Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Сэтинньи » 27 » Байанай алгыһа (булчуттарга анаан)
Байанай алгыһа (булчуттарга анаан)
12:25
Байанай алгыһа
(булчуттарга анаан)

Алаас сыһыы саҕа
Таала маҥан холумтан дьаарбаҥнаах,
Аҕыс кырыылаах суо хаан (сүдү, улуу) оһох турдалаах,
Соноҕос ат хоолдьуктаах баһын саҕа
Алтаннаах болуо хатакка
Кубулуйан иҥмит,
Эскэл тый (эмньик ийэтин эмэн улааппыт тый) хара быарын саҕа
Икки кырыылаах
Эстэрин чокуурга
Иҥэн кубулуйбут,
Тырым уоту тыыннаабыт, күөх уоту күөлдьүппүт
Эмнньик кулун саҕа
Үрүҥ кыаҕа күөдьүйбүт
Тоһоҕос от саҕа (кэбиһиллибит кыра быстах от)
Дуолан тимир чох сэксэлээх (тэлгэхтээх, сэксэ – сиргэ, хаарга тэлгэнэр сэтир)
Далла ураһа (кыра, сайыҥҥы ураһа) саҕа
Най хара буруо төлөннөөх,
Суостуганнаах суо хаан оһох иччитэ, аал уот иччитэ, -
Быыра бытык (быыра ох курдук иирээхтээх бытыктаах),
Хатан Тэбиэрийэ
Түүҥүл Бөҕө,
Күөнэ көгөччөр,
Аан Уххан Тойон эһэм!
Күөс аннынан күөрэйбит
Күддьүгэн Чаадай,
Алтан Чыкчаанай Тойон эһэм!
Бултуу тахсар күммэр,
Эһигиттэн көрдөстүм.
Баай хара тыа иччитэ
(бу кэннэ биирдэ аал уокка ас (арыы) кутан биэриллиэхтээх)
Баранкы сүүрүк аттаах,
Күөх тииҥ уорҕата угунньалаах,
Киис кыыс
Кэтэҕин килбиэнэ кэтинчэлээх,
Саарба кыыл
Самыытын таалыра саҥыйахтаах,
Уоттаах саһыл
Кутуруктуун уорҕата түһүлүктээх (нагрудник, передник),
Муостаах буур (улахан, атыыр тайах) кэрэмэс
Тыһа бэргэһэлээх,
Байдам тутуу,
Барыла кэскил,
Баай Барыылаах Тойон эһэм!
Саха ураанхайы
Салгыннаах ытыстаабытыҥ,
Хааннаах улуҥахтаабытыҥ,
Булчукка уһуйбутуҥ,
Сүр кута үөскүөҕүттэн
Булчут уол оҕоҕо
Чугаһыах буолбутуҥ;
Күөх хара тыа
Күөнүн анныгар
Күрдьүктэнэн тураҥҥын,
Күллэрэстээн күлүм аллайа
Туой эрэ!
Үөл-дьүөлгэ (халлаан сырдыан иннинээҕи аҕай борук-сорук кэм) үһүүрэҥҥин
Үтүө түүлээххин-кылааннааххын
Үүрэн аҕал эрэ, Тойон эһэм,
Туораабыты тоҥуубар (тоҥуу – элиэ кыылы хаайан айаҕа (атын да сэпкэ) тиэрдэр хаам, кыйа) тосхой!
Эргэнэ хара тыам иччитэ,
Эриэн таба аттаах,
Эрдэ Сырыы,
Эригир харах,
Эрбэс Боотур,
Элийбити элиэбэр киллэр!
Сис хара тыа иччитэ,
Куоппуту ситэр сиэр таба аттаах,
Сиэмэлэс талах кымньыылаах,
Сиҥкэл Эрилик Тойон эһэм,
Куопуккун ситэн кулу!
Куруҥ хара тыам иччитэ, кус хаҥыл аттаах
Кураҕаччы Сүүрүк
Куоппуту ситэн кулу, Тойон эһэм!
Кыҥырай хара тыам иччитэ,
Кыҥкырай Боотур,
Кылыыгын кыҥатыма диэн,
Көрдөһөбүн, Тойон эһэм!
Уҥуохтаах окко уйаламмыт,
Одунча Боотур,
Салаалаах маска саспыт,
Хабдьы Боотур Тойон эһэлэрим,
Кытыгырас сүһүөхтээххитин
Мөлтөтөн, бүдүрүтэн кулуҥ!
Ойдоох буурунан
Түөрэх кэбиһэн кулуҥ,
Тойон эһэлэрим!
Тойон эһэлэриэм,
Хардаҕаспар (булчут харыстаан аппатын хардаҕаһым диир) хаайан кулуҥ,
Кылыыбар кыһайыҥ,
Кэнтикпэр (айа кылыытын баайан туттарар мас) киллэриҥ,
Оҥкубун (хаарга хаалар атах суола) одуулаатымаҥ,
Дьоллоох көрдөһүүнү көрдөстүм,
Ыралаах тылбынан ыҥырдым!

Таатта улууһа. Дьүлэй нэһилиэгэ.
Борисов Тихон Петрович (Ырыа Тиэхээн)
тылыттан 1914 сыллаахха
С.А. Ноҕуруодап суруйуута.
П. Кэрээкин таҥан оҥордо
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1072 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 49
Ыалдьыттар (гостей): 49
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024