САМНЫБАТАХ СААХАРАП
(Академик А.Д.Сахаров өлбүтэ 30 сылыгар)
Улуу киһи умнуллубат дииллэр да Андрей Дмитриевич сураҕа суох сүттэ. Отут сыллааҕыта эбит дии, кини ССРС Үрдүкү Сэбиэтин съеһигэр 1989 сыллаахха хаһан да, ханна да этиллибэтэх тыллары эппитэ, соһуппута, сонурҕаппыта уонна... оҥорорун оҥорбут киһилии оргууй суох буолбута.
Наукаҕа үлэтиттэн одоҥ-додоҥ
А.Сахаров үлэтин борустуойдук быһаарар уустук, үксэ кыаллыбат даҕаны. Хатыылаах боробулуоха иһигэр тутуллубут кистэлэҥ куоракка уонунан сыл кистэлэҥ үлэнэн дьарыктаныы, кэтэбилгэ-манабылга сылдьыы уонна дойду туһа диэн тугу да харыстаммакка үлэлээһин - кини дьылҕатын сүрүн хайысхата, анала да диэххэ сөп эбит. 1944 сыллаахха Мосвкаҕа ССРС Наукаларын Академиятын физическай институтугар (ФИАН) аспирантураҕа ылыллар. Наукаҕа дьиҥнээхтик сыстыыта дьэ манна саҕаламмыт. Бииргэ үлэлиир дьоно наһаа быһаччы толкуйдуурун, уратытык быһаарталыыра сорохторго дэбигис өйдөммөтүн, онто кэлин сөптөөх буолан иһэрин бэлиэтиир буолбуттар. Айылҕаттан ураты майгыта – киһи өйдөөбөт гына тыллаһан кэбиһэрэ олоҕун устата арыаллаабыт, сорох тыллара, суруктара кириитикэ уотугар киллэртии сылдьыбыттара баар. Биир чугас табаарыһа кэпсээбитинэн бастакы кэргэнэ Клавдия Алексеевна мин ураты дьахтарбын, Андрей миэхэ тапталын тылынан буолбакка суругунан билиммитэ диирэ үһү. Андрей тапталын суругунан буолбакка тылынан билиммитэ буоллар Клавдия Алексеевна тугу да өйдүө суоҕа этэ диэн табаарыһа күлэн этэр эбит. ССРС уонна АХШ атомнай буомбаны айаллар, күрэстэһии өссө күүһүрэр. 1948 сыллаахха дьиҥ кистэлэҥҥэ водороднай буомба (термоядернай сэрии сэбэ) айыытыгар И.Тамм баһылыктаах бөлөх тэриллэр. А.Сахаров идеята уһулуччу уонна уратылаах буолан тахсар, олоххо киллэрэргэ мөккүөрэ суох быһаараллар. Ити 1953 сыл этэ. Семипалатинскай полигоҥҥа буомба боруобалааһына ситиһиилээхтик оҥоһуллар. Ити сыл 32 саастаах Андрей Дмитриевич наука доктора буолар, аан бастаан Социолистическай Үлэ Геройа үрдүк ааты ылар, Ленин Уордьанынан наҕараадаланар, Сталинскай премия лауреата буолар уонна академигынан талыллар. Герой Сулуһун иккиһин 1956 сыллаахха буомбаны самолеттан быраҕан боруобалааһын ситиһиилээхтик ыытыллыбытыгар ылар, Ленинскай премия лауреата буолар. Үһүс Сулуһун – 1962 сыллаахха “Новай Земля” полигоҥҥа сүдү күүстээх (50
мегатонн) буомбаны боруобалааһын табыллан ылар. Бу Н.Хрущев сакааһа этэ диэн суруйаллара, өссө Америкаҕа “Кузькину мать” көрдөрөөрү 100 мегатоннааҕы сакаастыы сатаабытын толорботохтор, Андрей Дмитриевич тулалыыр эйгэҕэ куһаҕан дьайыыта улахан, боруобалааһыны ыытымыахха диэн көрдөһө сатаабытын истибэтэхтэр. Аҕыйах сыл иһигэр сөҕүмэр ситиһии, өйөбүлү ылыы, билинии!
