News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[399]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[554]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[223]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[669]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[92]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[237]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[152]
|
литература
[41]
|
здоровье
[464]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[121]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2019 » Алтынньы » 22 » Айыы суола
Айыы суола | 10:17 |
Тэрис.
Айыы суола
Мэлдьи эбириэйдэр Тораны ааҕалларын иһин өй гинастикатынан дьарыктанар омук дииллэр. Ол иһин өй өттүгэр ситиһиилээхтэр. Маннык дьарык ордук чуолкайдык эбириэйдэргэ көстөр.
Саха өйүн гимнастиката
Айыы суола
Бу кинигэ 2002 сыллаахха тахсыбыта. Манна итэҕэл эрэ суруллар. Аан дойдуну өйдөөһүн. Алгыс төрүттэрэ уонна хайа диэкинэн күрүө туттуллуохтааҕа этиллэр.
Кинигэҕэ 63 сүрүн өйдөбүл баара этиллэр. Норуот олоҕу өйдөөһүнэ олус чуолкай этэ.
Манна олох туһунан толкуйдааһыннар бэрээдэктэнэн бэриллэллэр. Ити толкуйдааһыны саха норуота оҥорбута. Кини Үрүҥ Айыы Тойон этиилэрин итинник ылыммыта. Онон бу өйдөбүллэри Үрүҥ Айыы Тойон тыллара диибит.
Ааҕыы
Бу кинигэни итэҕэл кинигэтин курдук ааҕыллыахтаах.
Ол аата ый саҥатын аайы ааҕаллар. Онно 20-чэ мүнүүтэ барар. Дьиэ киһитэ барыта кыттар. Оҕо кинигэни ааҕар. Ирдэбилэ диэн үчүгэйдик ааҕар буолуохтаах.
Атыттар истэн олороллор.
Кинигэни аахпыт кэннэ, кыратын дьүүллэһэллэр. Өйдөбүллэр кэлэр бэрээдэктэрин дьүүлэһэллэр.
Ити кэнниттэн кинигэни суулаан ууруллар. Анал үчүгэй суу наада. Анал миэстэлээх буолар.
Өйдөнөр буолуута
Кинигэни маҥнай аахтахха өйдөммөтө элбэх буолуо.
Иккиһин аахтахха өйдөнөрө улам элбээн барыа.
Үсүһүн аахтахха өссө өйдөнүө.
Сырыы аайы өйдөнөр буолуо. Ол гынан баран толору тиһэҕэр тиийэ син биир өйдөнүө суоҕа.
Ити курдук биир сыл ааҕыаххыт. Икки сыл ааҕыаххыт. Үйэгит тухары ааҕыаххыт. Оччоҕо саха буоларгытын умнуоххут суоҕа.
Саха норуотун муудараһыгар кыттыһыаххыт
Бэйэ олоҕун уоппутун кэпсээһин
Кинигэттэн ый аайы туһааннаах айыыны ааҕыллар. Сэттэ ыал баар. Биир ыалы аахпытын кэннэ аахпыкка сыһыаннаан бэйэ олоҕун кэпсэниллэр. Онон бу кинигэни ааҕар оҕо төрөппүтүн олоҕун үчүгэйдик билэн улаатар.
Онон киһи өйүн эрэ бэрээдэктиир буолбатах, төрөппүтүн олоҕун эмиэ билэ улатар.
Өй хааччаҕа
Ханнык баҕарар киһи өйө төһө эрэ хааччахтаах буолар. Ол кини тус бэйэтин уоппутуттан тутулуктаах.
Киһи онон бастаан бэйэтигэр чугаһы толкуйдуур. Онно олоҕуран быһаары таһаарар. Ити сыыһата элбэх буолар.
Онтон Айыы суолун ааҕар киһи норуот санаатыгар кыттар. Бу санаа ордук толору буолар. Онон сөптөөх быһаарыыны булар кыахтанар.
9 өрүт
Киһи биир, икки өттүнэн эрэ толкуйдуур.
Ол түмүгэр салгыы барар кыаҕа суох буолар. Кини көрдөҕүнэ, ханан да суол суох курдук.
Норуот санаата тугу баҕарар 9 өттүнэн көрөрҕө анаммыт. Киһи оннук буоллаҕына, суолу син биир булар.
Онон айыы суолун ааҕыы өйү быһаарыылаах, тобуллаҕас оҥорор. Киһи бэйэтин эрэ уоппутун туһаммат. Элбэх үйэ устата элбэх киһи туһаммыт уоппутун туһанар.
Санааҥ сүрүннээһин
Санаа сүрүнэ элбэх буолар. Олор ситэ-хото буолбатахтар. Араас туһаайыыга тиэрдэр кыахтаахтар. Онтон норуот санаата былыргыттан үөскээбитэ. Онон ордук толору буолар.
Сүрүннээх санаалаах киһи сөптөөх быһаарыыны ылынар кыахтаах. Кини күүһэ итиннэ сытар.
Саха санаатын сүрүннүүр кыахтанна. Ол аата саха буоларын дьиҥнээхтик туһанар суола арылынна. Ити биһиги кыайыыбыт буолар. Тоҕо саха буола сатыыбыт? Саха диэнтэн олоххо кыах ылаары.
Былыр VIII-с үйэ саҕана уйгуурдарга мааны үөрэҕин тутуһар тойоттор диэн кэлбиттэрэ. Кинилэр "Ном" диэн кинигэлээх этилэр. Онтон тойон диэн кытай тылыгар "суолаах киһи” диэн суолталаах. Ол саҕана тойон диэн манааҕы ааттыыллара.
Гумилев Л.Н.
Древние тюрки.
М.: 1993, с. 380.
Ити тойон диэн тыл билигин сахаларга дом диэн тылынан киирэ сылдьар. Дом диэн урут ойуун тыла этэ. Билигин алгыс бүтүүтүгэр туттуллар. Таҥаратын кытта сибээһи көрдөрөр тыл. Мантан дом диэн тыл кинигэ буолара биллэр. Саха норуота былыргыттан кинигэлээх норуот этэ диир кыахтаахпыт.
2014 сыл
“Кут-сүр” кыһа Айыы суолун туһанан кэллэ. Итэҕэл ити кинигэҕэ олоҕуран үлэлиир. Онтон 2014 сылтан Айыы суолун биирдиилээн дьоҥҥо тарҕатыы саҕаланна.
Кинилэр ый аайы ааҕан сахалыы толкуйдуурга үөрэниэхтээхтэр.
Былыргы доммут (кинигэ) тилиннэ. Өйбүтүн сүрүннүүр кыахтанныбыт. Бу үгэс үйэ тухары салҕана турдун.
Саха эмиэ өйүн гимнастикалаатын. Сахалыы толкуйдуур кыахтаннын. Норуотун күүһүн туһаннын.
|
Category: Айыы үөрэҕэ |
Views: 860 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 4 Ыалдьыттар (гостей): 4 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|