Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Муус устар » 26 » НОРУОТ ЭМЧИТЭ, ЭБЭЭ ӨЛӨӨНӨ, САНААЛАРА, СҮБЭЛЭРЭ Айылҕабыт бэйэтэ дьиктилээх, күүстээх
НОРУОТ ЭМЧИТЭ, ЭБЭЭ ӨЛӨӨНӨ, САНААЛАРА, СҮБЭЛЭРЭ Айылҕабыт бэйэтэ дьиктилээх, күүстээх
14:53
Сүбэ
НОРУОТ ЭМЧИТЭ, ЭБЭЭ ӨЛӨӨНӨ, САНААЛАРА, СҮБЭЛЭРЭ
Айылҕабыт бэйэтэ дьиктилээх, күүстээх

Эмиэ сандал сааспыт сылаас салгынынан сайа тыынан сатыылаата. Эмиэ ийэ айылҕабыт унньуктаах уhун утуйар уутуттан уhуктан тыыллан-халлан чэлгийэр чөлүгэр түhэн эрэр. Сотору оттуун-мастыын силигилии ситэн күөх дуйга куустарыа турдаҕа. Сааскы кэм саха барахсаҥҥа олус да күүтүүлээх күндү буолаахтаатаҕа. Мин саллар сааhым тухары оту-маhы туhанан эмтээн кэллим. Ол былаhын тухары айылҕа сүдү күүhүн сөҕөрүм сөҕүрүйбэт. Биhиги Сахабыт сирин айылҕата олус дьикти кэрэ уонна эмтээх.

Мин отоhуттаан эмтиир киhи санаан көрдөхпүнэ, биhиги бэйэбит айылҕабытыттан, тулалыыр эйгэбититтэн, оппутуттан-маспытыттан, бэйэбитигэр үүнэр эмтээх отторбутуттан-мастарбытыттан, таастарбытыттан, үөннэрбититтэн-көйүүрбүтүттэн тэйдибит, аанньа ахтыбат буоллубут дии саныыбын. Ол аата биhиги бэйэбит киэнин ситэ сыаналаабаппыт. Ол кэриэтин биhиги араас тас дойдулартан хото тиэллэн кэлэн маҕаhыыннарга ыарахан сыанаҕа атыыланар отторун-мастарын төhөнү баҕарар сүгэн-көтөҕөн, төhө баҕарар сыанаҕа атыылаhыахпытын сөп. Дьиҥинэн, онтон ылар эмпит-томпут биhиэхэ бэйэбитигэр тулабытыгар барыта баар. Адьас барыта. Аҥардас хас биирдии саха ыалын тиэргэнигэр киhи доруобуйатыгар солбуллубат туhалаах от толору. Аҕыйах холобуру аҕаллахха, ол – чыычаах ото, үөрэ, хатыылаах отторбут.

Мин биирдэ санаан көрдөхпүнэ маннык, тулабытыгар үүнэр араас эмтээх отторбут-мастарбыт ордук күүстээхтэр. Тоҕо оннугуй диэтэххэ, биhиги сэттэ-аҕыс ыйдаах тымныыбытыгар от-мас утуйан, сынньанан күүс-уох ылар. Ол мастарбыт, үүнээйилэрбит саас буолла даҕаны тыллыбытынан бараллар.

Аны, лабыктаны былыр сут-кураан дьыллар саҕана аҕабыт биhигинэн үргэтэрэ уонна хаппытын кэннэ үлтү мэлийэн баран бурдукка аҥардыыны булкуйан лэппиэскэ, баахыла оҥорон сиирбит. Сүрдээх минньигэс буолара. Өссө үөрэ ото бутукайынан утахтанан күнү быhа киэhээ хойукка диэри аччыктаабакка сылдьар буоларбыт. Лабыктаны сылытан баран искэҥҥэ баайан хоно сырыттахха искэн суох буолар. Оччоҕо үтүөрэргэ бараҕын. Ааспат сөтөлгө үүккэ көөнньөрөн хаста эмэ истэххэ сөтөл олох ааhар. Манна диэн эттэххэ, киhи диэн хабахха кутуллубут хаан курдук. Онон, хаана ыраас буоллаҕына киhи ыарыыга, дьаҥҥа-дьаhахха ылларбат.

