Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Алтынньы » 27 » “Дойдубуттан тэйимээри дуоһунастан аккаастаммытым”
“Дойдубуттан тэйимээри дуоһунастан аккаастаммытым”
14:56

Амма   улууһун Олом диэн сиригэр уонча ыал олорор. Олор истэригэр Кузьминнар дьиэ кэргэн бааллар. Аҕалара Николай Егорович төрөөбүт, үөскээбит сириттэн харыс да халбарыйбакка бултаан-алтаан, үлэлээн-хамнаан күн бүгүнүгэр диэри олорор. Кини туһунан “булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи” диэн этиэххэ сөп. Өбүгэлэриттэн бэриллибит дьоҕурун идэ оҥостон, онон харчылаһан, дьиэ кэргэнин иитэн кэллэҕэ. Аны билигин хас эмит сыллаах үөрүйэҕин, сатабылын оҕолоругар, сиэттэригэр тиэрдэр соруктаах ытык кырдьаҕас.

Николай Егорович, дьэ кырдьык, төрөөбүт дойдугар бэриниилээх, дьиҥнээх айылҕа оҕото эбиккин. Олом туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?

– Олом урут икки тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх бэрт улахан дэриэбинэ этэ. Бастаан Сэбиэскэй былаас тэриллэрин саҕана ыһыллыбыта. Гражданскай сэрии кэмигэр үрүҥнэр штабтанан олорбут сирдэрэ диэн кэпсииллэрэ. Онтон Сэбиэскэй былаас ыһылларын саҕана, 90-с сылларга оскуолабыт, дьыссааппыт, маҕаһыыммыт барыта сабыллыбыта. Онтон ыла нэһилиэк буолан бүппүтэ. Олохтоохтор үгүстэрэ Эмис нэһилиэгэр көспүттэрэ.

Кэргэним оҕолорбутун үөрэттэрээри Амманан, Майянан, куоратынан олорбуттара. Инньэ гынан, алта сыл соҕотоҕун бултаан-алтаан, оттоон-мастаан олорбутум. Бултпун туттаран харчылаһарым.

1978-80 сылларга Эмис, Алтан, Сатаҕай нэһилиэктэрин көрөр тиэхиньик-лесоводунан үлэлии сырыттахпына, Аммаҕа лесхозка үлэҕэ анаабыттара. Онно киирдэхпинэ үйэм тухары хонтуора иһиттэн тахсыбат, оччоҕо дойдубуттан, тыабыттан букатын тэйэр эбиппин диэммин, үс төгүл сайабылыанньа суруйан нэһиилэ аккаастаммытым. Онон сопхуоспар харым күүһүнэн үлэ бөҕөтүн үлэлээн, элбэх ситиһиилэнэн дьоллоохтук олоробун дии саныыбын.

1992 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба буолан билиҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын. Куоракка олох тэһийбэппин. Нэһиилэ икки-үс хонук наадабар эрэ сылдьабын. Аммаҕа да оннук. Оломмун туохтааҕар да ордоробун. Ол иһин, дойдубуттан тэйимээри дуоһунастан аккаастаммытым.

Киһи эрэ барыта булчут буолан төрөөбөт, эйигин бултка ким сыһыарбытай?

–1973 сыл күһүнүттэн үөрэнээччи булчут быһыытынан, Петр Кононович Чемезов диэн Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ, булчут оҕонньору кытта сылдьан саҕалаабытым. Оччолорго 20-чэ саастаах уол оҕото этим. Техникумҥа үөрэнэ сылдьан дьиэбин, дойдубун ахтаммын, бастакы кууруһу бүтэрэн баран кэтэхтэн үөрэнэргэ күһэллибитим. Инньэ гынан, тугу гына олоруохпунуй, булдунан дьарыктанан барбытым. Ийэм миигин соҕотоҕун сатаан сылдьыа суоҕа диэн, Бүөтүр оҕонньору кэпсэтэн кинини кытта ыыппыта. Онон Бүөтүртэн булт албастарыгар элбэххэ үөрэммитим. Кэлин бырааттарбын, доҕотторбун кытта сылдьар буолбутум.