Тосту уларыйыы
Водороднай буомбаны тупсаран оҥоруу, олору олус чаастатык боруобалааһын тулалыыр айылҕаны алдьатыыта, тыһыынчанан дьону доруобуйаларыгар куттал суоһуур буолан боруобалыыр сир чугаһыгар олорор сирдэриттэн көһөрүү А.Сахаровы мунчаардар, толкуйга түһэрэр буолан барбыт. Кини учуонай эрэ быһыытынан уһулуччулаах буолбатаҕын, гуманист, дойдуга үтүөнү эрэ оҥорор аналлаах бу күн сиригэр кэлбитин билбиппит. 1991 сылга Москваҕа тахсыбыт “Андрей Дмитриевич Сахаров” диэн кинигэҕэ: “В 1953 – 1968 гг. общественно-политические взгляды А.Д.Сахарова претерпели большую эволюцию. Участие в разработке термоядерного оружия, в его испытаниях сопровождалось все более острым осознанием порожденных этим моральных проблем”, - дэнэр. Айбыт буомбата өлөрөр-өһөрөр күүһэ сөҕүмэрин, радиация тулалыыр эйгэҕэ, тыынар тыыннаахха, кэнэҕэски кэлэр көлүөнэҕэ дьайыыта уодаһынын кини саҕа билэр, өйдүүр суох буоллаҕа. Сойууска эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду, киһи – аймах иннигэр сүдү эппиэтинэһи сүгэрин бастакынан өйдөөбүт уонна ону аһаҕастык биллэрбит кини этэ. Ядернай боруобалааһын генетикаҕа дьайыытын, кэлэр көлүөнэ кэскилин быһыытын өйдүүрэ бэрт буолан Т.Лысенконы утары турар. Генетика сокуоннарын үөрэтиини бобо сатыыр Т.Лысенконы утары киирсэн кыайыылаах тахсар. Ол Т.Лысенко туһунан энциклопедияҕа маннык суруллубут: “Монополизм Лысенко сопровождался уничтожением других научных школ, шельмованием ученых; нанес большой ущерб советской генетике и биологии в целом”. Н.Хрущевы уонна Средмаш диэн буккуур (кистэлэҥ) ааттаах министерство (кэлин Минатом) тойоно Славскайы кытта сатаспакка да туран аны ядернай боруобалааһыны олох боборго биир бастакынан тыл көтөҕөр. Дьолго академиктар И.Тамм, И.Курчатов уо.да а. өйөбүллэрин ылар. 1963 сыллаахха ядернай боруобалааһыны салгыҥҥа, сир үрдүгэр уонна ууга боруобалааһыны ууратарга Москваҕа норуоттар икки ардыларыгар дуогабар түһэрсиитин ситиһэллэр. Ити сылдьан Л.Брежневка сурук суруйан буруйга,
сэмэҕэ тиксэр. Сурукка гласность, демократия, киһи бырааба эҥин курдук, кэлин М.Горбачев уларыта тутуутун саҕана элбэхтэ этиллибит, тыллар бааллар. А.Сахаров 1968 сыллаахха “Размышления о прогрессе, мирном сосуществовании и интеллектуальной свободе” ыстатыйатын кыраныысса таһыгар таһаараннар сэмэлэнэр, ол иһин кистэлэҥ үлэнэн дьарыктанарыттан тохтотуллар. Ыстатыйаҕа киһи буруйданара суох курдук, ядернай сэрии куттала, суоһарыыта бэлиэтэнэр, онтон сэрэтэр. 1969 сыллаахха бастакы кэргэнэ Клавдия Алексеевна рак ыарыыттан өлөр, икки оҕолоох огдообо хаалар. Оччотооҕу кэминэн олус элбэх харчыны – 139 тыһ. солкуобайы Андрей Дмитриевич онкологическай балыыһа тутуутугар уонна Кыһыл Кириэскэ биэрэр. Икки сыл буолан баран Коминтерн үлэһитэ, 1937 сыллаахха репрессияламмыт Г.Алиханов кыыһын Елена Георгиевна Боннэры көрсөн кэргэннии буолаллар. Елена Георгиевна сэрии кыттыылааҕа, онно бааһырбыт, контузияламмыт, кэлин врач, улуу киһи эрэллээх доҕоро буолбута, тиһэҕэр тиийэ олоҕун арыаллаабыта. А.