Оҕо эрдэхтэн оту, үүнээйини иhэ сырыттахха киhи үйэтин быдан уhатыан сөп. Ол курдук оппут-маспыт биhиэнэ күүстээх. Холобур, хатыҥ бүөрэ хайдахтаах да кыhыҥҥы томороон тымныыга көрдөххө күп-күөх турар буолар. Олох тоҥмот, адьас, кыhын көрөөрүө эрэ. Ол аата биhиги айылҕабыт бэйэтэ дьиктилээх, күүстээх. Ол иhин биhиги бэйэбит киэнэ бэйэбитигэр сүрдээх көмөлөөх уонна күүстээх диэн өйдөбүллээхпин.

Холобур, ити соҕуруу дойдуларга үүнэр оттор-мастар бэйэлэрин сытыйбыт почваларыттан уоҕурдунан төгүрүк сылы супту үүнэ тураллар. Мин ону наhаа үчүгэй дии санаабаппын. Кини оннук мэлдьи үүнэн туран эмтиир дьоҕура мөлтөх соҕус буолуохтаах, бука. Тоҕо диэтэххэ, кини биhиэнин курдук бу үлүгэр тыбыс-тымныы тоҥ буору тобулу үүнэн силигилээн тахсыбат. Ити ньургуhуну көр эрэ, хаар уулунна да быкпытынан барар. Ол аата кини олус күүстээх. Ол иhин ньургуhун биhиги доруобуйабытыгар олус туhалаах, ону ааhан кинини көрөн даҕаны энергия, күүс-уох ылаҕын.

Кинилэр киэннэрэ мөлтөх буолуо диэн сэрэйэрим туохтан төрүөттээҕий диэтэххэ, соҕуруу дойдуларга бырамыысаланнастара олус сайдыбыт, күүстээх. Айылҕаны төhөлөөх алдьатан-кээhэтэн турара буолуой? Аны туран массыыналара сири аннынан, үрдүнэн айанныыллар. Аны үөhэнэн эмиэ көтөллөр – ааллар. Ити үүнэн турар окка-маска төhөлөөх буортуну аҕалара буолуой. Ол иhин биhиги, бэйэбит бэйэбитин ытыктаhарбыт курдук, оппутугар-маспытыгар бүүс-бүтүннүүтүгэр ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыhыаннаhыахтаахпыт. Уопсайынан, киhи сааhыттан тутулуга суох, бэйэбитигэр үүнэр оттору-мастары туhаныахтаах. Остуолга наар турар буолуохтаах. Ол бу полуфабрикаттарынан үлүhүйүө суохтаахпыт. Тулабытыгар үүнэр от-мас олус күүстээх. Холобур, кытайдар биhиэхэ кып-кыра иhит сыыhыгар аҕалан эми атыылыыллар. Кинилэр ону, сирдэрэ суох буолан, дьааhыктарга хас эмэ хаттыгастаан дьаарыстаан үүннэрэллэр. Ол төhө үчүгэй буолуоҕай. Онтон биhиэнэ хочобутугар — айылҕаҕа төhө баҕарар үүнэр.

Аҕыйах сыллааҕыта биир кытай киhитэ Саха сиригэр ыалдьыттыы сылдьан сыhыыга, сиргэ тахсан баран «Тыый, бу эмтээх отторгутун тэпсэ сылдьар эбиккит буолбаат!», – диэн сөҕөн саҥа аллайбыттаах. Көр эрэ, бу, кэлии дьон хайдах курдук оннооҕор биhиги айылҕабытын сыаналыырын. Оттон биhиги? Биhиги бэйэбит айылҕабытын баардыылаабаппыт, эгэ, эмкэ-томко туhаныахпыт дуо?

