Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Сэтинньи » 28 » Дойдубутугар холуонньа курдук сыһыаннаспатыннар
Дойдубутугар холуонньа курдук сыһыаннаспатыннар
10:28

Уопсастыба

«Кыым» 2019 с. бэс ыйын 27 күнүнээҕи 24 №-гэр “Сэр, тэриэлкэҕэ – эһиги Сахаҕыт сирэ” диэн ыстатыйабар EASTSIB HOLDING (Илин Сибиир Холдина) диэн Кипргэ 2013 с. регистрацияламмыт улахан оффшор хампаанньата Саха сирин арҕаа өттүнээҕи ньиэбин хостуур 7 тэрилтэни тэрийэн үлэлэтэ олорорун туһунан суруйбутум.

Сэр Понбонсины санаттахха

EastSib дириэктэрдэрин сэбиэтин элбэх омук дьоно, ол иһигэр бэрэссэдээтэллэрэ, Аангылыйа дьиҥнээх лорда, сэр Понсонби, биир чилиэнинэн А.Пасхалидис диэн урут Кипр өрөспүүбүлүкэтин атыыга, бырамыысыланнаска, туризмҥа уонна энэргиэтикэҕэ миниистиринэн үлэлээбит киһи, бааллар эбит. Киһи соһуйара ити эрэ буолбатах. Быйыл саас хоруупсуйаҕа уорбаланан хаайыллыбыт, 12 млрд солк. харчыны уура сылдьаллара былдьаммыт үс ФСБ полковнигыттан биирдэстэрэ Д.Фролов ФСБ-тан уурайан баран тутуллуор диэри EastSib «Сюльдюкар Нефтегаз» уонна «Истсиб геологоразведка» хампаанньаларга дириэктэри солбуйааччынан үлэлии сылдьыбыт.

booklet rng ru 2019 9

Бу Кипр тэрилтэтин дириэктэрдэрин сэбиэтин биир чилиэнинэн астаапкаҕа олорор генерал-полковник, биир дойдулаахпыт В.В. Колмогоров аата ааттаммыт этэ. Василий Васильевич сайын ыһыахха кэлэ сырыттаҕына “эн бу тэрилтэ дириэктэрдэрин сэбиэтигэр бааргын дуо?” диэн ыйыппытым. Онуоха: “Суох, ити хаһан да билбэтэх дьонум, саҥа истэн соһуйдум, ханнык да ньиэп тэрилтэтин салалтатыгар суохпун”, – диэн хардарбыта. Оттон “РНГ” диэн EastSib састаабыгар киирэр, Мииринэйгэ ньиэп хостообута ырааппыт тэрилтэ дириэктэрдэрин сэбиэтигэр В.В. Колмогоровы эмиэ киллэрэ сылдьаллар. Колмогоров тоҕо кистиэҕэй, ньиэп хостуур – дойдуга бочуоттаах үлэ, судаарыстыбаны байытыы иһин уордьан бэриллэр дии. Онон бу “Кипргэ кистээн тэриллибит омук хампаанньалара киһибит аатын уоран туһана сылдьаллар дуу?” диэн уорбалыах курдуккун. Ыстатыйа “бу дьон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун инники дьоллорун түстээри кэлбиттэр диэҕи саарбахтыырыҥ элбэх” диэн санаалаах түмүктэммитэ.

Кипртэн ньиэппит хаһаайыттара көһүннүлэр

Соторутааҕыта “Новая газета” “Холодный отжим” диэн ыстатыйатыгар Саха сирин арҕаа өттүнээҕи ньиэптээх сирдэрэ хайдах босхону эрэ үрдүнэн барбыттарын, бу тэрилтэлэр дьиҥнээх хаһаайыннара кимнээх буолалларын арыйан таһаарда. Онно сурулларынан, EastSib холдинг, РНГ хампаанньа бас билээччилэрэ 5-6 сыллааҕыта кыраныысса таһыгар куоппут, Арассыыйа гоструктуралара уонна Венесуэла национальнай сайдыытын пуондата тэрийбит, Венесуэланы кытта үлэлиир “Еврофинанс Моснарбанк” диэн баан урукку салайааччылара Владимир Столяренко уонна Александр Бондаренко эбиттэр. Столяренко 2012 с. диэри бу судаарыстыбаннай бааҥҥа бэрэсидьиэнинэн, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн – муҥур тойонунан – үлэлээбит. Кини өссө Арассыыйа ФСБ-тын уопсастыбаннай сэбиэтигэр киирэрэ үһү. Бондаренко кини бастакы солбуйааччытынан үлэлээбит.