Сахаров киһи быраабын көмүскээһиҥҥэ тохтоло суох үлэлиир, репрессияламмыттары, Сталин күүһүнэн көһөртөөбүт (депортация) дьонун (Крым татаардара о.д.а.), сыыһа сууттаммыт диссиденнэри көмүскүүр, сурук суруйар, мунньахтарга тыл этэр. ССРСка аан бастакы киһи быраабын көмүскүүр комитеты эдэр физик А.Твердохлебовы, о.д.а. кытта тэрийэллэр. Элбэх дьон босхолоноллорун ситиһэллэр, ол иһигэр Жорес Медведевы иирээки хаайыытыттан таһаараллар. Байкал күөлү көмүскээһиҥҥэ кыттар. Атын дойду суруналыыстарыгар интервью биэрэрэ былааһы кыйахыыр. Ордук 1973 сыллаахха Швеция корреспондена Улле Стенхольмҥа интервью биэриититтэн тэрээһиннээх эккирэтиигэ түбэһэр. 40 академик мөрөйдүүр суруктарын сорохтор сурах хоту үтүктэллэр, тыл ыарыылааҕын тутталлар. Хас эмэ сыл буолан баран интервьюга эйэҕэ ыҥырыы, сэрии иэдээнин туоратыы туһунан этиллибитин итэҕэйэллэр, кэмсинээччи кэмсинэр. А.Саахаров 1975 сылга Нобелевскай бириэмийэ лауреатын аатын ылар. 1979 сыл бүтэһигэр сэбиэскэй сэриилэри Афганистаҥҥа киллэрбиттэригэр бырачыас оҥорор, “Аһаҕас сурук” суруйар,сэбиэскэй саллааттар таах өлүөхтэрин баҕарбат, пресс-конференциялары тэрийэр, үрдүкү салалтаны армияны төттөрү ыҥырарга модьуйар. 1980 сыл саҥатыгар кинини кэргэнин Е.Боннэры кытта тутан ылан Горькай куоракка көскө ыыталлар, онно олорор дьиэтигэр харабыл туруораллар, телефонун усталлар. Кэргэнэ Америкаҕа сүрэҕин эппэрээссийэлэтэ барыахтааҕын көҥүллээбэттэр. Горькайга сэттэ сыл олорорун устатыгар кини үс төгүл аччыктааһыны биллэрэр. Биир сырыытыгар
ороҥҥо кэлгийэн бараннар муннун хам туталлар, айаҕын олуйан аһаннар ас куталлар, ол кэнниттэн өр балыыһаҕа сытан тахсар. “Умереть мы вам не дадим. Но вы станете беспомощным инвалидом”, - диир быраас О.А.Обухов. А.Сахаровы көмүскүүр учуонайдар бааллара, холобур биир улуу учуонай Л.Брежневка суруга: “ Глубокоуважаемый Леонид Ильич! Я уже очень старый человек, и жизнь научила меня, что великодушные поступки всегда не забываются. Сберегите Сахарова. Да, у него большие недостатки и трудный характер, но он великий ученый нашей страны”. С уважением П.Л.Капица. 4 декабря 1981 г. Итинник көмүскэһэр суруктар элбэхтик киирэллэр эбит, ол иһигэр кыраныысса таһыттан эмиэ. М.Горбачев 1986 сыл бүтэһигэр А.Сахаровка телефонунан Москваҕа кэлэрин, наукаҕа төннөрүн этэр. Киһитэ махтаныан оннугар тута политическай репрессияҕа түбэспиттэри барыларын босхолуурга туруорсар. Москваҕа кэлээт приемҥа киирэн уһун баҕайы испииһэги туттарар. Суруйааччы Виктор Некрасов улуу киһи туһунан сөҕөн-махтайан: “...Вероятно есть десятка два или три других еще странностей, но есть одна, к которой никак не могут привыкнуть, просто понять люди, считающие себя руководителями нашей страны. Этот человек ничего не боится. Ничего! И никого!”, - диир. Манныгы ааҕан баран Андрей Дмитриевич “40 академик суругун”, атын да үгүс сирэй көрбөхтөр самнара сатыыр дьайыыларын тулуйуон тулуйбут, тостубатах эбит диигин.
