Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [376]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [41]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [122]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Атырдьах ыйа » 5 » Доруобуйа уонна дьол
Доруобуйа уонна дьол
14:19

Доруобуйа уонна дьол

Билигин ханна да ­уҥуох-сүһүөх, сис, тоноҕос ыарыыта олус үксээтэ дииллэр.


Маныаха: “Тоноҕос киһи доруобуйатыгар улахан оруоллаах. Доруобай тоноҕостоох буоллаххына, чэгиэнник сылдьаҕын”, — диир устуоруйа учуутала идэлээх, элбэх оҕолоох ыал аҕата Гаврил Михайлов-Сайдам.

— Күн сиригэр кэлэрбэр, миигин чыскылаан ылбыттара үһү. Оҕо сырыттахпына муннум хаана сотору-сотору кэлэрэ, төбөм ыалдьара. Ол да буоллар, таах сылдьар оҕо буолбатах этим. Майаҕа “Кыталык” ансаамбылга үҥкүүлээбитим, туризмынан, спортивнай ориентированиенан дьарыктанарым. Университекка үөрэнэ сылдьан “Кут-сүр” спорт кулуубугар сылдьыбытым, уопсастыбаннай хамсааһыннар көхтөөх кыттааччыларыттан биирдэстэрэ этим. Онон хамсаныы-имсэнии, сүүрүү-көтүү тиийбэт киһитэ буолбатахпын.

Үөрэхпин бүтэрэн, үлэһит буолан баран, сүрдээх үчүгэйдик бара-кэлэ сылдьан, эмискэ сиһим сүр күүскэ ыалдьыбыта, аҥаар атаҕым аккаастаан кэбиспитэ. Мин, ыал аҕата, оҕолорбун атахтарыгар туруорсуохпун наада буоллаҕа. Онон доруобуйабын арыый көрүнэр буолбутум. Быраастарга, отоһуттарга, Кытайга элбэхтэ ­тиэстибитим. Эмтэннэхпинэ, мас­сааска сырыттахпына, бастаан утаа, сүрдээҕин чэпчээбит курдук буоларым. Онтум сотору кэминэн ааһан, туругум эмиэ мөлтөөн барара. Аны, аҕам инсуллаабытын кэннэ, миэхэ эмиэ хааным баттааһына үрдүк буолан, куттанар буолбутум. Көрүнэрим-истинэрим, быраастарга сылдьарым өссө элбээбитэ.

Оттон аҕам, олоччу сытан хаалбыт киһи, элбэҕи ааҕан билэн-көрөн, дьарыктанан, санаатын күүһүнэн атаҕар туран кэлбитэ миэхэ соһуччу улахан холобур ­буолбута. Мин киһи сааһыттан тутулуга суох доруобуйатын бэйэтэ кыһаллан чэгиэн оҥорор кыахтаах эбит диэн санааҕа бигэтик эрэммитим. Аны кэргэним Лариса Семеновна үс сыллааҕыта Дьокуускайга Санкт-Петербуртан Швейцарияҕа айыллыбыт ньыманан тоноҕоһу көннөрөр киин быраастара кэлбиттэрин истэн, улахан уолбутун уонна миигин онно аҕалбыта. Онно уолбут бастакы тоноҕоһун — атланын көннөттөрө охсорбутугар сү­­бэлээбиттэрэ. Ону барытын чугастык көрө сылдьыбыт буоламмын, балтараа сыллааҕыта маннык ньыманан бэйэм тоноҕоспун көннөттөрбүтүм. Онтон ыла төбө ыарыытын умуннум, хааным баттааһына тэҥнэстэ, илиим-атаҕым утуйара тохтоото, сүһүөҕүм, тоноҕоһум ыалдьыбат буолла. Этэҥҥэ чэ­­гиэнник сүүрэ-көтө сылдьарбыттан олус үөрэбин. Ол иһин бар дьоммун доруобуйаҕытын көрүнэ сылдьаргытыгар сүбэлиибин.

