Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Атырдьах ыйа » 16 » Симэх-киэргэл туһунан.
Симэх-киэргэл туһунан.
09:52
                            Симэх-киэргэл туһунан.

Саха таҥаһын биир уратытынан кини киэргэллэрэ-симэхтэрэ буолар. Ханнык баҕарар омук киэргэллэрин курдук саха киэргэллэрэ хас даҕаны суолталаахтар.

1. Симэхтэр итэ5эли кытта ситимнээхтэр. Саха киһитэ Аан дойдуну анааран керер философията таҥаска уонна симэхтэргэ көстөр.

2. Куһаҕан тыынтан, туора харахтартан харыстыыр аналлаахтар. Симэхтэр абааһылары үргүтэр аналлаахтар, ол иһин кылыгырас тыастаахтар.

3. Баайы-дуолу көрдөрөр аналлаахтар. Төһө элбэх көмүс алтан киэргэллинэн сүктэр кыыс симэнэр, соччонон кини аҕа ууһун аата ааттанар.

4. Сорох чинчийээччилэр былыргы симэх кыыска, дьахтарга куйах оннугар туттуллар диэн суруйаллара оруннаах. Саха симэхтэрэ дьахтар саамай тыын сирдэрин: чанчыктарын, хорук тымырдарын, түөһүн, бүөрүн, түһэ5ин харыстыыр аналлаахтар.

Саха симэхтэрин икки көрүҥҥэ араарыахха сөп:

Таҥаска бэйэтигэр тигиллэр киэргэллэр, дьайаалар.

Таҥас үрдүнэн туспа кэтиллэр баска, моойго, харыга, тарбахха, кулгаахха, түөскэ кэтиллэр уонна дьахтар сиһин-оро5ун сабар көхсү киэргэллэрэ, суһуохха иилинэр, кыыс о5о түһэҕин сабар киэргэллэрин араастара.

Саамай былыргы симэхтэр алтантан, дьэс алтантан, үөс алтантан, хор5олдьунтан оҥоһуллар буолаллар эбит. Билигин ол киэргэллэр умнуллубуттар. Ааттара эрэ хаалбыт: куйургах,тэргэн бүөрэ, бадынкай, кулан бүөрэ, хаа5ыр хобо... Былыргы симэхтэргэ өссө орой симэҕэ (туоһахта), көҥдөй бохсуу (бө5өх), хабар5а симэҕэ (саабыска), ас уустарар, кыабака симэҕэ уонна кылдьыы, таҥаска тигиллэр араас дьайаалар, курдар киирэллэр.

Түрбэ көмүс кэлбитин кэннэ симэх арааһа элбиир. Түгэхтээх ытарҕалар араастара, илин- кэлин кэбиһэр, бастыҥа быата, курдар араастара элбииллэр.

Саха көмүс киэргэллэрэ-симэхтэрэ харыстыыр аналлаах буолан кыра о5отуттан кырдьыар дылы киһини арыаллыыр.

Уу кыһыл о5о биһигэр, атын ымыылары кытта дьахтар ытар5атын ыйыыллар. Олдьу о5о5о (олорор буолуо5уттан 6-7 сааһыгар дылы) уолуттан- кыыһыттан тутулуга суох тас таҥаһын көхсүгэр хахай ойуулаах төгүрүк дьайаа киэргэл иилэллэр. 4-6 саастаах о5ону "уллуҥах хараарар сааһа" диэн ааттыыллар. Кыыс о5о5о кыра көмүс ытар5аны ымыы гынан кэтэрдэллэр, таҥаһын аллараа эҥээригэр баайдар көмүс симэх, оҕуруо тигэллэр эбит.

Кыыс оҕо 6 сааһыттан 11 сааһыгар дылы "чөмчүүк сааһа" эбэтэр "куорсун хорохой" дэнэр.

Бу манна эмиэ үрүҥ көмус ытар5аны уонна оҕуруонан симэхтэри, алтан салбыр5астаах түһэҕэр түһүлүк, баттаҕар суһуох симэ5ин, киистэтин кэтэрдэллэр. Кыра бө5өх кэтиэн сөп.

