News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Балаҕан ыйа » 30 » Санааларбыттан үллэстиим эрэ... КӨҤҮЛ ОЙУУН ТУҺУГАР
Санааларбыттан үллэстиим эрэ... КӨҤҮЛ ОЙУУН ТУҺУГАР | 10:23 |
Сулустаана Мыраан
Санааларбыттан үллэстиим эрэ...
КӨҤҮЛ ОЙУУН ТУҺУГАР
Александр Габышев-Көҥүл Ойуун норуотун көмүскүү Саха Сириттэн туруммутугар киһи дьиктиргиирэ суох: дойду экономикатын айгырааһыныттан үөскээбит иэдээннээх процестар Арассыыйа кытыы, уһук сирдэрин олохтоохторугар кимнээҕэр даҕаны ыарыылаахтык охсоллор. Өскөтүн, сылаас климаттаах сирдэргэ дьон оҕуруот, саад үүннэринэн, куораттарга көһөн үлэ булунан айахтарын булунар кыахтаах эбит буоллахтарына, Саха Сирин курдук сүөһү-сылгы иитиитинэн дьарыгырар сирдэргэ олохтоох дьон олохторо тыыннаах хаалыы туһугар охсуһууга кубулуйар. Ордук сир баайын хостооһуна күүскэ ыытыллар сирдэригэр.
Кытаанах климакка олорор киһи этэ-хаана эт, балык, үүт аһылыгы эрэйэр, онто суох буолла даҕаны ыалдьан, буомуран, буорайан барар.
Сир баайын хостоон хоро таһыыттан олохтоохторго туох да тиксибэтин кэриэтэ, арай бултаан аһыыр астара - тыа кыыла, балык симэлийэр, отоннуур- оттуур сирдэрэ, сылгыларын-сүөһүлэрин мэччирэҥнэрэ былдьанар, айылҕалара алдьанан доруобуйалара айгырыыр. Олохтоох норуоттар үйэлэр устата дойду халыҥ тыаларын, киэҥ сирдэрин, сир аннынааҕы баайдарын харабыллаан кэллилэр, ол манньата, баай туһаҕа тахсар кэмигэр, кинилэргэ киһилии олоҕу тэрийэр оннугар төрүт олохтон, дьарыктан, астан матарыы, тыа сиригэр оскуолалары, балыыһалары сарбыйыы бара турар.
Бу 18-19 сыл устата дойду үрдүнэн 68.100 оскуола баарыттан 42.000 оскуолата,
10.700 балыыһа баарыттан баарыттан 5.357 балыыһата сабылынна.
Сарбыйыы өссө да бара турар, салгыы маннык бардаҕына сирдэр үксэ хаһаайына, көрүүтэ-харайыыта суох хаалар чинчилээхтэр. Ити системалаах барар үлэ, соруйан оҥоруу курдук.
Мин бу ааспыт быыбардарга Көҥүл Ойуун олоҕун трагедията ааспыт Өлүөхүмэ улууһугар баһылык дуоһунаһыгар кииристим. Төрөөбүт улууһум 53 нэһилиэгиттэн 49 сырыттым, көрсүһүүлэри оҥордум.
Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата норуотун олоҕун туох- ханнык турукка тиэрдибитин Өлүөхүмэ улууһун холобуругар дьэҥкэтик көрүөххэ сөп. Олох сайдыыта онно 10-15 сыл анараа өттүгэр тохтоон хаалбыт курдук. Улуус тыатын сиригэр, бюджет эйгэтиттэн уратыга, үлэ суоҕун кэриэтэ, дьон омуна суох 80-90% үлэтэ суох олорор.
Нэһилиэктэргэ олохтоох ахсаана быһа туппут аҥаара эрэ хаалбыт. Тыа хаһаайыстыбата олох эстэн турар: ынах- сүөһү ахсаана быста аҕыйаабыт, аатырбыт хортуоскаларын, бурдуктарын үүннэрэ сатаабат буолбуттар. Олордон да ханна гыныахтарай, айан төлөбүрүн сыаната үрдээн оҕуруот аһын кыайан улуус таһыгар таһаарар кыахтара суох, харчылаһар биир баар-суох суоллара сабыллыбыт. Сорох нэһилиэктэргэ маҕаһыыннара да суох, эгэ заправка кэлиэ дуо? Астарын, бензиннэрин, сэлээркэлэрин Өлүөхүмэ куоратыттан моторканнан таһыналлар.
Улуус сирдэригэр киирэн үлэлии олорор 19 промышленнай хампаанньалартан улуус социальнай сайдыытыгар 6-7 хампаанньа эрэ, дьадаҥыга кэппиэйкэни быраҕан биэрэр кэриэтэ бытархай көмөннөн кыттыһар, ол оннугар экологияны алдьатар, олохтоохтору бултуур- оттуур сирдэригэр баралларын күөмчүлүүр түбэлтэлэрэ тахса турар.
