News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » От ыйа » 10 » От ыйынааҕы уларыйыылар
От ыйынааҕы уларыйыылар | 09:58 |
От ыйынааҕы уларыйыылар
Ангелина ВасильеваОт ыйын 8 күнэ, 14:39, 2019 31 көрдүлэр
Саҥа үүммүт ыйтан сокуоннарга, олоххо-дьаһахха туох уларыйыылар киириэхтэрэй? Буоларын курдук, Арассыыйа олохтоохторун таарыйар үгүс эйгэҕэ – тутууга, таһаҕаһы таһыыга, экэниэмикэҕэ, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар үгүс уларыйыылар киирдилэр.
Кирэдьиит бырыһыанын хааччахтыыр сокуон
Саҥа сокуон ыйарынан, кирэдьиит бырыһыана биир күҥҥэ 1%-тан үрдүк буолуо суохтаах. Ол эбэтэр, сылга — 365%. Бу кылгас болдьоххо, күнүнэн, ыйынан кыра суумалаах иэс биэрэр кирэдьиит тэрилтэлэригэр сыһыаннаах. Кыра (10 тыһыынча солкуобайга диэри) уонна 15 күҥҥэ диэри болдьохтоох кирэдьииккэ маннык хааччах киирдэ – бары төлөбүр суумата иэс 30%-тан улахан буолуо суохтаах. Холобур, 10 тыһыынча солкуобайы ылбыт киһи уопсайа 30 тыһыынчаттан элбэҕи төлүө суохтаах. Бу сууманы таһынан бырыһыаннары, ыстарааптары ааҕыа суохтаахтар. Арай отуойка (неустойка) төлөбүрүн ылыахтарын сөп, ол кээмэйэ күҥҥэ 0,1%-тан тахсыа суохтаах.
Саҥа дьиэлэри тутууга – эскроу-счет
Элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэри өлүүлэһэн тутууга эскроу-счет диэн баар буолла. Бу саҥа сокуон өлүүлэһэн тутууга дьиэ атыыласпыт дьону көмүскүүр сыаллаах. Урут дьон харчыларын укпуттарын кэннэ, дьиэлэрэ тутуллубакка, ытыстарын соттон хаалбыт түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суоҕа.
Билигин дьон харчыта анал эскроу-счекка угуллан, онно харайыллар, тыытыллыбат. Тутааччы бэйэтин харчытынан, эбэтэр иэс ылан, дьиэни тутар. Тутуллан бүппүтүн эрэ кэннэ, эскроу-счеттан харчыны ылар бырааптаах. Ол эрээри, бу түмүгэр дьиэ сыаната үрдүөн сөп.
От ыйын 31 күнүттэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит киһи ипотека төлөбүрүн сыл аҥаарыгар тохтотон эриэн сөп. Өскөтүн бу ылбыт кыбартыыратыттан ураты дьиэтэ суох уонна сыаната 15 мөлүйүөнтэн тахсыбат буоллаҕына, ипотека каникулун ылыан сөп.
Урбаанньыттарга булгуччулаах онлайн-каасса
Саҥа ирдэбил быһыытынан, урбаанньыттар уонна чааһынай тэрилтэлэр булгуччу каассалаах буолуохтаахтар.
Ол эрэн, бэйэлэрэ дьыала арыйбыт, табаары, өҥөнү оҥорон таһаарар урбаанньыттар (фрилансердар), атын дьону үлэлэппэт буоллахтарына, кинилэргэ 2021 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри бу ирдэбили тохтотон эриэхтэрэ. Ол эбэтэр, 2 сыл устата каассата суох үлэлиэхтэрин сөп.
Инбэлиит оҕолору көрүүгэ биэнсийэ үрдээтэ
Инбэлиит оҕолору уонна оҕо эрдэхтэриттэн 1-кы группалаах инбэлииттэри көрөр дьон биэнсийэлэрэ 2 төгүл үрдээтэ. Холобур, Арассыыйаҕа 5,5 тыһыынчаттан 10 тыһыынча солк. диэри.
Саха сиригэр манна эрэгийиэн коэффициеннара эбиллэллэр, онон суумата өссө үрдүүр. Ону тэҥэ, инбэлиит оҕону көрөргө үлэ ыстааһа ааҕыллар, сыл аайы 1,8 баал эбиллэр.