Доруобуйабын көрүнэн, элбэҕи хасыһан ааҕан билбиппиттэн-көрбүппүттэн үллэһиннэхпинэ, киһи дьоло уонна до­руобуйата силлибэт сибээстээхтэр. Ол курдук, үс сүрүҥҥэ ордук улахан болҕомто­бутун ууруохтаахпыт. Бастакытынан, тоноҕоспут көнө буолуохтаах. Иккиһинэн, аһыыр аспыт иҥэмтиэлээх, туһалаах, иһэр уубут ыраас буолуохтаах. Үсүһүнэн, санаабыт ыраас, сырдык, кэрэ буолуохтаах. Санаа баар эбит, киһи доруобуйатыгар дьайар ураты күүс. Ону үрдүнэн эрэ өйдөөбөккө, бэ­­йэҕитин истэн, барытын дириҥник толкуйдаан, ыараҥнатан көрүҥ. Үөрэ-көтө, таптыы сылдьар, дьоҥҥо көмөлөһөр киһи аурата, эньиэргийэтэ ураты буолар. Киһиэхэ күүһү-­уоҕу, сэ­­ниэни биэрэр эбит. Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ (ВОЗ), доруобу­йаҕа 10%-нын быраас көмөлөһөр уоннааҕыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах диэн этэр.

Түмүктээн эттэхпинэ, былыр, айылҕа сокуонунан оҕо төбөтүн оройунан окко күөлэһийэ түһүүтэ, бэйэтин ыйааһынынан сиргэ тардыһыыта бу куттала суох буолар эбит. Ол да иһин, олоҥхоҕо көнө сүнньүлээх, күүстээх-уохтаах, уһун үйэлээх боотурдары хоһуйдахтара. Оттон 1864 сыллааҕы “Повивальное дело” учуобунньукка саҥа төрүүр оҕо төбөтүн алҕас илиилэринэн таарыйбыт буоллахтарына, тута таҥаска сытыаран сүнньүн сэрэнэн көннөрөн биэ­рэллэр эбит. Оттон сахаларга, баабыскаһыттар оҕону атаҕыттан таҥнары тутан көннөрөллөрө үһү. Ити туһунан 1930 сыллаах учуобунньуктан бэттэх суох.

Онон ити этиллибитин курдук, бөҕө сүнньүлээх, көнө сүрүннээх кэнчээри ыччаттанарга болҕомто улаатыаҕын баҕарабын. Ол туһуттан, анаан оҥоһуллубут ки­­риэһилэ-трансформердар (Аммаҕа уонна Перинатальнай кииҥҥэ бааллар) хас төрүүр дьиэ аайы баар буолалларын туруорсуохха.

Эмчит санаата

Екатерина Мехова, СанктПетербурдааҕы мэдиссиинэ институтун бүтэрбит, мэдиссиинэ эйгэтигэр отут үс сыл үлэлээбит, Атласисписэлиис:

— Киһи доруобуйата тоноҕостон тутулуктаах. Мин биэс сыл бу хайысханан дьаныһан үлэлээтим. Ол устата, биэс тыһыынчаттан тахса киһиэхэ тоноҕоһун көннөрдүм. Оттон көннөрү көрбүт киһим өссө элбэх. Ол тухары, баара эрэ, чахчы үчүгэй тоноҕоһу 19 эрэ киһини бэлиэтээтим. Онон маннык кыһалҕа бүтүн дойду үрдүнэн баар буолла. 100-тэн
99%-на сколиоз­таах.

Саха сиригэр аан бастаан 2014 сыллаахха кэлбиппит. Онтон ыла ситиммитин быспаппыт. Биһиэхэ тоноҕосторун көрдөрбүт, сылдьыбыт, сүбэ-ама ылбыт дьоммутун билигин хайдах көрүнэн-истинэн сылдьалларын, доруобуйаларын туругун туох уларыйыы барбытын билэргэ кыһаллабыт. Итинэн үлэбит түмүгүн кэтээн көрөбүт.

Саха сирин дьонугар тугу сүбэлиэм этэй? Бастатан туран, доруобу­йаҕытыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Кыһыҥҥыт уһун. Онон күҥҥүт уота тиийбэтиттэн, «Д» битэмиин аҕы­йах. Ити киһи уҥуоҕар-сүһүөҕэр эмиэ охсор. Онон элбэхтэ сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ, хамсаныҥ, сэрээккэтэ оҥоруҥ, хаамыҥ-­сиимиҥ. Ыраас ууну иһиҥ. Итиэннэ быраас сүбэтэ-­амата улаханнык көмөлөһүө.

Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Сүрүн хаартыска интэриниэттэн ылылынна

Category: здоровье | Views: 1236 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024