УОСКУЙУОХХА!
Бүлүүтээҕи “Иван Гоголев-Кындыл аатынан норуот театрын” Москваҕа буолбут быһылааннаах сырыыларын туһунан араас хаһыаттарга, Батсаапка ырытыы бөҕөтө. Куукунаҕа, баанньыкка төһө ырыталларын таайыахха эрэ сөп. Быһылаан буоларын кэтэһэн олорбуттуу, үөрбүттүү...
Театрга Щукины, Шепкини бүтэрбэтэх, дьиҥ сүрэхтэрин баҕатынан, тустаах үлэттэн көҥүллэтии бөҕөнөн, дьиэни, оҕону-урууну хааллара-хааллара үтүөнү саната, кэрэни кэрэхсэтэ, кэппиэйкэ хамнас аахсыбакка гастролга сылдьар, искусствоны таҥара оҥостубут дьон үлэлииллэр. Төһө да билиҥҥи үйэ буоллар, тоҥуу-хатыы, суолга быстарыы, аһыыр-аһаабат сылдьыы – кинилэр олохторун аргыһа.
Театр режиссерынан СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү куорат Бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына М.А.Соколова өр сылларга үлэлиир. Кинини эдэр артыыскалар “эбээттэн” атыннык ааттаабаттар, үгүстэр “маама” диэн ыҥыраллар. Оттон биһиги Маргарита Алексеевна диэн ытыктабылынан ааттыыбыт. Театр бу 50-ча сыл устата Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Дальнай Востокка, Арассыыйа киин да куораттарыгар тиийтэлээн саха норуотун ураты олоҕун, үөрүүтүн-хомолтотун атын омуктарга көрдөрдө, кэпсээтэ. Ити уһун сылларга үгүс көлүөнэ артыыстар үлэлээн аастылар.
Көлүөнэ ситимэ быстыбата, солбуллан иһэрэ үөрдэр, киэн туттуу төрүөтэ буолар. Театр силиэстийэ уорганнарын кытта сибээһи олохтоон холуонньаларга сылдьан араас дьылҕалаах дьон санааларын көтөҕө сатыыр, буруйдарын төлөөн дьиэлэригэр-уоттарыгар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр көмө буолар оруола сүҥкэн. Бу үтүөкэн, мэлдьи үбэ-харчыта тиийбэт да буоллар, санаатын түһэрбэт коллектив үгүс-элбэх ситиһиитин барытын ааҕан ситэр уустук. Маны барытын сыыһа өйдөөн, ис дьиҥин билбэттэн, коллективка быһылаан таҕыста эрэ диэн тута үрдүгэр түһэр, самнара сатыыр сыыһа.
Култуура министиэристибэтэтиттэн миниистири бастакы солбуйааччы В.В.Левочкин хаһыакка эппитинэн, театр мэлдьи үчүгэй үлэлээхтэр ахсааннарыгар киирсэр. Оттон мин тус санаам: биир эмэ буруйдаах баар да буоллаҕына бүтүн коллективы саба быраҕан кыыллыыр сыыһа. Барытын быһаарыахтара, орун-оннугар түһүөҕэ, коллетив салгыы үлэлээн бар дьонун үөрдүөҕэ диэн эрэнэр оннугар кэлтэйдии буруйдууру тохтотуоҕуҥ, уоскуйуоҕуҥ!
Иван БУРЦЕВ 14.11.2019 с.
|