Дьон бэйэлээх бэйэлэрин сирдэригэр пропуһунан эрэ барар кыахтаах нэһилиэктэрэ бааллар! Улуус үгүс нэһилиэктэригэр, Дьокуускайга төгүрүк сыл сылдьар суола суох олорор. Ууннан, самолетунан айан төлөбүрэ ыараханыттан дьон үксэ кэлэр- барар кыаҕа суох. Киини кытары сибээстиир ВСТО турбатын батыһыннара туппут асфальт- суолларынан олохтоохтор айанныыллара бобуулаах.
Бюджет эйгэтигэр оптимизация, реорганизация күүскэ барбыт сирэ онно баар. Үгүс нэһилиэктэргэ балыыһаларын сабаттааннар сорохторго ФАПтары эрэ хаалларбыттар, сорохторго ол даҕаны суох. Дьон ыарыйдаҕына харчы бөҕөтүн төлөөн кырата 1 чаас, ыраах сирдэртэн 3-7 чаас мотуорканан, эбэтэр кыһыҥҥы күөдэл- таһаа суолунан күнү быһа айаннаан улуус киинигэр көрдөрүнэ киирэргэ күһэллэллэр. Балыыһаҕа ыалдьан сыта киирбит дьоннорун, оҕолорун өр кэмҥэ көрсөртөн туура маталлар. Оскуолалары оҕо садтарын кытары холбообут нэһилиэктэрэ эмиэ элбэхтэр. Үлэ миэстэтэ дэлби сарбыллан, дьон хамнаһа суох хаалан, улуустан көһүү кэнники сылларга күргүөмүнэн барар. Оскуолаларга оҕо киириитэ сыл аайы аччыы турар.
Кыра нэһилиэктэр олохтоохторо санаалара түһэн, харахтарын уота- күөһэ өһөн олох бүттүбүт, нэһилиэктэр эстэр суолга киирдибит, аны кэлэн туох да көмөлөспөт буолла дэһэ олороллор. Өлүөхүмэ нэһилиэктэригэр сырыттахха өйгөр тута "безысходность" эрэ диэн тыл киирэр...
Бу буолбатах дуо, национальнай иэдээн - олохтоохтору төрүт сирдэриттэн түөрэн быралгы ыытыы?!
Тыа сиригэр бюджет тэрилтэлэрин сарбыйыыны тохтоппот түбэлтэбитигэр Өлүөхүмэ дьылҕата бары улуустары, өрөспүүбүлүкэни кэтэһэрин өйдүөх тустаахпыт! Арассыыйа тыатын сиригэр кэнники 18 сыл устата 20.100 оскуола сабылынна! Ханна оскуола, балыыһа сабыллар, статуһа кыччыыр даҕаны онно тыа сирин олоҕо умуллубутунан барар. Оттон биһиги правительствобыт сарбыйыы үлэтин ыыта турар былааннаах.
Өлүөхүмэ тыатын сирин кытаанах олоҕо Көҥүл Ойуун тапталлаах кэргэнинээн ыар ыарыыны кытары охсуһан сордонор кэмнэригэр төһөлөөх эрэйгэ- муҥҥа тэппитэ буолуой... судаарыстыба бэйэлээх бэйэтин дьонугар тыйыс сыһыана төһөлөөх кыһыы-аба, бараммат аһыы буолан дууһаҕа, өйгө- санааҕа сөҥөн, бу киһи сүрэҕэр утарсыы дуолан санаатын үөскэтэн ыар айан аартыгар туруммута буолуоҕай?
Көҥүл Ойуун олус сөпкө этэр, олохтоох бэйэни салайыныы сокуоннарыгар олоҕуран норуот олоҕун бэйэтэ дьаһанар, быһаарар түбэлтэтигэр эрэ дойдубут ыһыллан уон аҥыы барбакка инникилээх буолуоҕа диэн. Айылҕа, сир баайа дойду хас биирдии киһитин олоҕун уйгутун оҥорбокко Путин биирдиилээн атастара- доҕотторо миллиардер буолалларыгар бараныа суохтаах. Итиннэ киһи сөпсөспөтө, утарсара туох баарый? Саамай сөптөөх, кырдьыктаах туруорсуу!
Көҥүл Ойууну Путины утарар диэн буруйдаан эрэллэр. Норуот эрэйигэр - муҥугар бастакы эппиэтинэһи ким сүгүөхтээҕий, Конституция гарана, дойду президенэ буолбатах буоллаҕына? Көҥүл Ойуун норуот кыһалҕатын киниэхэ туһаайбакка кимтэн ирдиэхтээх этэй? Оттон биһиги бары улахан кыһалҕаларга киниэхэ сурук, обращение бөҕөтө суруйабыт дии?
Бары психическэй ыарыһахтарбыт дуо? Путины үгүс киһи диваннарыгар олорон мөҕүттэр, Грудинин курдуктар кинилиин быыбарга киирсэннэр, админресурс күүһүнэн хоттороллор, сойуолаһыыга түбэһэллэр, активнай өйдөөх- санаалаах өттө миитиннэргэ тахсан дубинкаларынан сынньыллаллар, хаайыыга киирэллэр, оттон ыар дьылҕаттан этэ, өйө- санаата аһыллыбыт Көҥүл Ойуун Путин иһигэр абааһыны киирбитин булан көрөн, кыйдыы, көҥүл олоҕу туруулаһа ыраах суолга туруммута.