"Сырбан татай" эбэтэр "тымтык саас" - 11 - 17 саастаах кыыс. Былыргы хаартыскаларынан көрдөххө ити сааһыгар баай дьоннор кыыска чэпчэки киэргэллэри: бө5өх, саабыска, илин- кэбиһэр кэтэрдэн бараллар. Былыр 14 -15 саастаах кыыс сүктэн барарын туһунан фольклор матырыйаалларыгар кэпсэнэр.

Кыталык курдук кынталдьыйар сааһыгар (16-17) киниэхэ сүктэригэр аналлаах толору симэ5э бэлэм буолуохтаах.

Сүктэн барарыгар кыыс кыабакылаах сыалдьаны уонна толору симэ5ин кэтэр. Бу кыабакылаах симэхтээх сыалдьаны уруу үһүс күнүгэр көрүү истии буолар эбит. Ону таһынан, сүктэр кыыс энньэтигэр "симэх энньэ" баар буолуохтаах. Саамай улахан баай киһи кыыһын түһүмэллээх уруутугар сүктэн кэлбит кыыс таҥас, симэх, мал- сал (көмүс ньуоска, чааскы) " то5устуутун" илдьэ кэлиэхтээх, "дьааһык хостооһун" сиэрин-туомун оҥоруохтаах эбитэ үһү. Онон кыыс дьоно- сэргэтэ, уол дьонун уруута суон сура5ырар, уос-номо5о буолар, кэпсээҥҥэ киирэр.

Дьахтар ситии -хотуу сааһыгар (куо мэтэкэ 21-27) кылдьыы симэхтээх буолар эбит. Хотун дьахтар буолар орто сааһыгар (33-44) дьахтар симэҕэ толору уонна баай буолуохтаа5ын туһунан суруйаллар. Бу саастан бастыҥа кэтиллибэт буолар.

Онтон мүлгэ сааһыттан (45-49) дьахтар киэргэллэрэ-симэхтэрэ аччаан бараллар. Ити бириэмэҕэ илин- кэбиһэр буолбакка сүрэх киэргэл кэтэр буолар. Бө5өх, ытар5алар араастарын кэтиэн сөп.

50-60 сааска (кю́рюн тохтойо эбэтэр эбээн саас) илин- кэбиһэр кэтиллибэт. Бу сааска кулгаах киэргэллэригэр бол5омто уураллар, бу сааһыгар дылы дьахтар кулгаа5ар үүтэ суох буоллаҕына хайаан да үүттэтиэхтээх. Кулгаа5ар үүтэ суох дьахтар өллөҕүнэ, ол дойдуга кини кулгаа5ын ылан хамыйах (ложка) оннугар тутталлар үһү диэн баар.

Кырдьа5ас сааһыгар (60 саастан) дьахтар наһаа ча5ылхайдык киэргэниэ суохтаах.

Оттон сыра5ана күкүйэ сааһыгар (90-100) кини биһилэ5э ойуута суох, ытар5ата түгэ5э суох буолуохтаах.

Бу былыргы өйдөбүл, онон билиҥҥи дьахтар сааһа арыый уларыйыан, эдэримсийиэн сөп диэн чинчийээччилэр этэллэр.

Кыыс оҕо уонна дьахтар киэргэллэрин толору симэхтэрэ:

орой симэх (бэргэһэ чопчууругар), ытар5алар араастара, бас быалаах бастыҥа, моой симэҕэ, кылдьыы, суһуох симэхтэрэ (суһуох киистэтэ) эбэтэр ас куустарар симэх, кэлин соҕус көмүс тараах анньыналлара. Моой симэ5э хорук тымырдарын бүөлүүр аналлаах. Кылдьыыттан илин уонна кэлин кэбиһэр түһэр. Илин кэбиһэр кэтит уонна кылгас буолуон сөп. Хас да тиһиликтээх буолуон сөп. Тиһиликтэрин ахсаана хааччахтаммат (уус киьи хайдах мындырдаан оҥорбутуттан). Түөһүн ортотунан күннээх да күнэ да суох буолуон сеп. Оттон кэлин кэбиһэр илин кэбиһэрдээ5эр уһун уонна синньигэс буолар.

