“Цзиньхайтун Дальний Восток” ХЭУо диэн кытай хампаанньата Саха сиригэр лиссиэнсийэтэ суох геологическэй-көрдүүр үлэлэри ыыппыт диэн Саха сирин Арбитраж суутун саайта иһитиннэрэр.
Былырыын алтынньыга Алдан улууһун территориятыгар, Томмот өрүс хочотугар контейнерга олорор кытай дьонун уонна биир Арассыый гражданын булбутара. Кинилэр кыһыл илиилэринэн уонна биир уостаах тыраахтырынан геологическэй-көрдүүр үлэлэри ыыта сылдьыбыттара. Тэрилтэ аатыгар административнай кэһии туһунан боротокуол толорбуттара уонна 800 тыһ. солк. ыстырааптаабыттара. Ону кытары сөбүлэспэккэ, тэриллэ Саха сирин Арбитраж суутугар үҥсүбүт. Онуоха суут тэрилтэ баҕатын толорбото уонна ыстыраабы оннунан хаалларда.