Ити курдук холустук, тоҥуйдук сыhыаннаhарбыт тохтууругар уолдьаста. Кэнники кэмҥэ кытайдар Арасыыйа сирин-уотун уhун сылга түүлэhэн ылан маhы хото таhалларын туhунан сурахтар иhиллэллэр. Бу, былыргы улуу кытай омуга оҕуруктаах өйүкэйин ньии! Ити курдук, маҥнай, кыралаан кыраныысса сирдэригэр быстах-остох сирдэри түүлэhэн ылан иhирдьэ өтөн киирэр кутталлаахтар. Онтон ордук хомоторо диэн, биhиги айылҕабыт отун-маhын, үүнээйитин эмп-том оҥорон бэйэбитигэр ыарахан сыанаҕа атыылыахтара турдаҕа. Кытай омуга тугу сатаабатаҕа баарай!

Биhиги айылҕабыт ханнык ото-маhа эмп быhыытынан туhалааҕый диир буоллахха, киhи барыта билэр отторо. Холобур, үөрэ ото баар. Ону биhиги өбүгэлэрбит төгүрүк сылы быhа иhэллэр этэ. Ол оҥоhуута боростуой, эмп да быhыытынан күүстээх. Ону аhаан өбүгэлэрбит үйэлэрин моҥообуттара. Үөрэ ото туохха күүстээҕий диэтэххэ, ордук ньиэрбэ ыарыытыгар туhалаах.

Холобур, ити эпилепсик, уҥан түhэ сылдьар оҕолор бааллар. Кинилэр үөрэ от силиhин, сибэккитин мэлдьи утах оҥостон иhэ сылдьар буоллахтарына эпилепсияттан босхолоноллор эбит. Мин бэйэм эмтээбит холобурбар икки оҕону билэбин. Олор үөрэ отун иhэн үчүгэй буолбуттара. Үөрэ отун хомуйар туох даҕаны уустуга суох. Мин ыарыйдахпына дьиэм да таhыттан хомуйан туhанабын. Үөрэ оту сылаарҕаабыт да кэмҥэ истэххэ, сүрдээх сынньатар, сэниэ биэрэр. Аны тобук ыарыытыгар эмиэ туhалаах. Кииhилэ диэн эмиэ баар. Кини былыр былыргыттан аакка-суолга киирбит ас буоллаҕа. Сүөгэй уутугар, эбэтэр көннөрү үүккэ да булкуйан утах оҥостон иhиллэр. Эбэтэр барыанньалаан, хааhылаан да сиэтэххэ, ис уоргаҥҥа сүрдээх туhалаах. Саамай үчүгэйэ диэн кииhилэ былчархайы суох оҥорор.

Хатыҥтан төhө баҕарар эми ылыахха сөп диэн өйдөбүллээхпин. Хатыҥ бүөрүн буоккаҕа настойкалаан баран сүhүөх ыарыытыгар туhаныахха сөп. Илиигэ-атахха мэлдьи сотто сылдьыллыахтаах. Аны сөтөлгө, куртах ыарыытыгар, уопсайынан ис уоргаҥҥа олус туhалаах. Буоккаҕа да буолбакка, көннөрү хончоҕорго ууга суурайан иhэ сылдьыахха син. Туох да буортута суох.

Хатыҥ сэбирдэҕэ балык тылын саҕа буоллаҕына, атын оттору кытары булкуйан иhэ сырыттахха ноор, куртах ыарыыларыттан олорчу босхолонон хаалыахха сөп.

Ол кэннэ сэбирдэх саахардаах курдук буолбут кэмигэр үргээн бэс иннэтин кытары булкуйан настой оҥорон куруук иhэ сылдьар буоллахха, саас сылаарҕаабыт кэмҥэ сэниэ биэрэр. Итини бэйэбинэн билэбин. Мин бу аҕыс уон сааспыттан ыла кырыйдым. Ол иннинэ айылҕаҕа наар сылдьарым сир астыы, от-мас хомуйа.