 Столяренко уонна Александр Бондаренко

Билэр киһилэрэ кэпсээбитинэн, кинилэр ньиэпкэ-гааска интэриэстэрэ “Роснеби”, И.Сечини кытта харсыспытын кэннэ, балаһыанньа холуобунай дьыала тэриллиитигэр тиийээри гыммытыгар, кыраныысса таһыгар куоппуттар. Оттон биһиги кинилэр атын сиргэ ньиэптээх сирдэрэ суоҕунан, Сечины кытта биһиги ньиэппитин былдьаспыт буолуохтаахтар диэн сэрэйэбит. Итини оччотооҕу судаарыстыба соруктара, буолбут сабыытыйалар бигэргэтэллэр.

Столяренколаах Бондаренко балай да өр кэм устата Саха сирин биир бөдөҥ саппаастаах Орто Ботуобуйа ньиэбин хостуур лиссиэнсийэлээх «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» тэрилтэҕэ бас билэр өлүүлээхтэр эбит.

Таас Үрэх ньиэптээх сирэ уруккута “саха эрэлэ” буолан албыннаабыт “Саханефтегазка” киирэрэ. В.Штыров кэмигэр хампаанньа ыһылларыгар, тэрилтэлэрин барытын атыылаабыттара. Саҥа бас билээччилэр истэригэр "Финфанд лимитед" (62,29 %), "ЯкутЭнерджилимитед" (37,38%) диэн эмиэ Кипргэ аһыллыбыт хампаанньалар бааллара. Ити хампаанньалар кэтэхтэригэр Столяренколаах туралларын “Новая газета” кинилэр “Таас Үрэх ньиэбин сыаната кыра эрдэҕинэ уонна хостуурга элбэх инвестиция ирдэнэр кэмигэр босхону эрэ үрдүнэн атыылаһан ылбыттар” диэбитэ бигэргэтэр. Ол аата Столяренколаах Кипргэ уруккуттан саһан үлэлии үөрүйэхтэр эбит.

2007 с. Urals Energy диэн ньиэп трейдерэ Г.Тимченконы уонна Ельцин урукку күтүөтэ Л.Дьяченконы кытта үлэлэспит дьон хампаанньалара “Сбербаантан” 500 мөл. дуоллар кирэдьиит ылан Таас Үрэх хампаанньатын 35,0 % аахсыйаларын атыыласпыт. Кирэдьииттэрин кыайан төннөрбөккө, 2009 с. 35 % өлүүлээх аахсыйаларын “Сбербааҥҥа” биэрбиттэр. “Сбербаан” өр буолбакка ону “Роснефкэ” атыылаабыт. 2013 с. “ИСТА” турбата үлэҕэ киирбитин кэннэ, “Роснефть” Таас Үрэҕи барытын бас билиэн баҕарбыт.

Өйдүүргүт дуу, Кытайы кытта эргиэн дириҥээн, 2013 с. ПМЭФ кэмигэр, “Роснефть” уонна Кытай CNPC хампаанньатын икки ардыгар 25 сыллаах, 270 $ млрд сыаналаах 365 мөл. т ньиэби атыылыыр хантараак түһэрсиллибитэ. “Роснефть” Кытайы кытта хантараак түһэрсэригэр 270 млрд дуоллар сыаналаах саппаастааҕын көрдөрүөхтээх этэ. Кытайдар ити үлүгэрдээх ньиэп саппааһа суох хампаанньаны кытта дуогабардаспат буоллахтара. Онон “Роснефть” 169 мөл. т саппаастаах «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» тэрилтэни барытын атыыластаҕына табыллара. Столяренколаах утарсыбыттар да, хотторбуттар. Эмиэ холуобунай дьыала тэриллэ сылдьыбыт, онон ыгыы күүһүн тулуйбакка, өлүүлэрин “Роснефкэ” атыылыырга күһэллибиттэр.