IMG 20190925 WA0115

Бастакы уонна саамай күндү булдуҥ туох этэй?

– Бастакы булдум тииҥ буолар. Оччолорго тииҥ эрэ баара, саарба диэн олох суох этэ. Биирдэ үһүө буолан 400 тахса тииҥи бултаан турабыт. Амма сиригэр хаһан да бачча элбэх тииҥи бултуу иликтэрэ диэн, кырдьаҕастар наһаа сөхпүттэрэ. Урут Хомпу Наахараҕа (Олом Күөлүгэр) итиччэ элбэх тииҥи бултаабаттар этэ. Ол иһин, Амма уҥуор Белькачинан Алдаҥҥа тиийэ бултууллар үһү. Ону таһынан, кырынаастыыр, андаатардыыр, солоҥдолуур этибит. Оттон саамай күндү булдум – саарба. Кииһи аан бастаан 1974 сыллаахха бултаабытым. Суолун көрөн баран туох ааттаах улахан солоҥдотой дии санаатым. Ол саҕана саарбаны ким да билбэт. Туттара тиийбиппэр оннооҕор атыыһыт билбэтэҕэ. Харахха ытыллыбыт тииҥ “высший сорт” диэн ааттанан 3 солк 20 харчыга сыаналанар эбит буоллаҕына, саарбаны 40 солк туталлар этэ. Оччолорго элбэх харчы, орто хамнас аҥарын саҕа. Биирдэ солоҥдоҕо ииппит хапкааммытыгар үс саарба иҥнибит этэ. Хантан эрэ көһөн (миграциялаан) кэлбиттэр быһылааҕа. Ону туттаран 80 солк аахсыбыппыт. Онтон ыла тииҥи быраҕан, 1976 сылтан саарбаны бултаһар буолбутум. Эрэйэ син биир этэ. Биирдии бэйэбит 30-ча кииһи өлөрөр этибит. Саарба кэлиэҕитэн солоҥдо да, кырынаас да суох буолбута. Кыра эрээри олус сиэмэх кыыл эбит. Оннооҕор туртаска түһэрэ.

Бултуу сылдьан мүччүргэннээх түгэннэргэ түбэспит буолуохтааххын. Биири эмит быһа тардан кэпсиэҥ дуо?

– Оннук түбэлтэ баһаам буоллаҕа дии. Эдэр сылдьан мунар да этибит... Оччолорго бөрөлөр наһаа элбии сылдьыбыттара. Сылгы, сүөһү бөҕөтүн тардар этилэр. Биир саас 40-ча, нөҥүө сылыгар 60-ча сылгыны тардыбыттара. Дьаһалта ыксаан бөртөлүөт ыыппыта. Кулун тутар ый саҕаланыаҕыттан хаар ууллуор диэри улуус аайы көтүтэллэр этэ. Артем Николаевич Пестерев диэн сэрии бэтэрээнэ, булчут, охотовед оҕонньор баара. Кини миигин ыҥырбыта. Ми-2 бөртөлүөтүнэн сир хараарыар диэри тохтоло суох көтөрбүт. Бөртөлүөппүт биирдэ саппараапкаланан баран үс чаас көтөрө. Оннук үс саас иһигэр 93 бөрөнү өлөрбүппүт. Мин иннибинэ 200 тахсаны бултаабыттар этэ. Оннук Амма улууһугар бөрөнү олоччу кэриэтэ эспиппит. Бу отучча сыллааҕыта буоллаҕа дии. Билигин бу эмиэ хатыланан эрэр быһыылаах. Ол аайы бөртөлүөтү көтүтэр сыаналаах буолла. Аны сиринэн олох туттарбат олус өйдөөх, киитэрэй кыыллар. Улахан үөрүйэхтээх, мындыр булчуттар эрэ ситиһэр буолуохтаахтар. Былыр бөртөлүөттээх буоламмыт кыайбыппыт. Лүөччүкпүтүн ханан көтөрүн ыйан биэрэр этибит. Сорохтор мээнэ көтөн уматык эрэ барыыр этилэр.