Хатыҥ сэбирдэҕэ сыппыт киhини туруорар. Сиидэhинэн уhун ыстаан тигэн баран түөскэ диэри ыбылы тардынан иhигэр сэбирдэҕи кутуллар. Адьас харахтан сыыhы ылбыт курдук буолар. Халыма дьахтара кэлэн эмтэммитэ. Кини эппитэ соҕуруу дойдуларга тиийэн үлүгэрдээх харчыны төлөөн эмтэнэбит. Ону баара бэйэбит аттыбытыгар баар эмтэргэ болҕойботох эбиппит диэн. Миэхэ сайылаан эмтэнэн барбыта.

Хатыҥ чаахыта уонна үөhэ эмиэ туhалаах. Хатыҥ туоhа алдьаммытынан убаҕас сүүрэн, хап-хара дьүhүннэнэн хаалбыт буолааччы. Ону үөhэ дииллэр. Чааханы чэй оҥостон иhэ сылдьыллыахтаах. Былыр дьон бары иhэллэр этэ. Оччолорго чэй да суоҕа. Хатыҥ ытарҕата диэн баар. Бүөргэ эмиэ олус туhалаах. Төhөнү баҕарар иhэ сылдьыллыахтаах.

Одуванчик диэн от баар дьиэ таhыгар үүнэр. Ону саас эрдэ үргээн баран, сууйан-тараан ууга туруоран аhыытын аhараллар. Салаакка кутан сиэтэххэ оhоҕос, куртах ыарыытын эмтиир. Аны сибэккитэ баар дии. Ону мин холобур биэс устууканы күн аайы сии сылдьабын. Барыанньа да оҥостон сиэниллэр. 400 устуука сибэккини үргээн баран биир киилэ сироп оҥорон барыанньаланыллар. Ону чэйгэ кутан мэлдьи иhиллэр. Чэй оннугар да иhэбин. Сөтөлтөн, ис уоргаҥҥа быыhыыр. Биэс тымыр от эмиэ эмтээх. Куртах араас ыарыыларын суох оҥорор.

Тиит мутукчата эмиэ туhалаах. Биир инсуллаабыт киhиэхэ ыыппытым. Мутукчатын оргутан биир ый кэриҥэ испитин кэннэ, тарбахтара, илиитэ хамсыыр буолбуттара. Киhим эдьиийим өссө ыыттын диэн үлэспитэ.

Харыйа туорааҕын, мутукчатын эмиэ иhэн инсультан өрүттүбүт холобурдар бааллар. Биир ыарыhахха ону сүбэлээбитим, дьиэтин таhыгар тахсар, дьаарбайар буолбут этэ.

Уопсайынан, бэйэм түбэhэн ыалдьан эмтэммиппинэн көрөн от-мас туохха туhалааҕын быhаарабын. Бэйэм туhанан үтүөрбүт эрэ өрүттэрбин дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэ, кэпсии сатыыбын. От-мас, үүнээйи эмтиир күүhүн киhи ааҕан сиппэт.

Елена Петровна Васильева-Эбээ Өлөөнө

Сахалыы эмтээhин суолтатын мин бу курдук өйдүүбүн. Эмчиттэр баҕар эмтээтиннэр, ол эрээри хас биирдии киhи отунан-маhынан, үүнээйинэн бэйэтэ эмтэниэн сөп, ыарыыны күүппэккэ эрэ. Сибилигин эдэр баҕайы оҕолор, ыччаттар түргэн баҕайытык өлөр түбэлтэлэрэ үксээтэ. Бэл, 40 саастарыгар эҥин. Рак да ыарыыттан. Мин санаабар, биhиги бэйэбит айылҕабыт отун-маhын туhанан эмтэммэккэ айгырыыллар. Итиэннэ саха төрүт аhыттан тэйбиппит оҕуста. Эдэр дьон бу орто дойдуттан бараллара олус хомолтолоох. Оннооҕор, мин, бу аҕыс уонуттан тахсыбыт киhи өссө да олорор баҕалаахпын, оҥорботоҕум элбэх курдук. Былыр этэллэрэ дии, киhи олоҕо түннүгүнэн чыычаах элэс гынан көтөн ааhарыныы түргэн диэн. Кырдьык оннук. Мин билигин баран хааллахпына, хайдах эрэ хомойо саныах курдукпун. Олоро түспүт киhи бэрт буолуо этэ.