Ол атыылаан элбэҕи сүүйтэрбэтэхтэр, ылбыт харчыларыгар (кинилэргэ босхону үрдүнэн кэллэҕэ) Орто Ботуобуйа илин өттүгэр сытар ньиэптээх сирдэри атыылаһан, “РНГ”(Eastsib Holding) ньиэп хостуур хампаанньалар бөлөхтөрүн тэрийэргэ туттубуттар. Былдьыахтара диэн дьиксиннэхтэрэ, эмиэ Кипргэ регистрациялаабыттар, Понбонси лорд, В.В. Колмогоров курдук дьон ааттарынан хаххаламмыттар. Билэр дьон кэпсээбиттэринэн, ити кэмҥэ Столяренколааҕы үлтү тэпсиэхтэрин А.Кудрин көмүскэһэн (В.Путин кини тылын сороҕор ылынар эбит) тохтообуттар үһү. Баҕар онно махтанан буолуо, РНГ билиҥҥи Счетнай Палаата салайааччыта А.Кудрин Гражданскай көҕүлээһин кэмитиэтэ диэн пуондатын биир успуонсара буолбут.

Көрүҥ, “Саха сирин ньиэбин харчыта хайдахтаах курдук үрдүк таһымҥа “ыарахан боппуруостары” быһаарарый” диэн кураанахха киһиргиэхпитин эрэ сөп курдук. Ньиэппит олохпутун чэпчэтэр Чурум-Чурумчуку аптаах тааһа буолбата.

Ньиэп харчыта тумна устар

“Новая Газета” Столяренколааҕы “ФСБ полковниктара Черкалиннааҕы кытта биир баайыынан холуобунай дьыала тэрийэн, сойуолаһыыны Столяренколаах «Новая газета» суруналыыстарыгар “бу дьыала кинилэр Саха сиригэр баар ньиэптээх-гаастаах сирдэрин, баайдарын былдьаары тэрилиннэ” диэн дьиксинэн, көмүскэнэн, аһаҕастык кэпсээбиттэрэ бигэргэтэр” диир. Үөһэ кэпсэммит уонунан миллиард дуоллар сыаналаах сир баайын иһин олигархтар былдьаһар сэриилэрэ ханна эрэ ыраах ыйга буолбут дьиикэй түбэлтэ курдук иһиллэр. Оттон сиргэ түстэххэ, ити ньиэп харчыта бастакы уочарат биһиги олохпутун тупсарыахтаах, бэл диэтэр, А.Сафронов этэринии, Аляскаҕа курдук дивиденд ылыытын хааччыйар баайбыт этэ.

Бүгүн ол баайбыт турба устун Кытайга тахса турар, төһө харчыны бас билээччилэригэр аҕаларын түһээн да баттаппаппыт.

Столяренколаах Бондаренко кыраныысса таһыттан “Новай газетаҕа” биэрбит интервьюларыгар Саха сиригэр сыһыаннааҕы этэллэрэ интэриэһинэй. Кинилэр этэллэринэн, 2019 с. 3,5 млрд солк. нолуок төлөөбүттэр. Саха сиригэр кэлиҥҥи 13 сылга 2 млрд тахса дуоллары (130 млрд солк.) инвестициялаабыттар. Бэйэлэрин харчыларыгар суол туппуттар, аспааллаабыттар, бэл, кустардаах оҥоһуу көлүччэ кытта баар үһү. 1000-тан тахса аныгы тиэхиньикэни, 4 омук бэдэрээччитин ыҥыран, кинилэри күрэстэһиннэрэн, үлэлэтэллэр үһү. Онон “биһиги киэн туттар үлэбитин Саха сиригэр тиийэн көрүөххүтүн сөп” диэн ыҥыраллар. Өссө Саха сирин ньиэбин хостуурга 70 млрд солк. угаары сылдьан быраабы араҥаччылыыр уорганнартан дьиксинэн (былдьаан ылыахтара диэн буолуо), киллэрбэтэхтэр. Итиччэ сууманы быйылгы ВЭФ-кэ Арассыыйаҕа Индия сойуом (иэс) биэриэм диэбит үһү. Ол аата Столяренколаах “биһигини сойуолаабаттара буоллар, соҕотох Саха сиригэр 70 млрд солк. инвестициялыахпыт хаалла” диэбиттэр (элбэх да харчыны уорбуттар эбит).

Кинилэр “аан дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин ылбыппыт, кыах биэрбиттэрэ буоллар, дойдуну сайыннарыахпыт хаалла” дэһэ олороллор.

“Саха сирэ Клондайк буолбатах, сири дьөлө астыҥ да ньиэп кэлбэт, улахан билиитэ суох кыайан хостообоккун. Биһиги өйдөөх буолан судаарыстыбаҕа, Саха сирин нэһилиэнньэтигэр, үлэһиттэргэ, аахсыйалаахтарга – барыларыгар туһалаах биисинэһи тэрийдибит. Биһиги сатаабыппыт түмүгэр, Саха сиригэр аҥаардас ньиэп хостуур лиссиэнсийэ сыаната аҕыйах мөлүйүөнтэн хас да миллиард сыаналанна”, – дииллэр.