Көхсүн хара5ар күннээх кэлин кэбиһэр Суотту музейыгар баар. Ол гынан баран кэлин кэбиһэр үксүгэр күнэ суох буолар. Илин кэбиһэр дьахтар түөһүн, тыын сирин (солнечное сплетение) харыстыыр аналлаах. Кэлин кэбиһэр дьахтар көхсүн хара5ын, сиһин-оро5ун туора харахтартан араҥаччылыыр суолталаах уонна илин кэбиһэр ыйааһынын тэҥнээн биэрэр аналлаах. Илин- кэлин кэбиһэр бууктаах, кытыылаах, оноолоох соннор таһынан кэтиллэр. Халадаай, кэһиэччик, оноолоох сон таһынан сүрэх киэргэл кэтиллэр буолбута.

Сон таһынан кур баанар. Көмүс куртан өттүк симэ5э түһэр. Өттүк симэ5э бууктаах, кытыылаах сон таһынан кэтиллэр. Соҥҥо бэйэтигэр эмиэ тикпит буолаллар.

Икки илиитин харытыгар бө5өхтөрү кэтиллэр. Илии хорук тымырдарын бүөлүүр аналлаах, уһуна хааччахтаммат. Былыргы өттүгэр синньигэс соҕус буолар эбит, 19 үйэ5э түрбэ көмүс кэлэн 9-10 см кэтиттээх буолбут. Баай дьахтар 8 тарбахтарыгар үрүҥ, кыһыл көмүс биһилэхтэри толору кэтэрэ диэн Ойуунускай суруйуутугар баар.

Маны таһынан араас көмүс симэхтэри, дьайаалары мааны бууктаах, кытыылаах соннорго бэйэтигэр иилэллэр. Ол киэргэллэр бэйэлэрэ тас таҥаска иилиллэр анал миэстэлээхтэр.

Билиҥҥи кэмнэргэ симэхтэри сыыһа иилинии баар суол. Симэх бэйэтэ анал кэтиллэр аналлаах. Сорохтор сүрэх киэргэли, илин- кэбиһэри көхсүгэр иилинэллэрэ баар суол. Ити отой сыыһа көстүү. Эбэтэр кырдьаҕас саастаах дьон бастыҥа иилинэллэрэ сүөргү буолар. Өссө былаат таһынан бастыҥа кэтээһин, эбэтэр кыл сэлээппэ иһинэн бастыҥа кэтээһин бу таҥас-симэх кэтиллэр култууратын уларытыы уонна сатаммат көстүү буолар.

Эр киһи элбэх киэргэллэрэ суох буолар. Оноолоох сон таһынан сүнньүөх харах, туорум харах көмүс куру эбэтэр кэтит көмүс куру кэтэр. Кэтит кур сүктэр кыыс эрэ кэтэр кура диэн сыыһа өйдөбүл. Эр киһи куругар көмүс симэхтээх кыалык, кыыннаах быһах уонна хатат баар буолара ирдэнэр. Хатат эр киһи ымыыта буолар. Уот са5ар хататтаах, кыа угар кыалыктаах, кыыннаах быһахтаах эр бэрдигэр туох да бэйэлээх абааһылара сыстыбат, туора харахтаахтара утары көрбөт буолаллар. Соно көмүс тимэхтээх буолуон сөп.

Саха киэргэлин-симэҕин эгэлгэтин арааһын Дьокуускай куорат Ем. Ярославскай аатынан түмэл анал экпозицияттыгар көрүөххүтүн сөп.

Самаан сайыммыт, уйгулаах ыһыахтарбыт буолаллара чугаһаата. Биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар үгүс үйэлэртэн илдьэ кэлбит көмүс киэргэллэри кэтэр ураты култуураларын тилиннэриэххэ, сөпкө таҥнан-симэнэн киэргэниэххэ!

Светлана Петрова-Уран Хатын. 18.04.2018.
Category: Саха | Views: 2385 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024