэхтэрэ утары кууран иһэр. Кыыспыт дьоло – соргута суох киһиэхэ кэргэн таҕыста. Салгыы буруолара унаарыйыан өйүм хоппото».

Кыыс ийэтэ хомойон саҥатыттан матан олордоҕуна, оонньуу сылдьар оҕолортон, биир чобуо уол кэлэн, удаҕаны утары көрөн туран: Улахан Эбэ кытыытыгар, оҕо бөҕө толору дии – диэбит уонна оҕолору кытта сүүрэ турбут. Удаҕан эмээхсин, соһуйан хаалан, -Туойуом, онтон ол кыыстан оҕолор ааҕыллыбаттар ээ, аҕа ууһугар- диэн эппиэттээбит.

Ааныка ийэтэ, оҕолортон хаала сүүрэн иһэр торбос тириитэ таҥастаах, кыра уолу окумалыттан харбаан ылан, аргыый ыйытта: ити хайа Чыкыйый? –Ойуун уол, Өлөксөөндүр – диэт мүччү туттаран доҕотторун эккирэтэ турда.
Кэлин биллибитэ, Ойбон Эбэҕэ олорор Дьоппо уола Сыҥаах Бөҕө диэн Хаҥалас нэһилиэгин киһитин, сонунан бүрүйэн саһыаран киллэрэн туһуннарбыттар эбит.

Ааныка энньэтин 30 ынах сүөһүнү, 30 сылгыны көҥү үүрэн аҕалан биэрбиттэр. Киргиэлэй икки төгүл төхтүрүйэн Акана нэһилиэгэр кинээстээбит. Григорий Иннокентьев – Балтараа кинээс диэн аатынан биллэр (1864-1867, 1881-1888). Үс уолтан иккитэ эмиэ кинээс солотугар тиксибиттэр. Конон Григорьев (Николаев) (1896-1900). Кыра уол Николай Николаев –Бырдаҥа, кинээстии олордоҕуна Революция буолбутун үрдүнэн нэһилиэги салайбыт, (1913-1917) Уопсастыбаҕа Куттал суох буолуутун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ (1917-1919). Билигин биир сиэниттэн элбэх оҕо баар. Атын оҕолоро тэнийбэтэхтэр.

Аанака улахан суостаах- суодаллаах Хотун хаан буолбута үһү. Дьиэтин таһыгар аҕыс эркиннээх, аҕыс баҕаналаах, оһуордаах, ойуулаах, оҕуруо киэргэллээх туос ураһаны оҥорторбут. Балтараа кинээс эрдэ өлбүт, онон Аанака дьаһайан олорбут. Анаан оҥоһуллубут үөһэттэн ыйанан турар биһик ороҥҥо сытан хамнаттарар эбит. Орто уол Куонаан кинээс Көлүйэлэри хордорон оттуур сир таһаарыммыт. Аттынааҕы нэһилиэктэртэн сирдэрин үҥсэн ылар идэлээх эбит.

Чөҥөчөк нолуогун утаран сыылкаҕа кэлбит поляк Поченковскай Гаспарга Ааныка дьиэтин көрөр Төөнөй диэн кыыһын кэргэн биэрбит. Аканалар Гаспаары – Марҕаан диэн ааттаабыттар. Биир кунаны, тарбыйахтаах ынаҕы, көлүнэр аты нэһилиэктэн биэрбиттэр. Ханаачыйа диэн, ортотугар икки арыылаах, орто күөлү Дьөҥкүүдэҕэ хорон түһэрэн оттуур сир оҥустубут. Улахан бэрэбинэлэринэн ампаар дьиэ туттан баран, иһин хаптагайдыы суоран кээспит. Оннук дьиэни Арҕаа эбэҕэ Ньукулааһа кулубаҕа эмиэ тутан биэрбит.

Дьөҥкүүдэ кытыытыгар ойуур солоон, табыйан сир оҥостон, бурдук үүннэрэн атын дьоҥҥо холобур буолбут. Аканага биир бастакыннан хортуоска, хаппыыста, эриэппэ, сүбүөкүлэ, турнепс уонна да атын оҕуруот аһын арааһын олордубут.

Марха улууһугар, Куочайга көскө кэлбит аттакылар уонна Аканалар элбэх бурдугу үүннэрэн, ыаллыы нэһилиэктэргэ атыылаан дохуот киллэрэр буолбуттар. Аканаттан Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн бурдук, оҕуруот аһа ылаллара.
Былыт саппыт ааспыт кэмиттэн кыратык сахсатан ыллым

Акана уола Сахса Тар

Category: История, философия | Views: 1108 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 35
Ыалдьыттар (гостей): 35
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024