EastSib Holding саайтыгар эмиэ киһиргээһин бөҕө. “Национальнай култуураны өйүүбүт, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттары кытта үлэлэһэбит, Саха сирин куораттарыгар, сэлиэнньэлэригэр эбийиэктэри модернизациялыыбыт” дииллэр. Ол эрээри ити сымыйата саайтан ырааппакка көстөр. РНГ, EastSib Саха сирин олоҕор АЛРОСА курдук көмөлөһөллөрө ханна да иһиллибэт. Саайтарыгар 2018 с. 440 тыһ. балык ыаматын ыыппыттара, Сүлдьүкээргэ уу ыраастыыр ыстаансыйа фильтрдэри атыылаһан биэрбиттэрэ эрэ суруллубут. 2019 с. тугу да сүүтүк да саҕаны көмөлөспөтөхтөр, суруллубатах. Били “кустаах көлүччэни” бэйэлэрин ньиэп хостуур сирдэрин тупсарыы быһыытынан оҥостуммуттара буолуо. Ол – Саха сирин нэһилиэнньэтин кыһалҕатын быһаарыы буолбатах. Ньиэп хостооччулар Саха сиригэр холуонньа курдук сыһыаннаһалларын ити холобур бигэргэтэр.

Ил Дарханныын “икки күлүүһү” төннөрүү

Орто Ботуобуйа ньиэбэ аан дойдуга суох эриэккэс, састаабыгар сиэрэтэ кыратынан үрдүктүк сыаналанар, эталоннай хаачыстыбалаах, ESPO диэн мааркалаах. Биллэрин курдук, үрдүк сиэрэлээх уматык тиэхиньикэ мотуорун алдьатар. Биһиэнигэр майгынныыр ньиэп Араап Эмираттарыгар хостонор да, биһиги ньиэппит хаачыстыбатыгар тиийбэт эбит. Ону таһынан, састаабыгар стратегическай суолталаах, сыаналаах гелий баар. Билиҥҥитэ ону ким да араарбат, кытайдары байыта бара турар. Гелийи араарыыны “Роснефть” саҥа былаанныы сылдьар. АТР дойдулара биһиги курдук үрдүк хаачыстыбалаах ньиэпкэ наадыйыылара наһаа улахан эбит. Онон инникитин, букатын аҕыйах сылынан, аан дойдуга биллэр ааттаах улахан хампаанньалар ньиэппитин хостоору кыырт курдук саба түһүөхтэрэ, элбиэхтэрэ.

Дьэ онон диэ... Урукку тойотторбут Саха сирин баайын ыһа-тоҕо атыылаан, билигин “үчүгэй ньиэптээхпит” диэн кураанаҕынан киһиргиэхпитин эрэ сөп олоробут.

Соторутааҕыта СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыт, судаарыстыбаннай тутуу бэтэрээнэ, М.Е. Николаев соратнига К.Е. Иванов Ил Дархан А.С. Николаевка “өрөспүүбүлүкэ сир баайыттан ылар өлүүтүн элбэтэргэ, “икки күлүүс бириинсибин” төнүннэрэргэ күүскэ үлэлээ” диэн накаас биэрбитэ, алҕаабыта.

Билиҥҥи федеральнай сокуоннар сир баайын хостооччулар эрэгийиэннэри күөмчүлүүр ис хоһоонноохторун быйыл Хакаас парламенын салайааччыта В.Штыгашев эппитэ. Кини Федерация Сэбиэтигэр “эрэгийиэннэри халыылларын тохтотуҥ” диэн уоттах-төлөннөөх тылы этэн туруорсубутун билэҕит.

Онон бу уустук боппуруоска Ил Дархан А.С. Николаев тула түмсүөхпүтүн наада. Кини билигин консолидированнай нолуогу Москубаҕа төлүүбүт диэн, Саха сириттэн нолуогу куоттара олорор улахан хампаанньалар хостуур тэрилтэлэрин Саха сиригэр регистрациялатан, сиэрдээх нолуогу төлөтөөрү, киирсэ сылдьар. Ону бары өйөөн, ити боппуруоска биир буолан кииристэхпитинэ эрэ кыайабыт. Чугастааҕы сорукпут – “Газпром” нолуок төлүүр тэрилтэтин регистрациялыырын ситиһии.

Владимир СТЕПАНОВ.

Category: Земля. Недра | Views: 1055 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024