Аан бастаан массыына атыылаһарга – өйөбүл
“Бастакы массыына” уонна “Дьиэ кэргэн массыыната” диэн бырагыраамаларынан судаарыстыбаннай өйөбүл баар. Ону тэҥэ, “кыра” уонна таһаҕас массыыналарын чэпчэтиилээх лизинг бырагырааматынан ылар дьону эмиэ өйүөхтэрэ. Бу манна 10 миллиард солкуобай көрүлүннэ.
Аан бастакы массыынатын ылар киһи, эбэтэр 2-тэн элбэх оҕолоох ыаллар атыылаһалларыгар 10%-наах, субсидиялаах кирэдьиит ылар кыахтаахтар. Бу бырагырааманы уһатан биэрдилэр.
ОДьКХ – тарыып үрдээһинэ
Бу сылга олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыба тарыыптара иккитэ үрдээтилэр. Тохсунньуттан — 1,7%, от ыйыттан — 2,4% үрдээтэ. Урут сылга биирдэ үрдүүр этэ, ол эрэн үрдээһин тута 4% кэриҥэ буолара. Сүрүннээн итии, тымныы ууга, кирдээх ууну тоҕууга, уокка уонна гааска үрдээтэ.
Тарыып үрдээһинэ сыллааҕы инфляция таһымыттан — 4%-тан таһынан барыа суохтаах. Ол эрээри, Саха сиригэр мантан өссө үрдүө диэн сабаҕалыыллар.
“Платон” тарыыба үрдээтэ
Таһаҕас таһар массыыналартан харчы хомуйар “Платон” систиэмэ тарыыба үрдээтэ. Биир килэмиэтиргэ 14 харчы эбиллэн, федеральнай суолунан айанныылларыгар суоппардар килэмиэтир аайы 2,04 солкуобайы төлүүр буоллулар.
Кэлэр үрдээһин – килэмиэтир аайы 2,2 солкуобай, 2020 сыл олунньутугар буолуоҕа.
Үүт аһы атыылыырга – уларыйыылар
Үүт аһы бэтэринээринэй сертификациялааһын саҕаланна. Сыыр, үүттэн кэнсиэрбэлэр, ынах арыыта от ыйын 1 күнүттэн систиэмэҕэ киирэллэр, онтон атын бородууксуйа сэтинньиттэн киириэхтээх.
От ыйын 1 күнүттэн бородуукта маҕаһыыннарыгар үүт аһы атыылааһын бэрээдэгэ уларыйда. Үүт сыатын солбуйбут бородуукталар атын үүт астан туспа долбуурга туруохтаахтар. Маны тустаах хонтуруоллуур уорганнар бэрэбиэркэлиэхтээхтэр.
Бэнсиин сыаната үрдүө дуо?
Бырабыыталыстыба уонна ньиэп хампаанньалара түһэрсибит сыананы оннунан хаалларар туһунан сөбүлэһиилэрин болдьоҕо бүттэ. Былырыын экспорт кээмэйэ улааппытыттан, ис ырыынакка бэнсиин аҕыйаабытынан, сыана ботуччу үрдээбитэ. Ол быйыл хатыланыа диэн куттаналлар.
Бырабыыталыстыба ньиэп хампаанньаларыгар эбии төлөбүрү (компенсация) биэрэр, онон инфляция кээмэйиттэн үрдүө суоҕа диэн эрэннэрэллэр. Ол эрээри, ортотунан 8-10% үрдүөн сөп диэн сабаҕалыыллар.
Биометрия уонна “Мир” каартаҕа көһүү
Киин баан кэлим биометрическай систиэмэни олоххо киллэрэри көҕүлүүр. Ол эбэтэр киһи куолаһынан уонна хаартыскатынан көрөн, килийиэннэрин бааҥҥа ыҥырбакка эрэ, ыраахтан олорон, араас өҥөнү оҥоруохтара.
Бүддьүөт үлэһиттэрин “Мир” каартаҕа толору көһөрдүлэр. Хамнастарын бу эрэ каартаҕа түһэрэр буоллулар, Visa уонна MasterCard каарталары аны аахсыбаттар. Ыам ыйыттан социальнай уонна оҕо босуобуйаларын эмиэ каартаҕа түһэрэр буолбуттара. Ол эрэн, 2020 сыл от ыйыгар диэри каартаны уларытарга бириэмэ баар.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
|
Category: Право, закон |
Views: 866 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 69 Ыалдьыттар (гостей): 69 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|