IMG 20190925 WA0113

Бөрө икки атахтааҕы албынныыр хайдах кыылый ?

  • Онно холоотоххо тыатааҕы быдан көнө эбит. Оҕотун көмүскэһэн бэйэтэ өлүөр диэри киирсиэн сөп. Оттон бөрө оҕолорун хороонуттан хостуу тураргын көрө-көрө олох чугаһаабат, улуйа-улуйа ырааҕынан сылдьар. Бу аата нууччалыы эттэххэ “инстинг самосохранение” диэн. Бэйэтэ тыыннаах хаалан өссө элбэх оҕону төрөтөөрү олох киирэн биэрбэт. Ол оннугар иэстэһэр, тыыппыт киһитин булар дииллэр. Сылгыһыттар эҥин инньэ диэн кэпсээччилэр. Биирдэ бөрө оҕотун ылан иитэ сылдьыбытым ээ. Ол кэнниттэн кыһын бултуу сырыттахпына уонча бөрө түүннэри, күнүстэри улуйа-улуйа батыһа сырыттылар. Кыайаллара буоллар тутуо эбиттэр. Хата, киһиэхэ түспэттэр, ыппын туппуттара.

Тыатааҕы курдук улахан кыыл тыыныгар туруу аньыы дииллэр. Эн онно төһө итэҕэйэҕин?

– Тыатааҕыны анаан-минээн бултаспаппын эрээри, саас көрөөччүбүн. Саас аччыктаан арҕаҕыттан тахсар буоллаҕа дии. Этэ да, тириитэ да мөлтөх буолуо диэммин бултаһааччым суох. Күһүҥҥүтүгэр түбэстэхпинэ бултаһааччыбын. Үчүгэй ыттаах бултуур ордук.

IMG 20190925 WA0039

Туйаххын хатарааччы уолаттарыҥ төһө бултууллар? Хайдах уһуйбуккунуй?

– Түөрт уол биир кыыс оҕолоохпун. Уолаттарбын кыра эрдэхтэриттэн бултка батыһыннара сылдьыбытым. Онон билигин кыра бултка, куска эҥин сылдьаллар. Кинилэр саҕана куобах олох суох буолан хаалбыта. Арыый улаатан баран тайахха эҥин сылдьыспыттара. Бары тыа диэн баран муннукка ытаабыт дьон. Ол эрэн, үлэлээх-хамнастаах, дьиэлээх-уоттаах дьон буолан эккирэтэ сылдьан бултаабатар.

Кэргэммин кытта бастаан холбоһон баран атынан үрэх баһыгар дурдаҕа баран хонор этибит. Саанан ыттарар этим. Оттон кыыһым үөрэнэ барыаҕыттан тэйэн хаалла. Бииргэ төрөөбүт бырааттарбыттан Андрей уонна Гоша байанайдаах булчуттар.

Бултуу бараары сылдьан алгыстанаҕын дуо? Сиэри-туому булгуччу тутуһар буолуохтааххын.

– Алгыстаммаппын эрээри аал уоппун куруук аһата сылдьабын. Сааһыран баран алгыстаныахпын баҕарар буоллум. Сиэри-туому куруутун тутуһабын. Билигин дьон байанай биэрдэ дии-дии көрдүлэр эрэ барытын ыта сылдьаллар. Былыр кырдьаҕастар уонна аҕам бэйэҕитигэр сөптөөҕү эрэ бултуур буолуҥ диэн этэр буолаллара. Аһара элбэҕи бултаан баран ону сытытан кэбистэххинэ, байанайыҥ сөбүлүө суоҕа дииллэрэ. Ол иһин, оҕолорбор эмиэ айылҕаттан ыларгытын эрэ ылыахтааххыт диэн куруук этэбин. Аһара барыа суохтааххыт диэммин үөрэтэбин.