Андрей Сахаров Саха сиригэр сыһыана
Андрей Твердохлебов Ньурбаҕа көскө кэлэн олордоҕуна кэргэнинээн анаан-минээн 1977 сыллаахха кэлэн көрсөн барбыттар. Мииринэйинэн Ньурбаҕа, онтон Ньурбачаан бөһүөлэккэ кэлэн барыы уһун сындалҕаннаах айан буолуо ээ. Хата Ньурба сиэрдээх, борустуой киһитэ Ньурбачааҥҥа сатыы баран иһэр дьону ситэн массыынатыгар олордон тиэрдэн биэрэн сахалар тустарынан улуу киһиэхэ үтүө өйдөбүлү үөскэттэҕэ. Төннөрүгэр Ньурбачаан олохтооҕо, Андрей Твердохлебовы дьиэтигэр олордубут, Арыйаан Данилов барахсан бэйэтин запорожеһынан Ньурбаҕа киллэрэн үтүө өйдөбүллэрин өссө чиҥэттэҕэ. Өрүү КГБ кэтэбилигэр сылдьар буолан көмөлөспүт дьонун ол кэмҥэ харыстаан ааттарын ааттаабат этэ дииллэрин аахпыттаахпын, кэлин ааттыан соло суоҕа, эрдэ өлүү мэһэйдээтэҕэ. Грузовой массыына суол ортотугар ситэн олордуута мээнэ буолбатаҕа, үтүө санаа тэрээһинэ буолуон сөп. Ситэн олордубут суоппар аата ааттамматар да, Ньурба үтүө дьонун аатын үрдэттэҕэ. Ньурбаҕа, үс төгүл Социалистическай Үлэ Геройа киһи, авиакассаҕа уочаракка туран самолекка билиэт ылбыта ахсаан буолбат, улуу киһи сахалар
тустарынан үтүө эрэ өйдөбүллээх төннүбүтэ чахчы. “Новай Земляҕа” ядернай сэрии сэбин салгыҥҥа боруобалааһын тыал Саха сирин диэки үрэр кэмигэр, кэтээн олорон, оҥоһуллара. От-мас, ордук таба аһылыга - лабыкта радионуклиды мунньунара, ол таба этигэр, үүтүгэр киирэн дьон доруобуйатын туругун айгыраппытын кини билбэт бэйэлээх буолуо дуо? Ол да иһин термоядернай сэрии кутталын дьоҥҥо биллэрэн ыстатыйа суруйан биир идэлээхтэриттэн үөҕүлүннэҕэ. “Кристалл” уонна “Кратон-3” эһиилэр оҥоһуллубуттарын кини билии бөҕөтө буоллаҕа. Арай саахаллаабыттарын оччотооҕуга билэ илик буолуон сөп. Кэлин биллэҕэ, олоҕо уһуу түспүтэ буоллар хайаан да итинэн дьарыктаныах этэ. Ол төрүөтэ манныкка сытар дии саныыбын. Эһиилэргэ саахал түбэлтэтигэр тулалыыр эйгэҕэ изотоптар улахан дозалара эрэ кутталлааҕын курдук этэллэрин уонна онно тирэҕирэн нуормалары оҥороллорун сөбүлээбэтин научнай үлэлэригэр эрдэттэн эппит. Биир суруйууга бэл маннык баар: “ По ФИАНу ходило много рассказов об Андрее Дмитриевиче, которые воспринимались как легенды. Потом выяснилось, что они, как правило, имеют под собой основания. В конце 50-х годов я услышал, будто бы за две недели до каждого испытательного взрыва Сахаров запирается в своем кабинете и начинает вычислять, сколько калек и уродов появится на Земле в результате радиоактивного заражения атмосферы”. Кини доза кыратыттан, эбэтэр улаханыттан тутулуга суох тыынар тыыннаахха кутталлааҕын, саамай кыра да доза генетическай уларыйыылары оҥорорун, нэһилиэстибэҕэ бэриллэрин, хаһыс да көлүөнэҕэ күөрэйэрин, өлүүнү аҕаларын бэлиэтээбит, сэрэппит эбит. Т. Лысенко “үөрэҕин” ол иһин утаран саптардаҕа, кырдьыгы этээри. Кэлин итинник түмүктээһини АХШ учуонайа Джон Гофман “Рак, вызываемый облучением в малых дозах: независимый анализ проблемы” диэн улахан үлэтигэр оҥорбут. Улахан учуонайбыт А.Яблоков үлэлэригэр ити проблема эмиэ тоһоҕолоон бэлиэтэнэр. Мин ити улуу учуонайдарга тирэҕирэн биһиги саахаллаах эһиилэрбит ситэ хараллыбакка хаалаары гыннылар, кыра дозаны аахайбат буолуу кутталлаах диэн мөккүһэбин. Барытын оҥорбуппут, нуормаҕа эппиэттиир диэн этэллэрин кытта сөбүлэспэппин, эппиэтинэһэ суох быһыынан, куотунуунан ааҕабын.
