Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2019 » Ахсынньы » 31 » Ахсынньы ый саха итэҕэлигэр
Ахсынньы ый саха итэҕэлигэр
08:49
Ахсынньы ый саха итэҕэлигэр
 
Саамай кылгас күннээх, саамай уһун түүннээх ыйбыт кэлэн бүтэн эрэр кэмигэр тиийэн кэллибит. Ахсынньы, баар халандаарынан ыллахха, сыл бүтэһик ыйынан буолар. Дьэ туох-ханнык ыйы олорон ааспыппыппытын уонна кыратык кэлэр сылы сырдатыахха.

Сахаларга ахсынньы, бүтэй, Айылҕа бүтүннүү утуйар кэминэн ааҕыллар. Сулустар сипсиһэр кэмнэригэр киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар, балаҕаннарыгар олорон эрэн, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара, остуол оонньуута дэлэйэрэ. Манныкка киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр буолар.

Ый саҥатын эргин, аам-даам туманнаах тохсунньуга диэри салҕанан барар тымныы түһэр. Ый ортотун саҕана кыратык салгын хамсаан ыларын, Дьыл оҕуһун тыына дииллэр. Ахсым тымныынан аныһыйар, тымныы өрөгөйдүүр, сарсыарда аайы хойуу туман түһэр, сырылас тыастаах тымныы кэлэр.
Ити үөһээ этиллибитин курдук, ахсынньыга дьон үксүн дьиэлэригэр хааттаран олорор буоланнар, бэйэ-бэйэлэрин кытта сэһэргэһиилэрэ элбээн, Иэйэхсит балта Аан Алахчын оҕолоро Ойуу-бичик оҕолоро төрдүлээх остуол оонньуулара ыытыллан, өркөн өйдөрүн үлэтэ сытыырхайар дэниллэр эбит. Ол иһин, бу ыйы өйү уһугуннарар айыы – үрдүк айыылартан биирдэстэрэ, билиилээх олоххо аҕалар, үс домноох Билгэ Хаан чугаһыыр кэмэ диэбиттэр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ол иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Сайыҥҥы ыһыах Таҥха биһигин ааҕар буолан ахсынньы ыйы сэттис биһик курдук көрөр буолтар, хотугу сахаларга күн киирэр ыйынан биллэр.

Олоҥхоттон бу ыйга Айыы бухатыырын тургутуулаах айанын ойуулааһын киирэр, ол аата, тургутууну ааспыт эрэ киһи олоҕу көмүскүүр кыахтанар диэн өйдөбүлү көрдөрөр.
Бу ый сахалыы таҥханан сиэттэрдэххэ бэйэтэ бэлиэлээх - кыра күөрчэх дэнэр, кулгаах-харах туһатынан олорор ойбоҥҥо мустар сүрү салайар «лох», эбэтэр, «лах» диэн тыллаах, Айыы Намыһын эдьиий дэр уонна Аан Даан уол диэн иччилэрдээх, Хаҥха диэн сулустаах, Бэриэт Бэргэн диэн бухатыырдаах, Дьалыстай Куо диэн куолаах, хабылык маллаах, сиһик үүнээйилээх, улар көтөрдөөх, кырынаас кыыллаах, алаадьы астаах эбит.
Ахсынньы бэс ыйын кытта атахтаһар. Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, хаар, тыал буоллаҕына, бэс ыйа хаһыҥнаах диэн сылыктыыллар. Түүмэхтээх буоллаҕына, өҥ сыл битэ дииллэр. Ахсынньы бүтүүтэ сис былыт кэлэр. Дьылҕаһыттар этэллэринэн, көмнөхтөөх кыһыҥҥа, саас хаартан элбэх уу кэлэр, үүнүүлээх дьыл буолар эбит. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас буолар. Ый, түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар буоллаҕына – хаар түһэр дииллэр.

Аан Даан, Тымныы иччитин уола, кыһыҥҥы кэм иичитэ буолар. Утуйар уубут иччитэ уһуур кэмигэр, түҥнэри эргийэн кэлэр сылбай ууну нус-хас утутар Хараҥа иччитин – Түүл Хара Бараан Ийэни кытары сиэттиһэн кэлэллэр.
Бу ый Аан-Даан 20-һистэн саҕаланна, 24-кэ дылы Күн туруута 19 чаас тухары буолта.

Бу кэмҥэ Үрүҥ Айыы кыргыттара Айыы Намыһын эдьиийдэр Аан Дааҥҥа уонна Түүл Барааҥҥа уо.д.а. иччилэргэ алгыс быатын намылытан киллэрэн туттараллар. Айыы суолунан алгыһы намылытан түһэрии Таҥханан түмүктэнэр. Кулун тутартан төттөрү алгыһы дабатан таһаараллар. Күн сайыҥҥы туруутугар диэри. Ити көтөҕүү – ыһыаҕынан түмүктэнэр. Айыы Суолугар саамай улахан иччилэр буолаллар.