Үөнүнэн-көйүүрүнэн эмтэниэххэ сөп. Баҕа күөмэй ыарытын адьас суох оҥорор. Кымырдаҕас эмиэ күүстээх. Биир параличтаабыт дьахтары эмтээн турабын. Мөhөөччүк тигэн атаҕар кэтэрдэн баран кымырдаҕас уйатын куппуппут. Туhалаабыта.

Омук астарыгар наhаа үлүhүйүү баар. Итини сирэ саныыбын. Бэйэбит суораппытын, иэдьэгэйбитин, үөрэбитин, испит миинин аhыырбыт эбитэ буоллар, ордук буолуо этэ. Полуфабрикаттардааҕар адьас туhалаахтар. Сахалыы-махалыы аhыы сатыахха наада. Балыгы, мундуну, быччыкыны, өрүстэн ылар балыктарбытын сии сылдьыахха наада. Оҕуруот аhа, сирбит аhа туhалара олус.

Таҥас-сап өттүн эттэххэ, сахалыы таҥас былыр сүрдээх сылаас этэ. Киhи сиhин хам бүөлүүр, тымныыны киллэрбэт буолара. Аныгы оҕолор таҥастара аhаҕас, букатын систэрэ көстө сылдьар кылгас ыстааны кэтэллэр. Бүөр хайдах тымныйбат буолуоҕай, ол кэннэ. Биhиги ол Бразилия дуу, Италия дуу дьоно үhүбүт дуо. Тымныы сиргэ олорорбут быhыытынан айылҕабытын батыhан сылаастык таҥна сылдьыахпытын наада.

Уопсайынан, сахалыы аhы-үөлү, таҥаhы-сабы, өйү-санааны тутуhуллуохтаах. Омук омук бэйэтэ туhунан айылгылаах, майгылаах, үгэстээх, сиэрдээх. Ол уратыбытын тута сылдьыахпытын наада. Оҕону дьиэттэн, детсадтан, оскуолаттан саҕалаан сахалыы тыыннаан иитиэххэ наада. Быhата эттэххэ, бэйэтэ куттаах-сүрдээх, айылҕалаах оҕолору иитэн таhаарыахпытын наада. Биhиги сахалар ис испититтэн наҕыл, ымсыыта суох майгылаахпыт. Билигин саамай улахан интэриэс харчыга буолла. Ол туох үчүгэйдээҕий? Өй санаа ыраас, чэбдик буолуохтаах. Ыраас, чэбдик буоллаххына, эн холкутук сылдьаҕын. Киhини баттаан-үктээн, атаҕастаан, куhаҕаны оҥоруу сыыhа. Ким да буоллун, киhи киhиэхэ киhилии сыhыаннаhыах тустаах.