Бултуу сырыттахпына улахан кыыллар түбэһэ турааччылар. Ону ыппатахпына байанайым өһүргэниэ диэммин, соруйан сыыһа-халты ыппыта буолан куоттарааччыбын. Уонна тохсунньуттан саҕалаан кыыл барыта уулаах. Ону олох тыытымыа суохха наада. Ол иһин, талан атыырын эрэ ытабын. Дьиҥнээх булчуттар тыһыны, атыыры көрөн билэллэр. Холобур, тыһы кус хаһан баҕар бастакы көтөр, кини кэнниттэн атыыра батыһар. Эдэр сылдьан атыыры дьүһүнэ үчүгэйин иһин бултаһар этим.

IMG 20190925 WA0114

Булт кэмигэр бассаабынан хаартыска бөҕөтө кэлээччи. Булчуттар сүүһүнэн куһу-хааһы тэлгэтэн баран түспүт буолааччылар. Тус бэйэм бачча элбэҕи хайдах барытын сииллэрэ, ханна гыналлара буоллар диэн санааччыбын. Эн манна тугу этиэҥ этэй?

– Тыһы куһу сонордоһон ытар сыыһа, ол эрээри алҕас син биир табыллар. Уон кустан икки-үс тыһы буоллаҕына, бырастыы гыныахха сөп. Уопсайынан, көтөрү-сүүрэри кэлэр көлүөнэҕэ хаалар гына бултуохха наада. Тыаҕа таҕыстахха, күөлгэ киирдэххэ кураанах буоллаҕына саныахха ыарахан дии.

  • биир тыһы кустаах кэллэхтэринэ, биир кустаахпыт дииллэр. Ону мин 11 кустааххыт диибин. Тоҕо диэтэххэ, тыһы куска 10 сымыыттаах буолар. Оттон икки тыһы буоллаҕына 22 кустааххыт, манан нуормаҕыт бүтэр диибин. Биһиги диэки ону өйдүүллэр. Оттон атын сирдэргэ мээнэ таах өрүсүһэ-өрүсүһэ ыталлар. Тыһы кус кэлэн ый аҥаара курдук сымыыттыар диэри сылдьар. Барытын биирдэ сымыыттаан кэбиспэт. Ону син биир өлөрөн кэбиһэллэр. Биһиги олохтоох куһу олох тыыппаппыт. Оччоҕо күһүн кус үчүгэй буолар. Кэлиҥҥи сылларга кусчуттар элбээннэр кус олох аҕыйаата. Аныгы дьон саалара да үчүгэй. Уончалыыта ытар саалаах кусчуттар өр гыммат буоллахтара дии.

Былыр кус наһаа элбэх буолара. Оҕо сылдьан куһунан аһыыр этибит. Дурдаҕа сытан эрэ кустуурбут. Билиҥҥи курдук түүннэри, күнүстэри кэрийэн, тугу барытын илдьи тэпсэ сылдьан кустаабат этибит. Сымыыттаппаттар даҕаны, ол куһаҕан.

IMG 20190925 WA0116

Оттон эн саан хайдаҕый?

– Кэлин аптамаат саа ылыммытым.

Дьону кытта бултуургун сөбүлүүгүн дуу, эбэтэр соҕотох сылдьаргын ордороҕун дуу?

  • Кими баҕар кытта сылдьабын, олох көҥөһүм суох. Үйэм тухары үксүн соҕотох сылдьан бултаатаҕым дии. Табаарыстарым саас куска, күһүн тайахха кэлэллэрэ. Уонна киһи да суох этэ. Инньэ гынан, түүннэри, күнүстэри соҕотох сылдьарым. Нууччалыы эттэххэ, олус азартаах булчуппун. Дьоҕус да буоллар ситиһиилэрдээхпин, слеккэ эҥин сылдьыбытым.