Айыы Намыһыннар Аан Дойду аҕыс иитэ-саҕата арыллан, сырдык кэм уһуна муҥутаан 6-7 эрэ чаас буолан киһи кутун-сүрүн баттыыр кэмигэр – Үрүҥ Айыыттан алгыһы аҕалаллар, кыһыҥҥы утуйар уубутугар алгыһы киллэрэллэр. Эппит-сииммит уһуктарыгар саҥа сүүрээннэри киллэрэллэр. Бу кэмҥэ сахалар үс испиискэ сототун ууран уматан бараннар түүллэрин харыстаналлар эбит.

Онон кинилэр Айыы алгыһын арыаллыыр иччи быһыытынан Айыы суолугар өрүү бааллар. Алгысчыт алгыһа итинэн салаллар.
Сэттэ Айыы Намыһын ааттара манныктар:

1. Айыы Умсуур Хотун,
2. Күн кыыһа Күнбэлдьин Хотун,
3. Ый кыыһа Ыйбалдьын Хотун,
4. Үргэл Үргэлдьин Хотун,
5. Чолбон кыыһа Чолбондьун Хотун,
6. Ытык Холур Хотун,
7. Араан Арчы Хотун.

Айыы алгысчытын төрдө – Айыы халлаанын иччитэ Сэттэ Айыы Намыһына. Айыы суолунан кинилэр алгыска уһуйаллар. Оннук уһуйууну батыһааччы Айыы алгысчыта диэн ааттанар. Эллэй Боотур уола Намылҕа Сүүрүк сири-дойдуну алҕаан, Айыы алгысчыта быһыытынан биллибитэ.
Ыйынан Айыыларга хайыһыы туомнарын ылан этэр буоллахха, элбэхтэр. Ол курдук, бу кэмҥэ, Айыы Намыһын эдьиийдэр, мэлдьи, Үрүҥ Айыы Тойон тыынын түһэрэн, харыстыы сылдьалларыгар баҕаран үөрэх алгыһын, кыһыҥҥы алгыһы, Айыы Намыһыннары таарытыыны, Эргэ дьылы көтөҕүүнү, Тоҕус моһолу туоратыыга – Буруйу оҥорууну утарыы туомун, Саҥ тардар туомнарга – 14 саастаахтарга түпкэ киллэриитин уонна 35 саастаахтарга дуоспурун алгыһын, Сиэри олохтуурга – Өйгө санааҕа, кэпсэтиигэ сыһыаны, Айыы өйдөбүллэрин биэрэргэ – Билии айыыларын кэс тылларын ылыыны уо.д.а. ыыталлар.
Ону таһынан, Айыы Намыһын кыыска туһуламмыт ырыаны –«Өрөгөй тускуну» ыллыыллар.

Билиҥҥитинэн, били быйыл үбүлүөйэ ааспыт, сахаттан бастакы учуонай дьахтарбыт Мария Николаевна Андросова-Ионова тылыттан 1938 сыллаахха Георгий Устинович Гермогенов-Эргис суруйбут «Аан дойду айыллыбыт ырыатын» — ахсынньы ытык айымньыта диэн билинэр буолтар. Бу ырыаҕа Аан дойду хайдах айыллыбыта Айыы үөрэҕэр олоҕуран хоһуллар.

Ахсынньытааҕы туомнарга Сээркээн Сэһэн суолтата улахан буолар. Кини аата-ахсаана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах. Итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн Сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ ыалдьыттыы кэлэр дииллэр эбит былыргы сахалар. Сэһэн төрдө – Сээркээн Сэһэн. Киниттэн үөрэнэн сэһэннэр баар буолбуттар дэниллэр. Эрдэтээҥи сэһэннэр биир бастыҥнарынан нуучча ыраахтааҕытыгар баран, саха кэскилин быһаарсыбыт Сэһэн Ардьакыабы ааҕаллар эбит.

Ахсынньы – таҥха сэттис биһигэ буолар, ахсынньыга төрөөбүт киһи тыына ити биһиккэ түһэр дииллэр эбит. Кини майгыта: кыахтаах, иһирэх, күттүөннээх, ньургун, хабааннаах, хараанньыт (харанымтыа), оттомноох, сымса, дьороҕой уонна сайдам буолар эбит.
Лох, лох, лох!

Билиини биэрээччи,
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Сайаҕас санаалааччы,
Ичээн эттээччи,
Этитиини төрүттээччи,
Түмүгү сүөрээччи,
Бэлиэни этээччи,
Сиби сэрэйтэрээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа,
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом!

Кут-Сүр тэрээһин, Тэрис, Дабыл суруйууларыттан уо.д.а. араас источниктартан таҥыллан оҥоһулунна.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1074 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2019  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024