Көннөрү өйүнэн даҕаны толкуйдаан көрдөххө иһигэр абааһы уйаламмыт киһитэ эрэ бүтүн дойдуну иэдээҥҥэ тэппитин билиммэккэ 20 сылы мэлдьи араас чиэһинэйэ суох ньымалары туттан былааһы тутан олорор ини?
Биһиги дойдубутугар быраабы араҥаччылыыр уорганнар былааһы эрэ араҥаччылыыр уорганнар буолбуттара ыраатта. Сокуону кэстэ диэн сойуолаһаллар даҕаны бэйэлэрэ Көҥүл Ойууну тутуулара-хабыылара процессуальнай нуормалары кэһии, киниттэн иирээкини оҥоро сатааһыннара киһи быраабын кэһии, ол аата сокуон, Конституция кэһиитин нөҥүө оҥоһулла тураллар. Сокуон тутуһуутун ирдиир буоллахтарына бэйэлэрэ сокуону эҥкилэ суох тутуһуохтаахтар!
Мин санаабар бу түгэҥҥэ норуот, ордук биһиги, Саха Сирин олохтоохторо, итини көрөн баран олоруо суохтаахпыт. Киһи суобаһын да быһыытынан: Көҥүл Ойуун биһиги туспутугар олоҕун толук уурарга бэлэмин көрдөрдө, оттон биһиги киниэхэ хардатын сатаатар тылбытынан, хамсаныыбытынан көмүскүүрбүтүн биллэриэхтээхпит. Массовай публичнай акцияларга кыттыы, сууту норуот хонтуруолугар ылыы күүскэ барыахтаах!
Оччотугар эрэ "узник совести" статуһун аан дойду иннигэр бигэргэтэр кыахтанабыт.
Мин, норуот депутаатын быһыытынан, киһи быраабын аһаҕас кэһии тахса турдаҕына туора турар быраабым суох, онон Александр Прокопьевич Габышевы өйүүр, көмүскүүр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар акциялары тэрийиини саҕалаатым.
Билиҥҥи туругунан, оптуорунньукка, алтынньы ый 1 күнүгэр, киин куорат Ленин болуоссатыгар пикет-марафон тэрийэргэ уведомление биэрбиппин Карл Маркс скверыгар мастар быыстарыгар ыыттара утаардылар. Ити күн сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри Министерство по делам молодежи доруобай буолууга туһуламмыт фестиваль тэрийэр үһү.
Онон куорат олохтоохторун ити фестиваль күнү мэлдьи төһө күргүөмнээхтик, тэриллиилээхтик барарын кэтээн көрөргүтүгэр ыҥырабын. Өскөтүн болуоссат ити чаастар усталара кураанах турар түбэлтэтигэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьыалаларын управлениета, ол аата кинилэргэ дьыалаларын ыытарга боломуочуйа биэрбит А.С. Николаев уонна В.В. Солодов репутацияларын таһымыгар ыйытыы үөскүүрүгэр тиийэр. Миэхэ баар информацияннан алтынньы 1 күнүгэр Ленин болуоссатыгар биир да тэрилтэттэн уведомление түһэриллэ илик этэ.
Ити кырдьык буоллаҕына сокуону кэһии тахсан эрэр: маассабай тэрээһиннэргэ уведомление 3-10 хонук иннигэр бэриллиэхтээх.
Онон, өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтиибин: алтынньы 1 күнүгэр сарсыарда 08 чаастан киэһэ 20 чааска диэри Ленин болуоссатыгар фестиваль буолуутун норуот кэтээн көрүүтүгэр ылабыт!
Кэлэр нэдиэлэ хас күнүн аайы Ленин болуоссатыгар пикет - марафон ыытарга уведомление түһэриэҕим. Онно кыттыан баҕалаах дьон ватсабынан 89141152345 тел. суруттарыҥ, болуоссат босхолонно да пикеты оҥоруохпут.
Маассабай пикеккэ, миитиҥҥэ, демонстрацияҕа уведомлениелары биэриэҕим, кыттарга бэлэм сылдьаргытыгар ыҥырабын. Санкционированнай маассабай акцияларга кыттыы сокуон кэһиитэ буолбатах, гражданскай общество, норуот былаас уорганнарыгар быһаччы дьайыытын Конституцияннан бигэргэммит бырааба.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Көҥүл Ойууну көмүскүүр фотофлешмоб ыытылла турар, онно кыттааччылар өйүүр суруктаах хаартыскаҕа түһэн бу тел. ыытаргытыгар көрдөһөбүн:
+79243632936
+79618689090
Сулустаана Мыраан
29.09.2019 с.
|
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии |
Views: 1047 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 88 Ыалдьыттар (гостей): 88 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|