Ол аата төрүккэр булчут дьон баар буоллахтара дии. Кинилэр туйахтарын хатара сырыттаҕыҥ.

– Биһиги өбүгэлэрбит төрүкү булчуттар. Ытыы эмиэ хааҥҥар баар буолар эбит. Мин хараҕым мөлтөх буолан кус көттөҕүнэ эрэ ытабын. Оттон бырааттарым Гоша, Андрей олордубутунан ыталлар. Андрей улаханнык дьарыктаммакка да сылдьан өрөспүүбүлүкэҕэ ытыыга бастыыр этэ. Кинилэр харахтара сытыы. Онон түүннэри эргиччи ыталлар. Мин мөлтөхтүк көрөр буоламмын бинокулланар эҥин этим.

Байанайы хайдах көрөҕүн? Уһун бытыктаах оҕонньор курдук ойуулууллар эрээри, эр дьоҥҥо түүллэригэр дьахтар буолан көстөр дии.

– Байанайы оҕонньор дии саныыбын. Кырдьык, түүлгэ дьахтар көһүннэҕинэ “оо, дьэ байанай бэрсээри гынна” диэн буолар. Ону туолуо суоҕа диэн кимиэхэ да кэпсээбэттэр.

Төһө балыксыккыный?

– Балыкка олох мөлтөхпүн. Аҕабыт да улаханнык балыктаабат этэ. Оччолорго илим да суох. Ол иһин, биһиги эмиэ балыкка улаханнык сыстыбатахпыт. Дьону кытта көх-нэм буолан балыктаһыахпын сөп. Мин тыа байанайдаах буоллаҕым дии. Уу байанайа диэн туһунан буолуо. Онон байанайдары барытын баһылыырым соччото суох курдук.

Эһиги дьиэ кэргэн саха ынаҕын иитэр эбикки дии. Ол туһунан кэпсэтиибит түмүгэр сырдат эрэ.

  • Саха ынаҕын ииппиппит ыраатта. 1998 сыллаахха куоракка быыстапкаҕа кэлэ сылдьан ылбытым. Эбээн-Бытантайтан Горнайга аҕалбыт этилэр. Куоракка сэттэ сүөһү кэлбит этэ, биэс борооску уонна икки ынах. Биһиги оҕо сылдьан уонча киһи биир саха ынаҕынан аһаан олорбуппут. Ол иһин, саха сүөһүтүн төрүкү убаастыыбын. Тустаах өйөбүл суох буолан эбиллибэккэ тураллар. 100-чэ төбөҕө тиэрдэн баран төттөрү түһэн 70-ча буоллулар. Билигин улахан уолум дьарыктанар уонна үлэһиттэрдээхпит. Миэхэ докумуонун да ситиһэргэ ыарахаттардаах буолла. Саха ынаҕын үүтэ хойуу да хойуу. Ол эрэн, биһиги үүккэ улахан интэриэспит суох. Суол-иис мөлтөх буолан үүппүтүн ханна да гынар кыахпыт суох. Эмис нэһилиэгэ биһигиттэн 30 км тэйиччи. Оттон этэ олох былдьаһык. Саха сүөһүтүн этин сиэбит киһи атын эти аанньа ахтыбат буолар. Ханна да туттарбаппыт, куруук атыылаһар, үлэһэр дьонноохпут. Инньэ гынан, бэйэбит эрэ сиирбитигэр хаалар. Оҕолорбутугар, сиэттэрбитигэр түҥэтэбит. Тус бэйэм атын эти эт диэбэппин, эрэһиинэ курдук саныыбын. Уонна 200-чэ төбө сылгылаахпыт.

Николай Егорович, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын, куруук байанайдаах буоларгар баҕарабын.

 

Венера ОХЛОПКОВА, Кыым.ру

Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1184 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 82
Ыалдьыттар (гостей): 82
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024