Норуот депутаата. Саҥа Конституция.
А.Сахаров самныбатах, араас кыыллааһыны тулуйбут эрэ буолбатах, өссө үлүһүйэн туран дьон туһа диэн киирсибитэ. Кинини бүтүн Аан дойду
билиммитэ, омуктар уонунан научнай ассоциацияларын бочуоттаах чилиэнэ оҥорбуттара. Нобелевскайтан саҕалаан уонтан тахса араас бириэмийэлэри ылбыта, ол иһигэр ХНТ киэнин. Испииһэккэ арай ССРС биэрбит бириэмийэтэ көстүбэт... Горькайга утааралларыгар былдьаабыт бары наҕараадаларын ити кэмҥэ өссө да төннөрө иликтэр эбит, ылартан аккаастанан. Политическай буруйдаахтары барыларын хаайыыттан босхолоотоххутуна эрэ былдьаппыт наҕараадаларбын төттөрү ылыам диэн усулуобуйа туруорбут. Дойдуга былаас уорганнара аҥаардас кини аатыттан да куттанар буолбуттара. 1989 сыллаахха, төһө эмэ мэһэйдэһэ сатаабыттарын үдүнэн, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатынан быыбардаммыта. Сийиэс да кэмигэр үөҕүү, саҥардымаары ытыс таһыныыта, тылы биэримээри гыныы баара. Кини Афганистантан сэриини таһаарыы, киһи быраабын көмүскээһин боппуруоһун өссө күүскэ туруорбута. ССРС урукку Конституциятын 6-с ыстатыйатын – КПСС (общественнай тэрилтэ) барытыгар аҥаардастыы баһылыыр быраабын суох оҥорорго этэр. 1-кы сийиэскэ кини саҥа Конституцияны оҥорор хамыыһыйа састаабыгар киллэриллибитэ. Күһүнүгэр Конституция бырайыагын аҕалан туттарбыта. Аата – “Конституция Союза Советских Республик Европы и Азии”. Бырайыагын 1-кы ыстатыйатытыгар суруллар: “ Союз Советских Республик Европы и Азии (сокращенно – Европейско-Азиатский Союз, Советский Союз) - добровольное объединение суверенных республик (государств) Европы и Азии”. Көҥүл, киһи быраабын, дискриминация, пытка, ядернай сэбилэнии тустарынан хас да ыстатыйаҕа суруллар. Союзка киирэр республикалар тустарынан сонун, уустук гынан баран кэрэхсэллээх ыстатыйалары киллэрбит. Холобур, “Основопологающим и приоритетным правом каждой нации республики является право на самоопределение”(15 ыст.); “Вступление республики в Союз Советских Республик Европы и Азии осуществляется на основе Союзного договора в соответствии с волей население республики по решению высшего законодательного органа республики”(16 ыст.); “Республика имеет право выхода из Союза...” (17 ыст.); “...В соответствии со специальным протоколом республика может иметь республиканстие Вооруженные силы или отдельные роды войск, которые формируются из населения республики и дислоцируются на территории республики...”(20 ыст.); “Республика может иметь республиканскую денежную систему наряду с союзной денежной системой...”(21 ыст.); “...Никакое строительство союзного значения не может быть предпринято без решения республиканских органов управления...”(22 ыст.); “Земля и ее недра и водные ресурсы являются собственностью республики и проживающих на ее
территории наций (народов)...” (38 ыст.). Бу баара-суоҕа 46 ыстатыйалаах , чуолкай ис хоһоонноох Конституция ылыллыбатаҕа, муҥар ааптар сотору, 1989 сыл ахсынньы 14 күнүгэр суох буолбута. Андрей Дмитриевич сыл эрэ кэриҥэ дьокутааттаары дойдуну, дьону улаханнык сэргэхсиппитэ мөккүөрэ суох. Мин суруйуубун академик А.Сахаровы кытта 20-чэ сыл алтыспыт физик, “Право ребенка” общественнай тэрилтэ салайааччыта, Общественнай палата чилиэнэ Б.Л.Альтшулер этиитинэн түмүктүүбүн: “...Если бы Сахаров не ушел и остался новой России, я уверен, она была бы другая. Его принцип – не забывать о конкретных людях – не позволил бы реформаторам провести реформы, страшно по всем ударившие. И была бы сейчас в России демократическая, социальная партия, куда вошли бы миллионы”.
Иван БУРЦЕВ 20.12.2019 с.
|