Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Бэс ыйа » 12 » Биһиги өбүгэлэрбит төрүт былыргыттан хатырык туһатын билэллэрэ.
Биһиги өбүгэлэрбит төрүт былыргыттан хатырык туһатын билэллэрэ.
08:07
Биһиги өбүгэлэрбит төрүт былыргыттан хатырык туһатын билэллэрэ.

Хатырык уутун тахсан киирэргэ ыарахаттары көрүстэххэ, сили хоҥуннарарга, ииктэтэр, хотуолатар эмп быһыытынан иһэллэрэ. Саха сирин тиитигэр пектин диэн сүрэх, куртах, простатит, тирии бааһыгар туттуллар эттик баара биллэр. Тропическай язваҕа, геморройга хатырыгы бэйэтин ууран туһаналлар эбит. Эмиэрикэ эмчиттэрэ тиит хатырыга иммунитеты бөҕөргөтөрүн эмиэ дакаастаан тураллар. Грыжаны эмтээһиҥҥэ, дьахтар ыйдааҕытын оннугар түһэрэргэ, ис-үөс ыарыыларыгар хатырык уута олус туһалааҕа биллэр. Онуоха хатырыгы бытарытан баран, биир улахан (остолобуой) ньуосканы 200 мл оргуйбут уунан саба кутаҕын. 5-6 чаас туруора түһэн баран, күҥҥэ үстэ-түөртэ биирдии ыстакаанынан 20-21 күн иһиэххэ сөп. Хатырык сытыйбыт уута оҕуруокка туттуларын туһунан хаһаайкалар эмиэ бэркэ билэллэр.

КУЧУ. Саха сиригэр олус дэлэйдик үүнэр, минньигэс амтаннаах, элбэх туһалаах эттиктээх. Кучуну от ыйын саҥатыттан хаһыҥ түһүөр диэри хомуйуохха сөп. Сибэккилээн турар кэминээҕи сэбирдэҕэ ордук туһалаах. Хомуйаргар сэбирдэҕин үөһэттэн аллара диэки субуйан тардан ылаҕын, умнаһын алдьаппаккын, кыратык сибэккититтэн эбиэххэ сөп. Кучу сэбирдэҕиттэн чэйи бэлэмнээһин хас да ньымата баар. Маҥнайгыта, кучу сэбирдэхтэрин астанар кэмигэр хомуйаллар, куурдаллар, туттуох иннинэ илдьиритэллэр, оргутан, итиилии да, сойутан да, тымныы чэй да курдук иһэҕин. Иккиһэ, сэбирдэҕи хомуйан аҕалан мясорубкаҕа эрийтэрэн эбэтэр кыра гына кырбаан баран, духуопкаҕа хатараҕын. Үсүһүнэн, кучу сэбирдэҕин бастакы хаһыҥ кэнниттэн күрэҥсийбитин кэннэ хомуйаллар.

Бу – айылҕа бэйэтэ хатарбыт, ыраастаабыт буолан, кытай аатырбыт пуэр чэйиттэн туох да уратыта суох амтаннаах, туһалаах мааны чэй. Хагдарыйбыт кучу сэбирдэҕиттэн бэлэмнэммит чэй ордук минньигэс уонна үчүгэй сыттаах буолар. Сылааны аһарар, күүһү-уоҕу биэрэр, эти-сиини ыраастыыр, хаан эргиирин күүһүрдэр, хааны убатар, куртах, оһоҕос үлэтин тупсарар, утуйарга көмөлөһөр, инсульт, инфаркт ыарыылары уонна арыгыттан тутулуктаныыны бохсор. Онно тэҥэ тууйулла-хаайылла сылдьар туруккун суох оҥорор, уоскутар.

2 кыра (чаайынай) ньуоска сэбирдэххэ 600 мл оргуйбут ууну кутабыт. 10-15 мүнүүтэ хаппахтаан туруорабыт. Булкуйан баран, сойутан иһиэххэ сөп. Сибиэһэй сэби�
Category: здоровье | Views: 1159 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024