News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[399]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[554]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[223]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[669]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[92]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[237]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[152]
|
литература
[41]
|
здоровье
[464]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[121]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Муус устар » 29 » Манчаары аргыһын туһунан
Манчаары аргыһын туһунан | 07:23 |
Манчаары аргыһын туһунан
Сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр билиҥҥи Сунтаар улууһун кииниттэн чугас баар Илимниир диэн сиргэ Мөтөх уола Анисим диэн бэрт сытыы-хотуу киһи олорбута үһү.
Бу Анисим Бордоҥ нэһилиэгэр Батыгыр Баһылай диэн киһи ойоҕун кытта көссүүлэһэрэ үһү. Оччотооҕу сокуоҥҥа бэргэһэлээх киһи ойоҕун арааран ылар табыллыбата үһү. Кини бу дьахтары ойох ылыан Батыгыр Баһылай мэһэй буолбут. Арай, кинини өлөрөн эрэ баран ыллаҕына сатаныах курдук. Оттон Батыгыр Баһылай онно-манна ырааппатах, бэрт нүһэр, улахан күүстээх киһинэн сылыктанара. Анисим, өлөрүөх киһи, онтон ордук толлор эбит.
Ити кэмҥэ Илимнииргэ Туман диэн эмиэ бэрт хорсун киһи баара үһү. Анисим бу киһиэхэ «Батыгыр Баһылайы өлөрдөххүнэ тыйдаах биэни биэриэм» диэн кэпсэтиһэ сылдьыбыт. Онуоха Туман Батыгыр Баһылай күүһүттэн саллыбыт, «бостуой сыыһа-халты туттан бэйэбин былдьатыам» диэн батынан кэбиспит уонна сотору чэй, табах атыылаһа Мухтуйалаан хаалбыт.
Анисим итинэн тохтооботох, биирдэ Батыгыр суоҕуна кини кэргэнигэр (аата биллибэт) кэлэн «сарсын киһиҥ туутун көрө барарыгар быһаҕын хайдах эмэ илдьэ хаал» диэбит. Батыгыр ити кэмҥэ Такыр Элээнэ диэн Илимнииртэн икки көс сиргэ туулуура. Сарсыарда туутугар бараары турдаҕына ойоҕо «доҕоор, быһаххын хаалларан бар эрэ, бүгүн туос хастыам этэ» диэн көрдөөбүтүгэр, бэркэ саараан баран биэрбит. Анисим эрдэ Такыр Элээнигэр баар киһи уҥуоҕар күүтэн сыппыт.
Батыгыр туутуттан балыгын сүөкээн баран туутун тылбыытын уга олордоҕуна Анисим үөмэн кэлэн быһаҕынан хонноҕун анныгар саайбыт. Онуоха анарааҥҥы киһи Анисимы харытыттан харбаан ылан сиргэ ньиччи бырахпыт. Анисим быара доргуйан уҥан хаалбыт. Биирдэ өйдөнөн кэлбитэ киһитэ тура сатаан үнүөхтээн эрэр эбит. Онуоха ыстанан тиийэн сүктэрэ сылдьан харса суох быһаҕынан анньыалаабыт. Батыгыр Баһылай «ойохпун ыл, бэйэбин эрэ тыыннаах хааллар» дии сатаабытын истибэккэ Анисим кинини өлөрөн кэбиспит.
Дьэ, «Батыгыр Баһылайы киһи өлөрбүт» диэн айдаан буолар. Силиэстийэ барар да ким өлөрбүтүн кыайан булбаттар. Ити кэнниттэн биир ый кэриҥэ буолан баран Мухтуйаттан Туман төннөн кэлэр. Батыгыр Баһылай өлбүт сураҕын истэн баран «Мөтөх уола Анисим миигинэн өлөртөрөөрү тыйдаах биэни сыҥалыы сатаабыта, онон, бука, кини өлөрдөҕө» диэн кэпсээбит.
Онтон силиэстийэ буолан, Мөтөх уола Анисим тутуллар. Бу суут уурааҕынан Анисим, Туман, Кыйтык Өндөрөй уонна Батыгыр Ойоҕо – барыта түөрт киһи уоннуу сылга хаатыргаҕа ыытыллаллар. Кыйтык Өндөрөй уонна Туман бу дьыалаҕа хайдах эриллэн барбыттара чуолкайдаммат.
Хас сыл буолбута биллибэт. Биирдэ сайын сарсыарда эрдэ, ынахтан киирии саҕана, Туойдаах диэн Илимнииртэн икки биэрэстэлээх сиргэ эдьиийин хоспоҕор Мөтөх уола Анисим баар буолан хаалар. Эдьиийэ соһуйар даҕаны, куттанар даҕаны. Дьэ, хайдах былааннаах эргийэн кэлбитин сураһыы буолар, онуоха Анисим кэпсиир «миигин босхолоотулар. Соҕурууттан Манчаары Баһылай диэн Дьокуускай ааттааҕын кытта аргыстаһан кэллим. Ол киһим манна кэлээри гыммытын, дьоммун-сэргэбин аймыа диэн аҕалбатым. Ол киһи уол оҕо үс уһуктааҕа, аҕыс кырыылааҕа, күлүгэ көстүбэт киһи. Кини өрүс баһынан дойдулаата, оттон мин дойдубун буллум» диэн буолбут.
Эдьиийэ үгүһү-элбэҕи төргөөбөккө «ыраах айантан сылайбытыҥ буолуо, сынньан» диэн баран омуһахтан тымныы ымдааны ылан иһэрдэн утутан кэбиспит. Киһи утуйан хаалбыт. Дьахтар кэнники өй булан, бу улуу түөкүнү кытта булсубут буоллаҕа, онон киһини-сүөһүнү былдьыахтара диэн уолуттан куттанан, хоспоҕун аанын дүлүҥүнэн баттатан баран дьоҥҥо тиийэн тыллаан биэрбит.
Анисим иккиһин туттуллан баран эргиллибэтэҕэ үһү.
Быһаарыы: Анисим Тимофеев диэн Сунтаарга үөскээбит киһи эбит. Кини Манчаарыны кытта бииргэ хаатырга үлэтигэр сылдьан, 1841 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Нерчинскэй руднигыттан күрээбиттэр. Кинилэр бастаан Биитим өрүһүнэн (Нерча өрүс сүнньүн тутуһан хоту түһэн баран, Яблоневай хайаны туораан, Биитимҥэ Каренга диэн уҥа салаанан киирбит буолуохтарын сөп) Өлүөнэҕэ киирбиттэр. Онтон арахсан төрөөбүт дойдуларыгар барыталаабыттар.
Анисим Тимофеев ити сайын дойдутугар тутуллубут уонна Дьокуускай түрмэтигэр балаҕан ыйын 24 күнүттэн ыла хаайыллыбыт. Кини ити хаайыыга 1842 сыл ыам ыйыгар диэри сыппыт уонна Манчаарыны кытта бииргэ Нерчинскэй рудникка төттөрү ыытылларга ууруллубут.
Ол эрээри Анисим Тимофеев 1842 сыл бэс ыйын 4 күнүгэр Дьокуускай куорат балыыһатыгар сытан ыалдьан өлбүт (хаатырга ыар усулуобуйатын, хас да ыйы быһа сатыы дойдутугар күрээһини, кэлин эмиэ хаайыллан сытыыны тулуйаахтаабатах).
Николай Аргунов
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1164 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|