Бу кыhын араадьыйа биир биэриитигэр Гаврил Винокуров ыалдьыттаабыта. Онно кини улахан дьыаланан дьарыгыра сылдьарын туhунан кэпсээбитэ. Ол тугунан диэтэххэ, Винокуров күөл былыыгын, цеолит тааhы уонна өссө Хабаровскайтан туох эрэ тааhын булкуйан уоҕурдуу оҥорорго ылсан эрэр эбит. Ол уоҕурдууну үүнээйигэ туhаныахтаахпыт диэн этэн турар. Мин бу үтүө үлэни тэрийэн эрэрин үөрэ иhиттим. Улаханнык хайгыыбын. Итиэннэ ити цеолит тааhы бэйэм хайдах туhанарым туhунан үллэстиэхпин баҕарабын. Мин цеолит тааhын туhаммытым инньэ 50-ча сыл буолла. Эдэр сылдьан быарбынан улаханнык ыалдьан сытынан кэбиспиттээхпин. Оччоҕо туран ыарыыбынан оҕолорбун сутуйуом диэн куттанан балыыhаҕа киирэн өөр да өр сыппытым. Аҕам оҕонньор күөл мундутун туулаан аҕалан испэр уурталаан өрбөҕүнэн баайан кэбиспитэ. Мин тута нукаай курдук буолан утуйан хаалбытым. Хайдах эрэ ис-испиттэн сылаам тахсыбыкка, сылаанньыйбыкка дылы буолбутум. Сарсыарданан уhуктан баран, балыкпын көрбүтүм саhаран хаалбы уонна хаппыт этэ. Бу санаатахха, мунду ыарыыны обургутук оборон ылар эбит. Арыый бэттэх кэлбитим. Ол эрээри ыарыы син биир араҕан биэрбэтэҕэ. Биирдэ биир дойдулааҕым үөрэҕэ суох эмээхсин сүбэлээбитэ: Өлөөнчүк, сыыстарыма, эн маннык гын.

Сунтаарга цеолит диэн таас баар. Ону билэр киhигинэн үлэhэн аҕалтар. Итиэннэ ол тааhы үс лиитэрэлээх оргуйбут уулаах иhиккэ уган кэбис уонна наар иhэ сырыт. Тымныылыы да буоллун. Уун көҕүрээтэр эрэ эбэн толорон биэрэн ис. Онтон уу уонна таас киртийбит диэтэххинэ, иhиккин сайҕаар, тааскын таhырдьа күн уотугар таhааран сытыараҕын. Кыhынын көннөрү күн уота көрөр сиригэр түннүккэ да ууруохха сөп. Ити курдук эмээхсин сүбэтинэн, цеолит тааhын иhиттээх ууга уган иhэн барбытым. Быарым ыарыытыттан ол таас абыраабыта, киhи хара гыммыта. Аны, цеолиты булгуччу үс лиитэрэлээх иhиккэ угуллар диэн буолбатах. Мин буочукалаах уhаатым түгэҕэр мэлдьи обургу соҕус тааhы быраҕан сытыарабын.

Цеолиты өссө уоҕурдуу быhыытынан туhанарым эмиэ быданнаата. Арай биирдэ маннык гыннахха хайдах буолар эбитий диэн боруобалаан, теплицабар икки кэрээдэбиттэн бииригэр цеолит таастаах уhааппыттан уу кута сырыттым. Онтон иккис кэрээдэбэр үүнэр оҕурсуларга көннөрү ууну куттум. Балай эмэ кэм ол курдук кута сырыттым. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм цеолиттаах ууну куппут оҕурсуларым туох да баhыгыраччы үүммүттэр аҕай эбит. Онон, цеолит уоҕурдуу быhыытынан эмиэ сүрдээх туhалаах эбит диэн санааҕа кэлбитим. Итиэннэ кууруссаны иитэр эрдэххэ, эмиэ цеолиттаах уунан уулаталыырым. Кууруссаларым оччоҕо сымыыттыыллара элбиир курдук буолара. Аны, бу лөкөhөн эмистэрин көрүө этигит. Инньэ гынан, бу цеолит таас эргиччи туhалаах, өҥөтө улахан таас. Маны дьиэҕэ-уокка туhана сылдьыаххайыҥ диэн ыҥырабын.

Түмүктээн эттэххэ, сахалар айылҕа сүдү күүhүн туттар үөрүйэхпитин сүтэрэрбит бу тирээн кэллэ. Онон, эрэй чарааhына, ыар ыга илигинэ бэйэбит айылҕабытыгар төннүөххэйиҥ, сахалыы эмтэнии майгытын сөргүтүөххэйиҥ, айылҕаны таптыаххайыҥ.

Елена Петровна Васильева-Эбээ Өлөөнө, норуот эмчитэ, Амма.
Category: Саха | Views: 1292 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024