Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » От ыйа » 1 » Үөрэ ото
Үөрэ ото
09:33
 Үөрэ ото

 Үөрэ отун 1 стол. Ложканы кураанах стакаҥҥа кутабыт, үрдүнэн сиб билигин оргуйбут, ууну кутан, тэриэлкэннэн хаппахтыыбыт, сойбутун кэннэ, сиитэлээн баран стаканы 3/1, аһыах, 30 мүнүүтэ иннинэ иһэбит, биир стол. Ложканы утуу субуу 2-4 -тэ амтана сүтүөр дылы 7 стол.ложка*4 күн=28 күн иһэбит, били сиитэлээбит бастакы, кэнники отторбутуг бырахпакка мунньан хатарабыт, бүтэһик күн, тэриэлкэҕэ кытыаны уонна үрдүнэн үөрэ отун кутан уматан буоролатан дьиэьитин аантан саҕалаан күн эргииринэн истиэнэни кыйа 3 хааман, киирэр ааҥҥа аҕалан түмүктүүбүт, күлүн мусорга быраҕан таһырдьа мусорга быраҕаьыт
[17:22, 22.11.2017] : Үөрэ ото

Былыр-былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри, үөрэ ото саха дьонун ас оҥостон аһыыр, олус сөбүлүүр отторунан буолар. Ол курдук, улаханнык ыалдьан мөлтөөбүт дьон, бу отунан уһуннук эмтэннэҕинэ, үөрэни ас оҥостон иһэ сырыттаҕына, үтүөрүөн сөп. Ордук киһи утуйарыгар, уоскуйарыгар, аһы буһарар уорган үлэтэ тупсарыгар, сэниэ киллэринэргэ, чэбдигирэргэ туһалаах.

Үөрэ отун үгүс норуот эмчитэ ньиэрбэ ыарыытыгар, тартарарга, аменореяҕа, дисменореяҕа, төрүүр дьахтар талыытын күүһүрдэргэ туттар уонна ыалдьар миэстэҕэ түөн уурар, ону тэҥэ дьиэни ыраастыырга туһанар.

Дьарҕаҕа, куртах, оһоҕос ыарыытыгар, сахарнай диабекка, бронхиальнай астмаҕа, хойуу хаайтарыытыгар биир улахан ньуоска оту биир ыстакаан оргуйбут ууга көөнньөрөн, сиидэлээн, чэй курдук иһиллэр. С.Р.Попов, А.С.Попова суруйалларынан, үөрэ отун атахха баанан сылааны таһаарыналлар эбит.

Ыалдьар сүһүөххэ үөрэ отун суоракка булкуйан, лэппиэскэ оҥорон уурунан хоноллор. Оттон тирии ыарыыларын (псориаз, нейродермит) эмтииргэ улахан иһиккэ көөнньөрөн, ванна уутугар кутан сытаҕын. Туран баран, баастаах миэстэни соттубаккын. Хаста да хатылаатахха тирии ырааһырар, кыһыйара ааһар.

Арыгы дьаатыттан айгыраабыт дьон туруга тупсарыгар, дьүһүнэ, кыаҕа чөллөнөрүгэр көмө буолар от — үөрэ ото. Бу отунан аһылык оҥостон аһаатахха итиэннэ кыра ньуоска бытарытыллыбыт оту оргуйбут ууга көөнньөрөн, сиидэлээн аһыах иннинэ истэххэ, сүрэх ыалдьара, күүскэ тэбэрэ, утуйбат буолуу, аныы, куртах, оһоҕос ыалдьара ааһар.
[17:22, 22.11.2017] : Үөрэ ото (Полынь белолистная)

Бөлөхтүү үүммүт үүнээйилэри түөрэн аҕалан олордор ордук. Үөн улаханнык мустубат. Күһүн мастыҥы ыарҕа боруодалар бары кырыллыбаттар. Ханна баҕарар хойуутук үүнэр. Сибэккилээх төбөлөрө эмкэ туттуллаллар. Ис- үөс ыарыыларыгар олус туһалаах. Тирии, бүөр ыарыыларын эмтэниллэр. Бронхиты эмтииргэ уматан баран буруотунан тыыныллар. Кытайдар сэбирдэхтэрин хааны тохтоторго, кыраадыһы түһэрэргэ тутталлар.

Дьабара отоно (Эфедра односемянная)

Мырааннаах, хайалаах сирдэргэ үүнэр. Силиһиттэн ылан олордуллар. Эмкэ умнастара туттуллар. Биир сиэмэлээх буолар. Уу кутан баран сарсыныгар буорун тарыйан биэрэҕин. Тумуу, тыынар уорганнар ыарыыларын, ымынаҕы эмтэниллэр. Силиһэ кыраадыһы түһэрэргэ туттуллар.

Ымыйах (Кровохлебка лекарственная)

Хатыҥ чараҥҥа, алааска үүнэр. Силиһинэн үүннэриэххэ сөп эрээри, үксүн сиэмэтинэн үүннэрэллэр. Күһүн сибэккилээн бүттэҕинэ силиһин ылыллар. Үөн бу сибэккини үчүгэйдик сиир. Күһүн эбэтэр саас органическай уоҕөурдуу кутуллар. Силиһин эмкэ туттарга анаан 15 см усталаах гына кырбаныллар. Ол кэнниттэн салгыҥҥа хатарыллар. Оһоҕос ыарыыларыгар, хааны тохтоторго, күөмэйи үтүөрдэргэ туһалаах буолар.

Бөдөҥ бохсурҕан. Биэс тымырдаах от. (Подорожник большой)

Сиэмэтин ыһан үүннэрэллэр. Сайын устата үчүгэйдик сиппит сэбирдэҕэ хомуллар уонна хатарыллар. Гастрикка, куртах бааһыгар (язва), коклюш, колит, сэллик уонна тыынар уорганнар ыарыыларын эмтииргэж туттуллар. 10 г илдьирийбит сэбирдэҕин 1 ыстакаан ууга кутан утах оҥоруллар. Күһүн эмиэ үөн уйата буолбатын курдук сэбирдэхтэрэ быһыллар.
[17:22, 22.11.2017] : БУТУГАС. Үөрэ оту солооһунтан үргүүбүт. Хас эмэ ууга сууйабывт, ууга чаас аҥаара туруорабыт.

Уу оргутабыт. 4 - 5 кг үөрэ отун суон умнастарын ылбакка, кыра гына кырбыыбыт, сэлиэйи кытта оргуйа турар ууга кутабыт. Онтон убаҕас аһыы суораты ытыйа туран кутабыт. Бутугас бэлэм буолар, сүөгэйдиибит. Сылаастыы да, тымныылыы да иһиэххэ сөп.
[17:22, 22.11.2017] :
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1558 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024